Хайа баҕарар ыалга бэйэ көрөн-истэн оҥорон таһаарбыт бородууксуйата минньигэс уонна күндү буолар. Саас эрдэттэн саҕалаан түргэнник ситэр салаа кыылларын, көтөрдөрүн аатыылаһан сайын устата иитиэххэ сөп. Түргэнник ситэр салаа кыылларынан уонна көтөрдөрүнэн сибинньэ, хоруолук, кууруссалар, кустар, хаастар, индюктар, перепелкалар араас боруодалара буолаллар. Билигин бары улуустарга көтөрдөрү иитэр, араас көтөр сымыыттарын инкубаторга таһааран нэһилиэнньэҕэ атыылыыр тэттик хаһаайыстыбалар элбээн эрэллэр. Онон ким баҕарар дьиэ көтөрдөрүн, кыыллырын сайыҥҥы өттүгэр атыылаһан ылан иитиэн сөп.
Ханнык баҕарар хаһаайыстыбаны, кыра тэттик салааны тэринэр киһи ханнык кыыллары, көтөрдөрү иитиэхтээҕин эрдэттэн былааннанан, кинилэр майгыларын, тугунан аһыылларын толору үөрэтиэхтээх уонна кинилэргэ үчүгэй усулуобуйалаах сири, вольеры, килиэткэлэри бэлэмнээн анал аһылыгы булунуохтаах.
Бу маннык хаһаайыстыбалар көтөр сымыытын инкубаторга таһааран 2-10 хонуктаах оҕолору атыыга таһаараллар. Бу олох үчүгэй көрүүгэ, аһылыкка уонна сылаас бурдерга наадыйар кыра көтөр оҕолоро. Арыый бороохтуйуохтарыгар диэри анаан уларыйар подстилкалаах, хонуктарынан көрөн араас температурнай режимнээх сылытар лаампалардаах бурдердары эрдэттэн оҥорон онно туруоран көрөр наадалаах.
Үчүгэй усулуобуйаҕа көрүллүбут куурусса (бройлер), кус, хаас оҕолоро 2-3 ыйынан, индюктар 4-5 ыйынан ситиэхтэрин, онтон бройлер чоппуускалар икки ыйынан ортотунан 4-5 кг эти биэриэн, сымыыттыыр кууруссалар кун аайы сымыыттыахтарын сөп.
Индюк дьиэ көтөрдөрүттэн саамай улаханнарынан биллэр, куурусса этэрээтигэр, фазаннар дьиэ кэргэннэригэр киирсэр. Этэ маҥан, диетическай диэҥҥэ киирсэр буолан, кырдьаҕас дьоҥҥо, кыра оҕо аһылыгар (гипоаллергенный) саамай сөптөөҕүнэн ааҕыллар. Индюк үс көрүҥҥэ арахсар: 1. Ыарахан ыйааһыннаах эт кросс (атыыра 23-25 киилэ, тыһыта 10-13,5 киилэ); 2 . Орто ыйааһыннаах эт-сымыыт боруода (атыыра 16 киилэ, тыһыта 7-8 киилэ); 3. Чэпчэки ыйааһыннаах эт-сымыыт боруода (атыыра 8-9 киилэ, тыһыта 4-5 киилэ).
Биһиэхэ үксүн эккэ анаан бу эт кросс боруоданы иитэллэр. Ɵскөтүн 10 индюк оҕотун саас муус устарга атыылаһан сөптөөх усулуобуйаҕа үчүгэйдик көрөн ииттэххинэ, балаҕан ыйын бүтүүтэ ортотунан 100-130 киилэ диетическай эт баар буолуон сөп. Ол гынан баран, саҥа саҕалыыр киһи бастаан аҕыйах, 3-4 төбө индюгу атын көтөрдөрү кытта холбуу иитэн саҕалыыра ордук. Оччоҕуна бастакы сылга хаһаайын бэйэтин кыаҕын, көтөрү иитэр табыгастаах усулуобуйаны хааччыйыан сөптөөҕүн, көтөрдөр майгыларын билэн, салгыы хаһайыстыбатын кэҥэтиэхтээх.
Билигин «Индийские бегунки» диэн сымыыттыыр кус боруодатын дьон сөбүлээн иитэр. Бу олох түргэнник ситэр кустар, 2-3 ыйынан чыыстай эттэрэ 3-4 кг буолар, 5 ыйдарыттан сымыыттаан бараллар, кыһыннары үчүгэй усулуобуйаҕа туттан ииттэххэ сыл устата орторунан 220 устуукаҕа тиийэ 70-80 гр ыйаанныннаах, куурусса сымыытыттан туох да атына суох сымыыты ылыахха сөп.
Мин бэйэм ветеринарнай специалист буоларым быһыытынан манныктарга болҕомтоҕутун уураргытыгар сүбэлиэм этэ: 1. Бройлер (эт боруода) кууруссалары уонна индюктары иитэргэ бастакы ыйдарга сүрүн болҕомто бу көтөрдөр сүһүөхтэрин үчүгэйдик сайыннарыыга сөптөөх аһылыгынан хааччыйыыга ууруллуохтаах, а.э. бу көтөрдөр мөлтөх аһылыкка турдахтарына улаатан истэхтэрин аайы атахтарын сүһүөхтэрэ ыйааһыннарын уйбакка ыалдьаллар (артрит), рахиттыыллар, кыайан турбат да, хаампат да буолаллар, өлөн да хаалыахтарын сөп. 2. Саастарынан (хонуктарынан) көтөр көрүҥнэринэн көрөн сөптөөн усулуобуйаны хааччыйбатахха наада. Холобур, индюк оҕолоро олох сииктээх сиргэ туруо, атахтара тоҥуо суохтаах, кыраларыттан элбэх протеиннаах сбалансированнай туруохтаахтар, кус уонна хаас оҕолоругар бытархай уотурбаны сиэттэххэ муннуларыгар киирэн тыыналларыгар мэһэйдиир. 3. Кус уонна хаас иитэргэ чугас күөл, боротуока, үрэх суох буоллаҕына кыра тэттик бассейн оҥорор хайаан да наада. Уу өрүүтүн ыраас буолара ирдэнэр, күөлтэн кус таптаан сиир уу үүнээйитин рясканы хомуйан эбии аһатар туһалаах. 4. Сайыҥҥы кэмҥэ ханнык баҕарар көтөр күөх от арааһын бэйэтэ үргээн сиир, онон киэн соҕус территорияҕа туруорар көдьүүстээх. 5. Ханнык баҕарар кыылга уонна көтөргө кинилэргэ сөптөөх вольердары, клеткалары, уйалары оҥорор наадалаах. Кистэл буолбатах, билигин да бэйдиэ сылдьар ыттарбыт боппуруостара ситэ бытыырылла илик. 6. Бу үөһэ этиллибит кыыллар, көтөрдөрдөр аһылыктара, араас мико, макро эбиликтэрэ саастарынан көрөн тус туһунан буолаллар, анал маҕаһыыннарга өрүүтүн атыыга бааллар. Саастарын хонуктарынан ханнык аһылыктаах буолалларын, ханнык эбиликтэр ирдэнэллэрин барытын ким баҕарар куйаар ситимиттэн булан ааҕыан, үөрэтиэн уонна бэйэтин иитэр-көрөр усулуобуйатын учуоттаан кыылларыгар, көтөрдөрүгэр сөптөөҕү атыылаһыан наада. 7. Бу иитэр кыылларбыт уонна көтөрдөрбүт сүрүн аһылыктара бурдук (зерновой) аһылыктар буолалларын учуоттаныахтаахпыт. Ыраах, сайыҥҥы өттүгэр мөлтөх суоллаах нэһилиэктэргэ олорор дьон көтөрдөрүн, атын да иитэр кылларын сайын устата аһыыр аһылыктарын саас эрдэттэн хааччыналлара наадалаах.
Маннык түргэнник ситэр дьиэ кыылларын, көтөрдөрүн үчүгэйдик көрөн иитэн бастыҥ хаачыстыбалаах аһылыгынан бэйэҕит дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьонноргутун күндүлээҥ, ордуккутун атыылаан эбии дохуоттаныҥ.
С.Е. Бурнашева,
Бээрийэтээҕи ветеринарнай пуун сэбиэдиссэйэ, ветеринарнай быраас