Тыа баһаарын бохсууга үлэ сыллата күүһүрэр

Самаан сайыммыт уйгу быйаҥыттан сомсор үтүөкэн сылаас күннэрбит номнуо ааһа оҕустулар. Күөх чээлэй тыабытыгар сайын устата уот туран, ыыс быдаанынан хабыллан бүрүллэр түгэнэ син биир сыл аайы хатыланар. Быйылгы сыллааҕы тыа баһаарын сезона сабыллыбытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ анал ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ уһуллубутунан сибээстээн, Уус Алданнааҕы лесничество тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы Николай До иһитиннэриитин билиһиннэрэбит:

– Ойуур баһаардарын умуруорууга сүрүн үлэни “Якутлесресурс” ГАУ Уус Алданнааҕы филиалын үлэһиттэрэ толороллор. Ааспыт сылтан саҕалаан эбии саҥа анал тиэхиньикэлэр кэлбиттэрэ. Эбии бастайааннай штаттар эбиллэн, былырыыҥҥыттан баһаары умуруорар кэм баһаар иэниттэн тутулуга суох тубуста, эбии үбүлээһин көрүллүбүтэ үлэбит хайысхатыгар тута билиннэ. 2017-2021 сылларга улууспутугар улахан баһаардары бохсууга нэһилиэктэр дьаһалталарын, олохтоохторун да өттүлэриттэн тыа баһаарын умуруорууга уопутуруу барда, дьон-сэргэ баҕа өттүнэн кыттыыта күүһүрдэ.

Быйылгы 2023 сыл сайыныгар Уус Алдан улууһунааҕы лесничествоҕа уопсайа 11 тыа баһаара тахсыбыта бэлиэтэннэ. Ол курдук Сыырдаахтааҕы учаастакка – биэс, Дүпсүннээҕи учаастакка алта тыа баһаара бэлиэтэннэ. Баһаар уопсай иэнэ 139,9 гаа, ол иһигэр 139,4 – тыа иһинээҕи, оттон 0,5 гаа тыа таһынааҕы сир-уот уокка былдьанна.

Бастакы тыа баһаара бэс ыйын 4 күнүгэр Хомустаах бөһүөлэгиттэн 1,3 км сиргэ 2 гаалаах тыа умайыыта тахсыбыта. Бу тыа баһаара бэс ыйын 5 күнүгэр 5 гаалаах сиргэ умуруоруллубута. Саамай улахан иэннээх баһаарынан от ыйын 27 күнүгэр Баатаҕай бөһүөлэгиттэн 13,2 км чугас 3 гаалаах сиргэ саҕаламмыта. Итиэннэ от ыйын 30 күнүгэр 120 гааны уот сиэбит сирэ умуруоруллубута. Бүтэһик тыа баһаара атырдьах ыйын 13 күнүгэр Элэһин бөһүөлэгиттэн 1 км сиргэ 0,3 гаалаах тыаҕа уот турбута атырдьах ыйын 14 күнүгэр тохтотуллубута. Бу уопсайа 11 тыа баһаарыгар 309 киһи умуруоруу үлэтигэр кытынна, 62 единица тиэхиньикэ үлэлээтэ. Баһаардар буолбут төрүөттэрэ: этиҥтэн – алта баһаар, оттон биэс баһаар төрүөтэ быһаарылла сылдьар.

Сыл аайы ойуурга дьон дьалаҕайыттан уот туруута кыралаан тахсар, онон уоттан-күөстэн сэрэхтээх буолууга үлэ-хамнас тиһигин быспакка ыытыллыахтаах, олохтоохтор тыаҕа сылдьыы быраабылатын тутуһуохтаахтар. Сокуон өттүнэн федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи да сокуоннарга, быраабылаларга уларыйыы тахса турар, онон эппиэтинэс сыл ахсын кытаатан иһэр.

Светлана Сивцева

Читайте дальше