«Умсулҕан» улуустааҕы коллекционердар түмсүүлэрин чилиэнэ, 1927 сылтан саҕалаан 2022 сылга диэри бэчээттэммит ноталаах ырыанньыктары мунньан, Саха сиригэр биир саамай улахан коллекциялаах СӨ культуратын, тыатын хаһаайыстыбатын туйгуннара, II Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мариса Евсеевна Васильева республика национальнай библиотекатыгар ырыанньыктарын туттаран, үйэтитиигэ улахан кылаатын киллэрбитэ.
Мариса Евсеевна 1000-тан тахса ахсааннаах коллекциятыгар оҕо эрдэҕиттэн хаһыаттан, сурунаалтан кырыйан муспут илиинэн оҥоһуу ырыанньыктара, ону ааһан сэдэх, былыргы кинигэлэр Адам Скрябин 1927 сыллаахха Москваҕа таһааттарбыт «Саха ноталарын хомуура» диэн латыынныы буукубанан суруллубут бастакы нотнай ырыанньыга, 1935 сыллаахха эмиэ латыынныы суруллубут Суорун Омоллоон «Ырыанньык» диэн кинигэтэ, Марк Жирков, Захар Винокуров, Христофор Максимов ырыанньыктара, кэлиҥҥилэр: Галина Шахурдина, Захар Степанов, Виталий Андросов, Василий Парников илии баттааһыннаах хомуурунньуктара, о.д.а. бааллар.
Бу коллекциятынан Мариса Васильева үгүс быыстапкаларга кыттан, Саха сиригэр култуура, музыка сайдыытын историятын үйэтитээччи быһыытынан улахан биһирэбили ылан кэллэ. Маны сэргэ коллекционер хас биирдии кинигэтин, ааптарын, ырыаларын барытын темаларынан, сылларынан наардаан, ааптардар олохторун сиһилии суруйан, коллекциятын ис хоһоонун арыйар библиографическай үлэни ыыппыт.
Оттон сэдэх коллекцияны үйэтитии туһунан Мариса Васильева: “Билигин сааһыраммын бачча элбэх кинигэбин кыайан аны харайбаппын диэн уонна үлэм кэнэҕэһин дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаны аҕалыа, сөптөөхтүк хараллыа диэммин бибилэтиэкэҕэ туттарбытым. Бу коллекциям миигин тус бэйэбин уонна үгүс дьону айымньылаах үлэҕэ кынаттаабыта, элбэх тэрээһиҥҥэ, кэнсиэргэ, күрэххэ туһаныллыбыта, тирэх буолбута”, — диэн кылгастык үллэһиннэ.
Екатерина Захарова