Бүгүн уус алданнар (бороҕоттор) ытык сирбитин Мүрү Томторун сөргүтүү туһунан кэпсэтии, дьүүллэһии үрдүк таһымҥа ыытылынна. Сүбэ мунньахха улуус баһылыга Василий Аммосов, «Биир ньыгыл Россия» баартыйа «История нэһилиэстибэтэ» бырайыагын өрөспүүбүлүкэтээҕи координатора, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева, бу бырайыак «Духуобунай нэһилиэстибэ» хайысхатын салайааччыта Лариса Кулаковская, бырайыак уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, баартыйа эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Неустроева, СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрэ Петр Румянцев кыттыыны ыллылар.

Манна ытык сирбит Бороҕон улууһун киинин быһыытынан эрэ буолбакка, ол иннинээҕи дириҥ историята кытары ырытылынна. Сүрүн сорук Томтору сөргүтэн, аһаҕас халлаан анныгар мусуой оҥорон туристары сырытыннарыы буолар. Биһиги улууспутугар промышленность ханнык да көрүҥэ суоҕунан туризмы сайыннарыы соруга турар. Онно история ситимин тутуһуохтаахпыт.

Сөргүтүүгэ, биллэн турар, үтүмэн үп наада. Итиннэ үлэлэһии 2017 сылтан барарын туһунан улуустааҕы түмэл дириэктэрэ Павел Пермяков кэпсээтэ. Онон бүгүҥҥү кэпсэтиигэ салгыы ханнык суоллары тутуһар туһунан буолла.

Онуоха Елена Голомареава икки суолга тохтоото: «Бастакытынан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аҕыйах хонуктааҕыта федеральнай мунньахха историческай, культурнай нэһилиэстибэлэргэ болҕомто ууруллуохтааҕын, онно балачча үбү көрөр туһунан эппитигэр олоҕуруохха, иккиһинэн, «Биир ньыгыл Россия» баартыйа бырайыагар киириэххэ», – диэтэ. Оччотугар эрэ добуоччу үп көрүллүөн сөбүн эттэ.

Оттон үлэ балачча ыытыллыан наада. Ол курдук Томтору история ураты нэһилиэстибэтин быһыытынан федеральнай реестргэ киллэрии, ону тэҥэ Бороҕоннооҕу Вознесенскай таҥара дьиэтэ Александр Невскай аатынан буоларын, 1812 сыллааҕы Аҕа дойду сэриитигэр Наполеон аармыйатын үлтүрүтүү чиэһигэр император Александр I ыйааҕынан маннааҕы таҥара дьиэтигэр Александр Невскэй мөссүөннээх иконаны бэлэх ыыппытын бигэргэтии соруктара тураллар.

Сүбэ бүгүҥҥүнэн эрэ бүппэт. Үлэ күүскэ ыытыллан 2032 сылга Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 400 сылын көрсө федеральнай үп көрүллэрин ситиһэр туһуттан бырабыыталыстыба таһымыгар тиийэ мунньахтар былааҥҥа турдулар.

Ити курдук Мүрү Томторун былыргы көстүүтэ сөргүтүллэр кэскилэ ыйдаҥарбыт курдук буолла.

Афанасий Сектяев