“ТУК-ТУК, профессия!” — Тал Уонна Кыай (Творение, Умение, Креативность) чемпионат быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна

«Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагогтара Евгения Климентьевна Местникова, Матрена Лазаревна Леонтьева көҕүлээһиннэринэн оҕону кыра сааһыттан, уһуйаан иитиллээччилэриттэн саҕалаан, орто сүһүөх кылаас оҕолорун хабан, идэҕэ туһаайар сыаллаах “ТУК-ТУК, профессия!” (Тал Уонна Кыай — Творение, Умение, Креативность) чемпионат быйыл үһүс төгүлүн ыытыллар. Чемпионат сылын аайы хайысхалара кэҥээн, кыттааччытын ахсаана элбээн иһэр.

Ол курдук, былырыын 18 хайысханан ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл аныгы үйэ кэскиллээх идэлэрэ эбиллэн биэрэннэр — 26 компетенция 10 былаһаакканан: Суоттутааҕы техникум, Суотту агрооскуолатын, Лөгөйдөөҕү лицей-интернат, Мындааба, Мүрү 1, 2 №-дээх, Дүпсүн, Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл, “Кэскил” оҕо уһуйаанын, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин базаларыгар ыытылла тураллар. Кырачааннар пластилинтан оҥоһуктан саҕалаан, мобильнай робототехникаҕа, графическай дизайнер, цифровой худуоһунньук, бортпроводник курдук кэлэр кэм идэлэригэр бэйэлэрин холонон көрөллөр.
Оҕолор бу күрэххэ бэлэмнэммит сыралара мээнэ хаалбакка, инники олохторугар идэлэрин таларга төһүү буолуо диэн эрэнэбит.

Олунньу 19 күнүгэр «Өркөн” оҕону эбии үөрэхтэһин киинигэр «Пластилиниум» компетенция икки сааһынан бөлөххө буолла: 6-7, 8-10. Чараҥ, Чэриктэй, Хоноҕор, Майаҕас, Өнөр, Уһун-Күөл, Дүпсүн, Найахы, Орто Эбэ оскуолаларыттан, Мындааба спортивнай орто оскуолаттан уонна Мүрүтээҕи №1, №2 орто оскуолалартан 54 оҕо кытынна. Бастакы бөлөххө: 6-7 саастаахтарга – 13, иккис бөлөххө: 8-10 саастаахтарга – 41 оҕо.
Оҕолор икки модультан турар үлэлэри оҥордулар. Бары да тарбахтарыгар талааннаах, сатабыллаах оҕолор мустубуттар.

Дьүүллүүр сүбэ кылаабынай эксперинэн Саха сирин норуотун маастара, Уус Алдан бочуоттаах олохтооҕо, «Лепка” куруһуок салайааччыта Прокопий Михайлович Колодезников уонна оҕону эбии үөрэхтээһин киинин методиһа Анна Михайловна Бурнашева буоллулар.
Кыра бөлөх кыайыылаахтара:
1 миэстэ – Бурцева Сайыына, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ
2 миэстэ – Матвеева Вивьен, Чэриктэй орто оскуолата
3 миэстэ – Романова Ванесса, Өнөр орто оскуолата
Орто сүһүөх кыайыылаахтара:
1 миэстэ – Ушницкай Аян, Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола
1 миэстэ – Осодоева Лена, Өнөр орто оскуолата
2 миэстэ – Гуляев Айысхаан, Уһун-Күөл орто оскуолата
2 миэстэ – Протодьяконова Лианела, Майаҕас орто оскуолата
2 миэстэ – Карманов Игнат, Чэриктэй орто оскуолата
2 миэстэ – Сивцева Сайнаара, Орто Эбэ оскуолата
3 миэстэ – Ушницкая Сандаара, Майаҕас орто оскуолата
3 миэстэ – Ушницкая Сайаана, Майаҕас орто оскуолата
3 миэстэ – Кривошапкина Зоя, Чараҥ орто оскуолата
3 миэстэ – Яковлев Николай, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ
3 миэстэ – Захаров Алгыс, Мүрүтээҕи №2 орто оскуола
3 миэстэ – Сивцев Артем, Найахы орто оскуолата

Олунньу 22 Бороҕоннооҕу №15 «КЭСКИЛ» оҕо уһуйааныгар «Дошкольное воспитание» компетенция ыытылынна, Дүпсүнтэн, Өнөртөн, Майаҕастан, Мындаабаттан, Бороҕонтон 13 оҕо кытынна. Оҕолор 3 модульунан күрэхтэстилэр.
1 модуль (образовательный) – «Что я знаю о профессии воспитателя».
2 модуль (социально-коммуникативный) – оонньуу ыытааһына.
3 модуль (продуктивный) – өйдөөбүтүн кэпсээһин (пересказ сказки).
Экспердэринэн үлэлээтилэр:
Бороҕоннооҕу №15 «КЭСКИЛ» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Матвеева Галина Петровна, Мүрүтээҕи №2-дээх орто оскуола начаалынай кылааһын учуутала А.А. Лонгинова, Бороҕоннооҕу №17 «САРДААНА» оҕо уһуйаанын бас иитээччитэ С.Р. Федорова.

6-7 саастаахтарга кыайыылаахтар:
1 миэстэ — Прядезников Степа, Бороҕоннооҕу №2 «МИЧЭЭР» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ
2 миэстэ — Бочкарева Василиса, Мүрүтээҕи №1-дээх оскуола 1а кылааһын үөрэнээччитэ
3 миэстэ — Игнатьева Тамира, Дүпсээтээҕи №8 «КЭСКИЛ» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ
8-10 саастаахтарга кыайыылаахтар:
1 миэстэ — Троева Амелия, Мүрүтээҕи №2-дээх оскуола, 3б кылааһын үөрэнээччитэ
2 миэстэ — Васильева Арина, Мүрүтээҕи №1-дээх оскуола, 4 в кылааһын үөрэнээччитэ
3 миэстэ — Турантаева Риана, Мүрүтээҕи №1-дээх оскуола, 1а кылааһын үөрэнээччитэ
Дьүүллүүр сүбэ оҕолор бэлэмнэрин үрдүктүк сыаналаата. Барыларын ситиһиилээхтик кыттыбыккытынан эҕэрдэлиибит уонна инникитин ситиһиилэпи баҕарабыт. Кэлэр сылга өссө элбэх кыттааччы баар буоларыгар эрэнэбит.

Олунньу 20 күнүгэр «Өркөн” оҕону эбии үөрэхтэһин киинигэр «Технология моды» компетенция икки сааһынан: 8-10 бөлөххө — Чараҥ, Чэриктэй, Хоноҕор, Өнөр, Дүпсүн, Найахы,Бэйдиҥэ, Орто Эбэ сүрүн оскуолатыттан, Мындааба спортивнай орто оскуолатыттан, Лөгөй лицей-интернаттан уонна оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн 24 оҕо кытынна. 11-12 саастаахтарга — Чараҥ, Найахы, Хоноҕор, Суотту, Бэйдиҥэ, Мындааба спортивнай орто оскуолатыттан, Мүрү №2 орто оскуолатыттан, оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн — 10 оҕо кыттыыны ылла.

8-10 бөлөх кыайыылаахтара :
1 миэстэ – Егорова Надя, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ;
2 миэстэ – Иванова Сахайаана, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ;
2 миэстэ – Васильева Сандаара, Чараҥ орто оскуолата;
3 миэстэ – Кривошапкина Санита, Найахы орто оскуолата;
3 миэстэ – Лыткина Сандаара, Дүпсүн орто оскуолата;
3 миэстэ – Орлова Ольга, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ.
Экспердэринэн үлэлээтилэр — оҕону эбии үөрэхтээһин киинин методиһа Анна Михайловна уонна эбии үөрэхтээһин педагога Матрена Лазаревна Леонтьева.
11-13 бөлөх кыайыылаахтара :
1 миэстэ – Нахаева Иванина, Уһун-Күөл орто оскуолата;
2 миэстэ – Григорьев Айтал, оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ;
3 миэстэ – Захарова Альбина, Мүрү №2 орто оскуолата.
Экспердэринэн үлэлээтилэр — оҕону эбии үөрэхтээһин киинин директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Петровна Ушницкая уонна эбии үөрэхтээһин педагога Местникова Евгения Климентьевна.
Көхтөөх кыттыыгыт иһин бары кыттааччыларга, салайааччыларга махтанабыт, өссө да бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит. Үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

 

“ПРЕПОДАВАНИЕ В МЛАДШИХ КЛАССАХ” КОМПЕТЕНЦИЯ 

Олунньу 26 күнүгэр, Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола базатыгар, «Преподавание в младших классах» компетенция ыытылынна. Күрэх саастарынан үс бөлөҕүнэн барда: 8-10, 11-12 уонна 13-14. Чараҥ, Чэриктэй, Мындааба, Мүрүтээҕи №1 уонна №2 оскуолалартан барыта 16 оҕо кыттыыны ылла.
Оҕолор 2 модульунан күрэхтэстилэр: А – хоһоону хомоҕойдук ааҕыы. В -интерактивнай тэрили туттан «Талисман VIII МСИ «Дети Азии» диэн темаҕа маастар-кылаас ыытыы.


Экспердэринэн алын сүһүөх кылаас учууталлара үлэлээтилэр: Бурнашева Г.С., Готовцева А.Г. -Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола, Алексеева А.В.- Мүрүтээҕи №2 орто оскуола, Атласова Е.И. — Мүрүтээҕи №1 орто оскуола, Стручкова Е.Г. – Майаҕастааҕы орто оскуола, Федосеева М.С. – Чараҥнааҕы орто оскуола.
Күрэх түмүгүнэн:
8-10 саастаахтарга кыайыылаахтар:
1 миэстэ – Москвитина Сайаана – Мүрүтээҕи №1 орто оскуола;
2 миэстэ – Гуляева Мирослава – Чараҥнааҕы орто оскуола;
3 миэстэ – Захарова Айыллаана – Мүрүтээҕи №1 орто оскуола.
11-12 саастаахтарга:
1 миэстэ – Готовцева Сайаана – Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола;
2 миэстэ – Дмитриева Айхаана – Чэриктэйдээҕи орто оскуола.
13-14 саастаахтарга:
1 миэстэ — Бурцева Сандаара — Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола;
2 миэстэ — Ушницкий Иван — Чэриктэйдээҕи орто оскуола;
3 миэстэ — Бочкарева Айгылаана — Чэриктэйдээҕи орто оскуола.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар үрдүк таһымнаах бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтилэр. Кыттааччыларга уонна салайааччыларга көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар уонна кыайыыга дьулуургут иһин махтанабыт! Ол курдук дьүүллүүр сүбэҕэ эмиэ махталбыт улахан. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү, кыайыыны-хотууну баҕарабыт!

«Физкультура, спорт и фитнес» компетенция
Мындааба спортивнай орто оскуола базатыгар, олунньу 26 күнүгэр, «Физкультура, спорт и фитнес» компетенция ыытылынна. Күрэх 8-10, 11-12 уонна 13-14 саастарынан бөлөхтөргө арахсан буолла. Чараҥ, Мындааба, Мүрү №1 уонна №2 орто оскуолалартан 13 оҕо кытынна.
Кыттааччылар 3 модульунан кииристилэр.
А — «Что я знаю о профессии «Инструктор физической культуры, спорта и фитнеса».
В — «Социально-коммуникативнай».
С – Оскуола алын сүһүөх оҕолоругар сарсыардааҥҥы сэрээккэни бэлэмнээһин уонна тэрийэн ыытыы (гимнастика), эстафета.
Экспердэринэн үлэлээтилэр: спортивнай үҥкүүгэ ДЮСШ тренер-преподавателя Т.Л. Ларионова, «Күнчээнэ» уһуйаан музыкальнай салайааччыта, хореограф А.С. Кириллова, Мындаабатааҕы сынньалаҥ киинин методиһа И.Н. Иванова.


Күрэх түмүктэрэ:
8-10 саастаахтарга:
1 миэстэ – Слепцова Эвелина – Мүрү №1 орто оскуолата
2 миэстэ – Аржаков Харысхан – Мындаба спортивнай орто оскуола
3 миэстэ – Иванов Айсен – Мындаба спортивнай орто оскуола
11-12 саастаахтарга:
1 миэстэ – Аржаков Арылхан – Мындаба спортивнай орто оскуола
2 миэстэ – Петухова Джулия – Мүрү №1 орто оскуолата
3 миэстэ — Мурукова Айкуо – Чараҥ орто оскуолата
13-14 саастаахтарга:
1 миэстэ — Макеев Данил — Мындаба спортивнай орто оскуола
2 миэстэ — Аржакова Уруйдана — Мындаба спортивнай орто оскуола
3 миэстэ — Неустроева Сардаана — Мындаба спортивнай орто оскуола
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы оҕолор үрдүк таһымнаах бэлэмнээх кэлбиттэрин бэлиэтээтилэр

 

«РЕКЛАМА” КОМПЕТЕНЦИЯ 
Мүрүтээҕи № 2 орто оскуола базатыгар «Реклама” компетенция күрэҕэ олунньу 26 күнүгэр буолан ааста. Барыта 10 хамаанданан 20 оҕо Мүрү №1, №2, Чараҥ орто оскуолаларыттан, Лөгөй лицей-интернатыттан 2 бөлөҕүнэн (8-10, 11-12 саастаахтар) кыттыыны ыллылар.
Күрэх 4 модульунан буолла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: «Сыккыс» библиотека библиотекара В.В. Копырина, Мүрү №2 орто оскуолатын информатикаҕа учуутала Н.В. Никитина, Мүрү № 2 орто оскуолатын директорын сүбэһитэ Е.И. Неустроева.

8-10 саастаахтарга кыайыылаахтар:
1 миэстэ — Литвинцев Семен, Колесов Эрсан, Мүрү №1 орто оскуолата
2 миэстэ — Нестеров Иван, Сыроватская Арина, Мүрү №2 орто оскуолата
Алексеева Сайнаара, Сыроватская Юлиана, Мүрү №2 орто оскуолата
3 миэстэ — Сивцев Эркин, Дьячковский Айсиэн, Мүрү №1 орто оскуолата
Максимов Яков, Березкина Виктория, Мүрү №2 орто оскуолата
11-12 саастаахтарга кыайыылаахтар:
1 миэстэ — Громова Дарина, Павлова Милена, Мүрү №2 орто оскуолата
2 миэстэ — Петров Семен, Стрекаловская Майя, Лөгөй лицей-интерната
3 миэстэ — Басыгысова Нарыйаана, Трофимова Сайаана, Чараҥ орто оскуолата

Матрена Леонтьева, эбии үөрэхтээһин педагога