Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыыннаах холобура

Биһиги көлүөнэттэн төрөөбүт нэһилиэгэр нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, отделение управляющайынан, нэһилиэк баһылыгынан уһун кэмҥэ арахсыбакка үлэлээн дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар олоҕун анаабыт улуус бочуоттаах олохтооҕо Владимир Андреевич Соловьев былырыын ахсынньы 17 күнүгэр 75 сааһын туолбута. Дьоһун сааһы бэлиэтээри сылдьан, оҕото ыарахан ыарыыттан соһуччу олохтон туораан, дьоһун саас бэлиэтэммэккэ хаалбыта.

Владимир Андреевич күн сирин көрбүт оҕо сааһын сылларыгар сабыс-саҥа Чэриктэй бөһүөлэгэ тутуллан сандаарбыта. Бөһүөлэк олохтоохторугар дьоллоох кэмнэр, ону тэҥэ 90-с ыһыллыы-тоҕуллуу сыллара, 1998 сыллаахха Лена,  Алдан өрүстэр алдьатыылаах халааннарын иэдээннээх содуллара түбэспитттэрэ.

1952 сыллаахха холкуостары бөдөҥсүтүү политикатыгар сөп түбэһиннэрэн, Чэриктэй сиригэр баар «Социализм” уонна “Ыччат  суоллара» диэн икки холкуос “Дүпсүн” холкуостарын кытта холбоһон бөдөҥсүйбүт «Карл Маркс» аатынан холкуос  Чэриктэйдээҕи  биригээдэтэ тэриллэн,  кииннэрин  Алдан өрүс боротуохатын үрдүгэр Маҥан атыыр диэн ааттаах кырдалга  тутарга быһаарбыттара. Ити сыл саас Дүпсүнтэн Володя  аҕата Андрей Петрович Соловьев – Хамыырдаах Өндөрөй  5-6 киһилээх биригээдэни салайан илдьэ киирэн, саҥа дэриэбинэ бастакы тутуутун барабыык дьиэттэн саҕалаабыта. Сотору Ыппаай Махсыым эргэ өтөҕүн сөхсүтэн, оҥостон  дьонун көһөрөн киллэрбитэ, саҥа дьиэ туттан олохсуйбуттара. Кыракый Володя саҥа дэриэбинэ тутуутун кытта тэҥҥэ улааппыта. Аҕата аах Чэриктэй олохтоохторун кытта күнүстэри-түүннэри  үлэлээн, саҥа бөһүөлэги аҕыйах сылынан  тутан бүтэрбиттэрэ. Кырдал, Алдан диэн ааттардаах икки улахан уһун уонна Айхал, Туора диэн хатыҥ маһынан сэлэлэммит көбүс-көнө уулуссалары сэргэ кэккэлэһэ, сабыс-саҥа буруус маһынан тутуллубут сырдык, үрдүк кырыыһалаах  дьиэлэр кэккэлэспиттэрэ. Айхал уулуссаттан кылгас хатыҥ-харыйа ойуур быыстаах Силиэгийэ кырдалыгар  «силиэгийэлэр ыаллара»  диэн туһунан түөлбэ үөскээбитэ, онтон Чэриктэйгэ киириигэ элгээн күөл үрдүгэр Хатыҥ күөл диэн ааттаах  биригээдэ  ыанар ынаҕар, субай сүөһүтүгэр  аналлаах хотоннор тутуллубуттара, ыанньыксыттар, биригээдэ үлэһиттэрин олорор  дьиэлэрэ кэккэлэспиттэрэ. 1960 сыллар саҕаланыылара  начальнай оскуола, кулууп, маҕаһыын дьиэлэрэ тутулла охсон, Ыччат, Дьэли түгэхтэриттэн дьон-сэргэ олорчу көһөн кэлэн, саҥа дэриэбинэ оҕо саҥатынан туола түспүтэ. Бары өртүнэн табыгастаахтык былааннаммыт, хатыҥ маһынан сэлэлэммит, тула ып-ыраас чүөмпэ күөллэрдээх, хочотун иһигэр 500-600 гааҕа бурдук долгуйа үүнэр, 50-чэ гааҕа хортуоппуй, хаппыыста өлгөмнүк үүнэр бааһыналардааҕа. Сылгы-сүөһү ииттэр дэлэй сирдээх-уоттаах элбэх эдэр ыччаттаах Уус Алдан оройуонугар саамай үчүгэй тутуулардаах, кыраһыабай айылҕалаах ып-ыраас бастыҥ дэриэбинэ тутуллан тахсыбыта. Володя аҕатын Андрей Петрович Соловьеву Чэриктэй бөһүөлэгин хара маҥнайгыттан тутуспут, нэһилиэк сайдарыгар улахан  үтүөлээх  киһи  буоларын Чэриктэй дьоно  билинэн, улаханнык  ытыктаан, 1980-с сыллардаахха туора уулуссаҕа Андрей Петрович Соловьев аатын иҥэрбиттэрэ.

Володяны  кыра эрдэхпиттэн билэрбинэн, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан Чэриктэй  оскуолатын,  Чэриктэйин чиэһин  спорт бары көрүҥнэригэр кыайан-хотон өрө тутан кэлбитэ. Володя бэйэтэ да ахтарын курдук, 7-8 кылааска үөрэнэ сылдьан тэҥ саастаахтарыгар оройуон күрэхтэһиитигэр 8-10 көрүҥҥэ тэҥҥэ кыттан барытыгар бастаан кэлитэлиир этэ. Тустууга, сүүрүүгэ улахан талааннааҕа.  Владимир Андреевич оҕо сылдьан үчүгэй спортивнай баазалаах, бастыҥ тренердээх оскуолаҕа үөрэммитэ буоллар, спортка өссө үрдүк ситиһиилэри көрдөрүөхтээх этэ.  Дүпсүн орто оскуолатын 1968 сыллаахха бүтэрэн, Хабаровскайдааҕы физкультурнай институту ситиһиилээхтик түмүктээн, Курбуһах, Лөгөй орто оскуолаларыгар үлэтин саҕалаабыта. Ити сылларга Владимир олоҕун тапталын көрсөн, 1971 сыллаахха төрөппүттэрин төрүт түөлбэлэригэр уруу бырааһынньыгын тэрийбитигэр сылдьан турабыт. Владимир Андреевич отут саастааҕар партия Уус Алданнааҕы райкомун дьаһалынан 1979 с. Чэриктэйгэ сэбиэтин бэрэсэдээтэлинэн ананан үлэлии кэлбитигэр нэһилиэк олохтоохторо  “уолбут, оҕобут кэллэ” диэн үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлин үлэтэ туһааннаах отделение үлэтин кытта ыкса сибээстээҕэ. Владимир Андреевич үлэтин саҕалыыр кэмигэр «Дүпсүн» совхоз Чэриктэйдээҕи отделениета совхоз биир саамай элбэх сылгылаах, ынах сүөһүлээх уонна бурдук  ыһар сирдээх улахан хаһаайыстыба этэ. Ынах сүөһүтэ 1300-чэкэ, ол иһигэр ыанар ынаҕа 300 төбө, 750 сылгы иитиллэрэ. Сылга 1600 тонна үүтү, 120 тонна эти туттараллара. Бу эт-үүт былааннарын толорорго сыл аайы 1700 тонна от оттоноро, сиилэс бэлэмнэнэрэ. Күһүн аайы хотоннор эбии тутуллаллара. Икки гектарга хаппыыстаны олордон, сыллата 50-60 тоннаны, 15 га сиргэ хортуоппуй үүннэрэн эмиэ сыл аайы  100-150 тоннаны судаарыстыбаҕа туттараллара. Ону таһынан Чэриктэй хочотугар 500 гектар курдук бурдук бааһыналаахтара, өҥ сылларга тыһыынчаттан тахса тонна бурдугу хомуйан  судаарыстыбаны кытта аахсаллара. Маны таһынан, түүлээх булдугар былааннаахтара. Бу аҕыйах нэһилиэнньэлээх кыра дэриэбинэҕэ олус үрдүк судаарыстыбаннай былаан этэ, үлэһит илии тиийбэтэ, үлэ ыарахана, матырыйаалынай бааза мөлтөҕө, сорох дьыл айылҕа кураанныыра эбэтэр ардыыра барыта биригээдэ салайааччыларыгар уонна биригээдэ үлэһиттэригэр да олус ыктарыылаах, илистиилээх үлэ  буолара.

Эдэр салайааччы отделение салалтатын, специалистарын  кытта бииргэ сөбүлэһэн үлэлээбитэ, дьон өйүн-санаатын түмпүттэриттэн  үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэр баар буолбуттара. Отделение производственнай коллективтара, биирдиилээн үлэһиттэрэ оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ  соц.куоталаһыыга бастаабыттара. 1981 с. Чэриктэй отделениета бүтүн Россиятааҕы социалистическай куоталаһыыга бастаан өйдөбүнньүк вымпелынан наҕараадаламмыта. Бу үрдүк ситиһии Чэриктэй нэһилиэгин отделениетын салалтатын,  үлэһит дьонун дьулуурдаах, тэрээһиннээх үлэлэрин  кыайыыта  этэ. Кини үлэлээбит кэмнэригэр элбэх үлэ-хамнас тутууга, суол оҥоһуутугар ыытыллыбыта. Баҕар кэм-кэрдии уопсай сайдыы бэрээдэгинэн тутуу барар, суол оҥоһуллар диэхтэрэ буолуо гынан баран, туох барыта миэстэҕэ сүүрэн-көтөн туруорсар, тэрийэр-тэрийсэр дьон баар буолан оҥоһуллар эбээт.  Олохтоох салалта кыттыыта, туруорсуута  суох  туох да оҥоһуллубат. Мин 1989 с. “Дүпсүн” сопхуоска дириэктэринэн үлэлии сылдьан сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Андреевичтыын сүбэлэһэн,  дойдубутугар Чэриктэйгэ 45х18 м кээмэйдээх кулуубу кытта сылаас көрүдүөрүнэн холбонор спортивнай сааланы тутан испиппит. Владимир Андреевич хара маҥнайгыттан тутуу биригээдэтин олохторун тэрийэн, үлэлэрин тэрээһинигэр күүскэ үлэлээн тутуу тэтимнээхтик баран, 1991 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэрэр турукка киллэрбиппит. Ол курдук, спортивнай саала көҥдөйө олоччу бүтэн, ититиллэн  ис отоплениетын үлэтин саҕалаан, муостатын баалкыларын түһэрэн, кулуубу кытта холбуур сылаас көрүдүөрүн бүтэрэн тигинэччи үлэлии сылдьар уон киһилээх биригээдэ үс киһитин,  ол иһигэр биригэдьиирдэрин сайын ортото киһини өлөрөн хаайыыга соторутааҕыта эрэ сытан тахсыбыт киһи ытыалаан өлөртөөбүтэ. Оо, онно төһөлөөх соһуйбуппутуй,   хомойбуппутуй?  Ыччаппыт туһугар кыһаллан-мүһэллэн  тутан испит тутуубут тохтоон хаалбытыттан улаханнык  хараастыбыппыт. Уопсайынан, ити өлөрүөхсүт рецидивист нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар төһөлөөх эрэйи-муҥу онорбутун барытын табаарыспыт нэһилиэк баһылыга Владимир Андреевич үрдүнэн аастаҕа.  Аны  ити сыл күһүнүгэр сэбиэскэй былаас тохтотуллубута. Саҥа ырыынак  систематыгар киирэн,  судаарыстыбаннай бас билии суох буолбута. “Онон бэйэҕитин бэйэҕит бас билинэҕит,   олоххутун-дьаһаххытын бэйэҕит оностоҕут, толору көҥүлү биэрэбит” диэн  Москваттан  соһуччу  күүтүллүбэтэх  дьаһал  тиийэн кэлбитин Владимир Андреевич нэһилиэк баһылыгын эппиэттээх үлэтигэр олорон көрсүбүтэ. Өрөспүүбүлүкэ  нэһилиэктэрин  социальнай тэрилтэлэрин оттугунан, уунан, электроэнергиянан, нэһилиэнньэҕэ от-мас тиэйиитинэн-бэлэминэн барытынан хааччыйа дьарыктана олорбут    сопхуостар суох оҥоһуллубуттара. Үөһээттэн техника саппааһа, сэлээркэ, бензин кэлиитэ тохтообута. Оройуон салалтата ону кыайан быһаарар кыаҕа суоҕа. Ону таһынан оскуола, оҕо саада, балыыһа, салалта үлэһиттэригэр хамнас хастыы эмэ ый кэлбэт иэдээнэ,  ас-таҥас суох буолбута, сыана босхо барбыта дьон уйулҕатын хамсаппыта. Олус ыарахан күннэр тыа нэһилиэктэригэр сатыылаабыттара, ордук кырыы, киин сиртэн ыраах суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ.   Судаарыстыбаннай система ыһыллыбыт-тоҕуллубут, дойду үрдүнэн булкуллуу-ыһыллыы, дьон өйө-санаата алдьаммыт-аймаммыт сылларыгар нэһилиэк дьонун олоҕун айгыраппат,   оскуоланы, балыыһаны тоҥорбот, килиэбинэн хааччыйыы соруга барыта нэһилиэк баһылыгар сүктэриллибитэ. Ону таһынан отделение бас билиитин, көрөн олорбут сүөһүтүн, сылгытын, дьиэлэрин-тутууларын, техникаларын, сирдэрин үллэстиитин этиһиилээх-охсуһуулаах кэмнэрэ дэриэбинэ ыалларын икки ардыгар өтөрүнэн тохтообот араллааны тардыбыта.  Тустаах салалтаҕа да, нэһилиэнньэҕэ да олус ыар күн-дьыл сатыылаабыта. Владимир Андреевич ити саамай ыарахан кэми салайааччы быһыытынан тулуйбута, аймаммыт, ыгылыйбыт дьонун бэйэтин тула түмпүтэ, нэһилиэгин олоҕун сүрүннээбитэ. Ыһыллыбыт олох син оннун булан испитэ. Чэриктэйгэ икки этээстээх таас оскуола үлэҕэ киирбитэ.  Өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенэ тыа сирин сайыннарыыга кэккэ элбэх дьаһалы таһааран, тыа дьонун олоҕо кыралаан тупсар өртүгэр барбыта, ыаллар кыра техникалары атыылаһан, эттэрин-үүттэрин атыылаан, оттоон-мастаан сылгы-ынах сүөһүнү элбэтэн  испиттэрэ.

Ону баара,  1998 сыл тиийэн кэлбитэ.  Чэриктэй дьоно үйэлэр тухары билбэтэх, түһээн да баттаппатах сааскы халаан уута Алдан өрүс үрдүгэр олорор дэриэбинэлэри барытын ылбыта, тимирдибитэ. Бу Саха сиригэр өтөрүнэн буолбатах  иэдээннээх халаан  уута ордук Чэриктэйи алдьаппыта. Бөһүөлэк олоччу тимирбитэ. Мин Дьокуускайга ЫБМ кытта Чэриктэйтэн, Өспөхтөн дьону быыһыыр вертолекка тиийэн көтүһээри гыммыккар вертолетчиктэр: “Тоҕо Чэриктэйгэ барса сатаатыҥ,  Чэриктэй диэн дэриэбинэ аны суох”, – диэн сүрэхпин хайыта сыспыттара.  Көтүһэн тиийбитим,  кырдьык  үөһээттэн көрдөххө, улуу өрүс сүнньэ ханан баара биллибэт курдук Дьааҥы хайатын уонна соҕуруу мыраан ортотугар диэри муустаах уу бидилийэ сытара. Таас оскуола иккис этээһэ эрэ кыайтара илик кириэппэс курдук харааран көстөрө. Бөһүөлэк уулуссатын тутуулара, ампаардара,  сарайдара  ууга уста сылдьаллара, элбэх  дьиэ  ууга устан онно-манна тиийэн   иҥнэри түһэн тураллара. Киһи баара көстүбэт этэ. Арай биир-икки мотуоркалаах оҥочолор уста сылдьар тутуулар быыстарынан тугу эрэ быыһыы, көрө-истэ сылдьаллара.  Дьэ, итинник дьулаан хартыынаны илэ харахпынан вертолет түннүгүнэн көрөн турабын. Тиксии байыаннай пограничниктарын вертолета ханан да эргийбэккэ чопчу оскуола үрдүгэр баар буолбута, тайанар тайаммат ыйанан турбута. Онно Владимир Андреевич оскуола баһаарынай люгун арыйаат, ойон тахсан ЫБМ бэрэстэбиитэлиттэн уонна  Дьокуускай куорат “Чэриктэй” түмсүүтүттэн кэлбит гуманитарнай көмөнү ылбыта. ЫБМ-нары кытта  тугу эрэ дьаһайсыбыта.  Бу алдьархайга  17 дьиэни  халаан уута  ылан барбыта. Атын да дьиэлэр кырыыһаларыгар диэри ууга  баран устар турукка тиийбиттэрэ. Дэриэбинэ ньуурун, оттуур ходуһаларын  дохсун сүүрүктээх уу тоҕо сүүрэн дэлби аппа-дьаппа онорбута, 140 сүөһү көрөн турдахтарына ууга тимирбитэ. Бөһүөлэк дьоно икки этээстээх таас оскуола баар буолан,  нэһиилэ быыһаммыттара. Уу кэлиитэ оннук дохсун этэ. Аҕыйах чаас иһигэр биэс биэрэстэлээх мырааҥҥа диэри 3-5 миэтэрэ дириҥнээх сааскы халаан уута күөллэр муустарын көтөҕөн биир халҕаһа буолан,  бөҕү-сыыһы өрүкүтэн  аллараа диэки устарыттан туох да быыһанар туруга суох этэ. Сыһыыга уонна дэриэбинэ таһыгар сылдьар 150-тэн тахса сылгы  халаан уутун  утары харбыы сатаан сэниэлэрэ эстэн, тоҥон  күүстээх сүүрүккэ оҕустаран  кистэһэ-кистэһэ аллараа устар муустаах ууну кытта барса тураахтаабыттара. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар айылҕа иэдээнин кыайбатахтара, бары тимирбиттэрэ, окко-маска ыйаммыттара. Бу алдьархайдаах кэмҥэ баһылык Владимир Андреевич мотуордаах дьонун мунньан, дохсуннук  өрө үллэ турар муустаах ууну быыһынан  хас эмэ суукка утуйбакка күнүстэри-түүннэри дьонун-сэргэтин быыһыы сылдьыбыта. Ама да ааспытын иһин, дьулаан кэми  дьоммут-сэргэбит тыыннаах хаалар туһугар бары бииргэ түмсэн тулуйбуттара. Ити сыл Чэриктэй бөһүөлэгин мыраан үрдүгэр көһөрөргэ бырабыыталыстыба дьаһала тахсыбыта. Ол эрээри Чэриктэй олохтоохторо, нэһилиэк салалтата төрүт сирдэриттэн  көһүөхтэрин  баҕарбатахтара. Билигин Чэриктэй кэҥиир, сайдар суолга турунна.

Нэһилиэк баһылыга Владимир Андреевич үтүө санаалаах, көнө майгылаах киһи. Дойдутугар дьонун-сэргэтин ортотугар 20-тэн тахса сыл нэһилиэккэ дойду ыһыллыбыт 90-с сылларыгар,  айылҕа саамай алдьатыылаах олус ыарахан кэмнэрин тулуйан,  нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, отделение управляющайынан уонна олохтоох бэйэни салайыныы тэриллии баһылыгынан  үлэлээн кэлбитин  бэлиэтиэххэ наада.  Кини 2002 сыллаахха арааһа “тыа сирин ыарахан олоҕуттан сынньаныам” диэн санааттан Дьокуускайга көспүтэ уонна үс  сыл олорон, үлэлээн  көрөн баран, “кэбис, төрөөбүт дойдубар, аҕабын, төрөппүттэрбин да кэриэстээн, Чэриктэйбэр  тахсан олорбутум быдан ордук буолууһу, төһө да сааһыра бардарбын син биир нэһилиэгим дьонугар күүс-көмө буолуохтаахпын” диэн санаан кэргэнинээн Марфа Васильевналыын хатыҥ чараҥ  тулалаах төрүт олбуордарын иһигэр саҥа дьиэ туттан,  чиҥник дьаһанан олохтоох олохторун булбуттара. Чэриктэй олохтоохторо кыра эрдэҕиттэн таптаан, “оҕобут, уолбут” диэбит Владимир Андреевичтара төттөрү көһөн кэлэн, “аны төрүт сирбиттэн ханна да барбаппын, эһигини кытта үйэ-саас тухары бииргэ буолабыт” диэбититтэн улаханнык үөрбүттэрэ, махтаммыттара. Өр олордубатахтара. Олохтоох бэйэни салайыныы уочараттаах быыбара тиийэн кэлбитигэр, “биһиги эйигин “аҕабыт” курдук саныыбыт, онон тылбытын быһа гыммакка өссө төгүл баһылыктаа, күүс-көмө буол” диэн көрдөспүттэрин Владимир Андреевич ылыммыта. Биир дойдулаахтара баһыйар үгүс куолаһы биэрэн, 2005 сыллаахха  нэһилиэк баһылыгынан  талбыттара.  Владимир Андреевич  уонна Марфа Васильевна түөрт оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ. Сайын бары муһуннахтарына, биир олбуор иһигэр баппат элбэх сиэн мустан, ырыа-тойук буолан, отторун-мастарын бэлэмнээн эбэлээх эһэлэрин муҥура суох үөрдэллэр.  Эһэлэрэ Андрей Петрович Соловьев – Хамыырдаах Өндөрөй туппут бөһүөлэгэ олох булкуурдаах кэмин уонна айылҕа уодаһыннаах алдьатыытын тулуйан оҕолорун, сиэннэрин уйалара буолан, үйэлэр тухары үүнэ-сайда турдун!

Иннокентий Бочкарев, Горнай, Уус Алдан улуустарын  бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Үрдүкү Ытык сүбэтин чилиэнэ