Төрөппүттэрбит тустарынан үтүө өйдөбүл сүрэхпитин угуттуур

Быйыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Учуутал уонна настаабынньык сыла уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Үлэ сыла биллэрбиттэрин бары даҕаны үөрэ истибиппит. Онтон сиэттэрэн төрөппүттэрбит тустарынан ахтан-санаан ааһыахпын баҕарбын. 

Биһиги төрөппүттэрбит – Уус Алдан оройуонун 2-с Лөгөй нэһилиэгэр Байдыма диэн алааска төрөөбүт Василий Васильев уонна Өлүөхүмэ оройуонун 1-кы Нөөрүктээйитин Кудай диэн учаастагар күн сирин көрбүт Нина Софонова 1936 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа билсэн олохторун холбообуттара.

Мантан кинилэр оҕоҕо билиини биэрэр, үтүөнү-кэрэни саҕар сындылҕаннаах айаннара саҕаламмыта. Кинилэр үлэлээбит кэмнэрэ сэрии уонна сэрии кэннинээҕи олох саамай ыарахан сыллара этилэр. Ыраах Абый оройуонугар, Уус Алдаҥҥа Чараҥай, Баатаҕай, Тулуна, Томтор, Мындааба оскуолаларыгар, Василий Николаевич сэттэ кылаастаах оскуолаҕа дириэктэринэн, начаалынай оскуолаларга сэбиэдиссэйинэн, учууталынан, Нина Константиновна ити оскуолаларга начаалынай кылаас учууталынан, кэлин Бороҕоҥҥо киирэн “Мичил” оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбиттэрэ.

Кинилэр чахчы да тутта сылдьардыын, дьоҥҥо, дьиэҕэ-уокка, бэйэ икки ардыгар сыһыаҥҥа интеллигент дьон этилэр. Кэлин бииргэ алтыспыт дьонун, үөрэнээччилэрин ахталларын истэн, хойутаан да буоллар, ахтыы хомуйарга санаммытым. Билигин Мүрү нэһилиэгэр олорор ытык кырдьаҕас Интерна Алексеевна Слепцова оҕо эрдэҕинээҕи кэмнэрин ахтыытын таһаарабын.

Интерна Слепцова, үлэ бэтэрээнэ. Бороҕон с. олохтооҕо: 

– Киһи сааһыран кырдьаҕас дьон кэккэтигэр киирэн истэҕинэ ааспыт кэмнэри санаан, толкуйдаан ылар кэмнэрдээх эбит. Онон махтана саныыр, сөбүлүүр учууталым туһунан аҕыйах ахтыы тылы суруйарга соруннум.

Мүрү орто оскуолатыгар 1947 сыллаахха үөрэнэ киирэн баран, ыалдьан ол сыл үөрэммэтэҕим. Эдьиийим Анна Алексеевна Бурцева онус кылааһы бүтэрэн баран, иккис сылын Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үлэлииригэр 1948-1949 үөрэх дьылыгар батыһан тиийбитим. Сэрииттэн төннөн кэлэн саҥа кэргэннэммит Денис Кононович Заровняевы кытта дьукаах олорбуппут. Денис Кононовичтаах оҕолоно иликтэр этэ, онон миигин сөбүлүүллэрэ, дьиэтээҕи үлэҕэ такайаллара. Мин аттыбыттан кугас баттахтаах, маҥан дьүһүннээх биир кыра кыыс оҕо арахсыбат этэ. Ол оскуола дириэктэрэ Василий Николаевич Васильев уонна начаалынай кылаас учуутала Нина Константиновна Софонова улахан кыыстара Марта Васильева (Петрова) эбит.

Василий Николаевич төрдө Тулуна этэ, Нина Константиновна – Өлүөхүмэ. Нина Константиновнаҕа сыл аҥаара үөрэммитим, ол кэмҥэ икки кылааһы тэҥҥэ үөрэтэллэрэ. Кини олус холку майгылааҕа, аккуратнай, оҕону мөхпөт, үчүгэй-куһаҕан оҕо диэн араарбат этэ. Оччотооҕу оҕо таҥаһа-саба мөлтөҕө, сэмэйэ, билэрин да сатаан эппэт көнө, көрсүө буолара. Биһиги сүүрэ-көтө сылдьан Василий Николаевичка оскуолаҕа, оскуола территориятыгар куруутун кэтиллэ түһэрбит, кини дириэктэр быһыытынан хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэтэ бүппэт быһыылааҕа.

Арай 1953-1954 үөрэх дьылыгар Тулунаҕа үөрэнэ кэлбитим, Васильевтар онно көһөн кэлэн Василий Николаевич Тулуна түөрт кылаастаах начаалынай оскуолатыгар дириэктэринэн  анаммыт этэ. Ити сыл саҥа 4-с кылаас аһыллан, субуотунньук бөҕө буолара. Учууталлар тэҥҥэ сылдьаллара.

Учууталбыт Василий Николаевич ахсааны уонна саха тылын үөрэтэрэ, оҕоҕо билиини биэрэрэ уонна ону олус ирдиирэ. Барыбытын олус сөбүлүүрэ. Дириэктэр буолан сотору-сотору оройуоҥҥа барара, оччоҕо Нина Константиновна солбуйара. Иккиэн да биһиэхэ ийэбит уонна аҕабыт курдук сыһыаннаһаллара. Мин ити дьыл интэринээккэ олорбутум. Биирдэ, кыһын ортотун диэки, интэринээккэ бииргэ олорор кыыспын кытта ыҥыран ылан иккиэммитигэр баата суорҕан, овчина саҕалаах уһун истээх сон туттартаан кэбистэ. “Кэтэн көрүҥ эрэ”, – диэтэ, соммут  уһун соҕус да, кэтэн баран иннигэр эргичиҥнии  сылдьан көрбүппүт, дириэктэрбит биһигиннээҕэр үөрбүт, ис-иһиттэн сырдыы турар эбит.

 Саас, ыам ыйыгар Бороҕоҥҥо эксээмэн туттара барар буоллубут, онон соммун, суорҕаммын туттараары гыммыппын туппатаҕа, эксээмэн кэнниттэн диэн кэбиспитэ. Тэлиэгэлээх оҕуска  аһыыр аспытын, утуйар таҥаспытын тиэйэн, бэйэбит тэлиэгэ кэнниттэн сатыы бардыбыт. Этэрбэспит илдьи сытыйан, куурдан-имитэн баран кэттэхпит дии. Эксээмэн кэмигэр ыалы билбэт оҕолор кыра оскуолаҕа биир хоско хоно сылдьыбыппыт. Онно утуйабыт, аһыыбыт. Онно, кырдьык, бу икки өттүнэн сибэкки ойуулаах, сиидэс тастаах баата суорҕаным ичигэһин, сымнаҕаһын билбитим. Испэр Василий Николаевичка махтана санаабытым, ол кэмҥэ ас-таҥас дэлэйэ суоҕа, баар да буоллаҕына, харчы суоҕа. Эксээмэммитин бары туттаран кэбистибит, биэс оҕо ортото суох. Учууталбыт Василий Николаевич үөрэн мичээрдээбитин онно көрбүппүн хаһан да умнубаппын. Онтон Бороҕонтон төттөрү, үөрэн-көтөн тэлиэгэлээх оҕуспутунан ыллаан-туойан төнүннүбүт.

Учуутал үлэтэ бу курдук ирдэбиллээх, үгүс түбүктээх үлэ. Нина Константиновна, Василий Николаевич бу үлэҕэ бары дьоҕурдарын ууран, үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьон буолаллар. Кинилэр ааттара, сырдык мөссүөннэрэ төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар, бииргэ үлэлээбит дьонугар-сэргэтигэр өрүү тыыннаах буолуохтун.

Интерна Алексеевнаҕа үтүө өйдөбүлүн сурукка тиспитин иһин махтанан туран уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.

Мария Ядрихинская, СӨ дорубуйа харыстабылыгар туйгуна

 

Читайте дальше