ТӨЛКӨЛӨӨХ ТҮӨРЭХ

Дьиҥнээх чахчыларга уонна личностарга олоҕурбут сэттэ төгүллээх, прологтаах, эпилогтаах пьеса

ПРОЛОГ

Быыс аһыллар. Экраҥҥа өһөх хаан өҥнөммүт өндөл халлаан өрөҕөтүгэр сэттэ мэҥэһик сиэдэрэй өҥүнэн сырдыргыы-сырдыргыы өрө сүүрэн тахса-тахса төттөрү түһэн, сөҕүрүйэ-сөҕүрүйэ төлөнө хат күөдьүйэн, кыыма кырбаһа-кырбаһа кытыастан халлаан үрүт өрөһөтүгэр тиийэ хаттаан халыйар дьүкээбил уотугар кыһарыйан көрдөххө, үс хара бэкир күлүк иэрийэ-иэрийэ илбис үҥкүүтүн түһэрэн барык-сарык быыһынан үс аҥы үрэллэ-үрэллэ түмсэ түһээт, илии-илиирэттин тутуһан, иилии эргийэр дьиэрэҥкэйдэрин быыһыгар үһүөн: “Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа! – диэн иэрийэ күлсэ-күлсэ. – Оһол Уола оройунан оонньуур, Илбис Кыыһа иэрийэ күллэрэстиир аһыҥастаах адьырҕа кыыл ааттааҕын курдук тиистээх-тыҥырахтаах Тимир Үйэ уора-кылына уҕарыйа-уҕарыйа умуннарбакка уота-күөһэ күөдьүйэн иһэр буоллаҕа үһү. Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа! Оройунан оонньуур Оһол Уола убайбыт, иэрийэ-иэрийэ эһиэнньихэйдиир Илбис Кыыһа эдьиийбит хааннаах ыһыаххытыгар ытаһа буолар  ылгын уолаттаргытыгар уруккуну умньаан, ааспыты ахтан, өл хаптарар үгэскитинэн мичик гынар бэйэҕит киэр хайымаҥ! Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа!”

Бастакы күлүк: Тимир Үйэ тииһигэ киириитэ саах сыбахтаах саха балаҕаныгар самнан сыппыт саха омук саргыта салаллар, күнэ күөрэйэр көҥүл үйэ кэллэ диэн үс саха өйүн көтүппүт Күлүмнүүр дуо дэппит, былааһы утары бастаан турбут бас-көс дьону икки былаас эккирэтэн туран имири эспиттэрэ. Түрмэҕэ түүнүгүрэрэллэригэр, сыылка быыла-буора буолалларыгар сымыйы аҥардаах саагабардарынан саталанан, бэрт буола сатыыр донуосчуттарынан төһүүлэнэн төрдүн түөрсүбүт өҥөбүт баара дии! Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа! Иэрийэ күлсэллэр.

Иккис күлүк: Баайы бахтатан,  хамначчыты хайҕаан хара норуот хараҕын аспыт бассабыык баартыйа баһылыктаах бастыҥ үйэ үүннэ. Сэбиэт былааһын ситиитин-хотуутун ситэрэн тэнитиэхпит, дьох омугу дьолго сирдиэхпит,- диэн хотуулаахтык хоһулайбыт Ойуунускайдааҕы, уруйдаабыт былаастара уһун уҥуохтарын урусхал гыналларыгар дьоппуон омук үспүйүөннэрэ этилэр диэн эпсэн  биэрбит үтүөлээх этибит буолбаат! Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа!

Үһүс күлүк: Саха омук сайдар кэскилэ, урааҥхай удьуора ууһуур утума – спорт диэн улаҕа улуустарга диэри уйгуурдубут, көҕүлүүр күүһүнэн, ылыннырыылаах тылынан ыһар буор курдук ыччат дьону спартакиадаларынан ымсыырдан, фестивалларынан мэҥиэлээн, алаастарыттан араарбыт, тиэргэннэриттэн тэйиппит Тарскайдара таҥаралаата! Һии-һии-һаа, Һии-һии-һаа! Кэрэхсиэхпит иһин кириэһэ килбэйдэ, саамала сандаарда! Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа!

Үһүөн: Биһиги баарбыт! Биһиги баарбыт! Күлүмнүүрү көрүөх-билэ дьонноро өстөөх диэн үйэ-саас тухары үөхсүү оҥостор өһүллүбэт өйдөбүллэрин үөскэтиигэ, Ойуунускайдаах умса ууруллалларыгар, Силэпиэнтэптэр силистиин сиҥнэллэригэр үктэл уурбуппут курдук урукку үгэспитинэн, ааспыт албаҕабытынан өллө эрэ диэн үөрбэккэ, кэнэҕэски көлүөнэҕэ тиийэ Тарскай кумир буолар аатын-суолун бэрт былдьаһаааччыларга мэҥиэ быраҕан,  өһүллүбэт өһүөннээх өстөөхтөрү өрө тутан, умса ууран утары көрдөрбөт уураахтарынан ураҕастатан, партия сытыы батаһынан ситэн сиппиттэриэхпит! Һии-һии-һаа! Һии-һии-һаа! Биһиги баарбыт! Биһиги баарбыт!

Оройунан оонньуур Оһол уола убайбыт, иэрийэ-иэрийэ эһиэнньихэйдиир Илбис кыыһа эдьиийбит аны да хааннаах ыһыах кыаһааннаах сиикэй түлэһи сырыыгытыгар ытыс салаһыннарар буолаарыҥ. Биһиги диэтэх дьон сах саҕаттан үтүрүллэн-үтүрүллэн өнүйбэтэх дьох омуктан  өркөн өйдөөх үөскээтэҕинэ, төлөн сүрэхтээх төрөөтөҕүнэ даҕаны аҕыс уон аҕыс ааһар албаҕабытынан, тоҕус уон тоҕус куотар кубулҕаппытынан куудьаҕалаан  бэрт былдьаһыы бэрди бэтиннэрэр мэнэгэйин, ордук санаһыы умсарар улаҕалаах уодаһынын  уотун-күөһүн күөттүү — күөдьүтэ туруохпут!  Саас тухары сиик булан симэлийэри, туман буолан көтөрү билиммэт биһиги баарбыт! Биһиги баарбыт? Һии-һии-һаа! Һии-һаа! Һаа!   

БАСТАКЫ ТӨГҮЛЭ

Оонньуур дьоно:

Ньукууһа оҕонньор – 72-лээх кырдьаҕас

Татыйыана – 37-лээх эдэрчи дьахтар, Ньукууһа кэргэнэ

Маппый кырдьаҕас (уруккута чугас эргин биллэр Тулааһын ойуун) – Ньукууһа үөлээннэҕэ, 70 – нуттан саҥа тахсан эрэр хаар маҥан баттахтаах, бытыктаах оҕонньор.

Оонньуур сирэ:

Тула өттө хатыҥ мас хаймыылаах лиҥкинэс тиит мас эркин курдук иилии эргийбит, ортотугар төгүрүк быһыылаах көлүкэ күөллээх балачча кэҥэс оҥкучах алаас. Алаас илин баһын кутуругар тумустаан киирбит арыы хатыҥ ардайдаах сыыйа үрдээн иһэр халдьаайы тэллэҕэр аҕыйах сүөһү кыстыыр холбуу хотонноох, илининэн ааннаах, аан үрдүнэн күүлэлээх соччо улахана суох кыстык балаҕан. Дьиэ иһигэр киирдэххэ: симии оһох, сыҥаһа ороннор, сиидэс таҥас сабыылаах хаппахчы, дьиэ ис тэрилэ, иһитэ-хомуоһа былыргы сэнэх ыал тэрээһинэ.

Оонньуур кэмэ:

Сааскы Ньукуолун эрэ иннинэ. Түүн үөһэ. Дьиэлээхтэри сэргэ хоноһо Маппый кырдьаҕас хагдаҥ эһэ тириитэ олбохтоох биллэрик ороҥҥо утуйа сытар. Ханна эрэ ыраахтан эҥсэн этиҥ этэрэ дуу, дүҥүр тыаһа дуу ньириһийэрэ иһиллэр курдук. Өр өтөр буолбат этиҥ тыаһа улааттар улаатан, балаҕан үрдүнэн өрө сүүрэн тахсыбыт нэс хара былыттан сир-дойду иэнэ кэдэҥниэх айылаах сүллэр этиҥ былыт быһаҕаһын илдьэ, субу сууллан түһүөхтүү тоҕута ыстанар. Ол ахсын чаллах тииттэр төбөлөрө сандаарыс гынан ылыахтарыгар дылы уот курбуу чаҕылҕан сытыы кымньыынан халлаан сиигин хайыта курбуулуур. Курулаччы кутар дохсун ардах куугунун быыһыгар илэ-бодо дүҥүр тыаһа, хотой кыыл чыҥыргыыра охсуллан ааһар.

Этиҥнээх ардах ыас хара былытынан хаппахтанан турбут халлаан илин кырыытын сытыы быһах биитинэн хайа суруйбут курдук сырдык сыдьаай тэнийдэр тэнийэн, кыыһар туҥатынан кырбаһан таҥара сараан барда. Сардаҥалаах сааскы кэм чэбдик салгынынан сайа тыынан, киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа саҥа күн сандаарыччы тыган таҕыста. Араҥастаах алаас иһэ көтөр кынаттаах түүҥҥү уутуттан уһуктар күйгүөнүнэн, көмүс күөмэй күөрэгэй барахсан көй салгыҥҥа көтөхтөрөн тахсан биир сиргэ битийэ сылдьан ыллаан дьырылатар ырыатынан туола түстэ. Алаас ыаллара туран, киирии-тахсыы, ынах маҕырааһына, ньирэй мэҥирээһинэ, ынах үүрэн “һайдыыр” саҥа самаан сайын салаллан эрэрэ сүрэххэ-быарга нүөйэн киирдэ.

Ньукууһа оҕонньор дьиэтэ. Дьиэлээхтэр сарсыардааҥҥы үлэлэрин үмүрүтэн, төгүрүк остуол тула аһыы олорон күө-дьаа чугас эргиннээҕини кэпсэтэллэр.

Ньукууһа: Маппый кырдьаҕаас, туох дии саныыгын, бөөлүүҥҥү ардах саамай сөпкө таарыйан ааста, от-мас хамсыы-хамсыы тахсыа буоллаҕа, сайыммыт хайдах буолуой?

Маппый кырдьаҕас: Этиҥнээх ардах таппыт сиригэр туһалыыра биллэр. Кыһына тымныы, хаара чараас буолан систэн буоссалаах уу киирбэтэҕин бэйэҥ да билэн олордоҕуҥ.

Ньукууһа оҕонньор: Оннугун оннук да, күһүнүн балачча ардаан сири силимнии тоҥорбута туһалыа суоҕа дуу, быйыл саас харалдьыт ньургуһуна хаһааҥҥытааҕар да  бөлөхтүү хойуутук үүннэ.

Маппый кырдьаҕас: Онтуҥ да араастаах. Бөтүрүөпкэ диэри сис былыт кэлэн ардаатаҕына даарым, оттон уот кураан турдаҕына, алаас сир сиик тардар олбоҕо суох буолан дөбөҥнүк куурарын-хаатарын киһи барыта билэр суола буоллаҕа. Чэ ити хааллын. Дьыл хаамыыта эн биһи да таайыыта суох тугун-ханныгын көрдөрөн иһиэ. Аныгы былаас бити-билгэни билиммэт буолбат дуо, эчи киһи саҥарыан да куттанар.

Ньукууһа оҕонньор: Этиэххин эттэҕиҥ. Ол да буоллар, бэҕэһээ киэһэ хонобун диэбиккэр тоҕо эрэ үөрэр битим тардыбыта. Түөрт түптүрдээх түлэй бараан түүн ийэҕэ эн киһи тугу эмэ түһээбэтиҥ дуо? Былыр оттон уот харахха этэр түүллээх-биттээх буларыҥ?

Маппый кырдьаҕас: Арах-арах! Былыргыны былыт саппыта! Кырдьык, бу саҥа өрөпкүөм былааһа өрөгөйдүөн иннинэ өлөөрү сытар ыарыһах үрүҥ тыынын өллөйдүүр түүлээх дүҥүрдээх, түүллээх-биттээх Тулааһын ойуун дуо дэтэн ытыс үрдүгэр ыҥырыкка сылдьыллара.

Ньукууһа оҕонньор: Үөлээннээҕиэм, ону билбэтим кэлиэ дуо? Эдэр сылдьан Өлөксөй Оҕо кулуба күүлэйигэр былыргы саха хотуурунан от охсорбор эт быстан баҕалыы сыыллан хаалбыппар аҕам аах эйиигин ыҥыран аҕалан саҥардыбыттара. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри этэҥҥэ сири бааһырда сырыттаҕым. Онон эн киһи мээнэҕэ миэхэ таарыйан, хоно сыппатах буолуохтааххын. Мин бастакы кэргэмминээн дьон тэҥинэн сэниэ ыал дэтэн олорбуппут усталаах-туоратыгар уол оҕону биири да тутан хаалбыппыт суоҕа. Арай бу Татыйыанам барахсан аҕыйах хонуктааҕыта аҥаарыйар алта уон түөрт сааспар уол оҕолонон туйах хатарарданар буоллаҕым дуу диэн күлүкпэр имнэнэ сылдьабын. Этэҥҥэ сыттар ханнык. Сүрэх баастаах киһи дьиксинэрим баа буолуо дуо?   Туох бит-билгэ биллиэх курдугуй? Кистээмэ кэпсээ. Биһиги төһө да Буобура суолун биллэҕэ олордорбут, киирбит-тахсыбыт аайы ыһа-тоҕо кэпсии сылдьар кэмэлдьитэ суох уутааҕар чычаас, оттооҕор намыһах майгылаах дьоммутун бэйэҥ да истэн-билэн эрдэҕиҥ.

Маппый кырдьаҕас: Эйиэхэ диэн эттэхпинэ, дьиэбэр-уоппар бачча чугаһаан баран, си-дьүгээр хоммотоҕум биллэр. Бэҕэһээ Сыҥаахха кыра кыыспар хонон-өрөөн баран төннөн иһэн, эһиги алааскыт үрдүгэр кэлэрим саҕана, түҥ ойуур үөһүттэн дүҥүр тыаһа илэ-бодо дүрбүйбүтүттэн эһиги Чараҥай аҕатын ууһун араҥаччыһыта аата ааттаммат ытык кырдьаҕас тугунан эрэ биллээри гыннаҕа диэммин хоно хааллаҕым.

(Дьиэлээхтэр сэргэхсийэ түһэллэр).

Ньукууһа оҕонньор (талах олоппоһун сыҕарытан чугаһыы-чугаһыы): Дьэ кырдьаҕаас, хайдах этэй, өрөөбүт уоскун өһүл, хоммут уоскун хоҥнор.

Маппый кырдьаҕас: Бөөлүүҥҥү сүллэр этиҥ доҕуһуоллаах дохсун ардах быккыта да биллэ илигинэ диэтэҕим дуу, түлэй бараан түүн ийэҕэ түһээн түҥкүлүйдэхпинэ, бу айгыр силик айылҕалаах алааскыт арҕаа баһыттан аан холорук  өндөл халлаан кулан уорҕатыгар диэри өрө ытыллан тахсаатын кытта доҕоор, көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүллэр этиҥ сүллүгэстээх, сааллар чаҕылҕан дапсыырдаах, сата буурай аргыстаах най хара былыт хаба ортото хайа ыстанарга дылы гынаатын кытта сүрдээх-кэптээх сүдү кырдьаҕас дүҥүрүн тыаһа дүрбүйбүтүнэн, кыаһаанын тыаһа кыыгынаабытынан илэ-бодо күөрэс гына түстэҕэ үһү!…

Ньукууһа оҕонньор: Арах-арах! Ол биһиги түгэх өбүгэбит, ытык айыыбыт туох битигэр-сүрүгэр сүгүлүннэҕэй?

Татыйыана: Тоҕо сүрэй! Киһи этэ тардыах, куйахата күүрүөх! Киһи миигинньигэ бөөлүүҥҥү этиҥтэн да куттанан кутум куттахпар түһэ сыспыта.

Маппый кырдьаҕас: Кини бэйэлээх этэн-тыынан эҥсилитэригэр хоһулаһан добун халлаан улаҕатыттан диэтэҕим дуу, кынаттаах кыылым ыраахтааҕыта, хотоҕойдоох бииһин-ууһун тойоно моонньугар мойбордоох, бүтэй бүлгүн, атара кутурук, алтан сабарай чаачыгырыыр таас таҥалай, чуучугуруур туус тумус хомпоруун хотой аал уоттаах алаһа дьиэҕитин үрдүнэн чыҥыргыы-чыҥыргыы үс төгүл эргийээт, тиэргэн сэргэтин үрдүгэр лаглас гына олоро түстэ.

Татыйыана: Тоҕо сүрэй! Алаата, сүрэҕим-быарым хамсаатаҕыан! Сүрүм-кутум долгуйдаҕыан!

Ньукууһа оҕонньор: Тыкаам, уоскуй, Хомпоруун Хотой былыыр-былыр Эллэй сиэн утума Сүрдээх Дүпсүн саҕаттан ытык кырдьаҕастар өһүллүбэт өстөрүнэн дүпсүттэр Ийэ Кыылбыт. Сүрдээх-куттаах Сүдү Өбүгэбит да, Ийэ Кыылбыт үчүгэй түскэ көстүөх тустаахтар. Мээнэҕэ даҕаны Чараҥай алааһа хотоҕойдоох бииһин ууһа Барыллыалаах диэн ааттаныа дуо?  Алаас куулатын тэҥкэтигэр кыһын оройо кэлэн уйатын хаардаан барар диэччилэр. Хайалара да араҥаччылыы, арчылыы сырыттахтара.

Маппый кырдьаҕас: Дьэ, ол олорон, эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй хараҕынан эргитэ көрөөт, хатан үлүгэрдик үс төгүл чыҥырҕаччы саҥарда итиэннэ даллан таас дабыдалын даллах гынаат, өрө көтөн таҕыста. Ол тахсарыгар дуо кини бэйэлээх хотоҕойуттан биир үрүҥ көмүс куорсун туллан түһэн тусаһаҕыт хаба ортотугар сойуо уһугунан тура түстэ. Дьэ кырдьаҕаас, ол куорсун Аар Айыыларыҥ аһыныгас харахтарынан амаҕаччылыы көрөн, кырдьар сааскар уолугар уохтаах, илиитигэр эрчимнээх уол оҕо одьунааһын утары ууммуттарын кэрэһитэ  буолар.

Ньукууһа оҕонньор: Тускуо! Эн эппэтэҕиҥ буоллун, Айыы Тойон бэйэтэ эппитэ буоллун! (ойон туран аал уотугар сыт таһаарар, айах тутар)

Маппый кырдьаҕас: Эгэтин этиэхпин эттэхпинэ диэтэҕим дуу, Сүүнэ Сүдү өбүгэҕит этэн-тыынан эҥсилиппит тойугун эгэлгэлээн истибэтэрбин даҕаны, Үрдүк Айыылар илдьиттээбит ытык ыйаахтарын эппэр иҥэрбитим, долоҕойбор тохтоппутум диэн маннык. Бу уолан сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан киһи килбиэнэ буолар аналлаах үһү.

Татыйыана: “Һуу!” Аата чэпчээтэхпин. Оннук, оннук! Оҕом киһи-хара эрэ буоллун!

Маппый кырдьаҕас: Эгэтин иһит, өссө оҕоҕутун саха барахсан саргытын салайсар, урааҥхай ууһун уйгутун уһансар, өрөгөйүн үрдэтэр өһүллүбэт үүдэһиннээбиттэр. Өйдөөх үтүөтүн, мэйиилээх бэртэрин бэйэтин тула үмүрү тардар өркөн өйдөөтүбүт, төлөн сүрэхтээтибит, кыччыгый да буоллар кытыгырас атахтаатыбыт, чэпчэки да буоллар чиэппэр күүстээтибит дииллэр үһү. (хамсалаах саппыйатын сиэбиттэн ороон ылан табах уурунар, кыалыгын ылан чокуурунан кыым саҕан табаҕын уматтар. Хаста да төхтүрүйэн оборбохтоон ылар. Онтон салгыы саҥаран барар.)

Сүүнэ Сүдү өбүгэҕит мин үс үллэр үйэ устата көрүөх-билэ дьонум-сэргэм төрүөхтэрэ төннүбэтин диэммин көмүскээн-харыһыйан баччаҕа аҕаллым. Аны кэм-кэрдии туолан, букатыннаах дьабыммар көтөр күн-хаан күөрэйдэ. Орто дойду олоҕо огдолуйар ыар тыыннаах, хаан олбохтоох хаҕыс үйэ үтүргэнэ үүннэ курдук. Кимҥит кэлэн көмүскэл-харыһык буолуох бэйэтэ буолла! Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ, хара хаан хамсыктаах, субай хаан суунаҕалаах оһол уола оройунан оонньуур, илбис кыыһа иэрийэ эһиэнньэхэйдиир буоллаҕа үһү! Күн туллара, күһэҥэ быстара түбүлүөх бэйэтэ дуу?  Ол үлүгэр үтүргэнигэр кыра омук кытта кытыһыах, омуһахха баппат уһун уҥуох урусхалланыах, ииҥҥэ баппат ириэнэх эт сэймэхтэниэх муҥа буоллаҕа!

Ньукууһа оҕонньор: Кэбиис-кэбис! Эттэҕиҥ баҕас иччилээҕин, саҥардаҕыҥ баҕас саталааҕын.

Татыйыана: Күҥҥэ көрбүт көмүс чыычааҕым эмиэ ол оһол очуругар оҕустарар татым дьылҕаланыах бэйэтэ дуу? Эрэйдээмэ, эт.

Маппый кырдьаҕас: Мин этиэм үһү дуо, этитэн эрдэхтэрэ дии… Оҕоҕут дуо, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт алдьархай адаҕыйан, үлүгэр үтүрүллэн, сор-муҥ солбонуйан огдолуйа сыспыт олох оннун булуута, ил-эйэ эргиллиитэ өркөн өйүнэн өтө көрөн, эт мэйиитинэн иитиэхтээн таһааран, балаҕантан быкпатах, тиэргэниттэн тэйбэтэх саха ыччатын ортотуттан аан дойду ааттаахтарын амньыратар, туспа дойду чулууларын чугутар эстэрик таас иитиилээх уотун курдук эстибэт эрчимнээхтэр, күрбэ тааһа көмүрүө курдук үлтү тутар күүстээх күөннээхтэр үөскээн-үөдүйэн тахсалларыгар аарыктаах аартыгы арыйар аналынан айыллыбыта диэтилэр. Онон Одун  Хаантан оҥоһуулаах, Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах уолан бэрдин уоттаах харахтаах утары көрбөтүн, татаар тылаах таба дьаҥсыйбатын курдук киэҥҥитигэр кистиир, кыараҕаскытыгар кыбытар үһүгүт.

Ньукууһа оҕонньор: Ол иһин даа, ытык кырдьаҕас, эн киһи үтүөнү үөтэн үөрдээри, кэскиллээҕи кэпсээн көнньүөрдээри ытык ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолбут эбиккин. Баскыттан атаххар диэри барҕа махтал! Нөрүөн нөргүй, үгүрү сүгүрү буолуохтун! (Ойон туран илиитин сүрэҕэр туттан сүгүрүйэр).

Татыйыана: Ол иһин да, үнүр хоро талыым кургуммунан кутан, аан-татай, абытай-халахай буола сыттахпына ыксалынан ыҥырыллан кэлбит оҕо көтөҕөр айыыһыттаах Хаамыылаах Ыстапаанньыйа эмээхсин: Таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ буоллубут.  Чэ хотуой, уолуҥ ытыыра уохтаах, тирэнэрэ тэтиэнэх хоойгор хорҕот, эмиийиҥ уоһахтаах үүтүнэн уоҕун ханнар. Былыр арай, эдэрси эрдэхпинэ бу Дүпсүн эҥэр көскө кэлбит татаардарга төрөппүт уол оҕом ньилбэкпин быһа олорон кэбиспитэ. Ол кэлин киһи-хара буолан, Боссоойко дуо дэнэн аатыран тахсыбыта. Бу оҕоҥ да бүтүн оҥоһуулаах буолар чинчилээх эбит диэбитэ.

Быыс.

ИККИС ТӨГҮЛЭ

Оонньуур дьоно:

Даадар Бүөтүр –  Ньукуус кииринньэҥ аҕата

Татыйыана – Ньукуус ийэтэ

Ньукуус – бэһис кылаас үөрэнээччитэ

Сэмэн – сэбиэт чилиэнэ

Мэхээчэ – кыра тардыас

Нотуо-Миитээ, Өлүөскэ­, Бүөккэ, Уоһук, Борокуопай, Лөкүө, Балбаарыс – бары Ньукуус бииргэ үөрэнэр доҕотторо.

Буолар кэмэ: 

Отутус сыллар саҥалара. Урукку Бороҕон, Дүпсүн, Байаҕантай улууһуттан үс нэһилиэгин холбоон, Аллан Төрдө оройуона тэриллибит, маассабай холбоһуктааһын, бүттүүн начаалынай үөрэхтээһин, культурнай революция, ыраас олох иһин охсуһуу, кулаахтааһын күүскэ ыытылла турар кэмэ. Сааһыары кыһын.

Оонньуур сирэ:

Чараҥай аҕатын ууһун дьоно түмсэн тэриммит “Барыллыалаах” артыал киинэ. Барыллыалаах алаас үрдүк халдьаайытыгар Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолатын дьиэтэ ыраахтан дьэндэйэн көстөр. Ыаллар дьиэлэрэ-уоттара, күрүөлэрэ, хаһаалара көстөллөр. Даадардаах дьиэлэрэ. Дьиэ ис бараана сэниэ ыал тээбиринэ: остуол, ыскаап, олох мастар. Арай, таҥара холоругар кыраһыын лаампата ууруллубут, ол аннынан Сталин пионердары кытта олороро хаһыаттан быһа кырыллыбытын араамалаан ыйыммыта көстөр. Тэлгэһэлэрэ балачча киэҥ гына ыраастык күрдьүллүбүт. Ньукуус Мэхээчэлиин мас эрбии тураллар.

Мэхээчэ: К-к- көр эрэ, сыарҕалаах аттаах киһи ойбоҥҥо кэлэн атын уулата тохтоото. А-а- арааһа ыраахтан иһэр быһыылаах, атын кырыатаан эрэр.

Ньукуус (чарапчыланан көрөр): Оскуолабыт сэбиэдиссэйэ Георгий Гаврильевич эбит дии. Үнүр мунньахха оройуоннаабыт диэбиттэрэ. Чэ, сөп буолла ини, хайытан кыстыах. (Килиин сүгэ ылан хайытар).

Мэхээчэ: У-у-уҥа-хаҥас тэллэҥнэтэн дьэ хайытардаах уол оҕо дии? М-м-миэхэ итинник хайдан бэрт (мас көтөҕөн дьиэҕэ кыстыыр).  Төннөн иһэн: –“Һок, аны, к-к-колхуостаахтар от тиэйэн сыннаран  иһэллэр эбит дуу? Б-б-биһиги Даадарбыт инники.

Ньукуус (дьээбэлэнэн): Аҕам маарыын эрдэ эн утуйан, куобах оҕотун курдук (үтүктэр) нь-нь- ньоо- ньоохолло сыттаххына барбыта-а-а.

Мэхээчэ: Т-т-тоҕо, т-т-тоҕо?… Ити б-б-буоллаҕына! (Үрдүгэр саба түспүтүн киһитэ халбарыс гымматыгар сыыһа харбаан аттыы түһэр.) Син биир о-о-охторуо суохпун. (Уолаттар күлсэ-күлсэ мастарын көтөҕөн дьиэҕэ киирэллэр.)

Татыйыана (талах сиппииринэн мас кыстыырга хатырык  тохтубутун харбыыр): Оҕонньор от тиэйэн кэлэрэ төһөлөөтөҕө буолла, тоҕо тардылыннахтарай!

Ньукуус: Аҕам аах кэлэн колхуос кыбыытыгар ааспыттара. Сүөкүү сырыттахтара буолуо.

Татыйыана: Ээ, чэ үчүгэй. Төһө эрэ тоҥон, аччыктаан эрдэҕэ, Ньукуус, аҕаҥ  кэллэҕинэ оҕуһун хотоҥҥо киллэрээр (чаанньыгар уу кутан уокка уурар).

Ньукуус: Кэллэ (таҥнан утары тахсар).

Даадар (киирэн үтүлүктээх бэргэһэтин устан тэбээн, кырааккаҕа аҕалан куурда уурар): Ычча. Хайа, туох кэллэ-барда?

Татыйыана: Суох, (остуолугар ас тарда-тарда) хайа, эһиги тоҕо бачча тардылынныгыт? Туох буоллахтарай диэн дьиксинэ олоробун.

Даадар (остуолга кэлэн олорор. Хончоҕордоох чэйин бүлүүһэҕэ куттан үрэ-үрэ иһэр): О, итии чэй барахсан, аата эппэр-хааммар дьырылаан киирдэҕэ үчүгэйиэн! Тоҕо хойутаатыгыт диэтиҥ дуу, Уһун Сыһыы куулатынааҕы күрүөттэн. Суолтан туора буолан хаара халыҥа, онуоха эбии тибиитэ  эрэйдээтэ.

Татыйыана: Ото хайдаҕый? Ынахтар төрөөн эрэллэр. Маайаҕа бу сарсыарда туҥуйа оҕустанна. Ааныска икки ынаҕа төрөөбүтэ. Мин Саадьайкам да бу күннэргэ төрүүрэ буолуо.

Даадар: Биригэдьиир Сэмэн эппитэ (күлэр) уйатыгар ууну киллэрбиккит быһыылаах.

Татыйыана: Күн ахсын намчы күөх отто тиэйтэр диэн этии, саҥарыы бөҕө!

Даадар: Уһун Сыһыы ото эрдэ оттонон хаачыстыбата бастыҥ, күп-күөх (таһыттан Ньукууһу кытта Сэмэн киирэллэр).

Татыйыана: Хайыа, Сэмэммит кэллэ, туох сонун, аныгы хорохоот?

Сэмэн: Соһо сылдьар сонун, кэһэ сылдьар кэпсээн да ханна барыай, арай иллэҥ суох. Биир тылынан эттэххэ, Ирииктэн боломуочунай кэллэ, мунньахтыыр үһү, онно дьону тарт диэннэр бу ыаллары кэрийэ сылдьабын.

Даадар: Ноо, ол хайаларай?

Сэмэн: Баһылай Уоһукабыс. Сомноркуом сиэссийэтиттэн тахсан, Үрдүк Суут сонунун-нуомаһын, сокуонун, дьаһалын билиһиннэрэ Дүпсүн нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьар үһү.

Даадар: Дьэ бэрт сонун эбит.

Сэмэн: Оскуола дьиэҕэ бараарыҥ.

Татыйыана: Сөп. Дьэ, куорат сонунун истэ барар буоллахпыт. Доҕоор, эн чэйгин иһэн баран ойбоҥҥун аллараар, уолаттар кыайан тэһиэхтэрэ суоҕа. Мин хотоммор таҕыстым, уулаары  ыксаатахтара буолуо.

Ньукуус: Ийээ, Мэхээчэ биһиги эмиэ барсыахпыт, сөп диэ?

Сэмэн (тахсан иһэн): Оо дьэ, умна сыспыппын, арба да бэһистэн кыралар кэлбэтиннэр, киһи элбэх буолуо диэтилэр этэ дуу…

Ньукуус: Ийээ, оччоҕо доҕотторбун ыҥыран оонньуохпут, сөп диэ.

Татыйыана: Ии, оҕом сыыһа, чэ сөп. Киирэн-тахсан дьиэни тымнытаайаҕыт, мунньахтан хойутуурбут буолуо, оһоххо мас эбэн биэрэ сылдьаар.

Ньукуус: Сөп.

Даадар: Баһылайбытын истэ барар буоллахпыт. Ол иһин да маарыын от сүөкүү туран, Лэкээрин Сүөдэрэ аттаах киһи оскуола диэки барда диэбитэ. Уоһук оҕото Сыыта Баһылай саҥа былаас туруоҕуттан бүтүн Дүксүн улууһун саҕаттан Сыык чилиэнэ, дьокутаат буолан, мунньахха киирэригэр-тахсарыгар ат бадьыыһа бэрт диэн сатыы сылдьар дииллэр. Бу икки ардыгар кини киһи тоҕо аттаннаҕай?

Ньукуус: Аҕаа, ол аттаах киһи Георгий Гаврильевич этэ.

Даадар: Сыҥаахха дьонун билсэ барбыт сурахтааҕа. Хабырылла оҕонньор ыарытыйар үһү диэбиттэрэ. Ол иһин даҕаны Сыыта аттамматаҕа-атыырдамматаҕа чахчы. Ойбон наһаа тоҥмото ини, мааҕыын от тиэйэн иһэн тохтоон оҕустары уулаппыппыт. Көннөрү тоһуу түһэн баран сүүрдээн кэбиһээриҥ. Бээ, мин эмиэ тахсан от киллэриэм, саах таһааран балбаахтыам. (Татыйыаналыын таҥнан тахсаллар).

Ньукуус: Мэхээчэ, эн биһиги эмиэ тахсыах. Сүөһүлэрбитин уулатан  баран, мин сүөһүлэрбин хотоҥҥо киллэрэрбэр таһынааҕы оҕолору сэрэт, дьонноро мунньахха бардахтарына кэллинэр. ( иккиэн таҥнан тахсаллар. Чочумча буолан баран дьиэлээхтэр киирэн мунньахха бараары тэринэллэр)

Татыйыана: Чугастааҕы алаас ыаллара бары кэлэллэрэ буолуо, тымныы хаайан эчи ыалларбытыгар да сылдьыбатах ыраатта, хата, ирэ-хоро кэпсэтиэхпит.

Даадар: Быһа сааҕынаһаҥҥыт мунньаҕы да сүгүн иһитиннэрбэккит буолуо.

Татыйыана: Наһаа да оннук буолбатар, көрсүспүччэ кэпсэтэр да баа буоллаҕай? (иккиэн  тахсаллар)

Дьиэ таһа. Ньукууска соҕотох. Кулун тутар ортото. Ылааҥы, тыала суох ыраас күн. Уол тыыллаҥныыр, тэһийбэтэхтии тэлгэһэтин иһигэр төттөрү-таары сүүбэхтээн, ойуокалаан ылар. Мэхээчэни кытта Өлүөскэ быраата Бүөккэлиин кэлэллэр.

Ньукуус: Хайа оттон Нотуону дьоно ыыппатылар дуо?

Бүөккэ: Нотуоҕа Уоһуктаах Боропуокай интэрэнээттэн кэлэн олороллор эбит. Истэн үөрдүлэр аххан. Кэлиэх буоллулар.

Мэхээчэ: Уон-на, уон-на Маа-маа-Маайыстаахха Лө-лө-күө-…

Өлүөскэ (быһа түһэн): Бу да киһи.. Лөкүө Балбаарыстыын бааллар үһү. Интэрэнээккэ көҥүллэтэ сырсыбыттар.

Ньукуус: Чэ үчүгэй, элбиир эбиппит. Оҕолор түмсүөхтэригэр диэри хата биһиги оонньоотохпут дии?

Мэхээчэ (саҥата суох кылыы туостарын бэлиэтиир): Ч-ч-чэ, Ньукуус х-х- хаардаа. (уолаттар утуу-субуу балачча өр ыстаналлар. Маҥнай кылыы, онтон ыстаҥа, кэлин куобах. Ньукуус кыайталыыр.

Бүөккэ: Убайым биһикки иккиһин да төрөөн Ньукууһу сиппэппит чахчы. Аны аҕыйах сылынан Ньукуус ыһыах кылыыһыта буолуо.

Өлүөскэ: Били Ампаардаах ыһыаҕар дьону сөхтөрбүт Дүпсүн оскуолатыгар үөрэнэр уол курдук диэ.

Мэхээчэ (өрүкүнэйэ түһэр): Оо-оо-оннук-оннук!

Бүөккэ: Дьэ киһибит биирдэ төлө биэрдэ ээ… (бары күлсэллэр). Хата аатын ким билэр? Мин истибит курдукпун даҕаны өйдөөбөт эбиппин.

Ньукуус: Чэриктэй Куччугуйдуур Киппирийээн уола Миитээ Буоһукап диэн үһү. Ийэм төрөппүт аҕам Ньукууһалыын миигин иккилээх уолу илдьэ ол ыһыахха бааллара үһү. Өссө ийэм аах бүтэһик туостан син балачча тэйиччи дьон быыһыгар олордохторуна, мөккүөр тахсан хаттаан ыстанарыгар тиһэх туоһу ырааҕынан аһары түһэн баран, ол түөлбэлээн олорор дьону үрдүлэринэн кыырайбыта үһү.

Бүөккэ: Тыый, онно эн?

Ньукуус: Ийэм онно эн быыкаа баҕайы уол субу үрдүгүнэн көтөн кыырайан иһэрин көрүү бөҕөнү көрөн ноотоллон турдаххына, нэһиилэ сулбу тардан ылбытым, бирээмэ сүрэҕим айахпынан тахса сыспыта — диирэ.

Өлүөскэ: Мин эмиэ истибитим. Дьоммут ол ыһыахха сылдьыбыт үһүлэр. Бээдигэ олохтоох Чоҥочо уола Мэхээлэ Сиипсэп диэн куоракка үөрэнэр эдэр киһини кыайар ким да көстүбэтэх. Онуоха дьон быыһыттан биир оҕо киһи тахсан этэрбэһин, ыстаанын устубутугар дьон сэргэхсийэ түспүттэр. Сотору сүүрэн тэбигирэйэн кэлэн туостан туоһу аһардар аһаран, Мэхээлэ көрдөрүүтүн биир ыллар хардыынан куотан тахсыбыт.

Бүөккэ (убайын быһа түһэн): Онно, онно дии, били аҕам кэпсииринэн сорох дьон ити уол биир туоһу ордук ойдо диэн айдааран, хамыыһыйа иккиэннэрин хат түһэрэргэ быһаарбыт уонна туоһу биир тобук уһунунан кэҥэтэн  биэрбитигэр уоллара ол да туоһу лаппа аһаран, Мэхээлэ түһэ да соруммакка кыайыыны быһа биэрбитэ үһү.

Ньукуус: Мэхээлэ Сиипсэп ол сыл кыһыныгар үөрэнэ сылдьан куоракка ис тиибигэр ыалдьан өлбүт, оттон Буоһукаба учуутал үөрэхтэнэн, Чөркөөх диэн сиргэ учууталлыыр үһү. Өссө биримиэнэҕэ көстүүмнээх, бачыыҥкалаах сылдьан, оскуола олбуорун түөртүү саһааннаах баҕаналарын аахтара кылыйарын көрөн таатталар сөҕөн “кынаттаах кылыыһыт” диэн ааттаабыттар диэн кэпсииллэр.

Мэхээчэ: Х-х-хаарыаны,  биһиэхэ да к-к-кэлбэтэх буолан! Биһиги Ньукууспут курдуктар к-к-күннүө этилэр (бары сэҥээрэн күө-дьаа буола түһэллэр).

Ньукуус: Оҕолор кэлиэхтэригэр диэри таах тоҥо туруохтааҕар кыыртаах мохсоҕол буола оонньообоппут дуо? Мин кыырпын.

Өлүөскэ: Суох , эн барыбытын тутан сиир буоллаҕыҥ, Бүөккэ, эн мохсоҕол буол (балачча өр оонньууллар, арай Ньукуус эрэ сыыһа-халты харбатан иһэр).

Бүөккэ: Айыкка, тыҥам күүгэнэ баранна, кэбис мин бүттүм. Аны ким буоларый, Өлүөскэ буол (ортолуу оонньоон эрдэхтэринэ Уоһук, Борокуопай, Лөкүө, Балбаарыс, Миитээ кэлэн кыттыһаллар, көр-нар күүһүрэр. Эмиэ Ньукуус, Миитээ эрэ хаалаллар).

Лөкүө: Оҕолоор, учууталбыт Андрей Иванович Лебедкин үөрэппит былаах былдьаһыаҕыҥ. (бары  күөдьүйэ түһэн икки хамаандаҕа хайдыһан сүпсүгүнэһэллэр)

Балбаарыс: Сөбүн сүүрдүбүт-көттүбүт, хараҥараары да гынна. Дьиэҕэ киирэн харахта симсиэҕиҥ, эбэтэр биһилэх куттуоҕуҥ.

Ньукуус: Чэ, кырдьык, бүтүөҕүҥ. Тымныйан да барда (бары дьиэҕэ кулуллан киирэллэр). Хайыы, оһоҕум уота сөҕүрүйээри гыммыт (Хас да хардаҕаһы чох тардан эбэн биэрэр, уот хардаҕастары өрө салаан умайан бачыгырыыр, дьиэ иһэ сырдыы түһэр). Харах  симсибэт инибит, бачча элбэх дьон сырсан дьиэни-уоту ыһыахпыт.

Балбаарыс: Уоскуйа таарыйа биһилэх кутуһуоҕуҥ, мин биһилэхтээх буолабын (Оҕолор ытыстарын холбуу тутан, кэккэлэһэ олороллор, Балбаарыс кутан бүтэрэн баран: “Биһилэхтээхтэр туруоҥ!”- диир. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин манаһан бэлэм олороллор, Уоһук өндөх гынан эрдэҕинэ Борокуопай харбаан ылар. Ол кэмҥэ Бүөккэ ньылбы ойон тахсар уонна: “Куоттум, куоттум, биһилэх миэхэ, биһилэх миэхэ!).

Балбаарыс: Лөкүө ыстараабын тугу толорор? (Оҕолор бары: ыллаатын, хоһоон аахтын, үҥкүүлээн көрдөрдүн дэһэн күйгүөрэ түһэллэр). Чэ дьүөгэм хоһоонно аах.

Лөкүө (турар): Бу уолаттар киксибиттэр быһыылаах, Уоһук сэрэн, кэһэтэн биэриэм ээ… Хоһоон диэтиҥ дуу? Баҕар буоллун! “Уоһук уолчаан… (үтүктэн араастаан хамсана-хамсана) сэллэҥнээн-лэппэҥнээн норуодунай оскуолаҕа кэллэ. Сэрэнэ, сэрэнэ сэллэкис гынна, куттана , куттана културус гынна” (оҕолор күлсэн уҥа сыталлар, ким эрэ күлэрин  быыһыгар:  үүт-үкчү, дьэ нокоо, кэһэйдиҥ дуо?)

Уоһук: Ити аайы кэһэйэн бэрт, уонна  Кулакуоскай хоһоонугар Сэмэнчик уол диэн этэ дии.  Ханнык да киксии суох этэ. Бары дугдуҥнаһа олорбуккут дии? Лөкүө буоллаҕына Бүөккэни кууһа түһөхтүү илиитинэн күөйэ тутан олорорун көрөммүн   дьэ хайыыр эбит диэн көннөрү өндөх эрэ гыммытым. (Салгыы оонньууллар. Бүөккэ биһилэхтээх буолар. Эргиир бүтүүтэ тохтоон, түлүпүөннэһиэххэйиҥ диэн буолла.)

Балбаарыс: Мин тугу эппиппин салгыы ыытан иһэҕит, бүтэһик киһи бары истэр гына түлүпүөнүнэн туох кэлбитин этэҕит. Мин эппит тылым уларыйбыт буоллаҕына буруйдаах ыстарааптанар. Чэ саҕалыыбын. (Оҕолор тылы кэккэлэһэ олорооччу кулгааҕар сибигинэйэн аһаран иһэллэр.) Хайа түлүпүөн тиийдэ дуо, эт.

Уоһук: Хонор дьиэ хоноһоломмутугар … (Бары күлсэн тоҕо бараллар. Уоһук кэтэҕин тарбанар) туох-сах этэй, кэрэмэс дьиэ иллэҥсийбит үһү. (бары күлсэн быара суох бараллар)

Балбаарыс: (күлэ-күлэ) Дьэ, түлүпүөннээн абырыах дьоҥҥут. Өлүөскэ, мин туох диэтим этэй?

Өлүөскэ: Хоҥор биэ хоһуҥурайбыт, элэмэс биэ иҥэрсийбит үһү.

Уоһук: Оттон Боруонньа инньэ диэбитэ дии…

Боруонньа: Лөкүө эппитэ.

Лөкүө: Ээ, бу уол, Мэхээлэ буккуйбут эбит. Быһа тардыалатан хо-хо-хонор дьиэ диэбитэ.

Балбаарыс: Буруйдаах билиннэ. (оҕолор: Мэхээчэ ыстараабар ыллаатын, ырыаҕа баҕас кэлэҕэйдээн бэрт.)

Мэхээчэ: (ыллыыр) “Эниэ күөх отун үрдүнэн эдэр этэрээт истэ. Айылҕа араас киэргэлэ аара арыллан истэ.”

Балбаарыс: Оҕолоор, ити таабырын ээ, таайыҥ эрэ.

Миитээ: Мин таайдым. Этиҥнээх ардах ыраахтан эҥсэн иһэрин туһунан.

Балбаарыс: Саамай сөп. Аны тугу оонньуубут? Хаамыскалыыбыт дуо? Арба да, Ньукуус, бил балык тоноҕоһун уҥуоҕа хаамыскалаах үһүгүн дии?

Ньукуус: Баар. (аҕалаары барар)

Уоһук: Хаамыскаҕа санаммаппын даҕаны. Кыргыттары кытта бу Миитээ уонна Ньукуус тулуһан оонньууллара буолуо. Хабылык ордук этэ.

Мэхээчэ: Оч-оч-чотугар төрдүөн о-о-оонньоотунар. Ха-ха-хайалара кыайар эбит. Ол кэ-кэ-кэннэ хабылыктыахпыт. (Ньукуустаах оонньууллар, атыттар тула туран ыалдьаллар.)

Бүөккэ: Ок, дьэ Лөкүө да Лөкүө, өссө кыыс оҕото көннөрү да тоҥсуйбат, кыһытыан иһин өссө кириэстэнэр ээ, пионер эрээри таҥараҕа кириэстэнэр.

Лөкүө: Нохоо, ол-бу буолума, оннооҕор Маайа эмээхсин үөһэ бырахпыт хаамыската түһүөн икки ардыгар кириэс охсон баран, холорук курдук сүһүөҕэр үстэ эргийэн ылара үһү. Мин ону сатаабаппын.

Ньукуус: Кырдьык, Лөкүөнү баһыйыа суохпут, кыайыах киһи кыайда. Чэ, аны хабылыктыаҕыҥ. (остуол тула туран хабылыктыыллар.)

Өлүөскэ (уочарата кэлбитигэр ытыһын көхсүгэр хабылыгын наардыы уурара туран): Дьэ эрэ, сэттэ куо мэтэкэ эдьиийдэрим тордуохтаах тарбаххыт дьолуота ханна этэй, Дохсун Ньукулай убайыкам тоҕус үөрдээх хаан тураҕас атыырын сэттэ былас сиэллээх-кутуругуттан харбатыҥ эрэ. (Хабылыгын өрө быраҕаат, көстөр гына уурбут хабылык атыырын сыыһа харбаан, кураанаҕы кууһан хаалар).

Бүөккэ: (убайын диэки кынчарыйар) Аата бу да киһи, ойууҥҥа-удаҕаҥҥа дылы үөр-сүүрүк ыҥыра-ыҥыра булан булан бардам баай, кулаах, сэбиэскэй былаас өстөөҕө Дохсуну убайым диэбит буола-буола. Эн убайыҥ үһү дуо? Аҕабыт аах кини хамначыттара этэ буолбаат!

Өлүөскэ:  Нохоо, тугу баайсаҕын! Көннөрү тыл оонньуута буоллаҕа дии. Били хааттыһыт Хабырыыс хаатты маатыска дии-дии итинник эттэҕинэ сүүйэрин санаан 9 ынахтанаары үтүгүннэҕим дии.

Уоһук: Били иҥсэтигэр иэдэйбит дииллэригэр дылы.

Нотуо: Өлүөсүкпүт дьэ буолан-хаалан турда дии. Эмиэ да хааттыһыты ханыылаһар, эмиэ да кулааҕы куомуннаһар.

Ньукуус: Кэбис, онно-манна тиийимэҥ, төһө да Дохсун Ньукулай улуус суруксута, баай, кулаак дэннэр, Афанасьевтар үөрэхтээх ыччаттара ити биһиги үөрэнэр оскуолабытын үөрэх суутугар туруорсан, үбүлэтэн оройуон буолуон эрэ иннинэ туттарбыттара үһү. Оскуола тутуутун ол Дохсун Ньукулай салайан үлэҕэ киллэрбит. Киэҥ-куоҥ, сырдык оскуолаҕа түөрт нэһилиэктэн түмсэн үөрэнэрбит үчүгэй буолбат дуо?

Лөкүө: Оннук ээ, Чараҥайбыт  барахсан оскуолата суоҕа буоллар, ханна үөрэнэ барарыа этибитий? Дүөндү Томторугар дьоммутуттан тэйэн үөрэнэр кыаллыа эрэ, суох эрэ.

Бүөккэ: Дохсуна да суох сэбиэскэй былаас маастар булан оскуола туттарыа этэ.

Нотуо: Кырдьык, Дүөндүгэ Баһылай Сүөдэрэп диэн учуутал кэлэн икки мэндиэмэннээх улахан да улахан оскуола туттара сылдьар үһү дии. Сэбиэскэй былаас  баҕар биһиэхэ эмиэ оннук оскуоланы туттарыа этэ.

Борокуопай: Дүөндү оскуолатын тута сырыттахтарына убайбын кытта барсан көрбүтүм. Дьэ багдаллан,  били олоҥхоҕо хоһулларын курдук килэдиспит таас түннүктэрэ сатыы ойууру үрдүнэн ыраахтан күлүмүрдээн көстөр  дьиэ да дьиэ. Арай былыр Дүөндү Томторугар таҥара дьиэтин көмүс кууппала оннуга үһү.

Мэхээчэ: О-о-оҕолоор, х-х-хата ыллыаҕыҥ  эрэ. Лө-лө-күө таһаардын.

Лөкүө: Ол ханныгы?

Мэхээчэ: Б-б-били ырыа уруогар у-у-учууталбыт А-а-анна Иһээкэбинэ үө-үө-үөрэппитин.

Лөкүө күөмэйин оҥостор: “Оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт, олох дьолун оҥорсорго оргуйан турдубут” (бары) “Чиҥник үктээ, уллуҥах үҥкүүлээ, кулаак баҕар салҕалаатын кыһалҕа кыччыгый!)

Бүөккэ: Дьэ ити баар, кулаак Дохсуҥҥа харда. Лөкүө маладьыас.

Балбаарыс:  һуу, чэ ырыабыт бэркэ таҕыста. Кырдьыга да кулаах баҕайыны салҕалатыахтааҕар саҥа былаас самнарбыта ыраатта. Хата оонньообуппут быдан ордук.  Хабылыкка ким уочарата этэй?

Уоһук: Өлүөскэ аттыгар Ньукуус турбута, кини уочарата.

Ньукуус: (сымса баҕайытык бииртэн биир ынаҕы хабан иһэн ааҕар) “сэттэ буолла, аны аны ахсыһым бу баар!

Өлүөскэ: (ыллыыр) Ньукууска, Ньукууска, Ньургунчай Ньукууска нуулунан ыытар буолла.

Нотуо: Бу Ньукуус кыра эрдэҕиттэн киһини кытта сатаан аргыстаспат, наар сүүрэ-көтө сылдьар. Бэл тыа ыллык суолугар да сүгүн испэт, суон мутукка турник курдук өрө ыстанан биэрэс тэппитэ, моҕотойу эккирэтэн тииккэ хатаастыбыта эрэ баар буолара.

Борокуопай: Ньукуус, ынаҕа хайабытыттан да элбэх, онон   кыайыах киһи кыайдаҕа. Бачча мустубучча былыргы күүстээхтэр тустарынан кэпсэппэппит дуо?

Лөкүө: Хата оҕолоор, мунньаҕынан сылтанан бэккэ түмсэн оонньоотубут.  Уопсай оонньуу бүппүт буоллаҕына, Балбаарыс биһиги бардыбыт. Уолаттар эһиги да сотору тиийээриҥ. (бараллар)

Уоһук: Сөп-сөп. Чэ эрэ, хайаҕыт саҕалыырый, Ньукуус дуу, Өлүөскэ дуу?

Нотуо: Өлүөскэ, Бэрт Хара туһунан эһиэхэ олорор Лөгөй олоҥхоһута били Боодьоҕос сиэнэ Ньукулаастан истибиккин кэпсээ эрэ. Сураҕа сахаҕа тэҥэ суох олоҥхо бухатыырын курдук киһи төрөөн-үөкээн ааспыт үһү дии. (оҕолор сэҥээрэ түһэллэр, бары кулгаах-харах буолан чөрбөҥнөһөллөр.)

Өлүөскэ: Ньукулаас букатын олоҥхо курдук сиэллээн-кутуруктаан кэпсиирин мин кыайбатым биллэр. Судургутутан быһыта-орута кэпсээтэххэ бэйэҕит да билэр дьоҥҥо соччо интэриэһинэйэ суох буолуо. Итиэннэ номох аата номох син-биир остуоруйа, олоҥхо курдук.

Ньукуус: Кэпсээн киэргэтиилээх, үһүйээн үлүннэриилээх диэччилэр. Тыгыны  нуучча кэлиэн иннинэ, олор иһэр сурахтарын сибикилээн саха тус-туспа ыһыллан олорор аҕа уустарын түмээри ыһыах дьонноох эйэлээх кэпсэтиһии тэрийэ сатаабыта холобур, дүпсүттэргэ сырыыларын курдук сатаммакка,  тута сөрөөн эккирэппэтинэр диэн, ураһатын аҥаарын хаалларан төннөн эрдэҕэ. Бэрт Хараны даҕаны уус тыл уйарынан, тугу барытын кэҥэтэн-уһатан, кэрэхсэнэр гына киэргэтэн кэпсиир, хоһуйар дьоҕурдаах саха киһитэ олоҥхотугар холоон уос номоҕо оҥоһуннаҕа.

Уоһук: Оннук да буолуо. Ол гынан баран сахаҕа бүтүн, аҥар, чиэппэр күүстээх дэнэр дьон билигин да суохтар үһү дуо? Аҥардас Саха сирин үрдүнэн дүпсүттэр дуо дэппит Күүстээх Уйбаан, Күүстээх Көөтөөн, Күүстээх Куонаан, Күүстээх Күлүүчүкүн. Бэл сыырка артыыстара нуучча бухатыырдарын кытта кыайбыт-хоппут дьон эмиэ бааллар үһү. Ньукуус, хата кэпсээ эрэ.

Ньукуус: Сөпкө этэҕин, ити Дүпсүн күүстээхтэрин хас биирдиилэрин туһунан сэһэн эрэ дэлэй, үксүн истибит-билбит дьон буолуоххут. Лөгөй сирин Хаптаанньа диэн сайылыкка ааспыт үйэ саҥатын эргин сэттэ ини-бии Хараамыһыттар үөскээн-төрөөн ааспыттара үһү. Олортон убайдара Мас Мэхээлэ диэн уһулуччу күүстээх-кыахтаах, курдаһан тустууга да, хапсаҕайга да сүһөхтээхтэн бүдүрүйэр диэни билбэтэх киһи эбит.

Нотуо: Ээ били Бөтүрүүсэ оҕо кулуба кэргэнэ Балбаара быраата Ньукулааскы Тааттаттан күүлэйдии кэлэ сырыттаҕына ыҥыран туһуннарбыт киһилэрэ этэ дуо?

Ньукуус: Ол, ол. Арай биир сайын ыһыах кэмигэр Илин Сибиир генерал-губернатара кэлэ сылдьыбыт. Өссө сыыркаҕа араас ыарахан тимирдэринэн оонньоон көрдөрөр нуучча бухатыырын илдьэ кэлэн, сахалалар күөн көрсөр киһини бэлэмнээтигит дуо диэн ыйыппыт үһү. Онуоха Мас Мэхээлэни ыҥыттаран ылбыттар. Үрдүк сололоох кэлбитинэн былыр Тыгын тойон саҕаттан үгэс буолбут  Сайсары булгунньаҕын көнө хонуутугар  улахан ыһыах түһүлгэтэ тэриллибит. Үлэхтээх тустуу саҕаламмыт. Онно көрдөхтөрүнэ нууччалара сымарыттан киһи да киһи, букатын хардаҥ эһэни туруору аспыт курдук көрүҥнээх-таһаалаах эбитэ үһү.

Өлүөскэ: Ол үлүгэрдээхтэн Мас да буоллар бука салла көрдөҕө буолуо ээ.

Борокуопай: Саллыбатах киһи буолуо. Түһлгэтэ билиэ турдаҕа.

Ньукуус: Дьэ тустуу саҕаланар. Анараа киһи бука сэнии көрдөҕө буолуо, тута үлтү кумалаһан барбытыгар Мас халбарыс гынаат, умса садьыйбытыгар ат буола түспүт. Сахалар: “Мас кыайда, Хараамыһын кыайда!”- диэн үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттар. Анараа киһи кыһыйан: ”Хат туһуннарыҥ, ити кыайыы буолбатах”,- дии-дии төттөрү-таары хаама сылдьыбыт.

Бүөккэ: Оҕус тириитин иккитэ сүлбэттэр, кыайтарда бүттэҕэ дии.

Ньукуус: Онуоха туран, Үрдүк сололоох тойон:” Мин киһим курдаһан тустууга үөрүйэх. Нуучча сиригэр эрэ буолбакка омуктарга тиийэ тарҕаммыт тустуу буолар, онон хат туһуннарар сөп,”- диэбит. Аны курдаһан тустуу буолбут. Систэһэн силигирэтиһии саҕана Мас иэҕиллэ түһээт, киһитин өттүгэр биллэҕэ быраһан эрэрэ баара да, таас иэнинэн күөх кырыска хам баттаабыт.

Уоһук: Ок-сии, Мас да, Мас! Саханы аатырдар улуу тустууктар баалларын көрдөрдөҕө эбээт!

Ньукуус: Оннук. Бэл Үрдүк сололоох бэйэтинэн бэркиһээн бу киһини соҕуруу илдьэн, французскай тустууга үөрэтэр буоллар бэл аан дойду ааттаахтарын да кытта  күөн көрсүөн сөп эбит диэбитэ үһү. Оҕолоор, Күүстээх Уйбаан эмиэ сыырка артыыһын кытта күөн көрсүбүтүн билэҕит дуо? ( оҕолор суох, кэпсээ дэһэллэр)

Сибииргэ Халчаах былааһын саҕана 1919 сыллаах сайын Дьокуускайга сыырка артыыстара кэлэ сылдьыбыттар эбит. Онно Сибиир күүстээҕинэн биллибит тустуук, ыараханы көтөҕөр, луом тимирин сүнньүгэр өҕөлүннэри тардар нууччалаахтар үһү. Ол киһи тустаары дуу, күүс холоһоору дуу биһиги Күүстээх Уйбааммытын ыҥырбыт.

Борокуопай: Уйбаан тустубутун туһунан истибэтэҕим, оттон көтөҕөр күүс баҕас баар бөҕө буоллаҕа.

Ньукуус: Саха тойотторо, Уйбаан тура күүстээҕин билэр буолан, дьикти көрүҥү толкуйдаабыттар. Аччыгый баһаарга икки дуолан күүстээхтэр оҕустары кытта күүстэрин холостунар диэн күрэхтэһээччилэр тоҥолохторугар кэтэр гына уктаалаах икки суон быа аҥардыы өттүн икки оҕус моонньуларыгар лээмпилии кэтэрдэн баран, оҕустары икки аҥы тардар гына бэлэмнээбиттэр. Икки тоҥолоҕор быаны кэппит киһи оҕустар тардар күүстэрин кыайан туппакка ыытан кэбистэҕинэ кыайтарыахтаах диэн буолбут.

Өлүөскэ: Ээ, ону мин эмиэ истибитим. Ол дьикти күүс холоһуутун Күлүмнүүр, урукку Дүпсүн улууһун кулубата, оччолорго уобалас улахан тойоно киһи көҕүлээн тэрийбитэ үһү.

Нотуо: Аата сүрүн! Икки оҕус тардар күүһэ иэдээн буолуо ээ, дьон да оһоллонуо диэбэтэх, баайдар бардамнара, киһини киһи диэбэттэрэ сүрдээх эбит дии!

Өлүөскэ: Бээ эрэ, наһаалаама, Күлүмнүүр да Уйбаан тура күүстээҕин билэр, эрэнэр буолан оннугу тэрийдэҕэ. Уйбаан убайа Сээбэс биир күһүн кыһын отторго куруҥах мас охторон бэлэмнээбиттэр. Онтон тиэнээри Сээбэс тахсыбыта суолугар биир суон мас охтубутун көрөн тумнуу суол соломмут. Арай, иккис тахсыытыгар били охтубут маһа суох үһү. Онто баара силистэри-мутуктары түөрэ тардыллан суолтан тэйиччи соһуллубут суолун көрөн, били уол сатана дьээбэлэннэҕэ диэн сөхпүт, дьулайбыт.

Уоһук: Оо, дьэ  бүтүн тиити, буолаары буолан силистэри-мутуктары, дьэ  сөҕүмэр күүс эбит доҕоттоор! Күлүмнүүрүҥ да ону билэ-көрө сылдьар буолан Уйбаан күүһүн тургутаары оннугу тэрийдэҕэ. Оччолооҕу көрө киһи бөҕө муһуннаҕа. Дьэ хайалара бастаабыт?

Өлүөскэ: Эгэтин иһиттэххинэ, арай, Дохсун Ньукулай, бөдөҥ боруода оҕуһа наһаа күүстээҕин хайҕаа да хайҕаа буолара үһү. Ону истэ сатаан баран, Сээбэс кыһыйан оҕус аата оҕус, кини да күүһэ биллэр ини, ити мин бырааппын да кыайара биллибэт диэбитигэр Дохсун: “Па, эн бырааккын тулутуо дуо, кини да күүһэ диэн”,- диэн  күлүү гыммыт. Дьэ туран, мөккүөр буолан биир буут арыыга уонна эбиитигэр харчыга сакалааттаспыттар. Суон маһынан тэбилик оҥорон баран, сабыс-саҥа икки хатыс быаны оҕус бурҕалдьытыгар баайан, нөҥүө уһуктарын Уйбаан икки харытыгар эрийэ тутан, тардыһыы буолбут да, оҕус Уйбааны олоҕуттан да оруу таппатах.

Нотуо: Кэбиис, тылбын төттөрү ылыыһыбын. Күлүмнүүр ол да иһин Күүстээх Уйбаан боруода оҕуска кыайтарбатах киһи икки да оҕус тардарын тулуйуо дии санаан, эрэнэн тэрийбит буолуон сөп эбит. Дьэ онон…

Ньукуус: Ыҥырыы оҥорбут буолан нууччата саҕалаабыт. Оҕустары харса суох таһыйыы бөҕө үһү. Нууччата төһө да бухатыыр бэрдэ буоллар күлүүстүү туппут тарбахтара болдьоммут бириэмэҕэ кыайан тиийбэккэ төлө ыһыктан кэбиспит.

Нотуо: Дьэ эрэ, биһиги Уйбааммыт?

Ньукуус:  Күүстээх Уйбаан тулуйан кыайан тахсыбыт. Ити үһүйээн буолбатах, ону илэ харахтарынан көрбүт дьон биһиэхэ да бааллар. Күүстээх Уйбаан бэйэтэ икки-үс сыллааҕыта эрэ ыалдьан өлбүтэ. Уҥуоҕа Эрбэһиҥҥэ сытар. Онон оҕолоор, билигин даҕаны сахаттан атын омук ааттаахтарын кытта күөн көрсөр дьон үөскүөхтэрэ эбээт.

Быыс

ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ

Оонньуур дьоно:

Даадар Бүөтүр – Ньукуус ииппит аҕата

Таанньа-Ытана – Ньукуус балта, оскуола үөрэнээччитэ

Мэхээлэ – Даадар үөлээннээҕэ, колхуостаах

Настааччыйа — ыаллара дьахтар

Николай Николаевич – Ньукуус – оскуола военоруга

Елизавета Федоровна – начаалынай кылаас учуутала

Ксенья Федоровна – саха тылын учуутала

Николай Ильич – оскуола сэбиэдиссэйэ

Анастасия Ивановна – пионер баһаатай

Оскуола оҕолоро: Петя,  Гоша, Костя, Афоня, Ваня

Оонньуур кэмэ:

Сэрии төрдүс сылын күһүнэ. Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолата. Көрүдүөр уун утары Сталин байыаннай формалаах мэтириэтэ ыйаммыт. Истиэнэ үөһэ өттүнэн кыһыл таҥаска “Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах! Өстөөх үлтүрүтүллүө! Кыайыы биһиэнэ буолуо!”, “Барыта – Фронт, барыта – Кыайыы иһин!”, “Үөрэнээччи өйдөө! Эн туйгун үөрэҕиҥ кыайыыны уһансар, куһаҕан сыанаҥ өстөөххө туһалыыр” диэн тыллаах луоһуннар ыйаммыттар. Олор анныларынан оҥоһуллубут стендэҕэ “Правда”, “Известия“, “Комсомольская правда”, ”Красная звезда”, “Кыым”, “Автономная Якутия”, “Эдэр Бассабыык”, “Бассабыыктыы тэрийээччи”, “Бэлэм Буол”, “Пионерская правда” хаһыаттар  ыйаммыттар. Көрүдүөр устатын тухары үөрэнээччилэр стройдаан тураллар. Бэһис кылаастартан саҕалаан сэттискэ диэрилэр байыаннай бэрээдэгинэн отделениеларга, взводтарга, роталарга арахсан стройдаабыттар.

Николай Николаевич: (чуор куолаһынан хамаандалыыр) Шко-ла, рав-няйсь!  Смир-но! Командиры, от-де-лений, взво-дов и роты к ра-порту!

Афоня Петухов: Есть! (строй иннигэр тахсар) Пер-вое от-де-ле-ние, рав-няйсь, смир-но! (байыаннайдыы чиҥник үктээн тиийэн) Товарищ комвзода, первое отделение пятого класса в составе 12 бойцов на занятие выстроено. Отсутствующих нет. Рапорт сдан. Командир отделения Афанасий Петухов.

Ваня Румянцев: Рапорт принят. Дать команду вольно!

Афоня: Есть дать команду вольно! (барар, саҥата: «Отделение, вольно!» – диирэ иһиллэр. Ити курдук рота 6 отделениеларын үс взводтарын командирдара утуу-субуу араапар бирэллэрэ иһиллэр).

Николай Николаевич: Школа! Рав-няйсь! Смир-но! Оскуола директорыгар: Товарищ директор школы, учащиеся начальных классов в составе 45 учеников и роты начальной военной подготовки школы в составе 72-х бойцов к занятиям выстроены. Отсутствующих нет, опоздавшая одна. Рапорт сдан. Военрук Николай Тарский.

Николай Ильич: Рапорт принят! Опоздавшая на построение выйти из строя! Хойутаабыт кыыс тахсар. За опоздание без уважительной причины обьявляю два наряда вне очереди! Товарищ военрук, дать команду вольно и разрещаю начать утреннюю физзарядку.

Николай Николаевич: Школа Вольно! На зарядку становись! Зарядка кэнниттэн чуораан тыаһынан уруок саҕаланар.

***

Педсовет мунньаҕа. Уһун остуол тула учууталлар олороллор. Оскуола директора Николай Ильич: “Быйылгы 1944-1945 сыллардааҕы үөрэх дьылын соруктара итинник. Оскуолаҕа булгуччулаах начальнай байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ турар саҥа ирдэбиллэр туһунан военорук Николай Николаевич сиһилии билиһиннэриэҕэ”.

Николай Николаевич: Билигин хас биирдии ситэтэ суох орто оскуола педколлективын иннигэр призывка ыҥырыллыан иннинээҕи саастаах үөрэнээччилэри тэҥэ, колхуостаах ыччаты булгуччулаах начаалынай байыаннай үөрэҕинэн хабыы соруга күүскэ турда. Онно педдколлектив састааба бары байыаннай эбээһинэһи сүгэргит туһунан Союз Үөрэҕин Наркомун дьаһала баарын билэҕит. Онно олоҕуран, оскуола директордарыгар байыаннай-тактическай үөрэҕи ыытарга байыаннай кабинеты тэрийэн үлэҕэ киллэрэллэригэр  райОНО сэбиэдиссэйин  дьаһала тахсыбыта. Оннук буолбат дуо, Николай Ильич?  Оскуола администрацията бу күннэргэ  байыаннай кабинекка анал кылааһы аныы охсуон наада.

Николай Ильич: Оннук.  Кабинекка анаан туспа биир кылааһы босхолуур уустук да, быйылгыттан ыла призывка ыҥырыллыан иннинээҕи саастааах үөрэнэр ыччаты бэлэмнээһиҥҥэ ирдэбил кытаатта, онон бу күннэргэ быһаарыахпыт.  Мин көрүүбэр, оҕолоро аҕыйаҕынан уонна атын учуутал кыттыгаһа суоҕунан  1-гы, 2-с кылаастары холбоон үөрэттэхпитинэ эрэ, кабинет хоһо тахсар кыахтаах. Атын барыйаан суох.

Елизавета Федоровна: Оскуолаҕа байыаннай үөрэҕи ыытарга туспа кылааһы аныыр кыаллыбатын,  байыаннай кабинет тэриллэрэ ирдэнэрин өйдүүбүн. Ол гынан баран, икки кылааһы бииргэ олордон тэҥинэн үөрэтэргэ уустук, оҕолорго да мэһэйдээх, үөрэх хаачыстыбатыгар да охсуулаах буолуо суоҕа дуо?

Николай Ильич: Үөһээ кылаастары холбуур хайдах да сатаммат. Көннөрү да санаан көрдөххө, атын-атын преметтэри тус-туспа учуутал хайдах тэҥинэн биир кылааска үөрэтиэхтэрэй? Оттон Елизавета Федоровна, эн начальнайдары соҕотоҕун үөрэтэҕин.  Онон уруогу аттаран үөрэтэргэр ордук табыгастаах. Хас да кылааһы бииргэ үөрэтии практиката былыргыттан баара биллэр. Ол ньыматын туттан, сарсыҥҥыттан  расписаниеҕын Варвара Петроналыын  сүбэлэһэн оҥоруҥ. Николай Николаевич, истэбит.

Николай Николаевич: Сатыы сэрии сэбин материальнай чааһын үөрэтиигэ  аҥардас көрдөрөн үөрэтэр пособиелары таһынан байыаннай кабинекка урукку учебнай бинтиэпкэҕэ эбии сыал ытар бойобуой тозовканан, оптическай прибордаах учебнай снайперскай  бинтиэпкэнэн итиэннэ эмиэ учебнай сыаллаах  станковай пулеметунан Облвоенкомат хааччыйыйыахтаах. Онон кабинет быһаарылла охсон, ирдэбил быһыытынан түннүгэ тимир эриһиэккэлээх, күлүүһүнэн хатанар тимир бүрүөһүннээх ааннаах, бойобуой сэп-сэбиргэл хараллар ыскааба эмиэ хатанар гына оҥоһуллуохтаах. Учебнай занятиелар онно ыытыллыахтара. Билигин байыаннай-полевой, тактическай үөрэҕи ыытыыга тэрээһин үлэ саҕаланна. Рота взводтарын байыастарынан байыаннай-тактическай занятиелар уруоктарыгар окуопа, траншея хаһыытын, блиндаж тутуутун, стрелковай, пулеметнай расчет точкаларын бэлэмнээһин, тир уонна баанньык тутуутун үлэлэрэ саҕаланна. Сир тоҥуор диэри  ити үлэлэри бүтэрэр сорук турар. Аны рота санчааһа тэриллэн, учууталлартан байыаннай биэлсэр, быраас эбээһинэһин  сүгэр дьон ананан, кыргыттартан санитардары сүүмэрдээн бастакы көмөнү оҥоруу үөрүйэхтэригэр үөрэтиэхтээхтэр. Ити дьаһаллары олоххо киллэриигэ педколлектив түмсэн үлэлиир эбээһинэстээхпит. Мин иһитиннэриим сүрүн сыала-соруга итинник.

Ксенья Федоровна: Холобур, мин саха тылын учуутала байыаннай эбээһинэстээхпинэн ананнахпына санитардары хайдах үөрэтиэхпин өйүм хоппот.

Николай Ильич: Эмп оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйэ быраас Виталий  Иннокентьевич Попов  дьаһалынан Дүпсүн учаастактааҕы балыыһата, сэбиэдиссэй врач Сытова сыһыарыллан турар.  Ол гынан баран, Александра Александровна  быйыл күһүн үлэтиттэн уурайан, бу күннэргэ Дьокуускайтан  врач Лидия Ивановна Дементьева саҥа ананан тахсыбыт. Кини салалтатынан олохтоох колхознай акушерскай пуун биэлсэрэ Екатерина Савельева кыргыттартан санитардары бэлэмнээһиҥҥэ көмөлөһүөҕэ. Боппуруос өйдөнөр, атын ыйытыы суох. Педсовет үлэтин түмүктүүр.

***

Сцена хараҥаран ылар, сырдаан кэлиитигэр 1945 сыл, кыһыары сааскы кэм, Даадар балаҕана.  Даадар үөлээннээҕэ Мэхээлэни кытта кэпсэтэ олороллор. Остуолга Ытана уруок ааҕар.

Мэхээлэ: Оо, дьэ, эбэсээт-муосабыт ыарахан да дьыллары аһаран эрдэхпит. Бу уоттаах сэриигэ, онно даҕаспытанан аны хара хамсык курдук иирэр сукка  төһөлөөх дьоммут-сэргэбит, эмиийдээх оҕотугар тиийэ суорума суолланна. Киһи саныан да  дьулайар.

Даадар: этимэ даҕаны, буруолаах буруолааҕынан, ыал ыалынан эһиннилэр эбээт. Бу үлүгэри көр эрэ. Букатын иэдээн дириҥиэн оҕом Ньукуус кэпсииринэн Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мөлөкүүрэп диэн саха, Нам Куһаҕан ыал нэһилиэгин киһитэ, Саха сиригэр сут-кураан буолан тыа сиригэр от-бурдук үүммэккэ өрөспүүбүлүкэ саха нэһилиэнньэлээх 15 оройуоннарыгар маассабай хоргуйан өлүү тахсан эрэр диэн соҕуруу туруорсан, кэмииссийэ кэлэн көмө тэрийэннэр абыраабыттар эбит.

Мэхээлэ: Диэбэт эрээр, эбэсээт-муосабыт диэ, онуоха эбии ааспыт икки сыл сайына бириэмэтигэр ардаан, өҥ быккыта биллэн, от, бурдук син ханныктык эмэ үүнэн тыын ылан өрүһүннүбүт эбээт.

Даадар: Оннук-оннук. Мэхээлээ, эн санаан көр, бу сэрии соҕуруу төһөлөөх өлүүнү-сүтүүнү аҕалбытын, төһөлөөх куораты, дэриэбинэни күл-көмөр гыммытын. Аны сэрии боруонун, онно сэрии сэбин тааҥкатыттан сөмөлүөтүгэр, муора хараабылларыгар тиийэ оҥорор собуоттар үлэһиттэрин аһынан-үөлүнэн хааччыйыы төһөлөөх кытаанах буолуой?  Ол үрдүнэн Ыстаалын оҕонньор быһаччы дьаһалынан Саха сиригэр тыа дьоно аччыктаан өлөн-быстан эрэллэрин истэн-билэн, Уркуускай уобалаһыттан аһынан-үөлүнэн көмө оҥоттордоҕо. Маны көр!

Мэхээлэ: Диэбэт эрээри, аҥардас урукку Бүөтүр куоратын олохтоохторо сэрии саҕаланыаҕыттан билиҥҥэ диэри өстөөх ии курдук курдуу төгүрүктээһинигэр күнү-түүнү аралдьыппакка алларааттан сэнэрээт, буулдьа, үөһэттэн буомба ардаҕын анныгар, өлүүнү-сүтүүнү кэрэйбэккэ, өстөөххө бэриммэккэ кыргыһа олорор үһү дии? О, дьэ, эбэсээт-муосабыт төһөлөөх өлүү-сүтүү түбүлээтэҕэ буолла, киһи билбэт.

Ытана: Мэхээлээ, эбэсээт-муосабыт оҕонньор (күлэр) аныаха диэри истэ-билэ  иликкин дуо? Ленинград куораты өстөөх 900 күннээх ытарчалыы ылбыт блокадатыттан килбиэннээх Кыһыл Армия сэриилэрэ өссө былырыын тохсунньу 27 күнүгэр босхолообуттара. Оттон билигин сэбиэскэй  сэриилэр өстөөх арҕаҕар Берлииҥҥэ ыктар –ыган, фашистскай халабырдьыттар тиһэх күннэрэ ааҕыллан, кыайыы күнэ улам чугаһаан иһэр.

Даадар: Оҕом барахсан саамай сөпкө  этэр, өһөгөйдөөх өстөөх аармыйатын күнэ-дьыла ааҕыллан иһэр. Улуу сирдьит Ыстаалын муударай салалтатынан Киитилэр киибэс чабыламмыт кынньыраалларын сэриилэрэ сир ньууруттан сиппиллэрэ кэлиэ, кыайыы  биһиэнэ буолуо  диэн Ыстаалыныҥ өссө өстөөх Москуоба куоракка ыган турдаҕына өтө көрөн эппитэ уот харахха киирэн эрэр. Ол өрөгөйдөөх кэми иирэр суттан кычча тыыммыт, кылаҕыр харахпыт эрэ ордон көрөр дьоллоох дьон олоробут диэбэккин дуо?

Мэхээлэ: Эбэсээт-муосабыт буоллаҕа, (күлэр) Бүөтүрбүт букатын бэлиитик бэрдэ буолкун дуу? Оҕоҥ Ньукуус быйыл манна оскуолаҕа бойонорууктаан  барыбытын да сэргэхситтэ. Сэрии хаамыытын ити Ытана курдук оҕолуун, эдэрдиин-эмэнниин истэ-билэ олорорбут саныахха астык. (күлэр) Бары да бэлиитик буоларбыт чугаһаата.

Ытана: Мэхээлэ, ити эн итийэн-кутуйан кэпсээн бардаххына нууччалыы тылы кыбытан ылаҕын. Холобур, наар туттар тылыҥ эбэсээт-муосабыт, ардыгар пиэримэй- мараас, бодуруобуна  дииргин киһи барыта истэ үөрэнэн хаалан аахайбат. Ити хантан ылбыт тылгыный, эбэтэр, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбытыҥ дуу?

Мэхээлэ: Тыкаам, ол мин ыал хамначчыта, аҥардас ийэлээх, тулаайах оҕо хантан үөрэниэхиний? Өлөксөй Хонооһойоп үөрэхтээх оҕолоро сайылык оҕолорун мунньан араас оонньуу тэрийэллэрэ. Төһө да торбос тириитэ таҥастаах буолларбын онно тэҥҥэ сарымтахтаһар буоллаҕым. Наака, онно уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта наар  нууччалыы кэпсэтэн бачыгыраталларын  истэн, эбиммит дууһа буолуом ээ.

Ытана: Мэхээлээ, ити “эбэсээт-муосабыт” диэн тылыҥ сахалыы өйдөбүлэ эбэсээт диэнэ булгуччу диэн, оттон муосабыт диэнэ “баҕар буолуон сөп” диэнэ ити бастакы тылга төттөрү өйдөбүлү биэрэр. Оччотугар булгуччу диэн бараҥҥын тута  баҕар буолуон сөп диэн тиэрэ эргитэн таһаараҕын эбээт..

Даадар: Тоойуом, Ытана, улахан дьон кэпсэтиитигэр орооһума, уруоккун аах.

Мэхээлэ: Ээ бээ, оҕону мөҕүмэ, биһиги кырдьаҕас дьон түҥ-таҥ тыллары тиэрэ-маары саҥара үөрэнэн хаалбыппытын быһааран биэрэрэ баа буолбатах. (Ытана хомунан хоско киирэр.) Көр эрэ, ити Ыстаалын аата да, укулаат тимир диэн үһү ээ, дьэ кырдьык чахчы кытаанах илиилээх салайааччы буолан, бүтүн Дьобуруопа улахан аҥарын үлтү үктээн киирбит Киитилэр сэриитин биһиги аармыйабыт эрэ уодьуганын тардан эрдэҕэ. Эбэсээт-муосабыт кыайарбыт чуолкай! (тохтоон хамсатыгар табах уурунан оһохтон чох ылан уматтан баран, хаста да эҕирийэн ылар онтон) Бүөтүөр, манна диэн бэйэ икки ардыгар эттэххэ, мин биири кыайан өйдөөбөппүн ээ.

Даадар: Ол тугу?

Мэхээлэ: ( ол-бу диэки көрбөхтүүр, онтон сибигинэйэ былаастаан) Киһи этиэн да, этэ тардар…

Даадар: Бай, оччо этиҥ тардар эрээри?… ( сэрэйэ охсор) Ээ, эрэпириэссийэни этээри гынаҕын дуо?

Мэхээлэ: Ээ. Ону-ону…Баҕар Ньукуус байыаннай үөрэхтээх киһи туох диирин билэрэ буолаарай диэн.

Даадар: (соһуйан үөһүн таттарар) Күтүүр-күтүр! Аны миигин сыыһа-халты саҥардан оҕобун уган биэрээри гынаҕын дуо!

Мэхээлэ: Айыы даҕаны! Оннук идэм суоҕун бэйэҥ да билэҕин. Били дьассыык дьокутаата Сыыта Баһалай барахсаны Ойуунускайдаах дьыалаларыгар эрийэн хаайан сытыардахтарына НКБД-лар тахсан үҥсүү суруттараары милицияҕа ыгыы-түүрүү бөҕө буолтарыгар биир да уган биэрэр көрдөрүүнү биэрбэтэҕим.

Даадар: (сымныыр) Сыыта барахсан, били кыаллар бэйэтэ, хаайыыттан киһи аҥара буолан  тахсан баран, дьонум-сэргэм дүпсүттэр уган биэрэр биир да көрдөрүүнү биэрбэккэлэр суккуруур тыыным да буоллар сымыйа балыыртан ыраастанан таҕыстым диэн миэхэ хоно сытан махтанан кэпсээбитэ. Айыы-айа ол эрэ кэм эргийбэтэр!

Мэхээчэ: (чэпчээбиттии эгди буола түһэр) Диэбэт эрээр, дугдуруй да сутурҕаа диэбит курдук, муунту гынар санаабын  эбэсээт-муосабыт ыйыттахпына,  Ыстаалын бэйэлээх ама аан дойду сэриитэ буолаары турдаҕына (тохтоон эргим-ургум көрөр) аармыйатын маарсалларын тоҕо эрэпириэссийэлээбитэ буолла? Өйүм хоппот.

Даадар: Саҥарбыы-саҥарба! Бу да оҕонньор ону-маны түөһэн түһэн! Мин тугу билиэмий?

Аан аһылларын кытта таһынааҕы ыаллара Настааччыйа киирэр.

Настааччыйа: Хайыы бу Мэхээлэ, Эбэсээт-Муосабыт оҕонньор   бэйэтинэн киирэн сэһэн-сэппэн бөҕө дуу, бирээмэ таһыттан иһиллэр. Ити тугу кэпсэтэр буолаҕыт?

Даадар (мулу-халы туттар): Ээ, биһиги туох буоссалааҕы кэпсэтиэхпитий? Дьиэ эргиннээҕи буоллаҕа. Хайа эһиги диэки туох сонун баар?

Настааччыйа: Буолумунаа… Көҥөннөргүт чэ, баҕар сэкириэккитин кэпсээмэҥ даҕаны. Көрбүт да сэрэйбит биир, аан дойдуну түгэҕиттэн түөрэн сэһэргэһэн эрдэххит. Бэлиитикэни билбэт түҥкэтэх тыа дьахтарыгар ол туохха наадалаах үһүө?

Мэхээлэ: Наҥнаҥныыр Натааччыйабыт даҕаны хабарҕалаһан түһэн, тоҕо сүрэй? Чэ Бүөтүөр, мин бардым, киһи миигинньигэ өтөхпөр үнүөхттээтэхпинэ да сөп буолсу.

(Тахсар. Утары оскуола уолаттара Петя, Гоша, Костя кэннилэриттэн пионер баһаатай кыыс киирэллэр.)

Анастасия Ивановна: Ыаллар дорооболоруҥ. Николай Николаевич кэлэ илик эбит дуу, оттон Таня? Мааҕыын, төрдүс чиэппэргэ пионерскай сбордары былааннаатыбыт. Түмүк сбор костерунан түмүктэнэр үгэһигэр военизированнай оонньууну киллэрбит киһи үчүгэй этэ, көмөлөһүөҥ дуо  диэбиппитигэр сэргээбитэ. Күнүс дьиэбэр активистаргын илдьэ кэлээр диэбитэ. Чэ  мин оскуолаҕа таҕыстым. Онно баар буоллаҕына бииргэ кэлиэм. Оҕолоор, эһиги тарҕаһан хаалымаҥ, манна күүтүҥ (тахсар).

Даадар:  Оҕолоор, Ытана хоско баар, ааһыҥ. Туһугар туспа наадаҕа сылдьар дьон буоллахтара..

Настааччыйа: Ити оҕонньорбут, ээйиис, өһүргэннэҕэ дуу, улахан сах буолан! Чэ ити хааллын. Мин дьиҥэ Ньукууска наадалаах этим, кэлэ илик эбит дуу?

Даадар: Суох кэлэ илик, оҕолору дьарыктыы сырыттаҕа. Хойутуура буолуо. Ол туохха наадыйдыҥ?

Настааччыйа: Төһө да сэрии, байыаннай балаһыанньа буоллар урут син наһаа түрүлүөнэ суох олорбуппут. Быйыл күһүн уолуҥ Ньукуус кэллэ-кэлээт, сэрии курдук дьэ дьиэгэнийэн аххан эрэр! Оскуола оҕолорун уол-кыыс диэбэккэ, колхуостаах уолаттары кытта түүн-күнүс түптэ-түрүлүөн бөҕөҕө түһэрдэ. Ар-дьаалы! Ити барыларын саллаат оҥоруохтаах үһү дуо? Бу идэмэрдээх суттан нэһиилэ чордоммут,  бэрт аҕыйах уҥуох да тирии буолан нэһиилэ сүөдэҥниир оҕолор, ааспыт сайынтан эрэ от-бурдук үүнэн, Кэбээйинэн, Намынан от сиэн кыстаабыт колхуос сүөһүтэ төннөн үүт-хаар үссэнэн саҥардыы өрүттүөх буолан истэхтэринэ, дьэ маны көр!

Даадар: Настааччыйаа, бу алдьархайдаах сэрии бара турдаҕына син биир дьону хомуйуохтара. Онно иннилэрин-кэннилэрин билбэт дьону үөрэтэргэ күн-дьыл да кэмчи буолуо эбээт. Ол иһин саллаакка ыҥырыллыан иннинээҕи саастаах ыччаты бэлэмнииргэ ирдэбил кытааттаҕа дии санаабаккын дуо? Ити Ньукуус да оннугар син биир атын киһи кэлбитэ буоллар ирдэбилтэн ханна туоруоҕай.

Настааччыйа: Оннук да, бүгүһүнү быһа ити мин оскуолаҕа үөрэммэт колхуостаах уолум байыаннай үөрэх дии-дии окуопа хаһабыт, блиндаж тутабыт диэн аанньа көлөһүн күнүн аахсыбата. Быгыһыҥҥы дохуот үллэстиитигэр буоссалаахха тиксибэтибит.  Дьэ, хайдах ыал буолабыт?  Маны санаа. Аны ус кыһыны быһа томороон тымныы диэбэккэ оскуола оҕотун барытын таһырдьа сэрээккэлэтэ диэн үүрэн таһаарар. Өссө ол тоҥ окуоппаларынан, тоҥуу хаар устун быардарынан сыыла сылдьан ытыалаһыннарар. Бу куһаҕан таҥастаах-саптаах, аһаах доруобуйалаах оҕону-урууну! Аны алтыска үөрэнэр кыыспын ол сэрээккэҕэ хойутаатыҥ диэн нэрээт диэни биэрэн ынах ыаһан, ньирэй көрсөн көмөлөһөрө эмиэ хааччахтанна.. Маны көр эрэ! Ньукуустан саатар уолбун босхолоо диэри кэлбитим.

Хостон уолаттар тахсаллар.

Петя: Ити Николай Николаевиһы саҥараҕын дуо? Хата Николай Николаевич кэлэн, ити эн сөбүлээбэт зарядкаҕынан да, тоҥуу хаарынан сыылларан да, быйыл кыһын хайа да сыллааҕар эппит-сииммит чэбдигирдэ, тумуулаан көрбөккө кыһыны туораан эрбит.

Гоша: Николай Николаевич кэлэн олохтоох акушерскай пуун фельдшерэ Екатерина Савельева доруобуйабытын бэрэбиэркэлиир, эмтээн иһэр буолла диэ.

Костя: Аны Николай Николаевич кэлиэҕиттэн оҕолорго тэриллэр күнүскү эбии аһылык аҥардас тар, уу хааһы сукка оҕустарбыт эт-хаан чөлүгэр түһүүтүгэр көмөтө кыра диэн  оройуоҥҥа киирэн туруорсан  күөл көҥүллэтэн, күһүн муҥха, саас куйуур тэрийэн аһылыкпытыгар балык эбилиннэ. Настааччыйаа, урут эн этэр түрүлүөнэ суох олоххор оннук тэрээһин баара дуо?

Петя: Кырдьык, ити этэр буор үлэлэрэ, араас байыаннай үөрэххэ бэлэмниир сыаллаах тутуулар элбэх сыранан оҥоһуллубуттара, сылааргыыр, ыарырҕатар этибит. Аны туһунан байыаннай кабинеттанаммыт сатыы сэрии сэбин материальнай чааһын илиибитинэн тутан хабан сиһилии үөрэттибит, ыһар-таҥар сатабылы  баһылаатыбыт.  Николай Николаевич оннук дьаныардаах үлэтинэн ааспыт ыйга Облвоенком биһиги оройуоммутугар ыыппыт фронтальнай бэрэбиэркэтигэр туйгун сыананы туруорбуттара. Ол комиссия өссө Кыһыл Кырдал оскуолатын директора поэт Сергей Васильев оройуонтан ыҥырыллан армияҕа барааччылары оскуола тиэргэнигэр  мунньан атаарыыны  тэрийэрин хайҕаабыт этэ.

Гоша: Ол бэрэбиэркэҕэ кэлэ сылдьыбыт комиссия салайааччыта хаһыакка суруйбута. Николай Николаевич төһө да тымныы турдар ротаны “күөхтэр”, “от күөхтэр” диэн икки хамаандаҕа арааран, байыаннай-тактическай үөрэҕи ыыппыта. Күһүн хаар түһүөн иннинэ алаас кытыытынан маска эркээйи охсубут бэлиэтин бэйэбит черчение уруогар оҥорбут алааспыт 3 биэрэстэ эргимтэлээх топографическай картабытынан азимутунан булан ким эрдэ кэлбит окуопаларга тоһуйааччы, хойутаабыт саба түһээччи буолан, илиинэн кыргыһыыны көрдөрбүппүтүн  тыа сиригэр манныгы эрэ көрүөм дии санаабатах киһи чахчы сөҕөн, хайҕаан суруйбут этэ. Аны кыыһыҥ Катяны көмөлөһөрүн хааччахтыыр диэн баһан этэҕин. Кэлин хойутаабыт биричиинэтин билэн баран, ийэҕэр көмөлөһөрүҥ сөп, ол эрээри аны хойутаама диэн, атын да биричиинэлээх оҕолорго тылынан эрэ сэрэтии биэрэр этэ.

Настааччыйа: Чэ-чэ, барыыһыбын дуу, эчи албакааттара да айахтааҕы атытыа суохтар. Кырдьыгын баран эттэххэ, ол сэрээккэлэрэ дуу, байыаннай үөрэхтэрэ дуу көмөлөһөн буолуо, уоллаах кыыһым да быдан эт-сиин тутан эрэр курдуктар.

Петя: Настааччыйаа, итинник эрдэттэн байыаннай үөрэх тэриллэн, күн сарсын  бэбиэскэ туттахпытына да, сэриигэ барартан чаҕыйыахпыт суоҕа. Куттанан кутуйах иинин кэҥэтиэхпит дии санаабаппын.

Настааччыйа: Нохоо,  аата эттэҕиҥ-саҥардаҕыҥ баҕас сүрүн, бастакы хомуурга барбыттартан  төһөлөөх хара сурук кэллэ этэй?

Петя: Билигин фроҥҥа букатын атын балаһыанньа, биһиги сэриилэрбит өстөөх арҕаһын булгурутар күннэрэ чугаһаан иһэр. Эн уолгун да көҥүллэтэ сатыырыҥ сыыһа. Уйбаанчыгыҥ уонна да атын колхуостаах ыччат байыаннай бэлэнэниини баран, атыттары кытта тэҥҥэ сылдьан этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрин баҕарбаккын дуо?

Настааччыйа: (ороҥҥо олоро түһэр, былаатынан сүүһүн соттор) Тыкаам, киһи сүрэҕин хамсатан, туох диэн эттэҥий? Онто да суох Уйбаанчыгым аны сайыҥҥы ыҥырыыга сааһа оруобуна хапсар. Ону санаатахпына түүн да аанньа утуйбат булан эрэбин. Уйбаанчыкпын байыаннай үөрэххэ уһаан-тардыллан хааллаҕына, оскуола оҕолорун кытта улдьааран бүт диэн күн ахсын дьаҥсыйарбын тохтотууһубун дуу?

Костя: О дьэ, эдьиийим барахсан хата инньэ диэ. Николай Николаевич үөрэтэр үөрэҕэ, ыытар дьарыга барыта биһиэхэ уонна эн Уйбаанчыккар туох да наһаа наада.   Фроҥҥа тиийдэххитинэ муҥкук-тэҥтик тутта сылдьымаҥ, манна ылбыт билиигит-көрүүгүт, сатабылгыт онно туһалыаҕа. “Хорсунтан буулдьа чаҕыйар, хорсунтан ыстыык кыыраттар”, улуу полководец Суворов мээнэҕэ “пуля дура, штык молодец” диэн үөрэппэтэҕэ. Мин эһигини көннөрү сааны тутарга, сатаан ытарга эрэ үөрэппэппин. Сэриигэ  кылаабынайа эр-хорсун санаалаах, ыарахантан чаҕыйбат, тулуурдаах саллаат өлөн-охтон биэрбэт  диэн биһигини   үөрэтэр

Быыс.

ТӨРДҮС ТӨГҮЛЭ

Оонньуур дьоно:

Ньукуус (Николай Николаевич) – оскуола военруга

Люся (Людмила Петровна) – нуучча тылын учуутала

Лиза – начаалынай кылаас учуутала

Ксенья – саха тылын учуутала

Оонньуур кэмэ:

1945 сыл, саҥа үөрэх сыла саҕаламмыт күһүҥҥү кэм. От-мас саҥардыы саһарымтыйан эрэр, сэппэрээктэр, кытыан, талах сэбирдэхтэрин төбөлөрө кытарымтыйан көстөр, халлаан күп-күөх, күн чэмэлкэй, салгын ып-ыраас. Ойуур саҕатынааҕы ырааһыйаҕа туос ыаҕаһы туппутунан Людмила Петровна киирэр. Обургу чөҥөчөххө олорон хомуйбут тэллэйдэрин бэрийэр. Сотору буолаат, дьүөгэлэрэ учуутал кыргыттар эмиэ ыаҕас тутуурдаах Елизавета, Ксенья киирэллэр.

Ксенья: Һуу, куйаас да күн буолла, абытыый-абытай!

Елизавета: Көмүс күһүн барахсан саха дьоно самаан сайыннарын ахта-саныы сырыттынар диэн тиһэх куйааһынан күндүлүүр буоллаҕа диэн маннык күнү этэн эрдэхтэрэ. Эчи көҕөрө тунааран халлаан үрдүгэ, күндээрэн түһэн күммүт ырааһа!

Люся: Диэмэ эрэ. Төрөөбүт Сахабыт сирэ-дойдута барахсан киэҥэ-куоҥа, тулалыыр айылҕатын араастаһыыта киһи сөҕүөх курдук атын-атына. Биһиэхэ Өлүөнэ умнаһыгар ото-маһа үөскүлэҥ, килиимэтэ сымнаһыар. Онно тиийэргит буоллар көрүөххүт этэ, уйаара-кэйээрэ биллибэт киһи хантайан хараҕа иирэр уһун да уһун, куустахха даҕаны киһи илиитэ уунан тиийбэт кедр мастаах киҥкиниир киэҥ тайҕаны. Аны сирин аһа, булдун арааһа. Кыргыттаар, тэҥкэ тииҥин этин сиэбиккит дуо? Суох даа, бүтүннүү сыа онтон ордук минньигэс эттээх булт баарын билбэппин, оттон кедр эриэхэтин этэ да барыллыбат.

Ксенья: Хаарыаны, оннук үтүө сиргэ төрөөбөтөх да буолан. Умнас, Умнас! Нуучча дойдута буоллаҕа. Люда, өстүбэһи да эн төрөөбүт дэриэбинэҥ Серкино диэн этэ дуу? Онно барыта эн аймахтарыҥ олороллор дуу, эбэтэр ким эрэ төрүттээбитэ дуу, холобур, биһигини Күтүр Эмээхсин уолун аатынан чараҥайдар дииллэрин курдук?

Люся: Оннук да буолуо, 17-с үйэ бүтүүтүн эргин Иркутскайга диэри дьаам суолун олохтуулларыгар маҥнай сахалары күүстэринэн олохтуу сатаабыттарын буолуммаккалар ыраахтааҕыга тиийэ үҥсэн, нуучча сириттэн аҕалан олохсутар буолбуттара үһү. Ол кэмҥэ биһиги өбүгэбит Иван  Серкин диэн Великоустье бааһынайа дьиэ кэргэнинээн кэлэн дьаам сүүрдээччинэн олохсуйбут. Онтон ыла өбүгэлэрбит утум-ситим дьаам сүүрдэннэр дэриэбинэбит быһаччы Серкино диэн ааттанар буолбут.

Елизавета: Бу да кыыс ону-маны түөһэн түһэн, аны Умнаска көһөөрү гынна дуу? Бэрт киһи эн Петровнаны аймахтаргыттан сыбааттаа, ойох барыам этэ диэ.

Ксенья: (кыргыттар күлсэллэр) Онно да туох баарый? Хата онно саха тылын учуутала наада эбитэ дуу?

Люся: Умнас дьоно аата эрэ нууччалар былыр-былыргыттан саханы кытта алтыһан сахатыйан хаалбыт дьон. Онуоха автономия ылыллыаҕыттан сахатытыы политиката олоххо киирэн оскуолаҕа саха тыла үөрэтиллэр. Ксюша, саараама, үлэ да кэргэн да көстөн иһиэ, тиий эрэ. Хата тугу хомуйдуҥ, көрдөр эрэ. (Ксенья ыаҕайатын ылан көрөр) Маладьыас, барыта сиэнэр тэллэйдэр эбит.

Елизавета: Учуутала үчүгэйэ, үөрэнээччитэ үөрэҕи ылымтыата сыттаҕа дии. Сахалар урут тэллэй сиэнэрин билбэт буолан күһүн от-мас хагдарыйыыта ыамҥа ынах кэлбэтэҕинэ: “Эмиэ ойууру кэтэн кунаахтаан сии сырыттаҕа,”- диэн мөҕүттэр буолаллара. Былыр Өлөксөй оҕонньор  уола  Михаил Алексеевич Афанасьевы оҕо эрдэҕинэ судаарыскайдар соҕуруу илдьэ баран үрдүк үөрэхтэнэн, омук дьахтара ойохтонон Саха уобалаһын мировой судьуйатынан ананан кэлбитин кэннэ ол дьахтар тэллэй хомуйан буһаран сииллэрин көрбүт дьон аата сүөһүгэ дылы кунаахтаан аһыыллар диэн сиилииллэрэ үһү.

Ксенья: Кыргыттаар, Көрүҥ эрэ, ол ким эрэ бу диэки иһэр.

Елизавета: (чарапчыланан көрө сатыыр) Хайыы, Ньукуус дии, Ньукуус…Люся, Ньукуус буолбат дуо?

Люся: Никус диэн ол хайаларай,  мин билбэт киһим дуо? ( сыныйан көрөн баран хайдах эрэ сымнаан хаалбыт куолаһынан) Николай Николаевич эбит дии…

Елизавета:  Ксюша, эн быһыыта ыксыыр этиҥ дии, барыахха. (Ксюшаны сиэтэн, баран иһэн ыллыыр: “Ой, цветет калина в поле у ручья…” Онуоха Ксюша хатан куолаһа хабан ылан:..”Парня молодого полюбила я…” күлсэ-күлсэ сырса тураллар.)

Люся: Кыргыттаар, тохтооҥ, куотумаҥ. Эмиэ дьэ тэбэнэттэрэ киирбит дии. (барыах курдук гынан эрдэҕинэ саатын сүкпүт, илиитигэр куобах тутуурдаах Николай Николаевич тиийэн  кэлэр. Люданы көрөөт,  долгуйбутун аһарынаары көхсүн этитэр уонна курун көннөрүнэн баран үөрүйэҕинэн чиккэс гынар)

Людмила Петровна: Здравия желаю товарищ комроты допризной военно-учебной подготовки при Чаранайской неполной средней школы! Исполняющая обязанности военврача санроты ДВП, лейтенант медицинской службы Серкина прибыла для несения своей обязанности на 1945-1946 учебно-военный год.

Николай Николаевич:  Рапорт принят! Вольно! (күлэ-күлэ сүүрэн кэлэн кууһа түспүт Люданы хабан ылаат, эргичитэр) Люда, Людмилаа, Люся! Көмүһүм, чыычааҕым оҕотоо, кэлбит эбиккин дуу, олус да аҕынным, суохтаатым! (хам кууһан ууруур)

Людмила Петровна: Мин да ахтыбатах үһүбүн дуо, хотойукпун. “Ахтан-ахтан ыраахтан, устан кэллим  Умнастан.”

Николай Николаевич: Хайыы букатын поэт буолан кэлбиккин дии? Төһө бэркэ сынньанныҥ, хаһан кэллиҥ? Бээрэ ити мин иһэрбин көрөөт, тигээрдээбит сүөһү курдук тигинэспит кимнээҕий? (саҥа өйдөөн саатын, куобаҕын төҥүргэскэ уурар)

Людмила Петровна: Бэҕэһээ киэһэ. Маннык истиҥ, иһирэх иэйиилээх эйгэҕэ сүүрбэччэлээх сүрэх хайаан поэт да, ырыаһыт буолбата кэлиэй? (оҕолуу ытыһын тэс гынаат, чэпчэки баҕайытык  атаҕын төбөтүгэр эргичис гынар) Ити дуо, Лизалаах Ксюша буоллаҕа дии. Лизалыын мааҕыын айылҕаҕа күүлэйдии таарыйа тэллэй көрүөхпүт диэбиппитин истэн Ксюша  бачча үчүгэй күҥҥэ мин эмиэ барсыам. Тыаҕа таҕыстахха тэллэй эрэ элбэҕин элбэх да, киһи сиирэ бу диэн билбэппин, үөрэтиэххит этэ буоллаҕа диэн  көрдөһөн, үһүө сырыттыбыт да, ити көрөрүҥ курдук күүппэккэ куотан хааллылар.

Николай Николаевич: Люда, ону эн туох дии саныыгын?

Людмила Петровна: Туох диэхпиний, көннөрү дьиибэлэрэ, тэбэнэттэрэ киирэн эрдэҕэ.

Николай Николаевич: Эн биһиги сыһыаммытын көрө-билэ да сылдьар буолан ахтыспыт сүрэхтэргэ мэһэйдээмээрилэр тыас хомуннахтара. Ырыалара даҕаны, бу анаан үлэспит  курдук көрсүһүү,  күн, халлаан, күһүҥҥү алтан көмүс айылҕа нуурала таптал имэҥнээх иэйиитинэн өйү-сүрэҕи өрүкүтэр, үрдүккэ, кэрэҕэ кынаттыыр буолбат дуо, сэгэриэм? (илиитин ылан ытыһыгар холбуу тутар) Бу туллук курдук туус маҕан, сып-сылаас, нарын илии сылааһын ахтыбыт-суохтаабыт да эбиппин. (ууруур)

Людмила Петровна: Мин да эн уоттаах хараххын, уйаҕас сыһыаҥҥын ахтыбатах күнүм суоҕа буолуо. Этиэх этэрин курдук киһи эрэ маннык дьикти айылҕа күөнүгэр уйан сүрэҕэ ууллубата кэлиэ дуо?  Никуша! Никуша, мин тапталым хайдах курдук кэрэтик иһиллэр аатый? Ээ, арба даҕаны мааҕыын Лиза эн иһэргин көрөөт да, хайдах эрэ уйаҕас баҕайытык “Никуус” диэбитин бастаан аахайбатаҕым, оттон бэйэм көрөөт да, сүрэҕим тохтоон ыларга дылы гыммыта.

Николай Николаевич: Людмила – Люда – Мила! Минньигэстик да сүрбэр-куппар күөрэгэй ырыатыныы дьүрүһүйэн киирэрин таайарыҥ буолуо дуо, сэгэриэм,  (куустуһан уураһаллар). Люда, ити Никуша диэн ыҥырарбытыҥ кыра эрдэхпинэ өлбүт аҕабын, икки сыллааҕыта ыалдьан суох буолбут таптыыр  ийэм Татыйыананы санатта. Аҕабын Ньукууһа дииллэрэ. Миигин үөлээннээхтэрим, дьонум билигин даҕаны Ньукуус дииллэр.

Людмила Петровна: Ээ, кырдьык, Лиза ийэтэ Анна Илларионовна хаһан эрэ түннүгүнэн көрө-көрө сэҥээрэр дуу, сэргиир дуу курдук Никуус ааһан эрэр диир этэ. Бээрэ, ити Лиза  даҕаны  билигин эмиэ хайдах эрэ долгуйбут куолаһынан Никуус диэтэ ээ? (үөһэ тыынар, умса туттар.) Лиза  букатын саха кырасаабыссата, саха кыргыттарыттан кини курдук кэрэ, нарын кыыһы көрө иликпин. (атаах оҕолуу уоһун толлоччу туттар) Хайа аны Лиза!..

Николай Николаевич: Кэбиис, күнүүлээмээ! (түөһүгэр хам кууһар) Истэҕин дуо, мин сүрэҕим тыаһын. Эйиигин эрэ таптыырын этэн: “Лю-даа, Лю-даа..!”   диэн тиҥиргэччи тэбэрин. Онно Людаттан атын кимиэхэ да миэстэ суох!  Онтон    Лиза дуо, Елизавета  Федоровналыын эт саастыыбыт, оскуолаҕа киириэн инниттэн нууччалыы, сахалыы иҥнибэккэ ааҕар, суоттуур буолан, маҥнайгы кылаас иккис чиэппэрриттэн иккис кылааска көһөрбүттэрэ. Орто оскуоланы мин куорат 8 №-дээх оскуолатыгар аҕам Ньукууһа мин ийэбин ылыан иннинэ төрөппүт үс кыыһыттан улаханнара атах таҥаһын оҥорор сыахха иистэнэр Варвара Николаевна Румянцевалаахха олорон бүтэрбитим. Оттон Лиза ыраах Бэрдьигэстээххэ учуутал убайыгар дьоно көһөн тиийэннэр онно бүтэрбит этэ. Иккиэн үлэһит буолан дойдубутугар саҥа эргилиннэхпит.

Людмила Петровна: (чэпчээн, мичилийэ түһэр) Куоракка нуучча оскуолатыгар үөрэнэн нууччалыы үчүгэйдик саҥарар эбиккин дии. Мин били былырыын учууталлар оройуоннааҕы мунньахтарыгар тыл этэргин истэ олорон нууччалыы хомоҕой тыллаах, кэлэрэ-барара сытыыта куорат уола быһыылаах дии санаабытым. Аны анаммыт Чараҥайбар букатын даҕаны эн айаным аргыһа буолан хаалбытыҥ.

Николай Николаевич: (күлэр) Оччолорго олоҕум аргыһа кыыһы, аналлаахпын сүгүннэрэн иһэрим буолуо дии санаабытым буолуо дуо, суох буоллаҕа. Аны санаатахха, остуоруйа, олоҥхо курдук үүт кэрэ акка мэҥэһиннэрэн, аара Хараҕа Төрдүнэн, Чабычаҕынан, Эрбэһининэн ыалларга тохтоон чэйдии-чэйдии сиэллэрэн сикситэн, хаамтаран халыһытан Чараҥайбытыгар кэлбиппит.

Людмила Петровна: (үөннээхтик имнэнэн баран) Мэҥэһиннэрэн диэхтиигин да эн буолбакка мин мэҥэһиннэрэн кэлбитим. Онон женихпин мин сүгүннэрбиппэр тиийээр?!

Николай Николаевич: Ама да оннук буолбатар… (кууһан ылан эргичиҥнэтэр. Иккиэн дьоллоохтук күлсэллэр)

Людмила Петровна: Оннуук-оннук… Эн миигин иҥэһэҕэ да үктэннэрэр бокуой биэрбэккэ көтөҕөн ылан   ыҥыырга  олордон баран, бэйэҥ үксүн сатыы, ардыгар сүүрэ былаастаан айаннаабыппыт дии? Бэрт дэҥҥэ эрэ, ону да мин “аттан түһээри бууннаатахпына” эрэ мэҥэстэн ыларыҥ. Сыыр түһүүтэ-тахсыыта кэллэҕинэ аттан чэпчэки баҕайытык ыстанан түһээт, иннибэр сүүрэн элэстэнэриҥ. Сыыры үрдүк, намыһах диэбэккэ өрө сүүрэн тахсан баран, кэтэһэн турар буоларыҥ. Сылайар-элэйэр диэни билбэт уол оҕо бэйэккээннээҕэ эбит диэн онно сэҥээрэ, хайгыы көрбүтүм.

Николай Николаевич: Ноо, ол эрээри (дьоһумсуйбуттуу туттар)  баара-суоҕа 18 саастаах кыыс оҕо нарынын, кэрэтин, саха сааскы ньургуһунун курдук нуучча кырасаабыссатын көрөн туран,  мин да сүүрбэччэлээх уолан ыҥыырга олордубакка, мэҥэһиннэрэн иһиэм этэ дуо? Күн сиригэр кэрэ диэн баар буоллаҕына бу кыыс курдуктары этэн эрдэхтэрэ диэн санаа аан бастаан көрө түһээппин кытта охсуллан ыллаҕа.

Людмила Николаевна: Коля, иккиэн даҕаны көрдө көрөөт, били нууччалар этэллэрин курдук “любовь с первого взгляда” харахпыт тута хатаммыт, сүрэхпит эмиэ бииргэ сүүдьүйбүт эбит дии?

Николай Николаевич: Оннуук-оннук, сэгэрим оҕото!

Людмила Петровна: Бииргэ айаннаан уонна уһун суолу быһа нуучча, омук араас суруйааччылара айбыт геройдарын ыраас тапталларын туһунан кэпсэтэ, сэлэһэ испиппит. Ардыгар мөккүһэн да ыларбыт. Онно эн ордук Пушкин уһулуччу талааныгар сүгүрүйэргин, кини курдук таптал дириҥ иэйиитин, кэрэтин, сырдыгын, ырааһын поэзияҕа эрэ буолбакка, прозаҕа, драма киэбигэр кытта, киһи кутун-сүрүн, дууһатын уйан кылын тыытан, ытатар-ыллатар күүстээх айымньылары айан хаалларбыт нуучча кылаассыктарыгар тэҥнээҕэ суох диэн баран, “Евгений Онегинтан” поэт  Татьяна уобараһын хоһуйбут балачча уһун кэрчиги өйгүттэн ааҕан соһуппутуҥ.

Николай Николаевич: Уһун айаҥҥа чуҥкуйуо диэммин эйиигин аралдьытаары, буолаары буолан, нуучча тылын учуутала киһини кытта кэпсэтэр тема литература буоллаҕа. Онуоха эн кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн тырыбыныы иһэриҥ таптал иэйиитин, имэҥин литература геройдарынан эрэ сабаҕалаан оҥорон көрөр эдэр киһи сүрэхпин өрүкүтэн омуннура-төлөннүрэ ааҕар быһыылааҕым.

Людмила Петровна: Хаһан да харахтаан көрбөтөх сирбэр тиийэн баран, олохтоох учуутал кыргыттары кытта бодоруһуом иннинэ саамай чугас киһим эн этиҥ. Эйиэхэ сыста, кэпсэтэ сатыырым. Хата эн туора тутта сатаабат буолаҥҥын ханна эрэ бардаххына бэл суохтуу, соҕотохсуйа түһэрим.

Николай Николаевич: Мин да ону сэрэйэрим да, ирэ-хоро кэпсэтэр дьүөгэтэ суох буолан сыстар буоллаҕа дии саныырым. Хайа уонна оройуон кииниттэн аттаах-атыырдаах “сүгүннэрэн” кэлбит киһи эппиэтинэспин өйдүүр буоллаҕым дии.

Людмила Петровна: Коля, кырдьыгынан эттэххэ, аара айаннаан иһэн да, манна кэлэн да баран, бу Уус Алдан сирин-уотун сүрдээҕин соһуйа, атыҥырыы көрбүтүм. Эчи алаастаргыт эргиччи үрдүк сыырдаах-буордаах хайдах эрэ хобордоох иһигэр сылдьар курдугум. Аны кыһынын түптэлэс тымныыта салытыннарбыта. Почта сырыыта мөлтөҕө, кэлээт да тута  дьоммор, дьүөгэлэрбэр ыыталаабыт  суруктарым эппиэттэрин кэтэһэн-кэтэһэн кыһын оройо ылыым даҕаны өйбүн-санаабын амньыратыах курдуга. Үөрэх сылын түмүктээн баран мантан барбыт эрэ киһи диэн санаа кииртэлиирэ.

Николай Николаевич: Тыый, адьас да күрүү сыспыккын дии? Оттон тоҕо эрэ атын сиргэ баран хаалбакка, төннөн кэлбиккин дии… Санааҥ туохтан уларыйда дуу, эбэтэр…?

Людмила Петровна: Ээ, ол маҥнай утаа. Кэлин син үлэбэр, олохпор-дьаһахпар сыстан үөрэнэн бардаҕым дии. Аны санаатахха,  оҕотуйуу эбитэ дуу, бастакы быстах санаа диэххэ дуу, эбитэ буолуо. Дьиҥэр, Николай Ильич кэпсэтэн, Лиза дьонугар  олохтообута. Аҕата Федор Федорович умнас бааһынайдарын санатар ыраас хааннаах, уот кугас бытыктаах, уһун курбуу уҥуохтаах, былыргылыы үөрэхтээх буолан нууччалыы уу сүүрүгүн курдук кудуххайдык кэпсэтэр интеллегентнэй киһи. Оттон ийэтэ Анна Илларионовнаны этэ да барыллыбат, ньир-бааччы олохтоох, элбэх оҕолоох-уруулаах, быһата саха ыалын далбар хотуна. Кинилэр да кыыстарыгар ханыылыы көрөн истиҥ сыһыаннара , сабыдыаллара төннөн кэлэрбэр кырата суоҕа эбитэ буолуо.

Николай Николаевич: Онтон атын төннөр төрүөт суоҕа дуо, ээ Людаа?  Эн биһиги истиҥ сыһыаммыт, тапталбыт?

Людмила Петровна: Ама хайаан?! Сайын дойдубар тиийбиппэр ийэлээх аҕам, аймахтарым бары Мухтуйаҕа, үөрэммит оскуолаҕар хаал диэн хаайбыттара. Өссө нуучча үгэһинэн милииссийэ тойоно тор курдук бытыктаах, кэйиик  оҕус курдук  хааннаҕынан күлтэччи көрбүт харахтаах кэлии нууччаҕа сыбааттаары күн-хаан бөҕө. Төһө да эн биһиги тапталбыт туһунан  кистии-баттыы сатаатарбын өйбүттэн-сүрэхпиттэн эн мөссүөнүҥ, күлбүт-үөрбүт эйэҕэс мичээриҥ өссө сырдаан, мин  тапталым, сирдээҕи аналым, дьолум-соргум кини, киниттэн атын ким да суох диэн эрэлим-итэҕэлим ол сыыттыы сатааһынтан өссө күүһүрэн хара күүспүнэн төннөн кэлбиппэр манна бэйэлэрин төрөппүт оҕолорун курдук киһи барыта үөрэ-көтө көрүстүлэр ээ… Оттон эн?

Николай Николаевич: Мин саҕа кэтэспит, суохтаабыт арааһа аҕыйаҕа буолуо. Үөрэх саҕаланыан инниттэн хаһан кэлэр диэн тулуйбакка-тэһийбэккэ кэтэһии бөҕө. Оттон бүтүн нэдиэлэ устата кэлбэтэххэр  миэхэ да  иэрэҥ-саараҥ санаа кииртэлээн, райОНО-тан ыйыталаспыппар тугу да биллэрэ илик, аара тардыллыбыта буолуо диэннэр санаам эгди буолта. Быйыл куобах биллэн, иллэҥсийдим да, санаабын аралдьыта таарыйа чугастааҕы ойууру кэрийэбин. Кэрийэн да диэн, наар эйиигин санаан, быһаас ньургуһуннаах халдьаайынан үөрэ-көтө дьаарбайарбыт харахпар тиллэргэ, субу баар курдук көстөн кэлэргэ дылы. Субу ( ытыһыгар ууран имэрийэр) хойуу, долгуннура оонньуур уп-уһун солко суһуоххун  биир гына өрүнэн түөскэр түһэрэн, төбөҕөр ньургуһунунан бастыҥа оҥостон кэтэн, күлэн-үөрэн мичилийэ олороргун өйбөр оҥорон көрөрүм кэрэ да этэ! ( мичилиспит харахтарын уота сөҥөн умса нөрүйэр) Онтон тоҕо хойутаата, туохтан тардылынна диэн курус санаа кууһа түһэн, аны Людам кэлбэтин, ханнык эрэ Умнас сытыы-хотуу уолан бэрдэ эн сааскы саҥа тыллыбыт иирэ талах курдук имигэс таһааҕын, көтөр кынат хаастаргын, тырым-мичил хараххын таптаан…

Людмила Петровна: (сөмүйэтин төбөтүнэн уол уоһун баттыыр уонна долгуйбут куолаһынан)  Никуша, таҥара быыһаатын, аны хаһан да итинник санаабат буол. Эн биһиги тапталбыт тыыннаахпыт тухары олохпутун арыаллыа, араҥаччылыа. ( кууһа түһэн ууруур) Бу алаадьы курдук төп-төгүрүк алаастар халдьаайыларын бүрүйэ үүнэр ап-араҕас ньургуһуннар, бу арыы наҥнаһын хатыҥнардаах Араҥас чараҥа хаста-хаста уубун аймаабыттара буолуой, Никуша? Эн биһиэхэ таптал иэйиитин бэлэхтээбит  ааспыт сааһы санаабатах күнүм суоҕа буолуо. Бэйэтэ да дьикти иэйии имэҥнээх кэрэ да саас этэ! Сибэккилээх кырдалынан арыт оҕо курдук сэттиһэн баран лыаҕы эккирэтэн сырсарбыт, арыт мутукча сытынан сайа тыынан күөрэгэй дьырылас ырыатыгар абылатан куустуһан олорорбут. Үчүгэй да этээ…

Николай Николаевич: Оннук ээ, сэгэриэм. Кырдьыга да эн биһиги тапталбыт төлөнүн күөдьүппүт эн этэриҥ курдук дьикти кэрэ саас – Улуу Кыайыыны түөһүгэр көтөҕөн кэлбит, эйэлээх олоҕу эргиппит Дьол, Үөрүү, Өрөгөй сааһа этэ! Өйдүүгүөн, мин Кыайыы буолбутун туһунан аан бастаан истээт, оскуолаҕа көтөн түһэн: “Кыайыы! Берлин самныбыт! Ураа!” диэбиппэр учууталлыын, оҕолуун соһуйан, маска хараҕаламмыт курдук чочумча ах баран ылбыттарын. Онно эн сүүрэн кэлэн: “Коля! Бу дьолу, бу үөрүүнү!”- диэт моойбуттан кууһа түһээт, уураа да уураа буолбуккун. Онно эрэ уһуктан кэлбиттии бука бары “ураа, ураа!” дэһэ-дэһэ таһырдьа ойон тахсаат, уураһыы-сыллаһыы бөҕө буолбуппут.

Людмила Петровна: Директор Николай Ильич оҕолору Кыайыы буолбутун дьоҥҥутугар тириэрдиҥ уонна түөртүүр ыам кэнниттэн оскуолаҕа миитин буоларын туһунан этиҥ, бука бары таҥнан-симэнэн кэллинэр  диэн тарҕаппыта. Дьон үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх этэ. Турар турбат барыта кэлбитэ. Эн дакылааккын дьон долгуйа, өрө көтөҕүллэн истибиттэрэ. Бүтүүгэр: “Туругурдун, албан ааттаах Кыһыл Армия! Туругурдун, кыайыыттан кыайыыга сирдиир хаан-уруу Коммунист партия! Туругурдун, улуу сирдьиппит Сталин! Ураа!”- диэбиккэр оҕолуун-уруулуун сүһүөхтэригэр туран ураатаабыттара. Миитин кэнниттэн учууталлар, улахан кылаас оҕолоро түмсэммит концерт тэрийбиппит. Лиза аҕатынаан уонна Николай Ильич буолан балалаайкаҕа оонньооннор өргө диэри үҥкүү, көр-нар бөҕө буолбута, нууччалыы, сахалыы ырыа бөҕө ылламмыта.

Николай Николаевич: Күнэ да анаан оҥорбут курдук түүтэх да саҕа былыта суох сырдыга, сылааһа күн да күн этэ дии… Сирдиин-халлаанныын тэҥҥэ ыллаһар, үөрэр-көтөр курдуга.  Үчүгэй да этэ.  Үҥкүү быыһыгар мин сөрүүкүү тахсан баран, эйиигин дьаарбайа хаамсыах эрэ диэн оҕо эрдэхпитинэ мустан оонньуур Араҥас Чараҥар илдьибитим. Онно эйэлээх олох  букатыннаахтык эргиллибит сайаҕас саҥа күнү сиэттиспитинэн үөрэ-долгуйа көрсүспүппүт. Ол үөрүү өрөгөй күнэ хайы-үйэ биһиги дойдубут, норуоппут сүдү кыайыытын кэрэһитэ буолан историяҕа кыһыл көмүһүнэн суруллан киирдэ.  Люда! Эн биһиги чахчы дьоллоох дьоммут. Олох көнүө, сайдыы кэҥиэ. Биһиги көлүөнэ дьон социализм сардаҥалаах аартыгар саҥа саҕахтары арыйыахпыт. Ол күүрээннээх олох, үлэ үөһүгэр эн  биһиги дьоллоох дьиэ-кэргэн тэринэн, оҕолонон-урууланан инники күөҥҥэ сылдьыахпыт! Оннук дуо, көмүһүөм?

Людмила Николаевна: Оннуук-оннук, мохсоҕолуом! ( таптал төлөннөөх уотун  күөдьүтэр харахтара тырымнаһан куустуһа түһээт, сиэттиспитинэн сырса тураллар)

Быыс .

БЭҺИС ТӨГҮЛЭ

Оонньуур дьоно:

Николай Тарскай

Иннокентий Игнатьев

Роман Бурнашов

Валерий Кочнев

Василий Румянцев

Оонньуур кэмэ:

Биэс уонус сыллар. Москва. Сталин аатынан Ленин орденнаах физкультура уонна спорт институтун студеннара олорор уопсай дьиэлэрин хоһугар Саха сириттэн үөрэнэ сылдьар уолаттар мустан күө-дьаа кэпсэтэ олороллор. Ааны тоҥсуйан баран, номоҕон дьүһүннээх, толору эттээх-сииннээх, сырдык көстүүмнээх, хаалтыстаах, сэлээппэлээх эдэр киһи киирэн дорооболоһор.

Николай: Уолаттар, үгүскүт билбэтэ буолуо, бу биир дойдулааҕым Ленинград куорат Герцен аатынан государственнай институт студена дэгиттэр сайдыылаах спортсмен Вася Румянцев.

Валерий: Вася билсиһэн кэбиһиэх, мин Валерий Кочневпын. Соһуйума, нуучча көрүҥнээҕим иһин Мархаҕа төрөөбүт-үөскээбит, Дьокуускайга үөрэммит киһибин. Эн ханнык оройуоҥҥунуй, спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанаҕый?

Вася: (илии тутуһаллар) Николай Николаевич киммин-туохпун билиһиннэрдэ. Бэйэм Уус Алдан биир уһук нэһилиэгэ Торуой Өспөх Арҕаа уҥуоругар Алыһардаахха  төрөөбүтүм. Саккырыыр Сиэгэн Күөлүгэр сэттиһи, куорат иккис оскуолатыгар орто үөрэҕи бүтэрбитим. Спорка ордук институкка киирэн баран идэтийбит тренердэргэ эрчиллэн, олор сүбэлэринэн самбонан, классическай уонна көҥүл тустуунан сөбүлээн дьарыктанабын.

Валерий: Оччоҕо физкультурнай отделениеҕа үөрэнэр буоллаҕыҥ?

Василий: Суох, географ идэтигэр үөрэнэбин.

Иннокентий: Дьэ доҕоор, сахаҕа бөдөҥ-садаҥ, ыччат мааныта эбиккин. Быһыы-таһаа да мааны (эргиэйэ сылдьан астыммыттыы быччыҥын тутан-хабан көрөр) сэрии кэнниттэн мин бу уолга холоонноох саха ыччатыгар түбэһэ иликпин. Төрүттэргэр күүстээхтэр бааллара дуо?

Николай: (быһа түһэн) Баар бөҕө! Дүпсүҥҥэ бу үйэ саҕаланыаҕыттан бүтүн Саха уобалаһын үрдүнэн аатырбыт дуолан күүстээхтэр түөлбэлээн үөскээн ааспыттара. Дэлэминэҕэ да килиэккэҕэ хаайылла сытар үрүҥ эһэ саба түспүтүн  Күүстээх Куонаан сабырҕаҕыттан ылан умса баттаан баран, ыккытын харайыҥ, эбэтэр баһын хампы охсобун дуу диэ дуо? Мин оҕо сылдьан элбэхтэ көрбүт кини туһунан сэһэннэри умсугуйа истибит киһим, Колчак былааһын саҕана соҕурууттан Дьокуускайга гастроллуу кэлбит цирка артыыһа, ыарахан трюктары оонньоон көрдөрөр нуучча бухатыырын кыайан соһуппут Күүстээх Уйбаан, Күүстээх Күлүүчүкүн, отутус сылларга сураҕырбыт Күүстээх Наһаарап. Ол Наһаарап Вася Румянцев төрөөбүт таайа. Оннук буолбат дуо?

Василий: Ийэм бииргэ төрөөбүт сурдьа этэ. Оҕо сылдьан көрөр этим, ордук Сиэгэн Күөлгэ үөрэнэрбэр Дьааҥыга таһаҕас тиэйиитигэр кэлэн-баран иһэн эдьиийим аахха аттарын сынньата өспөхтөр өрүү хонон-өрөөн ааһаллара. Онно көрдөхпүнэ  турдаҕына дьонтон моонньоох баһынан үрдүк, бөдөҥ-садаҥ киһи этэ. Күүстээх бөҕө,  ордук курдаһан тустуугунан биллэрэ үһү. Курдаһан тустар, бэйэтэ таптаан туттар албастааҕа дииллэрэ. Ол албаһыгар кэргэнин сурдьа, сэрии сылларын кэнниттэн курдаһан тустууга оройуонунан, куоратынан халбархай бырахсыылаах Күүстээх Ньукууска дуо  дэммит Николай Петрович Босиков саҥа туран эрэр уол эрдэҕинэ уһуйбута дииллэрэ. Ол киһини мин көрбөтөҕүм.

Николай: Мин иккиэннэрин истэн билэрим таһынан көрбүт да дьонум этэ. Бу Вася таайын 1936 сыллааҕы Уус Алдан ыһыаҕар уон иккилээх уол сылдьан тустарын көрбүтүм. Ыһыах дьоно бары Күүстээх Наһаарап-Быйааба дуо диэн батыһа сылдьан көрөр бөдөҥ-садаҥ, толуу көрүҥнээх киһи этэ. Тустарыгар утарсааччыларын түөрэ тэбэн, өттүгэр мииннэрэн эбэтэр  өрө баһан таһааран баран сири-буору булларарын бэл оччолорго сөҕөн буолуо, өйдөөн хаалбыт эбиппин. Оттон Күүстээх Ньукууска Кыайыы ыһыаҕар эмиэ курдаһан тустууга бастаабыта. Уҥуоҕунан ортону үрдүнэн эт ласха киһи эбит этэ да, бэйэтинээҕэр лаппа улахан уонна күүстээххэ холонор дьону, Вася этэрин курдук, Быйааба тустар ньыматынан буолуо, түөрүтэ тэбиэлээн охтортуура.

Рома: Даа, утум-удьуор үчүгэй эбит. Туох ситиһиилэрдээххиний? Ханнык көрүҥҥэ? Сахалар хайыһарга үөрүйэхтэр, хайа аны хайыһардьыт буолаайыҥый?

Василий: Суох, хайыһарынан анаан-минээн дьарыктамматарбын даҕаны институт иһинээҕи күрэхтэһиилэргэ сороҕор миэстэлэһээччибин.

Николай: Вася сэмэйэ бэрт буолан ситиһиилэрин ситэ кэпсээбэт. 1951 сыллаахха Ленинградка саҥа тиийээт да, үөрэнэр Жданов аатынан университетын 3 км. сүүрүүгэ итиэннэ 110 м.  мэһэйдээх сүүрүүгэ   рекордун олохтообут этэ. Самбоҕа, классическай уонна көҥүл тустууга Ленинград куорат сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Бу баара суоҕа үс сыл иһигэр дьоһуннаах ситиһии буолбат дуо? Сахаттан итинник ситиһиилэммит суох. Вася Ленинградка эрэ буолбакка, Союз спортивнай эйгэтигэр  саха омук диэн баарын  уонна Саха сиригэр спорт сайдар кэскиллээҕин итэҕэттэ.

Рома: Николай эйиигин билиһиннэрэригэр Герцеҥҥэ үөрэнэр диэбитэ. Университекка киирэн, уһун дистанцияҕа, өссө мэһэйдээх сүүрүгэ рекордары олохтоон биллэн-көстөн баран, хайдах Герцеҥҥэ көһөн хааллыҥ? Эбэтэр ити этэр тустууҥ көрүҥнэригэр кэкиллээх диэннэр тренердэр көһөрбүттэрэ дуу?

Василий: Оннук суоҕа. Университет уонна институт иһинэн баар хотугу аҕыйах ахсааннаах наруоттар факультеттарын былырыын 1953 сыл күһүнүгэр холбооннор герценецтэр буола түспүппүт.

Иннокентий: Институккутугар сахалар төһөҕүтүй уонна эн курдук спордунан дьарыктанааччылар бааллар дуо?

Василий: Уон төрдүөбүт. Спортивнай секцияларга дьарыктанар алта-хас уолаттар баарбыт. Мин иккис оскуолаҕа биир кэмҥэ үөрэммит уолаттарым Дима Коркин уонна Кирилл Григорьев буоламмыт тустуу таһынан саҥа сайдан эрэр самбоны сөбүлээн дьарыкка сылдьабыт. Син ханнык эмэ ситиһиилэр бааллар диэххэ сөп. Быйыл Дималаах Кирилл көҥүл тустууга куорат күрэхтэһиилэригэр миэстэлэстилэр, Вася Абрамов да куһаҕана суох туһунна, мин самбоҕа ыйааммар чемпионнаатым. Дима өссө боксаны сөбүлүүр. Бэл перчаткатын оронун үрдүгэр ыйаан туруорар.

Рома: Дьэ уолаттар да уолаттар! Союзка  тустуу бары көрүҥнэрин сайдыытыгар Москваны, Грузияны кытта бас-көс оруолу ылар Ленинград ааттаахтарын кытта эрбии тииһин курдук тэҥҥэ эрийсэр, өссө бу Вася  чемпионнуур!

Николай: Уолаттаар, үөрэхпитин бүтэрэн, дойдубутугар физкультура уонна спорт үрдүк квалификациялаах специалистара буолан эргиллэрбит чугаһаата. Онно тиийэн ыһыллан хаалбакка, бары тутуспутунан быйыл саҥа бүтэрэн Дьокуускайга тиийэн үлэлээн эрэр доҕотторбут Сеня Эверстовы, кэргэннии Геннадий уонна Ирина Гусевтары итиэннэ олохтоох кадрдар күүстэрин түмэн спорт уонна физическэй культура маассабай хамсааһынын киэҥник тэнитиигэ ылсыах тустаахпыт. Онно биһигини ааспыт Хельсинкатааҕы Сайыҥҥы Олимпийскай Оонньууларга Советскай Союз хамаандата  аан бастаан кыттан, сөҕүмэр кыайыыны ситиһиитэ кынаттыыр.

Иннокентий: Коля сөпкө этэр. Ити Олимпиадаҕа советскай спорт өрөгөйдөөһүнэ этэ. Олимпиада түмүгүнэн ССРС 295 киһилээх толору хамаанданы туруоран 22 кыһыл, 30 үрүҥ, 19 боруонса, барыта 71 мэтээли ылан иккис тахсыбыта.  Биһиги Саха сирин ыччаттара оруобуна Олимпиадаҕа бэлэмнэнии, оттон Олимпиадаҕа советскай спортсменнар сөҕүмэр ситиһиилэринэн бүтүн советскай норуот өрө көҕүллүбүт кэмигэр үөрэнэ сылдьар дьоллоохпут. Хельсинкигэ бэлэмниир бары тэрээһиннэр биһиги преподавателлэрбит, тренердэрбит быһаччы кыттыыларынан харахпыт далын ортотугар буолбута. Спортсменнар ортолоругар биир кэмҥэ  үөрэнэр талааннар истэриттэн олимпиада чемпионнара, призердара баалларынан бары киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Дойдубутугар тиийэн оҕолору, үлэлиир ыччаты олимпиада тыыныгар, геройдарын холобуругар иитиэхпит.

Валера: Оннук. Биһиги институппутугар араас сылларга үөрэммит гимнастартан турар эр дьон уонна дьахталлар хамаандалара атыттары хаардыы хааман, хамаанданан бастаабыттарын таһынан биирдиилээн көрүҥнэргэ барыта 7 кыһыл, 12 үрүҥ көмүс 1 боруонса мэтээли ылбыттара. Биһиги Гена Гусевпыт үгүстэрин кытта бииргэ үөрэммитэ, эрчиллибитэ ээ. Билигин олимпийскай чемпионнар Виктор Чукарин, Грант Шагинян, Мария Гороховская, Нина Бочарова, Екатерина Клинчук ааттарын аан дойду барыта билэр.

Николай: Уолаттаар, бу күннэргэ институт уопсай партийнай мунньаҕар директор Борис Митрофанович кэлэр олимпиадаҕа бэлэмнэнии туругун уонна соруктар тустарынан отчуоттаата. Киирии тылыгар Аҕа дойду сэриитин түмүгэр аан дойду историятыгар социализм лааҕыра үөскээбитинэн соҥноммут “тымныы сэриинэн” ССРС олимпиадаҕа кыттарын МОК 1950 сылга диэри  бобон олорбута. Ити сыл бүтүүтэ эрэ ССРС  кыттарыгар көҥүл туһунан ыҥырыыта кэлэн, ССРС Олимпийскай Комитета 1951 сыл муус устар 23 күнүгэр саҥа тэриллибитэ. Председателинэн талыллыбыт Константин Андрианов салалтатынан 1952 сыллааҕы олимпиадаҕа  баара-суоҕа сыл курдук эрэ бэлэмнэммит биһиги спортсменнарбыт чаҕылхай ситиһиилэрэ ССРС спортивнай держава, Эйэ уонна Доҕордоһуу посола  буоларын, ону ааһан социализм системата ордугун дакаастаата диэн эттэ. Кэлэр 1956 сыллааҕы олимпиадаҕа бэлэмнэнии соруктарыгар тохтууругар институту бүтэрээри сылдьар студеннарга туһаайан,  региоҥҥутугар физическэй культура уонна спорт маассабай хамсааһынын тэрийиигэ күүскэ үлэлиэххитин, онно тирэҕирэн олимпийскай  көрүҥнэри олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн сайыннарарга итиэннэ иитиллээччилэргит спортивнай маастарыстыбаларын үрдэтиигэ болҕтону ууруоххутун наада. Олимпиадалар чемпионнарын иитэн таһаарыы кэскилэ, биһиги инники резербэбит итиннэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Иннокентий: Биһиги Сахабыт сирэ эрэ буолуо дуо, Дальнай Восток да үрдүнэн олимпиада таһымыгар тахсар үрдүк кылаастаах спортсмены иитии үлэтэ соччо-бачча кыалла илигэ биллэр. Кырдьыга да Саха сирэ тыытыллыбатах резербэни сөҥөрдөн сытар регионнартан биирдэрэ.  Саҥа хаары тэлэр төһө да ыараханын иһин,  Колябытын,  дьону сатаан түмэр, көҕүлүүр, салайар кыахтааҕын дойду саамай бөдөҥ институтугар үөрэнэр сылларбытыгар итэҕэппит лиидэрбитин күөн оҥостон, Саха сиригэр спорка маассабай хамсааһыны тэнитэр, ону тэҥэ спортсменнар спортивнай маастарыстыбаларын үрдэтэр иһин үлэлиэх-хамсыах тустаахпыт.

Николай: Онно дойду бастыҥ тренэрдэригэр иитиллибит бу Василий Румянцев ситиһиилэрэ биһиэхэ күүс-уох биэрэр. Спорт маассабаһыгар итиэннэ үрдүк кылаастаах спортсменнары бэлэмнээһиҥҥэ идэтийбит тренердэри киинтэн ыҥыран көмөлөһүннэриэх, олор уопуттарыгар тирэҕирэн бэйэ иһиттэн тренердэри иитиэх-үөрэттэриэх тустаахпыт. Мин быйыл сайын дойдубар бара сылдьан Саха АССР Министрдэрин Советын председателэ Кучеров приемугар киирэ сылдьан ити этэр идеяларбын кэпсээбиппин кэрэхсии иһиттэ уонна үөрэххитин бүтэрэн кэллэххитинэ өйүөхпүт, көмөлөһүөхпүт диэтэ. Ону тэҥэ ресспортсовет председателэ Иван Степанович Шкулепоны, Сеняны уонна Геналаах Ираны кытта көрсөн кэпсэттим.

Рома: Бэрт эбит. Мин эмиэ Иван Степановичка киирэ сылдьыбытым. Онно биһиги институппутун сэргэ Омскайдааҕы институкка, Иркутскайдааҕы, Крымнааҕы,  технумнарга Леонид Кычкин, Илья Павлов, Сергей Зедгенизов онтон да атыттар үөрэнэ сылдьалларын туһунан кэпсээбитэ. Москвичтар уонна ленинградецтар үөрэххитин бүтэрэн кэллэххитинэ республикабытыгар физическэй культура уонна спорт сайдыытыгар хамсааһынны көҕүлүүр күүс буолуоххут этэ диэбитэ.

Николай: Шкулепо ресспорткомитет председателинэн уонча сыл салайбыт уопуттаах салайааччы. Ити сылларга ыытыллыбыт спартакиадалар ыырдара кыараҕас этэ. Дьокуускай куорат уонна киин, илин эҥэр оройуоннар спортсменнара хамаанда тэринэн кытталлара. Биһиги сорукпут республика бары оройуоннарын хабан физкультура уонна спорт маассабаһын көҕүлүөх, тэрийиэх тустаахпыт. Кэлэр 1956 сыллааҕы Олимпийскай Оонньууларга ССРС сүүмэрдэммит хамаандата бастыахтаах  диэн партия уонна правительство туруорар соруга оннук. Вася, мин бу күннэргэ Ленинградка барар былааннаахпын. Эн тиийээт да  бииргэ үөрэнэр тустуук уолаттаргар эт мин кинилэри кытта көрсүөм, эрчиллиилэригэр сылдьыам, тренердэргитин көрсөн кэпсэтиэм этим.   Ону ааһан, атын студеннары ыҥыран, бары мустан Саха сирин сайдар кэскилин, спорт туһунан ирэ-хоро кэпсэтиэхпит. Сөп дуо?

***

Сцена хараҥарар. Онтон сыыйа сырдаан кэлэр. Күһүөрү сайын. Куорат таһынааҕы Сайсары бэс чагдатыгар Москваттан үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит доҕордуулар күүлэйдии, сынньана сылдьаллар.

Иннокентий:  Уолаттаар, партия Уобаластааҕы Комитета  саамай сөпкө Николай Николаевиһы, кэллэ кэлээтин кытта Министрдэр Советтарын иһинэн  Ресспорт комитет председателин солбуйааччынан анаата. Эҕэрдэлиэҕиҥ! (Үмүөрүһэ түһэн эҕэрдэлииллэр)

Николай: Махтал! Дьэ уолаттар үөрэнэ сылдьан тугу ыралыыр этибитий, ол баҕа санаабытын олоххо киллэрэр кэм кэллэ. Ону сүһүөҕэр туруорарга өссө Москваҕа сылдьан тыл-тылбытын бэрсэн турабыт. Ким да саарбахтыыр суох ини? Бары тыанан тарҕанан хаалбакка, куорат иһинээҕи үөрэх кыһаларыгар: ким педиститукка, ким педучилищеҕа, орто оскулаларга анаммыккыт үчүгэй.

Роман: Били французскай роман мушкетердарын курдук: “Один за всех, все за одного”, оттон сахалар: “Тыл барда-бас барда” дииллэринии кэннинэн кэхтэр санаа суох.

Николай: Олус бэрт. Дьону бэйэ кырдьыгар итэҕэтэр, ылыннарар, ыччаты көҕүлүүр ону сатаан тэрийэр дьоҕур, өй, күүс  түмүлүннэҕинэ кыайтарбат диэн күн төгүрүк суох.

Валерий: Ити өттүнэн баҕас биһиги Колябытын баһыйар суоҕун оннооҕор институт салалтата сыаналыыра. Мээнэҕэ партбюро секретарынан талыллыа дуо?

Иннокентий: Оннук ээ, оччолорго этиэх иннинэ эппит, саҥарыах иннинэ саҥарбыт, этиэххэ дылы айахтарыттан уот саккырыыр араатар эрэ дэлэй аххан этэ да биһиги Колябыт эппитэ итэҕэтиилээх,  ылсыбыта ыпсарыылаах буолан, ататтартан лаппа чорбойоро биллэрэ.

Николай: Кэбис, уолаттар, бэйэ-бэйэбитин хайҕаһартан туһа тахсыа суоҕа. Үлэ хара баһаам. “Быка за рога!” диэбит курдук харыны ньыппарынан туран, туохтан да иҥнэн-толлон турбакка, күнү-түүнү аахсыбакка күрдьэн иһиэххэ наада. Туох-ханнык иннинэ 1956 сылга ыытыллыахтаах Спартакиаданы бүттүүн Саха сирин норуоттарын киэҥ хабааннаах спортивнай оонньууларын таһымыгар тэрийиэххэ, таһаарыахха наада. Онно республика ыччатын бүтүннүүтүн хабан маассабай хамсааһыны таһаарарга комсомол уобаластааҕа комитетын секретара Егор Дмитриевич Кычкины кытта биир сутурук буолан көмүөл күүһүн курдук көҥү охсуохпутун сөп.

Роман: Дьэ доҕоттоор, биһиги уйаара-кэйээрэ биллибэт Сахабыт сирин устун ыһыллан олорор ыччаты  баара суоҕа икки сылы кыайар-кыайбат кэмҥэ түмэ тардан кытыннарар  ылбычча киһи ылсыбат баһырхай сыал-сорук эбит. Баҕар тыа оройуоннара хамсаныахтара, оттон сир баайын хостуур промышленнай тэрилтэлэр улахаҥҥа ууран куойаларыгар-маҥкыларыгар оҕустарыахтара диэн өйүм хоппот.

Николай: Хайа, Рома, эн саҕалыы да иликтэн төттөрү түһээри гынныҥ дуу, кэбис итинник санааҕын тохтот. Партия уобаластааҕы комитетын бюротугар үлэҕэ аныылларыгар ити ордук эн этэриҥ курдук сорох промышленнай оройуоннар салайааччылара ааспыт спартакиадаларга  ситэ-хото кыттыбатахтарынан республика зональнай күрэхтэргэ тиһэх миэстэттэн өнүйбэт, маассабай хамсааһыҥҥа тирэҕирэн хаалыыттан тахсарга уонна кылаастаах спортсменнары иитэргэ ыарахаттары үөскэтэ туруоҕа диэбиппин сөптөөҕүнүн ааҕан өйүөхпүт-көмөлөһүөхпүт диэбиттэрэ.

Роман: Тоҕо төттөрү түһүөмүй, баар чахчыны учуоттуохха сөп диэн эттим ини. Этэриҥ курдук үөһэ эшалон, буолаары буолан партия обкома, бэйэтинэн өйүүр көмөлөһөр буоллаҕына промышленность босстара да уйаларыгар уу киириэ турдаҕа. Партия тыла күүстээх, партия ыйар суола дьэҥкэ.

Николай: Хата инньэ диэ. “Партия-наш рулевой” оннооҕор буолуохтары үүннээн-тэһииннээн кэллэҕэ, уонна “Бассабыыктар ылбатах кириэппэстэрэ суох” бэл бэйэҕит билэр ааспыт 1952 сыллааҕы Олимпиадаҕа көҥүлү ылаат да, ССРС биир сыл иһигэр толору хамаанданы туруоран хайдахтаах курдук  чаҕылхай кыайыыны ситистилэр этэй? Биһиэхэ икки сыл баар.

Валерий: Николай сөпкө этэр. Ону кыайа-хото туһанан маассаны уһугуннаран Спартакиадабытын үрдүк таһымҥа ыыттахпытына физическэй культура уонна спорт маассабай таһымҥа тахсарыгар, үрдүк кылаастаах спортсменнары иитэн таһаарыыга киэҥ аартыгы арыйыахпытын сөп этэ.

Николай: Көрөөрүҥ да истээриҥ, биһиги итинник салгыы сайыннаран истэхпитинэ уонна бэйэбит эппитинэн-хааммытынан ылынар спорт көрүҥүн таба тутан, дойду идэтийбит тренердэрин көмөлөрүнэн аны аҕыйах  сылынан, холобур, саха норуота үйэлэртэн биһирээн илдьэ кэлбит хапсаҕайбытыгар олус чугас көҥүл тустууга спорт бастакы маастардара иитиллэн тахсыахтара. Олор үөрүйэхтэригэр иитиллибит саҥа көлүөнэ чулууттан-чулуулара аны уон-уон биэс сылынан Россия, ССРС, аан дойду, олимпиада чыпчаалларын дабайыахтара. Ону тэҥэ саха төрүт түүлүгэр да оҕустарбатах спорт саҥа көрүҥнэрэ бокса, штанга биһиэхэ чугастарынан сайдар кыахтаахтар.  Биһиги кэнэҕэски кэскилгэ сыалбыт онно туһуланыахтаах.

АЛТЫС ТҮҺҮМЭХ

Оонньуур дьоно:

Николай Николаевич

Иннокентий Гаврильевич

Роман Романович

Валерий Пантелеймонович

Семен Семенович

Республика спорт комитетын председателин үлэлиир хоһо. Хоско от күөҕэ сукуна сабыылаах суксуруһуннары тардыллыбыт икки синньигэс остуол, ол тулатыгар өйөөбүллээх олоппосторго спорт совет чилиэннэриттэн хас да киһи олороллор. Остуол баһыгар Николай Николаевич  телефонунан кэпсэтэ олорор, тугу эрэ бэлиэтэнэр.

Николай Николаевич: (туран ааны өҥөйөн туран) Матрена Степановна, Семен Семенович киирдин эрэ.

Семен Семенович: (киирэн олорор) Николай Николаевич, туох баарый?

Николай Николаевич: республика үрдүнэн хас оройуоҥҥа спорт комитеттара  тэриллибиттэрин итиэннэ оройуоннар, куораттар кииннэригэр стадионнар, спорт саалалара баарын чуолкайдаатыгыт дуо? ( Семен Семенович суумкатыттан кумааҕы ылан биэрэр)

Семен Семенович: Көрөрүҥ курдук, оройуоннар ситэриилээх комитеттарын иһинэн физкультура уонна спорт комитеттарын тэрийии боппуруоһугар ордук хоту уонна сорох промышленность оройуоннарыгар ситэ-хото хамсааһын тахса илик, оттон анал оҥоһуулаах стадион суоҕун тэҥэ, спортивнай саалалаах оройуон тарбахха баттанар.

Николай Николаевич: Бу барыта биллэр, ааспыт сыллааҕы отчуот көрдөрүүлэрэ дии? Оройуоннары кытта телефоннаһан эбии туох дьаһал ылыллан эрэрин чуолкайдааҥ. Виктор Вороновкынаан үллэстиҥ, наһаа уһата-кэҥэтэ сатаамаҥ.

Иннокентий Гаврильевич: Спорт совет мунньаҕа сыллааҕы былаанынан ый түмүгүн дьүүллэһии бэрээдэгинэн баран испитэ дии? Николай Николаевич, туох суһал наадаҕа муһуннубут.

Николай Николаевич: Доҕоттоор, ити бэйэҕит иһиттигит дии, балаһыанньа ыарахан. Күн-дьыл күүппэт. Олорон хаалыы өлүүгэ тэҥнээх. Мин Министр Кучеров тылын ылан, Совет мунньаҕар боппуруос киллэрэн туруоруох буоллум. Правительство таһымнаах уураах ылылыннаҕына эрэ хамсааһын тахсар балаһыанньата баар.

Роман Романович: Сөпкө этэҕин. Ханна даҕаны урукку ыытыллан испит спартакиадаларга сүрүннээн “Колхозник” общество чилиэннэрин уонна  биирдиилээн эмэ кыахтаах диэбит спортсменнарын этэргэ дылы хонууттан хомуйан  кытталлара, ону да киин уонна илин эҥэр оройуоннар эрэ. Атын оройуоннар ыраахтарынан, суол-иис ыараханынан хамаанда тэринэ сатаабаттара баар суол. Хотугу оройуоннары этэ да барыллыбат, кырдьык, сайынын алларанан сырыы-айан сабыллар ыарахаттара билигин да мэһэй буолара буолуо.

Валерий Пантелеймонович: Бэл куораппытыгар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ төһө эмэ элбэх үлэһиттээх производственнай предприятиелэр хамаанда тэринэн кыттыахтааҕар баҕалаах дьону үлэттэн көҥүллээн ыыппаттар эбит. Олору кытта горисполком спорка комитетын үлэтэ ситэтэ суоҕунан аҥардас “Динамо”, “Спартак,” “Труд,” “Буревестник,” “Водник”  добровольнай обществоларга тирэҕирэн кыттар практика аны даҕаны туоратылла илик.

Николай Николаевич: Тоҕо мустубуппутун тылгытыттан-өскүтүттэн иһиттэххэ бэйэҕит да сэрэйдигит быһыылаах. Спартакиадабытыгар бэлэмнэнэрбитигэр биир эрэ сыл хаалла. Ити сылы муҥутуур көдьүүстээхтик туһанан республика бары оройуоннарыгар аны сайыҥҥы спартакиадалар Саха сирин норуоттарын бастакы спартакиадатын балаһыанньатынан ыытылларын итиэннэ толору хамаанданан, үчүгэй бэлэмнээх киирэллэрин  ситиһиэхпитин наада.

Биһиги правительство мунньаҕар кураанах тылынан боппуруоһу туруордахпытына кими да итэҕэтэрбит уустук, этэргэ дылы аҥар кулгааҕынан киирэн баран нөҥүө кулгааҕынан тахсыа. Онон обкомол 1-гы секретара Егор Дмитриевичтыын сүбэлэһэн ордук үлэ мөлтөх оройуоннарыгар бюро уонна ресспортсовет чилиэннэриттэн комиссия тэринэн командировкалыахха диэн быһаардыбыт. Ол матырыйаалларыгар олоҕуран, дакылаат ис тутула ким ханнык дуоһунастааҕыттан толлубакка ааттарын ааттаан туран, итэҕэстэри аһаҕастык арыйар хайысхалаах буоллаҕына эрэ правительство уурааҕа дьайар күүстээх буолуоҕа. Мин санаам оннук.

Иннокентий Гаврильевич: Өйдөөтүм. Ол аата командировкаҕа ыытаары ыҥырдаҕыҥ. Айаммыт, үлэбит туһунан хайдаҕый?

Николай Николаевич: Ити өттүнэн Совмин уонна обкомол линияларынан быһаарыллыахтара. Комиссия састаабар спорт киин институттарын бүтэрбиттэри киллэрдибит. Аҥардас эһиги тиийиигит, тылгыт-өскүт бэйэтэ күүстээх агитациянан буолуоҕа, ыччат спорка тардыһыытын күүһүрдүөҕэ.  Эһиги сыалгыт миэстэҕэ тиийэн Саха сирин норуоттарын 1-гы спартакиадаларын тэрийэн ыытыыга партия обкомун уонна Министрдэр Советтара таһаарбыт уураахтарын толорууга миэстэҕэ баар балаһыанньаны, чуолаан  оройуоннар, колхозтар кииннэригэр стадионнар уонна спорт саалаларын тутан үлэҕэ киллэрии ханна, хайдах тэриллэн эрэригэр фактарга олоҕурбут ыспараапкалары бэлэмнээн аҕалыахтааххыт. Онно комсомол райкомун,    олохтоох комсомол тэрилтэлэрин кытта физкультура уонна спорт алын сүһүөх тэрилтэлэрэ ханна суох сирдэригэр тэрийиигэ көмөлөһүҥ, ыйыы-кэрдии биэриҥ.

Валерий Пантелеймонович: Сөп өйдөөтүбүт. Оттон бу чугастааҕы оройуоннарга уонна  бу куорат тулатынааҕы нэһилиэктэргэ тахсыы баар дуо? Онно да көмө наада. Ордук стадионнары, спорт саалаларын тутуу боппуруоһугар.

Николай Николаевич: Ол өйдөнөр. Чугастааҕы оройуоннар колхозтар билигин  бөдөҥсүйэннэр быдан кыаҕырдылар.  Оройуоннааҕы МТС-тарга аныгы кыахтаах техника арааһа дэлэйэн эрэр. Холобур, Уус Алдаҥҥа хоту нэһилиэктэри хабар Найахыга кииннээх оройуоҥҥа иккис Дүпсүннээҕи МТС тэриллэн үлэ-хамнас күүһүрдэ.  Итинник үлэ оройуон ахсын баарын  билэҕит. Егор Дмитриевичтыын сүбэлэһэн комсомоллар уонна ыччаттар маассабай хамсааһыннарын көҕүлээһиҥҥэ ыччат фестивалын, спартакиадабытын  сэргэ культура иккилии сыллаах похуоттарын тэрийдэххэ культура уонна сынньалаҥ паркаларын, стадионнары, спортивнай саалалары тутуу тэтимириэ, тыа сиригэр ыччат культурнай олоххо, спорка көҕө күүһүрүө этэ.

Роман Романович: Сөптөөх быһаарыныы эбит. Кырдьык ити этиллэр санааны билигин олоххо киллэрэр кыаллар кыахтаах. Тэрийиэххэ, ылсыахха эрэ наада. Оннооҕор Николай Николаевич институт бастакы курсун бүтэрэн баран тохтоон, Мүрү орто оскуолатыгар икки сылы кыайбат кэм иһигэр тус бэйэтин холобурунан оҕо аймаҕы спорка угуйан, мүрүлэр республикаҕа үс сыл субуруччу бастаан Министрдэр Советтарын Көһө сылдьар знамятын саас үйэ тухары ылары ситиспит холобурдара маассаны сатаан түмнэххэ, көҕүлээтэххэ кыаллыбаты да кыайыахха сөп.

Николай Николаевич:  Мин бу күннэргэ Москвалаары сылдьабын. Сыалым диэн ССРС Спорка Министерствотыгар сылдьан Саха сирин норуоттарын 1-гы Спартакиадатын тэрийэн ыытаары сылдьарбытын билиһиннэриэм уонна көҥүл тустууга, боксаҕа, гимнастикаҕа, хайыһарга уопуттаах тренердэри саатар кылгас кэмҥэ ыытан көмөлөһөллөрүгэр туруорсуом. Тренердии сылдьар биһиги кэммитигэр үөрэммит уолаттарбын көрсөн, үөрэтэр-эрчийэр сбордары тэрийиигэ көмө оҥороллоругар ыҥырыам. Аны биир бүччүм санаам саха төрүт оонньууларыгар болҕомто ситэ-хото ууруллубат буолан иһэриттэн ыччаты көҕүлүүр сыаллаах көрүҥнэри талан спортивнай разряды Саха АССР спордун маастарыгар тиийэ нормативтарын бэлэмнээн тиийэн көҥүл ылбыт киһи.

Роман Романович: Дьэ уолаттаар, чахчы далааһыннаах толкуй, ырааҕынан эҥсэн түһэн инникини, кэлэр  кэскили өтө көрүү! Суох, миигин сэттэтэ да спорт салайааччыта оҥордоллор миэхэ итинник өй, толкуй, хорсун санаа киирэрэ саарбах!  Дьэ, Коля да Коля!  Союз таһымыгар тиийэ итинник туруорсуу национальнай республикалартан бэл татаардартан, башкирдартан  баара иһиллибэт.

Николай Николаевич: Наһаа өрүкүнэйимэҥ, өбүгэлэрбит “Эһэни өлөрбөккө  сылдьан тириитин үллэстибэттэр,” эбэтэр “Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ” диэччилэр дии, төһөтүн ылыналлара биллибэт. Ордук национальнай республикаларга  төһө да бэйэлэрин көрүҥнэрэ буоллар туһунан спортивнай разряд нуормаларын олохтууру ылыныа суохтарын сөп. Ол гынан баран, чопчу холобурдарынан, сатаан дакаастаатахха, болҕомтоҕо ылыахтарын сөп этэ.

Иннокентий Гаврильевич: Ити баар дии, Николай Николаевич хайаан да төрдүн-төбөтүн түөрэ эргитэн тылбын ылыннарыам диэн мээнэҕэ “өлө илик эһэ тириитин үллэстэргэ күөһүн өрүммэтэҕэ чахчы.”  Ол үрдүк өһүөлээхтэри “сыалыһар быарыныы сымнатар” хайаан да дакаастыыр холобурдааҕа буолуо диэн биир бэйэм эрэнэбин.

Николай Николаевич: Холобур, көҥүл тустуу, самбо курдук тустуу көрүҥнэринэн саҥа дьарыктанан эрэр институт 1-й разрядтаах студена Василиий Румянцев Союзка биллэр спорт маастардарын, кинилэр билбэт хапсаҕай албастарын туһанан, хотуталаан Ленинград куорат чемпионунан буолбут холобура, эбэтэр, биһиги Валералыын институкка үөрэнэ сылдьан  сахалыы атах оонньууларын көрүҥнэригэр көрдөрөн-үөрэтэр тэрээһиннэрбитин Союз чэпчэки атлеттарын тренердэрэ бэлиэтии көрбүттэрин билэҕит. Ону ааһан бу сахалар оонньууларыгар үстэ төхтүрүйэн ойуу көрүҥнэрэ толору баар эбит диэн олимпиецтары үөрэтэр-эрчийэр дьарыктарыгар билигин да туһанар холобурдара баар. Биһиги төрүт оонньууларбытын спорт көрүҥүн быһыытынан салгыы сайыннарарга уонна ньымаларын үөрэтэн туһанарга регион таһымнаах разрядтары да маастар нуормаларын олохтууру ылыныахтарын сөп этэ.

Валерий Пантелеймонович: Мас тардыһыытын эмиэ сахалар ыһыахха эрэ буолбакка, түмсэ түстэхтэринэ ким күүстээҕин, кыахтааҕын холоһор оонньуулара дии, тааһы эбэтэр ыараханы көтөҕүү. Олору эмиэ эбэн киллэрэр тоҕо сатамматый?

Николай Николаевич: Били “аһаатахха аппетит көбөр дииллэринии” үлүһүйэн, хайа букатын да ытыс соттон хаалыахпыт суоҕа дуо? Ыараханы көтөҕүүгэ штанга баар аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт көрүҥ. Мас тардыһыыта аан дойду таһымнаах ханнык да спорт көрүҥэр көмө, тирэх буолуон сөп диэн киһи итэҕэтэн, көмүскээн ылбат көрүҥэ. Биһиги сыалбыт спорт сайдыытыгар туһалаахтара, наадалаахтара биллиэн сөптөөх көрүҥнэрбитигэр разряд нуорматын, маастар ааттарын олохтуурга көҥүл ылан республика правительствотын ыйааҕынан бигэргэттэрэн кэбиһиэхпитин наада. Оттон атын көрүҥнэри бириэмэ көрдөрөн иһиэ.

***

Саала сыыйа хараҥаран баран сырдаан кэлэр.  Сайын ортото. Бороҕон. Райсовет хонтуоратын арҕаа балтыһаҕын түгэх хоһун ааныгар икки эдэр киһи утуу-чубуу кэлэн ыскаамыйаҕа олороллор.

(оонньуур дьоно: Ньукулай – суоппар; Дьөгүөр – тракторист; Хабырыыс – колхуостаах; Былатыан – общественнай тренер)

Ньукулай: Абытыый-абытай, дьэ сырылатан-сырбатан итии күн буолла доҕоор. Дьөгүөр, хайа, эн арыый сололоох киһи тугу биллиҥ-көрдүҥ, тойоммут Дьаакып тоҕо ыҥыттарда? Туох суһал наада үөскээтэҕэй?

Дьөгүөр: Ону мин хантан билиэмий? Эн массыынанан киэҥ сирдэри кэрийбэхтиир уола хаан бэйэҥ билэн эрдэҕиҥ. Күнү быһа трактор тыаһыгар дөйөн хаалбыт киһи  сылдьар ыырым да кыараҕас, үлэм, дьиэм эрэ буоллаҕа.

Ньукулай: Босиков Ньукулай диэн Найахыга тустуу секциятын үлэлэтэр тустар уол ити эн аймаҕыҥ дуу, быраатыҥ дуу? Били Николай Тарскай Москваттан аҕалбыт нуучча бухатыыра, тустуу тренерэ Иван Морозовы кытта тустуук уолаттары илдьэ кэлэн биһиэхэ Бороҕоҥҥо ыыппыт 20 хонуктаах семинардаах, эрчийэр-үөрэтэр тэрээһиннэригэр тустарын көрдөххө дьэ сылбырҕата сүрдээх этэ. Үчүгэй тустуук тахсар киһитэ сылдьар быһыылаах.

Дьөгүөр: Аҕатынан Чэриктэйдэр да атын салаа Босиковтар. Аатырбыт кынаттаах кылыыһыт Дмитрий Куприянович Босиковтыын төрүттэрэ биир. Төрдүн-ууһун батан  сылбырҕа бөҕө, мээнэҕэ оҕо эрдэҕиттэн Чолбон диэн ааттаныа дуо? Мин кини секциятыгар аан бастаан тустан көрбүтүм, тренерим кини. Дьэ доҕоор, хата, эн аймаҕыҥ Баһылай Үрүмээһэп баар, дьиҥ-чахчы саха бухатыыра. Көр эрэ, бэйэтиттэн быдан төрөл, атыыр оҕуһу туруору аспыт курдук  Морозовы кытта төһө да тустуу албастарын көрдөрөллөрүн иһин  спорт маастара киһини өрө көтөҕөн ылан тиэритэ уурарын, эбэтэр түөрүтэ тэбиэлээн, өттүктээн кууһуннарарын киһи эрэ салла көрөр. Бэл Морозов хайҕаан дуу, сөҕөн саннын таптайан ылбыта.  ( хас да уолаттар лиһигирэһэн кэлэллэр)

Хабырыыс: Ньукулайдаах Дьөгүөр дьон бэртэрэ кэлэ охсубуттар дуу?

Дьөгүөр: Оксиэ, Мас Хараамыһын удьуора илэ бэйэтинэн кэллэ, туох кэпсээн?

Хабырыыс: Субу эрэ, хата эһиги ити тугу кэпсэтэн испиккитий, Морозов диэн саҥа баарга дылыта.

Ньукулай: Таах олоруохтааҕар Ньукулай Таарыскай аан бастаан Бороҕоҥҥо тэрийбит үөрэтэр-эрчийэр дьарыкка Баһылай Үрүмээһэп ССРС спордун маастара Морозовтыын хапсыһыыларын ахтыһа олоробут.

Хабырыыс: Дьэ диэмэ даҕаны, дьиҥ-чахчы наадалаах, туһалаах дьаһал этэ. Онно тустуу албастарын буолуоҕунааҕар тустан эрэр да дьону харахтаабатах араас оройуоннар ыччаттара, үксэ колхозтаах уолаттар этибит. Сүүрбэ хонук устата хас күн аайы туохха үөрэппиттэрин тута ыҥыран таһааран туһуннаран, сыыһабытын бэйэлэринэн көрдөрөн иһэллэрэ. Онно кулууп хайдарынан киһа бөҕө көрө кэлэрэ, бэйэтэ күрэхтэһии курдуга.

Дьөгүөр: Тарскай онно дьон мунньуһуннаҕына көҥүл тустуу, самбо туһунан дьоҥҥо кэпсиирэ. Баһылай Үрүмээһэптиин  куоракка көҥүл тустуу секциятыгар дьарыктанар уолаттары кытта көрдөрүүлээх дьарыктары тэрийэллэриттэн үөрэнэн сыстан бардахпыт буолуо. Билигин биллэр тустууктар Николай Гоголев, Сергей, Алкивиат Ивановтар, Петр Алексеев бааллара да бэйэтэ улахан оскуола буоллаҕа дии.

Ньукулай: Ол барыта оройуоммут үтүөкэннээх тэрийээччитэ, Бүтүн Саха сирин спордун салайааччыта Ньукулай Таарыскайга махтаныах тустаахпыт. Кини ити үөрэҕин атын оройуоҥҥа дуу, куоракка тэрийбитэ буоллар сураҕын да истибэккэ хаалыах, бүгүҥҥү курдук оройуон чиэһин көмүскүүр тустуук буоларбыт саарбах.

Хабырыыс: Николай Николаевич, ити үөрэтэр-эрчийэр дьарыгын түмүгэр балаҕан ыйын 20 күнүгэр Лысенко аатынан колхоз председателэ Иван Павлович Васильев ыҥырыытынан спортсменнарын икки массыынан тиэйэн, Кэптэнигэ көҥүл тустуу көрдөрүүлээх биэчэрин тэрийбитэ. Спорт эти-хааны чэбдигирдиигэ туһатын туһунан лекция оҥорбута. Ол кэнниттэн спортивнай көстүүмүн кэтэн сценаҕа тахсан тустуу приемнарын көрдөрөргө көмө киһи көрдөспүтүгэр миигин таһаарбыттара. Онно көрдөххө киппэ быһыылаах-таһаалаах, физкультуранан этин-сиинин толору сайыннарбыт киһи бэлиэтэ этэ. Мустубут дьон да астына көрөн ытыс таһыммыттара. “Сэрэнээр, муостаҕа  чыыстайы көрдөрүөхпүт, кыаллар инигин?”- диэбитэ. Киһим илиитэ-атаҕа кытаанаҕа, утарылаһар тыын биэбэккэ бииртэн биир албаһы субурутан иһэрэ, халбархайа сүрдээх этэ, муостаҕа хаста да ыарыылаахтык түспүтүм. ((Былатыан кэлэн уолаттары кытта илии тутуһан доррболоһор.)

Ньукулай: Былатыан, Яков Яковлевич хоһо хатааһыннаах, тоҕо мустаҕа буолла, хата эн билэн эрдэҕиҥ.

Былатыан: Яков Яковлевич кэллэҕинэ кэпсиэҕэ, тулуйа түһүҥ. Председательгэ киирэн олорор. Сотору кэлиэҕэ.

Хабырыыс: Былатыан, эйиигин тренердэр курстарыгар үөрэнэ сылдьар диэбиттэрэ, үөрэх бүттэ дуо?

Былатыан: Дьиҥнээх тренер аатын ыларга хас да сыллаах үөрэҕи бүтэриэххэ наада. Биһигини Николай Николаевич дьаһалынан  түөрт ыйдаах кууруска үөрэтэн общественнай тренер дастабырыанньатын биэрдилэр. Кууруспут түмүгэр Николай Николаевич бэйэтинэн кэлэн эҕэрдэлээн, “Общественный тренер” диэн түөскэ кэтиллэр знагы уонна туоһу докумуону туттарда. Тыл этэригэр общественнай тренредэр эһиги биир эрэ хамаанданы эрчийэн күрэхтэһиигэ киллэрэргит дьыаланы быһаарбат. Үлэҕит биир уонна саамай наадалаах хайысхатынан оройуоҥҥут нэһилиэктэригэр, тэрилтэлэригэр тустууну күүскэ пропагандалаан, ыччат маассабай тардыһыытын тэрийэн, саҥа талааннаах тустууктар үүнэн тахсалларыгар көмө буолуохтааххыт диэтэ.

Хабырыыс: Сөптөөх дьаһал эбит, кырдьыга тыа сиригэр тустуон баҕалаах ыччат суох буолбатах. Ону соҕотох бэйэҥ биһиги курдук ыһыллан олорор сүүрбэччэ нэһилиэктээх оройуоҥҥа хайдах тэрийэр былааннааххыт?

Былатыан: Яков Яковлевич сиһилии билиһиннэриэ. Сүнньүнэн урут Николай Николаевич Бороҕоҥҥо тэрийбитин курдук үөрэтэр-эрчийэр хомуурдары ыытыахпыт.

Барыта үс хайысханан: Дүпсүн МТС-һа хабар-6 уонна Мүрү МТС-һа хабар нэһилиэктэрин икки аҥы хайытан: бастакытыгар–4, иккиһигэр оройуон киинин киллэрэн туран-7 барыта этэрим курдук, үс бөлөҕүнэн сайыҥҥы ыйдартан уратыга быйыл саҕалыахпыт. Дьэ онно оройуон сүүмэрдэммит хамаандатын тустууктара быһаччы кыттаҕыт. Бары оройуон чемпионнара, бу Коля Румянцев, Егор Босиков бэл зонаҕа бастаабыт, сороххут миэстэлэспит оройуоҥҥа биллэр тустууктаргыт.

***

Дьокуускай. 1958 сыл от ыйын 4 күнэ. Саха АССР норуоттарын 11-с спартакиадаларын түмүктүүр парад салайааччыта Кон хамаандата иһиллэр.

Кон: Табаарыс, Физическэй культура уонна спорт республикатааҕы комитетын председателэ! Саха АССР норуоттарын 11-с спартакадаларын сабыы үөрүүлээх парад кыттыылаахтара бары стройга турдулар. Спартакиада кылаабынай судьуйата Кон.

Николай Николаевич: Партия уобаластааҕы комитетын 1-гы секретара т. Борисов, Министрдэр Советтарын председателэ т. Кучеров, Верховнай Совет Президиумун председалелэ т. Нартахова,  ыҥырыылаах ыалдьыттар, спортсменнар уонна спорду таптааччылар! Эһигини бука барыгытын ис сүрэхпиттэн Саха сирин норуоттарын 11-с спартакиадалара түмүктэммитинэн итиитик эҕэрдэлиибин!

Табаарыстаар, спорт 16 көрүҥэр 2300 спортсменнары хабан, 7 күн устата ыытыллыбыт спартакиада улахан хатыһыылаахтык барда. Бу спартакиада сүрүн түмүгүнэн республака ыччатын киэҥник тардан ыытыллыбыта буолар. Ол курдук спартакиада бастакы этабыгар 50-тан тахса тыһыынча киһи кыттыыта итиэннэ финальнай күрэхтэһиилэргэ быйылгы курдук элбэх киһи кыттыбытын Саха сирин спордун историята билбэт. Биһиги спортсменнарбыт спортивнай маастарыстыбалара үрдээн иһэрэ киһини үөрдэр.  Төһө да ардахтаах-силбиктээх күннэр турбуттарын иһин, республика 17 рекордара олохтонно. Ол иһиттэн биһиги ыарахан атлеттарбыт 10 рекордары тупсардылар. Спортивнай күрэхтэр ордук сытыытык барыыларыгар бырааттыы республикалар уонна уобаластар спортивнай делегациялара үтүө сабыдыалы оҥордулар. Онон биһиги спартакиадабыт бэйэбит спортсменнарбыт маастарыстыбаларын көрүү эрэ буолбата, ону тэҥэ, делегациялар бастыҥ спортсменнарын кытта күүһү-уоҕу, сатабылы тэҥнээн көрөр кыахтанныбыт. Олор биһигини элбэххэ үөрэттилэр. Күндү ыалдьыттарбытыгар дириҥ махталбытын тириэрдэбит уонна доҕордуу сибээспит салгыы сайдан, кэҥээн иһэригэр баҕарабыт!

Күндү спортсменнар! Биһиги иннибитигэр кэлэр 1959 сылга ыытыллар РСФСР норуоттарын спартакиадатыгар өссө күүскэ бэлэмнэнэн ситиһиилээхтик кыттыы соруга турар. Онно комсомол райкомнара, горкомнара, спорт комитеттара, спорт Добровольнай обществоларын советын салайааччылара ыччат маассабай кыттыытын өссө өрө көтөҕөн, физмческэй культура уонна спорт чэчирии сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбин!

( Советскай Союз өрөгөйдөөх гимнинэн доҕуһуоллатан “Труд” уонна “Урожай” обществолар советтарын председателлэрэ Суворов уонна Ушницкай спартакиада былааҕын түһэрэллэр)

***

Дьокуускай. Партия уобаластааҕы комитетын ХХ1 отчуоттуур-быыбардыыр конференцията бара турарар.

Тохтобул кэмэ. Үс киһи, биирэ эдэрчи, иккитэ саастаах дьон залтан тахсан кэпсэтэ тураллар.

Бастакы кырдьаҕас: Тарскайдара диэн тыыллан-хабыллан уол оҕо бэрдэ эбит дии, аччаатар да аллан тааһа диэбит курдук. Эт бэйэтин бу саҥа эрэ көрдүм.

Эдэрчи киһи: Обкомол секретара Кычкинныын буолан, уҥуохтара кыратын көрүмэҥ, ыччат салайааччылара диэх курдук нууччалыы-сахалыы уу сүүрүгүн курдук кудуххай тыллаах, быһаччы быһаарыылаах, эппиттэрэ этириэс дьон. Оннук дьону ыччат сөбүлүүр, тардыһар. Тэрээһиннэрэ далааһынын этимэ даҕаны.

Бастакы кырдьаҕас: Эдэр буолан уолҕамчылара да сүрдээх. Ити промышленнай оройуоннар бөдөҥ тэрилтэлэрин бас-көс дьонун сирэй-харах анньан тот-боруу курдук этитэлээтэҕэ хорсунун. Обком, Совмин мунньахтарыгар сырыттым ини, сырыппатым ини, промышленность тэрилтэлэрэ Союзтан быһаччы салаллар буолан тыытыллыбат этилэрэ. Кириитикэ баара да, наар бэйэ-бэйэбитин тиниктэһэрбит.

Эдэрчи киһи: Ол иһин, олохтоох былаас органнара таһаарар уураахтарын, дьаһалларын толоруохтааҕар кымаардаан да көрбөт этилэр. Николай Николаевич саамай сөпкө уйаларыгар ууну кутта. Киһиҥ бэл саалаҕа уот бардар да эҕэрийэн ылбакка этэ-тыына турда эбээт. Кириитикэлэммиттэртэн хайалара да, бэл «Якутзолото» трест, Амакинскайдааҕы экспедиция курдук Союз тэрилтэлэрин салайааччылара, тугу да утары этиппэт бэйэлэрэ, ыспараапкаласпатылар даҕаны. Оттон Томпо оройуоннааҕы сэбиэтин исполкомун председателэ Фролов, Тиксии пордун начальнига Хейдер курдуктар ыччат көҕүлээһининэн быраҕыллыбыт эргэ тутуулары саҥардан спорт саалата оҥостубуттарын өйүүр, көмөлөһөр оннугар былдьаан ылыылара сиэргэ баппат.

Бастакы кырдьаҕас: Хайа, Ньукулай, эн киһи тоҕо саҥата суох бардыҥ. Ити Тарскай бэл обком секретардарын ортолоругар спартакиадалары, фестиваллары от үлэтин атахтыыллар, ыччат үҥкүүнү-ырыаны батыста диэн утарсааччылар бааллар диэн эһигини “нүөлүтэн” этиитин эмиэ утарса тураҕын дуо?

Иккис кырдьаҕас: Биһиги да эдэрбитигэр кинилэрдээҕэр уолҕамчы, дохсун этибит. Ол да иһин сэбиэскэй былааһы туттахпыт, туругуртахпыт. Ол бэйэбитин күөгэйэр күммүтүгэр үс түһүмэх репрессиялар бастаах өттүн бараабыттара, интеллегенция өттүн ииннээбиттэрэ. Хааннаах хара балаһа сабардаан санаалаах да самныбыта, өйдөөх да үтүрүллүбүтэ. Чордонон-чордонон орпут өттүбүтүн күлүкпүтүттэн куттанар куобах куттаабыттара.

Бастакы кырдьаҕас: Кэбиис-кэбиис, санатыма! Репрессия кэмин эргийбэт гына партия ХХ-с съеһэ эпсэри эппитэ. Никита Сергеевич сымыйанан буруйдаммыттары ааттарын тилиннэрбитэ.

Иккис кырдьаҕас: Оннугун оннук да, партия XXI-с съеһэ – коммунизмы тутааччылар съезтэрэ дэнэн көҥүл-босхо ыыппыт аныгы ыччаттара «халлааҥҥа хардаҕастаммыт, былыкка быһахтаммыт» диэбит курдук бэл обком секретардарыгар тиийэ «тиистэрин сааҕын сууйаллара» сиэрдээх үһү дуо? Ити олохтоох былааһы билиниэн баҕарбат промышленнай оройуоннарга Тарскай, Кычкин курдуктары ыыталаан «эттэрин аһытыахха» наада. Кириитикэлии-кириитикэлии чобоорхойбуттарын нэһилиэнньэтэ кэлии нуучча, сорохторо хаайыылаах эйгэтэ ээхтэрин этитиэ, муостарын-туйахтарын тоһутуо этилэр. Оҕолорбун дьэ онно көрүөх баара.

Эдэрчи киһи: (эҕэлээхтик) Ээ, били, обкомол урукку секретара, комсомол КК чилиэнэ Атласовы Уус Алдан оҕонньотторунан тиниктэтэ сатаан баран, сабыс-саҥа тэриллэн эрэр алмаас киинэ Мирнэй оройуонугар умса анньан уодьуганныыр былааҥҥыт төһөтө туолла этэй? Кычкиннаах Тарскай хайалара да интернационалист ааттаахтара, ол эйгэҕэ балык ууга сылдьарын курдук, эһиги түүйэргитинии национализмҥа балыллан өлөн-охтон биэриэхтэрэ дии санаабаппын. «Кистэлэҥ реперессия» куоһурдаах былаас былдьаһыытын ыар тыына эһигинньиктэргэ тирэнэн күөдьүйэн кэлэ-кэлэ хас үйэ көрдүгэннии сытыах муҥа буолла?

Мунньахха ыҥырар чуораан тыаһыыр.

Быыс.

СЭТТИС ТҮҺҮМЭХ

*** Буолар сирэ: партия обкомугар отдел сэбиэдиссэйин кабинета. Остуол уһугар эрилийбит киэҥ харахтаах улахан, сула киһи телефонунан кэпсэтэ олорор.

Секретарь: (ааны өҥөйөн туран) Ресспортсовет отделын начальнига кэлэн киирээри  кэтэһэн олорор, киллэрэбин дуо?

Сэбиэдиссэй: (кытаанах куолаһынан) Киирдин.

Кабинеты тоҥсуйан баран, сылбырҕа туттуулаах эдэр киһи киирэр.

Сэбиэдиссэй: Олор. Эдэр киһиэ, эйиигин кытта биир боппуруоһу чуолкайдаһаары ыҥыттарбытым. Туох баарын кырдьыгынан кэпсээ.

Эдэр киһи: Ол тугу?

Сэбиэдиссэй: (ньуолбардык) Ресспортсовет биир салайар үлэһитэ киһи Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Тарскай кубогар чемпионат аһыллыытыгар тахсыбыт инцидены төһө сөп дии саныыгын?

Эдэр киһи: Туох диэхпиний, буолар буолтун кэннэ эрэ истибит киһи ис дьиҥин да чуолкай билбэппин. Билэр дьоннор этэллэринэн Тарскай аатын чемпионаттан тохтотору утарсыбыттар үһү.

Сэбиэдиссэй: (Остуолу охсор) Ол-бу буола олорума! Эн! Эн тэрийээччи үһүгүн!   Сибидиэнньэни хомуйан олоробут, туоһулар да бааллар. Мэлдьэһэ да сорунума! Сибилигин билинэ оҕус!

Эдэр киһи: (холкутук) Мин тэрийбэтэҕим, тэрийбэтэх суолбун хайдах билиниэхпиний?

Сэбиэдиссэй: Тэрийбэтэххэр, тустууктар, судьуйалар, тренердэр илии баттаһыннаах сайабылыанньаларын эн аҕалан туттарбатаҕыҥ дуо? Өссө онно эн илии баттааһыныҥ эмиэ баарын мэлдьэспэт инигин (Остуолтан сайабылыанньа лиистэрин ылан тэлимнэтэр) сирэй тэрийбэтэх да буолларгын барытын билэр, кыттыгастааххын илии баттаабытыҥ да туоһулуур буолбат дуо? Эт, кимнээх кигиилэринэн тустууктар икки чааһы быһа көбүөргэ тахсыбатылар!

Эдэр киһи: Кимнээх кикпиттэрин да, тэрийбиттэрин да билбэппин. Оттон   суругу ыксаллаах дьыала, түргэнник обкомҥа илдьэн биэр диэбиттэрин кырдьык аҕалан приемнайга туттарбытым.

Сэбиэдиссэй: Кими албыннаары гынаҕын, эһиги өссө эрдэттэн Тарскайы көмүскэһээччилэри мунньан хаста мустан мунньахтаабыккытын билбэттэрэ буолуо дии саныыгын дуо? Оннооҕор эн, Москваҕа тиийэн Тарскай аллар атаһа постпред Иннокентий Гаврильевиһы кытта тугу кэпсэппиккин кытта сиһилии билэбит. Ити инцидент төрдө-төбөтө ресспортсоветтан иитиэхтэнэн тахсыбыта чуолкай. Бу (сайабылыанньаны көрдөрөр) мин билэбин, Волков буочара, кини кикпитэ чуолкай. Тарскай куолдьаҕалара кырдьаҕастар Тарскай аата сотулуннаҕына олор эмиэ бэйэлэрин ааттарыгар күлүк түһэриттэн харыстанан эһигини “улар мэйиилэри” үктэтэллэригэр киирэн биэрэ сылдьаҕыт. Респортсовет отделын начальнига эрээри бу туох киһигиний эн, партия уураахтарын, дьаһалларын толорбот! Бар, таҕыс,  үлэҥ боппуруоһа көрүллүө.

Эдэр киһи тахсан иһэн Николай Антоновиһы көрсөн дорооболоһор.

Николай Антонович (мичээрдиир): Хайа, Миша, бу отделтан “өтүүктэнэн” тахсан иһэҕин дуу? Бука, Бороҕоннооҕу тустууктар араллааннара ини, көрбүт да, сэрэйбит да биир. Обкомнар Охлопковы көмүскэһэн уулара көтөн эрэр.

Эдэр киһи: Ээ, оннук, үлэбитин көрүөх буолан куттууллар. Николай Антонович,эйиигин эмиэ “өтүүктүү” ыҥырдылар дуо?

Николай Антонович: Ааспыкка кэпсэтэ диэн ыҥырбытыгар этэрбин эппитим. Тарскай диэн улуу салайааччы, миигин кини дьаыктаабыта, ол иһин Россияны кыайбытым диэн малтаччы эппитим. Миша, санааҕын түһэримэ, инниҥ диэки баран ис.

Быыс

***

Буолар сирэ: Барыллыалаах алаас. Аҕыс уонус сыллар бүтүүлэрэ. Күһүөрү сайын.

Оонньуур дьоно:

Миитэрэй – 65 саастаах Мииринэй, Алдан, Усуйаана, Таатта, Нам оройуоннарыгар көһө сылдьан үлэлээбит уостапкаҕа олорор урукку холуобунай буруй силиэдэбэтэлэ, милиция майора, Илин сэрии кыттыылааҕа.

Уйбаанчык: отуччалаах, субай сүөһү бостууга.

Миитэрэй оҕолоро: Диана – 16, Варя – 10, Лина – 8, Оппоко – 6 саастаахтар.  Даадар өтөҕө. Өтөххө ыал олорботоҕо ырааппыт. Түннүгэ-үөлэһэ оҥоһон көстөллөр. Оҕуруот үс үүт бүтэйин баҕаналара иҥнэйбитин күрүө тоһоҕотунан өйөннөрбүттэр.  Тиэргэҥҥэ, төһө да саас ыллар, сэргэх сэбэрэлээх лэс курдук киһи илии хотуурунан от охсо сылдьар. Тиэргэни кыһарыйа ааһар былыргы айан суолунан ыҥыыр  аттаах киһи иһэрин көрөн, охсорун тохтотон, кэтэһэ таарыйа тэлгэһэ иннигэр тиийэн, көлөһүнүн сотто-сотто, эргэ суон дүлүҥ олоххо олорон табахтыыр. Эдэрчи киһи, бүтэй ааныгар тохтоон атыттан түһэн, тэһиинин бүтэй баҕанатыгар иилэ быраҕан баран, дэйбииринэн сапсыны-сапсына тиийэн кэлэр.

Миитэрэй:  Дорообо, ким-хайа ыччата буолаҕын, ханналаан иһэҕин?

Уйбаанчык: Дорообо! Уһун Күөл Хадаар Хабырылла диэни истэриҥ дуу, ол оһоҕос түгэҕинээҕи оҕото Уйбаанчык диэммин. Оттон эн, арааһа, Туһаахап Миитэрэй диэннэрэ быһыылааххын. Сирэй билбэтэрбин да, милииссийэ силиэдэбэтэлэ биэнсийэҕэ тахсан көһөн кэлбит үһү диэни истэр этим. (илии тутуһаллар)

Миитэрэй: Хабырылланы билэбин. Биһиги бэһискэ үөрэнэрбитигэр сэттискэ үөрэммитэ. Туохха барытыгар төттөрү өттүн булан этэрин иһин учууталбыт, кэлин ученай, сатирик  буолбут Виктор Федорович кини туһунан истиэнэ хаһыатыгар “Хадаар Хабырыыс” диэн үгэ суруйан, онто иҥэ сырыттаҕа. Оттон эн туох үлэлээх ыччаккыный?

Уйбаанчык: Бостуукпун.  Субайдарбын кэрийэн көрө сылдьабын. Туспа хотоҥҥо кыстаабыт уонча субай наар үөрдэриттэн арахсан туспа сылдьар буолан эрэйдииһиктэр. Хайа, бу Даадар  өтөҕүн  эн оттуур эбиккин дуу, кэннэки икки-үс сыл  манан охсуллан аастахпына, мэлдьи оттоммут буолара. Эйигин төрөөбүт өтөҕүн сөргүтэн Лампаралаахха оҕолорүн илдьэ сылдьан онно сир анатан оттуур дииллэрэ.

Миитэрэй:  Оннугун оннук да, бу тэлгэһэҕэ оҕо эрдэхпинэ оонньообут, сүүрбүт-көппүт аҕай сирим этэ буоллаҕа. Ама да билигин, былыр-былыргаттан, урукку Дүпсүн улууһун саҕаттан, Биэрибэй Өспөх дуо дэммит нэһилиэкпит хаарты курдук үллэһиллэн, Остуойка Дүпсүҥҥэ, Уһун Күөллэр — эһиги Лөгөйгө, биһиги Чараҥайбыт Баатаҕайга холбонон сурахтыын суураллан хаалбытын иһин, манна дьиэ-уот, киһи-сүөһү бөҕө түөлбэлээн олорбута, өссө 50-с сылларга диэри сэттэ кылаастаах буола сылдьыбыт оскуолалаах этибитин бэйэҥ да билэр инигин.

Уйбаанчык:  Билээн-билэн, начаалынай оскуола сабыллыан аҕай эрэ иннинэ  үөрэммитим. Оччолорго ити эн этэриҥ курдук “Правда” колхоз Биэттэтээҕи отделениетын учаастага эрэ дэнэн дьоно-сэргэтэ баран-кэлэн, кэлин оскуолабытын кытта көһөрөн ыланнар биһиги харахпыт ортотугар Чараҥай эстибитэ.

Миитэрэй: Бу төрөөбүт-үөскээбит, Ньукууһу кытта сэттэ кылааһы бүтэрбит,  киһи-хара буолбут Чараҥайым барахсаны ахтан олохсуйа кэлиэхпиттэн ыла саас харалдьыт тахсан халдьаайы быара хойуу ньургуһун көбүөрүнэн тиирэ тардыныыта, күһүн хатыҥ чараҥа көмүс кыымынан сандаара кыыһыыта сүрүм-кутум курдат таттаран, хайаан да сорук оҥостон охсуллан ааһабын, эдэр сааспын, доҕотторбун санаан дууһалыын чэпчээн ылабын.

Уйбаанчык: Суруйааччы буолуох киһи хаайтара сылдьар эбиккин. Милииссийэ үлэһиттэриттэн ордук хабыр, ыар тыыннаах дьон ортолоругар, уйан дууһалаах тойон киһи баара буолуо диэн сатаан санаабаппын. Төһө да, ыраах сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан баран кэлбит киһиэхэ төрүт  буор ахтылҕаннааҕын иһин, дьэ, өйүм хоппот (бэйэтэ-бэйэтигэр: Төрүт буор тарта эрэ, суут-силиэстийэ органнарынан олохторо огдолуйбуттар, төлкөлөрө түҥнэстибиттэр өс-саас ситиһиэхтэрэ диэн бу түҥкэтэх сиргэ оҕолорун-урууларын күрэтэн  кэллэ эрэ? Көрөн-истэн иһиэхпит!) Киһитин диэки эргиллэн ньуолбардык:

Хата эн, киһи бэрдэ, оҕоҕун-уруугун илдьэ олохсуйа кэллэҕиҥ. Өссө оттоон-мастаан сүөһү ииттэн букатын тыа ыала курдук ололоруҥ үчүгэйэ дэлэ дуо?

Миитэрэй: Ойуур тыа маһа улаханнаах-кыралаах буоларын курдук, суут-сокуон үлэһиттэрин ортолоругар кырдьыгы таба көрөр, атаҕастаммыты, сымыйаҕа балыллыбыты, алҕаска түбэһэн биэрбити, эбэтэр дойду туһун туруулаһар чиэһинэй дьону, салайааччылары элбэҕи билэбин.

Уйбаанчык: Ол кимнээҕи этэҕин, бука ис-иһигэр киирдэххэ, киһи билбэтинэн  балачча манньаҕа хамсанан эрэллэр ини?..

Миитэрэй: (күлэр) аҕаҕыттан балачча бэриһиннэрбит эбиккин. Ама, чиэһинэй буолуу, дьоҥҥо, норуокка, дойдуга сулууспалааһын диэн патриоттуу өй-санаа диэни букатын суох диэри гынаҕын дуо? Эдэр киһи эн суут-сокуон үлэһиттэрин этэргэ дылы барыларын биир тарааҕынан тараабат буол.

Уйбаанчык: Иһиттэҕим буоллун? Чэ холбур?

Миитэрэй: Холобур диэ? Уонча сыллааҕыта, хачыгаардыыр 17-лээх оҕо киһи соҕурууҥҥу ыччат хаһыатыгар ыыппыт дойдуга национальнай боппуруос сыыһа суолунан баран иһэр, ону национальнай республикалар ыччаттара ылымматтар. Онтон сылтаан Дьокуускайга 1979 сыллааҕы студеннар хамсааһыннара тахсыбытын курдук диэн  ис хоһоонноох суругунан Москваттан  КГБ-лар бэйэтинэн киирэн биэрбит националиһы уодьуганныыр туһунан кытаанах дьаһал кэлбитинэн комиссия тэриллибит этэ. Ол комиссияны салайбыт саха юриһа Сергей Лыткин: “Сурук ааптара Николаев диэн тыла суох, дьүлэй, толкуйа мөлтөх 18-һын да туола илик хачыгаар оҕо киһи. Дойдуга туох да кутталы оҥорор кыаҕа суох,”- диэн баар чахчыларынан дакаастыыр комиссия түмүгүн оҥотторон быыһаан ылбыта. Онтон атын ол оҕо эрэ дьылҕатынан муҥурдаммакка, дьыала баһа саллайан тахсыан сөбө.

Уйбаанчык: Ол оҕо эрдэҕинэ охсор охсубут муҥнааҕа онто да суох “уһун отун оттообото” ини?

Миитэрэй: Суох доҕоор, онтуҥ нууччалыы эрэ суруйар суруналыыс бэрдэ буолбут үһү. Итинник холобур элбэх. Мирнэйгэ үлэлиирбэр Игорь Игнатьевич Николаев диэн Сунтаартан төрүттээх туохтан да иҥнибэккэ кыларыйар кырдьыгы эрэ тутуспут саха ньургуна судьуйа баара. Уус алланнар билэр-өйдүүр болуохтаахтар. 1976 сыллаахха үөрэҕин бүтэрээт, борокуратуура силиэдибэтинэн кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыта.

Уйбаанчык: Билбэппин. Истибэтэҕим. Дьэ ол  кырдьыгы өрө тутан тугу гыммытай?

Миитэрэй: Оҥорбута элбэх. Оннооҕор, истиэххин баҕардаххына, Мэҥэҕэ судьуйанан олорон, үстэ хаайыыга олорбут баппат аатырбыт киһи арыгылаан баран киһини өлөрбүт дьыалатын көрөрүгэр буруйданааччы: “Мин сууттан көрдөһүүм биир: ыар ыарыыга ылларан  бэккэлээтэр балтараа сыл олорорум хаалла. Хаайыыга баран уҥуоҕум сыбаалкаҕа быраҕыллыан баҕарбаппын. Манна дьонум уҥуохтарыгар киһилии хараллыан баҕарабын,”- диэбитин суукка ылыннаран, бириигэбэрин икки сыллаах кыһалаҥ үлэнэн таһааттарбыт этэ. Ону көтүттэрээри РСФСР прокурата кытта орооспут этэ да кыайтарбакка, ол киһи баҕатын хоту дойдутун буоругар балтараа сылынан уҥуоҕа хараллыбыт үһү.

Уйбаанчык: Биирдиилээн эрэ түгэннэр хайаан суох буолуохтарай!

Миитэрэй: Ама, биирдиилээн эрэ түгэн буоллаҕай доҕоор! Саха юрист дьонун ортолоругар, оннооҕор биэс,  алта уонус сылларга саха үс реалист-суруйааччыларын национализмҥа буруйдааһыны аһаҕастык утарса сатаабыт Саха АССР кылаабынай судьуйата Михаил Федоров курдуктары ааҕан сиппэккин. Холобур, Игорь Игнатьевич үөлээннээхтэрэ: Анатолий Саввич Антонов, Валерий Николаевич Прокопьев, Василий Николаевич Васильев, Макар Макарович Яковлев, Василий Васильевич Холмогоров онтон да атыттар дойдуларын, норуоттарын дьылҕатын туруулаһар өйдөөх-санаалаах эдэр юристар тахсан эрэллэрэ хайы үйэ биллэн эрэллэр.

Уйбаанчык: Оннук ини, биһиги тыа дьоно ити ааттыыр дьоҥҥуттан кимии да билбэппит. ( Бу да оҕонньор ону-маны дойҕохтоон хааллаҕа. Сахалар “Суор суорун хараҕын оҥпот,” оттон нууччалар “Каждый кулик свое болото хвалит” дииллэрэ ити буоллаҕа.) Чэ ити хааллын. Миитэрэй кырдьаҕаас, дьэ, бу дойдугар олохсуйан тугунан дьарыктанар баҕалааххын? Эйиигин билэр да дьон аҕыйаан эрдэҕэ.

Миитэрэй: Ээ, оннук. Бэйэм көлүөнэм дьоно аҕыйахтар. Бороҕонунан эҥин бааллар. Дьарыгым диэн улахан күттүөннээх суох буоллаҕа дии.  Арай, дойдубун быһыахпыттан ыла оҕолорбун батыһыннара сылдьан төрөөбүт Лампаралаахпынан, Тыймыыттааҕынан, Даахыччанан сир астыыбыт, сайынын оттуубут.

Уйбаанчык: Дойдугар-сиргэр оҕолоргун сыһыараары гынар буоллаҕыҥ. Оҕо төрдүн-ууһун, төрүт түөлбэтин билэ улаатара эмиэ да сөп. Бээрэ, бу тэлгэһэ эйиэхэ туох сыһыаннааҕый?

Миитэрэй: Бу тэлгэһэ диигин дуо, доҕорбун кэриэстээн, бүтүннүү сэтиэнэххэ баттанан сытарыттан санаам хараастан ыраастыы таарыйа оттуубун. “Һэ-һэ,” (күлэр) бу да буолларбын былыргы киһи былата буолан, оҕолорбор билиһиннэрээри сиэри тутуһан “ хотуур уулатыыта” диэн балаҕаҥҥа уот сыыһа күөдьүтэн: “Оҕоҥ Ньукуус  кэлбитин курдук ылынан үөр-көт, мичик аллай! Эн киэҥ тэлгэһэҥ сэтиэнэххэ былдьатан, кэтит тиэргэниҥ сытыган эрбэһининэн саба баттанан дьүдьэх дьүһүнүттэн  ыстаал хотуурунан ыраастыы кэллим. Оҕолорбун ороһуйа көрүмэ, омнуолуу санаама! Киэҥҥэр киллэр, кыараҕаскар кыбыт.”- диэн арыылаах алаадьынан айах тутан алгыыр үгэстээхпин.

Уйбаанчык: Ити Ньукуус диэн Николай Николаевич Тарскайы этэр эбиккин дии? Дьэ ити баар дии, доҕор туһунан үтүө өйдөбүлү дьоҥҥо-сэргэҕэ тилиннэрии биир холобура. Кырдьыга да, бэйэтин кылгас үйэтигэр Саха сиригэр ыччаты маассабай хамсаааһынтан спорт үрдүк чыпчаалыгар тиийэ тахсарыгар көҕүлээбит тэҥнээҕэ суох саха норуота бүттүүнэ билинэр, сүгүрүйэр киһитэ этэ үһү ээ (бэйэтигэр: “Төһө да, биэс-алта сылтан бэттэх дьон этэринэн туох да дакаастабыла суох халбаҥ хара балыырынан көҥүл тустууга кини аатынан Кубогы, сойуолаһан туран,  күрэхтэһииттэн сотторбуттара диэтэллэр да, обком сөбүлэһэн, совмин уурааҕа таҕыста ини? Киһи билбэт, туох эрэ баара чахчы! “Тыала суохха мас хамсаабаат!”, ”Ат түөрт атахтаах да бүдүрүйэр!” – диэн эмиэ баар.) киһитигэр туһайан: Бу эн курдук төһөлөөх дьон-сэргэ үтүө өйдөбүлүн ханнык да уурааҕынан баалкылаан  былдьыыр кыахтара суох. Хаһан эрэ кырдьыга тахсыан сөп этэ.

Миитэрэй: Сөпкө этэҕин. Мин да оннук саныыбын. Оҕо оҕотуттан дииллэрин курдук кыра сааһаттан тобуллаҕас өйдөөх, сытыы-хотуу, кыаллар буола улааппыта. Аны санаатахха, Аар Айыылар баар буоллахтарына Орто Туруу Бараан Дойдуга ох курдук оҥорон, кустук курдук куоһаан түһэрбиттэр эбит диэх курдук баара суоҕа үс сыл республика спордун салайар кэмигэр эн этэриҥ курдук, билигиҥҥэ диэри дьон өйүттэн сүппэт далааһыннаах, төһөлөөх  үлэни-хамнаһы тэрийдэ этэй? Ону барытын мэлдьэһэр, аатын-суолун хараардан туора сотор өйгө баппат дьыала.

Уйбаанчык: Дьон да оннук ылынар.  Спорт комитетын председателэ Андрей Андреевич Протопопов Тарскай Кубогын уларыппыттарын утарсар үс сүүс киһи илии баттааһыннаах туруорсууларын  илдьэ делегациянан обкомҥа киирэн үлтү мөҕүллэн тахсыбыт этэ. Өссө киһиҥ  онно да сөбүлэспэккэ, оройуон тустууга чемпионатыгар Н. Н. Тарскай портретын улахан гына оҥотторон баран, ыйаан, аны оройуон советын исполкомун анал быһаарыытынан үп көрдөрөн, олохтоох Кондрат Герасимов диэн скульпторынан бүйүүһүн оҥотторон культура уонна сынньалаҥ паркатыгар туруортарбытын иһин быһа Обком бюротугар ыҥырыллан быыгабар ылан тахсыбыт сурахтааҕа. Билигин даҕаны хаһыатынан туруорсарын тохтоппот (бэйэтигэр: ”Бу акаарытын көрүҥ эрэ, чаба бэрт ээ? Кутуйах куоскаҕа сүллүгэстиммит үһү диэбит курдук”)

Миитэрэй: Тустууктар эмиэ 1981 сыллааҕы дьаһал кэнниттэн саас ыытыллыбыт  көҥүл тустуу чемпионатыгар Николай Тарскай аатын туоратыыны бырачыастаан икки чааһы быһа көбүөргэ туста тахсыбатах этилэр. Тарскай аатын сиргэ-буорга тэпсибит, обкомунан сирэйдэммит үҥсүү хаата киһийдэҕи сааттаахтык саалаттан үүрдэрэн эрэ баран, тустуу саҕаламмыт этэ. Таммах уу тааһы дьөлөрүн курдук норуот, спортивнай общественность ыгыытынан Тарскай үтүө аата син биир тиллиэҕэ дии саныыбын.

Уйбаанчык: Оннук баара (бэйэтигэр: “Ууну охсон баҕаны куттаабыт үһү”, – диэбиккэ дылы. Ол бууннаан да тугу туһаммыттар үһү? Үҥсээччилэрэ да, сиртэн силистээх курдук  баттаҕа да силир гымматаҕа чахчы. Уураах да уларыйыах быккыта биллибэт”)

Ньуолбардык: Таммах уу тааһы дьөлөр диэбиккэ дылы, Дмитрий Егорович, дойдубутугар буола турар сабытыыйалары туох дии саныыгын. Манна дьон саастаах өттө Горбачев былааска тахсыбытыгар эдэр киһи кэллэ, уларыта тутуунан олохпут көнөр буолла диэн үөрбүттэрэ. Оттон быйыл тохсунньутааҕы пленумҥа уларыта тутуу саҥа стратегиятынан “гласность”, киһи сатаан да эппэт “плюрализм,” “демократизация”киириитэ буолар. Социализм идеяларын салгыы сайыннарыыга демократия холбостоҕуна кыаҕа кэҥээн  өрөгөйдүүрүгэр тириэрдиэ диэн турда.

Миитэрэй: Тыл көҥүлэ, бэчээт тутулуга суох буолуута, миитин, демонстрация көҥүлэ, элбэх партияланыы сатаан үүннэммэтэҕинэ түмүллүөхтээҕэр ыһыллыы, олох сатарыйыыта үтүөнэн эргийэрэ уустук. История хатыланар дииллэр. 1917 сыл олунньутааҕы революция туохха тириэрдибитин киһи барыта билэр.

Уйбаанчык: Кэбиис, оннук эрэ буолбатар ханнык (бэйэтигэр: “өрөбөлүүссүйэ  олоҕу уларытара биллэр. Буоллар буолан көрдүн! Көрөн иһиэхпит.” Биэттэлиир суол диэки чарапчыланан көрөр) Хайа, аны оҕо бөҕө бытырыыскаланан иһэллэр эбит.

Миитэрэй: Ээ, мин бытырыыскаларым истэхтэрэ.

Уйбаанчык: Ону-маны кэпсэтэн олорон хаала сыспыппын, субайдарбын булан үөрдэригэр холбуом этэ. (туран атыгар барар. Сотору оҕолор тиийэн кэлэллэр.)

Диана: Аҕаа, бу өйүө аҕаллыбыт. Линалаах Оппоко сирбитин да оттолуу иликпитинэ аччыктаатыбыт, утаттыбыт диэн үүппүтүн иһэн кэбистилэр. Нэһиилэ чэй үүттэнэр хаалла дуу, дуу, суоҕа дуу?

Миитэрэй: Чэ туох буолуой, дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ киэһэ  ийэбит бэлэмнээбит сүөгэй үүттээх чэйин иһиэхпит. Уу, бу оторой-моторой оҕокколорум сыыстара тириппиттэриэн, (сиэбиттэн былатуогун хостоон  ылан сирэйдэрин-харахтарын сото-сото биир-биир сыллаталыыр.) Сынньана түһүҥ, Диана, манна аһыыбыт дуу, биитэр  Лампаралаахха өтөхпүтүгэр тиийэн аһыыбыт дуу?

Линалаах Оппоко иккиэн: Манна, манна! Аһыы охсуоҕуҥ.

Варя: Манна, ол сиргэ олорон аһыахпыт дуо? Өтөхпүтүгэр барыаҕыҥ, бу кыралар да ороҥҥо таҥас да баар, сытан сынньанан,  утуйан да ылыахтара этэ.

Диана: Аҕаа, бу кыыс сөпкө этэр, оннуга ордук буолсу. Хайа уонна өтөхпүт отун бугуллуох буолпут дии.

Миитэрэй: Сөп. (Линалаах Оппокону төбөлөрүн имэрийэр) Эдьиийдэр тыллара сокуон, эһиги кыралар ону истиэхтээххит.

Оппоко: Аҕаа, мин илим көрөргөр барсыам, олох да сылайбатым.

Диана: Оппоко, өссө да кыраҕын, кыра оҕо ууга киирэрэ сэрэхтээх. Тыы түөрэккэй, аны омуҥҥар балык араарсаары тыыны түөрэ үктээн ууга түһүөҥ.

Оппоко: (хомойон уоһун толлоччу туттан баран аҕатын кууһа түһэр) Аҕаа, оччоҕо күөл кытыытыттан эн илимтэн хас собону араараргын көрүөм, сөп дуо?

Миитэрэй: (кууһан ылан сыллыыр) Оо, оҕом бу өйүн,  саамай сөп, барсаар. Мин илиммин көрөн собочооннору тымтайбар кутан  таһаарыам, ону үтэһэҕэ үөлүөхпүт, бөдөҥүттэн дьиэбитигэр илдьэн ийэбитин үөрдүөхпүт. Үөлүллүбүт мундуну, собочооннору сөбүлүүгүн буолбат дуо?

Лина: Мин эмиэ, мин эмиэ наһаа сөбүлүүбүн. Чэ түргэнник бара охсуоҕуҥ.

Варя: Оҕолоор, көмүс хатырыктааххыттан илиммитигэр иҥиннэр диэн эбэбит байанайыттан көрдөһөөрүҥ.

Диана: Байанай барахсан наһаа үөрүнньэҥ уонна оҕолору олус таптыыр. Эһиги көрдөһүүгүтүн хайаан да истиэ, өлүүлүө.

Миитэрэй: Оҕолорум барахсаттар, ити курдук Байанайы үөрдэ-көтүтэ сылдьар буолуҥ. Булду мыынары Байанай сөбүлээбэт, хомойор. Оччоҕуна булт кэхтэр. Тэбииккэ Солко Баһылай диэн балыксыт оҕонньор, дьон ыйыттаҕына хаһан да суох диэбэт, биир балык баар диирэ үһү. Ону эмээхсинэ, хара сордоох, ол биир балыккынан хас киһини аһатаары кэпсии тураҕын диэн саба хаһыыран кэбистэҕинэ, булт кэхтиэ саҥарба диирэ үһү. Көр саха Байанайы оннук өрө тутара, хомоппот буолара. (хомунан бараллар. Сцена хараҥарар. Чочумча буолаат сырдаан кэлэр.)

***

Дьокуускай. 1989 сыл сэтинньи 28 күнэ. Республикатааҕы спорт ветераннарын конференцията ыытылла турар.

Оонньуур дьоно:

Председатель – республикатааҕы спортсовет үлэһитэ.

Андрей Андреевич – Уус Алданнааҕы спортсовет пркдседателэ.

Семен Семенович – Н. Тарскай соратнига.

Председателлээччи: Табаарыс ветераннар, конференция бэбиэскэтин үһүс боппуруоһугар киирэбит. Боппуруос Саха АССР спортивнай общественноһын туруорсууларынан уонна Уус Алдантан  үлэһиттэр депутаттарын  оройуоннааҕы советын исполкомун ходатайствотынан бэбиэскэҕэ киирбитин бэйэҕит да билсэ олороҕут. Николай Николаевич спорт сайдыытыгар  алгыстаах айан аартыгын арыйбыт умнуллубат үтүөлээҕин сыаналыыр, үгүскүт кинини сирэй билэр, үтүө сүбэтинэн, өйөбүлүнэн-көмөтүнэн спорка бастакы холонууттан үрдүк маастарыстыбаны баһылааһыҥҥа тиийэ аакка-суолга тиксибит   саха спордун ветераннарыттан  ордук ким тыла норуокка тиийимтиэ, итэҕэтиилээх буолуой?  Николай Николаевич Тарскай аатынан көҥүл тустуу Кубогын чөлүгэр түһэриини туруорсуу боппуруоһугар биһиги спорт ветераннара санаа үллэстэн, норуот хамсааһыныгар кыттыһан, бэйэбит үүннээх-тэһииннээх тылбытын киэҥ общественность билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарарбытын саха норуота кэтэһэр (саалаҕа ытыс таһыныыта).

Табаарыстар, тыл барар, Уус Алдантан республикаҕа спортивнай хамсааһын энтузиаст-ветеранарыттан биирдэстэрэ, Николай Николаевич Тарскай аатынан көҥүл тустуу чемпионатын чөлүгэр түһэрии хамсааһынын утумнаах көҕүлээччитэ Андрей Андреевич Протопоповка (ытыс тыаһа. “Өндөрөй, кытаат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбатын!” –  дэһэллэр).

Андрей Андреевич: (ачыкытын көннөрүнэр, мустубут дьону эргиччи көрөн ылар) Табаарыс ветераннар, бүгүҥҥү конференция дойду үрдүнэн санааны аһаҕастык этэр, тыл уонна бэчээт көҥүлэ хааччахтаммат буолбут кэмин тыынынан саамай тоҕоостоох кэмҥэ ыытылларыттан үөрэбин, астынабын. Саха сиригэр физическэй культура уонна спортивнай хамсааһын сайдыытын историятыгар  тосту-туора орооһуунан күн бүгүнүгэр диэри ымыттан көрбөт тимир ытарча ыһыкта илик “үрүҥ бээтинэлэрин” ыраас мууска ууран босхолонор уонна хаһан да күөрэйбэт гына история күрдьүгэр быраҕар  кэм кэллэ (саалаҕа күргүөмнээх ытыс тыаһа. “Саамай сөп!” – диэн хаһыы иһиллэр). Спорду олохторун аргыһа оҥостубут биһиги көлүөнэ ветераннара бары аҕа туттубут, суолдьут сулус оҥостубут ытыктыыр, киэн туттар салайааччыбыт, саха ыччатын маасабай хамсааһынтан Олимпийскай чыпчаалга тахсар кэскилин өтө көрөн киэҥ суолга үктэннэрбит өлбөөдүйбэт үтүөлээх-өҥөлөөх спорт улууканнаах деятелэ Николай Николаевич Тарскай үтүө  аатын олоҕо суох киртитэр донуоска олоҕуран, норуоттан кистээн, норуот санаатын истибэккэ, иҥэн-тоҥон үөрэппэккэ эрэ кини аатынан көҥүл тустуу кубогын уларытан тэрийиини кытта хайдах да  эйэлэһиэхпитин сатаммат. Тоҕо? Николай Николаевич Тарскай төрөөбүт норуотун ыччата чөл олохтоох, чэгиэн-чэбдик туруктаах буола үүнэригэр-сайдарыгар физическэй культура уонна спорт сүҥкэн оруолун тус холобурунан итэҕэтэр,  көҕүлүүр,  тэрийэр-салайар далааһыннаах үлэтэ-хамнаһа биһиги харахпыт ортотугар олоххо киирбитин  мэлдьэһэр төрүөппүт суох. Ол да иһин биһиги уус алданнар саха норуота бүтүннүүтэ муҥура суох махтанар биир дойдулаахпыт аатын-суолун чөлүгэр түһэрии боппуруоһун хара ааныттан араас таһымнаах мунньахтарга тиийэ туруорсууну  саҕалаабыппыт. Ити туруулаһар сиэрдээх хамсааһыммытын аата-ахсаана биллибэт бобууттан-хаайыыттан, дьүүлтэн-дьаһалтан  мөлтөөн-ахсаан биэрбэккэ, маасса киэҥ араҥатын тардар өйөөһүн кэккэтэ хаҥаан, халыҥаан иһэрэ биһигини кынаттыыр. Ол курдук, бэчээт средстволара: оройуоннааҕы  “Ленинскэй тэрийээччи,” хаһыаттан саҕалаан,  республикатааҕы “Эдэр коммунист,” “Кыым,” “Социалистическая Якутия” хаһыаттар нөҥүө тахсан испит, кырдьыгы сирэйинэн этэртэн чаҕыйбат, чиэһинэй, хорсун дьон ыстатыйаларын дьүүллэһиигэ элбэх дьон кыттыылаах аһаҕас санаа атастаһыыларыгар биһиги туруулаһыыбытын утарар тылы ким да көтөхпөтө.

Мин ааспыт сайын уоппукам кэмигэр Москваҕа тиийэн, Постпред, ССРС народнай депутата Иннокентий Гаврильевич Игнатьев приемугар сылдьан, кини көмөтүнэн Николай Николаевич быһылааҥҥа түбэспит дьыалатын  дьиҥнээҕин куоппуйалатан аҕаллым. Бу баар! ( саалаҕа көрдөрө) Бу докумуоҥҥа быһылааҥҥа түбэһэн, сырдык тыына быстарыгар  хааппыла да арыгыны испэтэҕин туох да мөккүөрэ суох туоһулуур чахчы судмедэксперт түмүктээһинигэр сурулла сылдьар. Көрүҥ, итэҕэйиҥ! Бу Николай Николаевиһы “ Итирэн баран утары иһэр массыынаҕа тэбистэрбитэ” диэн дьиҥнээх кырдьыгы сабан туран, ньүдү-балай баһааҕырдыы олоҕо суоҕун ыраас мууска ууран биэрэр буомба! (саалаҕа уһун ытыс таһыныыта)         Саха норуотугар “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат” уонна “норуот үрдүгэр буор ыспат” диэн бэргэн өс хоһоонноро баар. Сымыйа хабахха тыыннарар кэмэ ааста.  Кырдьык өрөгөйдүүр кэмэ үүннэ!  Кырдьыкпыт  тахсыа, кыайыы биһиэнэ буолуо!  (ытыс тыаһа)

Николай Николаевич Тарскай умнууга тэпсиллибит сырдык аата тиллэн, кэнэҕэски көлүөнэҕэ ытыктабыл уонна сүгүрүйүү палочкатын туттарыы биһиги саха спордун ветераннарын ытык эбээһинэспит! (Дохсун ытыс таһыныыта.)

Семен Семенович: “Миэхэ тылла аҕалыҥ, суос соҕотох этиилээхпин,-диэбитинэн саас ылан мэктиэтигэр саһарымтыйан көстөр убаҕас баттахтаах кырдьаҕас киһи тыын ылаары көхсүн этитэн баран: “Уус алданнар маладьыастар. Саамай сөпкө туруорсаллар. Онон үгүс-элбэх тыла суох биһириибит, өйүүбүт, куоласпытын холбуубут диэн ис хоһоонноох  Конференция кыттыылаахтарын илии баттааһыннаах суругу партия обкомун секретара Прокопьевка аадырастаан туттарыахха.”

(саалаттан: “Саамай сөп! Олохтоох дьаһалта ылыммат буоллаҕына, Киин Комитекка тиийэ барар наада!”- диэн саҥа иһиллэр.)

Председателлээччи: (чуораанын тыаһатар) Уоскуйуҥ, дьыала өйдөнөр.  Николай Николаевич соратнига, ытыктабыллаах Семен Семенович этиититтэн ураты атын этии баар дуо?  Суох. Оччоҕо куоластааһыҥҥа киирэбит. Ким Семен Семенович Жирков киллэрбит этиитин өйүүргэ диэччилэр куоластааҥ. Утары, туттуммут суох. Ылыллар. Салгыы конференция уочараттаах боппуруоһугар киирэбит.  ( сцена хараҥарар. )

***

2015 сыл, алтынньы. Дьокуускай куорат уопсай дьиэтин биир квартирата.

Оонньуур дьоно:

Диана – 42 саастаах, уһуйаан иитээччитэ.

Данил – кини кэргэнэ, педагог-иитээччи.

Дьиэлээх хаһаайын гаас оһоххо киэһээҥҥи ас буһара туран: — Били  Ойуунускайдыы  эттэххэ “ытарҕалаах ыспараабынньыкпыт”  кэлэрэ төһөлөөн эрдэҕэ буолла.

Таһыттан Диана Дмитриевна мичээрдээбитинэн киирэн: Хайа, доҕоор, кэлээт да утуйан, сынньанан ылбакка хайы-үйэ аһыҥ-үөлүҥ ырааппыт дуу?

Данил хап-сабар аттыгар кэлэн, кэргэнин тас таҥаһын устан биэсэлкэҕэ ыйыыр. Диана хоско ааһан халаат кэтэн тахсар.

Диана: Хайа, доҕоор, хайдах сырыттыгыт?

Данил: Самолеппут алта аҥар саҕана түспүтэ. Онтон икки таксинан  оҕолорбун интернаттарыгар илдьэн баран, дьиэбэр уон саҕана кэлэн кыратык утуйан ыллым. Сырыы да, түмүк үчүгэй. Биир оҕом Гран-при, икки оҕо маҥнайгы уонна үс оҕо иккис-үһүс степеннээх лауреат ааттарын ыланнар үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар.

Диана: Дьэ, үчүгэй эбит. Данил, биһиэхэ да үчүгэй сонун элбэх. Эһиги барааккытын утаа били аҕам үөлээннээҕэ Николай Тарскай аатын “Туймаада” стадиоҥҥа иҥэрэр туһунан Ил Дархан Ыйааҕа тахсан дьон-сэргэ үөрүүтэ баһаам.

Данил: Ээ, дьэ бэрт дьыала эбит доҕоор. Ол иһин даҕаны, дьиэбэр кэлээт да Дьокуускай сонуннарын ахтан холбообуппар, диктор саҥата “ …”Туймаада” стадиоҥҥа мемориальнай дуосканы аһыыга аналлаах миитин туһунан репортааһы киэһээҥҥи таһаарыыга биэриэхпит,”- диэбитин кулгааҕым уһугунан эрэ истэн хаалбытым.

Диана: Хайыы, оччоҕо көрөр-истэр буоллахпыт. Оо, аҕам тыыннааҕа буоллар төһө эрэ үөрэр, долгуйар этэ, абалаах баҕайы.

Киэһээҥҥи аһылыкка уончалаах уоллара Тимурдуун остуол тула олорон саха сонуннарын истэллэр.

Диктор саҥата: Ытыктабыллаах үөрүүлээх миитин кыттыылаахтара: Ил Түмэн спикерэ ытыктабыллаах  Александр Жирков, правительство председателин солбуйааччы Александр Соловьев, Николай Тарскай төрөппүт уолаттара Сергей, Александр Тарскайдар, спорт миниистэрин бастакы солбуйааччы Георгий Балакшин, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, ытыктабыллаах спорт ветераннара, манна мустубут Николай Николаевич аатыгар сүгүрүйээччилэр, бүгүн саха норуотугар үрдүк өрөгөйдөөх, үйэлэргэ умнуллубат историческэй күн! Республика Ил Дархана Егор Борисов бу дьыл алтынньы 12 күнүнээҕи 703 №-дээх Ыйааҕар олоҕуран, “Туймаада” стадиоҥҥа Николай Николаевич Тарскай аата иҥэриллибитинэн ытык бэлиэ – мемориальнай дуосканы арыйыы үөрүүлээх миитинэ саҕалыыббыт! (дохсун ытыс таһыныыта)

2014 сылга республика общественноһа Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээбитэ. Николай Николаевич   ыччат киэҥ араҥатын тэрийэр, көҕүлүүр айылҕаттан бэриллибит чаҕылхай талаанынан республикаҕа спорт уонна физическэй культура маассабай хамсааһына тэнийиитигэр итиэннэ спорт олимпийскай көрүҥнэрэ муҥутуу сайдыыларыгар, Саха сирин спортсменнара спорт аан дойдутааҕы аренатыгар тахсалларыгар аан аһар, суол тэлэр   бастакы акылааты уурбут сүҥкэн кылааттааҕа. Кини быһаччы салалтатынан уонна тэрийиитинэн республикаҕа көҥүл тустуу, бокса, ыарахан атлетика бастакы чемпионаттара, ыччат фестиваллара тэриллибиттэрэ.1956 сыллаахха Николай Тарскай көҕүлээһининэн Саха сирин норуоттарын бастакы спартакиадалара ыытыллан үгэскэ кубулуйбута.

Республикаҕа Спорт комитетын председателинэн үлэлиир сылларыгар бу күннэргэ кини аатын Ил Дархан Ыйааҕынан сүкпүт, “Туймаада” диэн уларытыллан тэриллибит урукку “Спартак”  стадион аан бастаан тутуллан, 1956 сыллааҕы спартакиада бары көрүҥнэрэ үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Николай Тарскай ыра санаа баҕата оҥостубут үөрэнэр эдэр ыччаты иитэр-үөрэтэр кыһата – Чурапчытааҕы, уһулуччулаах педагог-тренер, Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх тренерэ, “Бочуот Знага”, “Октябрьскай Революция” уордьаннар кавалердара, Саха АССР үтүөлээх учуутала Дмитрий Петрович Коркин салайааччылаах көҥүл тустууга спорт интернат-оскуолата 1966 сыллаахха тэриллэн, кини өтө көрөн түстээбит көҥүл тустууга Олимпийскай Оонньуулар чемпионнара, призердара иитиллэн саха тустуутун үрдүк өрөгөйө, саха норуотун бүттүүн киэн туттуута буолла.  1963 сылтан Николай Тарскай аатынан республикаҕа бастыыр иһин көҥүл тустуу Кубога олохтоммута.

Николай Николаевич үөлээннээхтэрэ, соратниктара, иитэн таһаарбыт спорт аҕа саастаах көлүөнэ ветераннара ахталларынан спорт комитет председателинэн олорон, Дьокуускайга бастакы Спорт Дыбарыаһын туттарыы бырыйыактыыр-сметнэй докумуоннарын бэлэмнээбит биир саамай кэскиллээх баҕата биһиги эрэ кэммитигэр олоххо киириитин чаҕылхай көстүүтүнэн бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев кыһамньытынан  тутуллубут спорт  дьоһуннаах уораҕайдарын: “Триумф”, “Дохсун”, “Модун”, “Самордок”, “Чолбон” бассейннары, “Эллэй Боотур” муус дыбарыаһы, “Азия оҕолоро” оонньууну ааҕан сиппэккин. Николай Николаевич Тарскай үтүө аатын,  норуота сайдарын туһугар анаабыт дьоһун олоҕун үйэтитии дьаһаллара салгыы кэҥии, тэнийэ турдуннар. ( ытыс тыаһа)

Диктор: Саха Республикатын Ил Дарханын Ыйааҕынан “Туймаада” стадиоҥҥа Николай Николаевич Тарскай аата иҥэриллибит ытык бэлиэтэ – Н. Н. Тарскай мөссүөннээх мемориальнай дуоска сабыытын аһарга ыҥырыллаллар: Ил Түмэн Председателэ Александр Жирков, Республика правительствотын Председателин солбуйааччы Александр Соловьев, Н. Н. Тарскай төрөппүт уола Александр Тарскай.  ( ытыс тыаһа, Саха Республикатын Өрөгөйүн ырыатыгар доҕуоллатан сабыыны арыйаллар)

Микрофоҥҥа Александр Жирков: Саха норуотун историятыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит сүҥкэн үтүөлээх дьон  сырдык өйдөбүллэрин үйэтитии республика государственнай политикатын быстыспат сорҕото,  бэйэ историятыгар, ааспыт олохпутугар-дьаһахпытыгар дириҥ ытыктабыл бэлиэтэ. Бүтүн социальнай эпохалар атахтаспыт уларыйыылаах-тэлэрийиилээх кэм ыар тыынын этинэн-хаанынан билбит биһиги норуоппутугар ордук улахан суолталаах. Николай Николаевич олохтон барарыгар өссө 40-н да сааһа суоҕа. Ол гынан баран, кини республикаҕа физическэй культура иһин хамсааһын, маассабай спорт сайдыытын,  саха спорда, саха спортсменнара норуоттар икки ардыларынааҕы уонна аан дойдутааҕы аренаҕа тахсалларын туһугар спорт профессиональнай таһымҥа тиийэ үүнүүтүгэр-сайдыытыгар  бигэ төрүтүн уурууну ситиспитэ. Итиннэ сытар саамай сүнньэ — Николй Николаевич төрөөбүт норуотугар сүдү үтүөтэ-өҥөтө. Кини биһиги республикабытыгар физкультурнай хамсааһын салайааччытынан олус кылгас кэмҥэ үлэлээн ааспыта. Талааннаах тэрийээччи, ыччаты түмээччи, дэгиттэр сайдыылаах спортсмен быһыытынан дириҥник ытыктанара,  өссө 50-нус сылларга Саха сиригэр спорт элбэх көрүҥэ сайдыытын түстээбитэ.

Бүгүн биһиги республикабыт, баҕар Николай Николаевич көҥүл тустууга, боксаҕа, ыарахан атлетикаҕа бастакы чемпионаттары, Саха сирин норуоттарын бастакы спартакиадаларын тэрийэн ыытарыгар ыра санаа оҥостубутун курдук ордук үрдүк таһымнаах спортивнай тэрээһиннэри ыытабыт. Бүгүн биһиги спортсменнарбыт аан дойду аренатыгар Тарскай аатынан кытталлар. Бүгүн биһиги республикабыт спорт Россиятааҕы, аан дойду таһымнаах Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэри Тарскай аатынан ыытар. Тоҕо диэтэххэ кини — төрүттээччи, тэрийээччи,  маассаны көҕүлүүр күүһүн тыына хас биирдии спортсмен уонна спорду сэҥээрээччи өйүгэр-сүрэҕэр тыыннаах.

Билигин биһиги ааспыт историябытыгар, олор ханнык  партиялаахтарыттан, партията суохтарыттан, советскай эбэтэр,  ханнык кэм дьоно буолалларыттан тутулуга суох  биир тэҥник сыһыаннаһарбыт — ол биһиги историябыт, биһиги ытык өйдөбүлбүт. Ол биир чаҕылхай көстүүтүнэн биһиги республикабыт биир саамай кырдьаҕас итиэннэ бастыҥ “Туймаада” стадионугар Николай Николаевич Тарскай аатын иҥэрии буолар. Республика общественноһа, чуолаан, спортивнай общественность уонна биир дойдулаахтара кини аатын тилиннэриини сэргэ маннык сиэрдээх дьаһал ылылларын өр сыллар усталарыгар турууласпыттара. Ол бүгүн туолла (ытыс тыаһа)

Бу мемориальнай дуоска Тарскай аатын үйэтитии саҕаланыыта эрэ. Спорт баараҕай комплексын киирии аркатын үрдүнэн “Николай Николаевич Тарскай аатынан “Туймаада” стадион” диэн көмүс буукубалынан суруллан ыйаныа. Николай Николаевич Тарскай аата биһиги спортсменнарбытын саҥаттан саҥа кыайыыларга кынаттыы турдун! (Уҕараабат ытыс тыаһа)

Диана телефона тыаһыыр. Хоско киирэн балачча буолан баран тахсар.

Данил: Хайалара эрийэр?

Диана: Балтым Варя, ыксаабыт аҕай, телевизоргын холбуу оҕус. Сонуннарга  Николай Тарскай аатын “Туймаадаҕа” иҥэриллибитинэн үөрүүлээх миитини биэрэ тураллар диэн үөрбүтэ-күүркэйбитэ сүрдээх. Үрүт-үөһэ аҕабыт баара буоллар диир. Көрө олорорбутун истэн баран дьэ уоскуйда. Балтылаах быраатыгар эмиэ этиэм диир.

Данил: Элбэҕи истибэккэ хааллыҥ. Николай Тарскай ииппит-үөрэттэрбит киһитэ,  спорт ветерана, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Волков: “Биһиги Николай Николаевич иитиллээччилэрэ, үөрэнээччилэрэ Учууталбыт аатын мэлдьи үрдүктүк тутан кэллибит. Бэл кини аатын-суолун олоҕо суох хараардан сиргэ-буорга тэпсэн букатыннаах умуннарыы сылларыгар түһэн биэрбэтэхпит. Биһиги улуу  наставникпыт, спорт уһулуччулаах тэрийээччитин туһунан өйдөбүнньүк дьоһуннук үйэтитиллиэхтээх диэтэ. Өссө эбэн, 1956 сыллаахха, партия обкомун отчуоттуур-быыбардыыр конференциятыгар тыл этэригэр: “Биһиги спортсменнарбыт истэриттэн  аны уон-уон биэс сылынан Олимпиада чемпионнара үүнэн тахсыахтара. Онно үктэл буолар, далаһа кэбиһэр үлэни тэрийиэхтээхпит,”- диэн хорсун өтө көрүүтүн ким да итэҕэйбэккэ күдээринэ күүрээн курдук ылыммыттара. Бүгүн ити өтө көрүү олохтооҕун бары билэбит. Николай Тарскай ити кэскили хайабытыттан да урут итэҕэйбитэ, физическэй культура уонна спорт  сайдыытыгар кимтэн да улахан кылаатын киллэрбитэ. Улуу Учууталбыт сырдык аатын үйэтитии дьаһаллара салгыы ыытылла турдунар,- диэн түмүктээтэ. Билигин  Николай Николаевич Тарскай уола Сергей этэн эрэр, истиэххэ.

— Биһиги аҕабыт сырдык аатын үйэтитии биир дьоһуннаах тэрээһинигэр – “Туймаада” стадиоҥҥа аатын иҥэриинэн мемориальнай дуосканы үөрүүлээхтик аһыы миитинигэр кыттыыны ыларбытынан  кини оҕолоро, сиэннэрэ астынарбытын итиэннэ республика салалтатыгар, аҕабыт биир дойдулаахтара — уус алданнарга сүгүрүйэн туран, дириҥ махталбытын тириэрдэрбин көҥүллээҥ! (ытыс таһыныыта).

Биһиги, кини уолаттара, оҕо сааспыт аҕа, ийэ сылаас тапталларыгар биһиктэнэн ааспытын өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр илдьэ улааппыппыт. Аҕабытын сүтэрбит ыар күннэрбитигэр республика общественноһын бэрэстэбиитэллэрэ, ол иһигэр үөрэппит-ииппит үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит соратниктара дириҥ кутурҕаннарын тириэдибиттэрэ, кэлин да сорохторо, Егор Дмитриевич Кычкин дьиэ кэргэнин курдуктар, быстыспат сибээһи тутуспуттара, көмөлөспүттэрэ эһигини атаххытыгар туруорарбар бигэ тирэх, күүс-көмө буолта диэн ийэбит мэлдьи күндүтүк саныыра. Биһигини эрэ буолуо дуо, сиэн оҕолоругар тиийэ аҕабытын кытта кылгас эрээри дьиэ кэргэн толору дьоллоох, олох, үлэ күүрээннээх, эдэр саас элэйэри-сылайары билиммэт эрчимнээх кэмнэрин үтүө холобуругар үөрэтэрэ.

1990 сыл биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, чуолаан 64 саастаах күн-күбэй ийэбитигэр,  аҕабыт сырдык аата чөлүгэр түһэригэр тиийэр дьоллоох барыбыт үрдүк үөрүүтэ, өрөгөйө этэ. Ийэбит букатын эдэригэр түспүт курдуга. Аҕабыт төрөөбүт алааһыгар сэргэ туруоруутун сиэригэр-туомугар, нэһилиэккэ ыытыллыбыт дьаһалларга сылдьан, үлэтин саҕалаабыт уонна аҕабытын кытта, сүүрбэччэлээх эдэр дьон, олохторун дьолун булбут тапталлаах Чараҥайын таалар хонуутунан, арыы чараҥынан дьаарбайан үөрэн-астынан эргиллибитэ.

Аҕабыт сырдык аатын, үтүө өйдөбүлүн таптыыр сүрэх  бүччүм муннугар сөҥөрдөн илдьэ сылдьыбыт күн күбэй ийэбит барахсаҥҥа айбыт айыыһыта муҥ саатар икки сылы эбии бэлэхтээбитэ уонна бүгүҥҥү күнү көрөр дьоллообута  буоллар, дууһалыын чэпчээн бу орто дойдуттан барбыа этэ. Ол суох. “Үтүө киһи аата ууга тимирбэт, уокка умайбат,-” диэн норуот муударай өһүн хоһоонун курдук, саха норуотун чулуу уолун аатынан кынаттанан саха спорда өссө үрдүк кирбиилэри ыларыгар эрэнэбин. (ытыс тыаһа.)

Саха Республикатын Өрөгөй ырыатынан доҕуһуоллатан мемориальнай дуоска анныгар венок ууруута саҕаланар.

Диана: Бүтэн хаалла дии, өссө кимнээх тыл эттилэр?

Данил: Правительство председателин солбуйааччы Соловьев, Спорт миниистэрин солбуйааччы Балакшин, Уус Алдан дьаһалтатын баһылыга Федетов эттилэр. Балакшин тыл этэригэр: Тарскай көҕүлээн төрүттээбит көҥүл тустуута балысханнык сайдан, аҥардас “Коркин оскуолата” диэн аан дойдуга биллэр Чурапчытааҕы спорт интернат-оскуолатын кыһатыттан олимпиецтары сэргэ ССРС спордун 140 маастардара, 14 аан дойду кылаастаах спорт маастардара иитиллэн тахсыылара да, кини эрдэ дьону соһуппут өтө көрүүтүн чаҕылхай холобурунан буолар, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Диана: Баһылык Алексей Васильевич тугу эттэ.

Данил: Тарскай аатын хараардыыны утары биир дойдулаахтара өр сыллаах туруулаһыыларынан сырдык аата чөлүгэр түһүөҕүттэн Уус Алдаҥҥа, чуолаан  кини төрөөбүт нэһилиэгэр Баатаҕайга, аатын үйэтитиигэ ыытыллыбыт бары дьаһаллары сиһилии кэпсээтэ.

Диана: Александр Николаевич: “Бу мемориальнай дуоска Тарскай аатын үйэтитии саҕаланыыта эрэ”, – диэбитэ таах тыалга быраҕыллыбат тыл буоларын киһи  барыта билэр, эрэнэр, итэҕэйэр.

Данил: Оннук-оннук. Александр Николаевиһы саха сирин дьоно-сэргэтэ норуот киэҥ араҥатыттан үүнэн тахсыбыт төрөөбүт норуотун дьылҕатын, кэлэр кэскилин өрө тутар политик эрэ буолбакка,  история кырдьыгын тилиннэриигэ, кэмиттэн, кимиттэн тутулуга суох  саханы саха дэппит үтүөлээх-өҥөлөөх саха саарыннарын ааттарын үйэтитиигэ далааһыннаахтык ылсан көҕүлүүр-тэрийэр дьоҕурдаах билиҥҥи кэм уһулуччулаах общественнай-политическай деятелинэн билинэр.

Диана: Этимэ даҕаны, аҥардас сэбиэт былааһын кэмигэр үөҕүүттэн атыннык ааттамматах Күлүмнүүр аата норуотугар тиллиэҕиттэн ыла аатын үйэтитии бары дьаһалларын баһылаан-көһүлээн ыытарын тэҥэ, Ил Түмэн дьиэтин иннигэр Василий Васильевичка көрбүт эрэ киһи киэн туттар, сүгүрүйэр дьоһуннаах памятнигы оҥотторон дьэндэппитин көрүөҥ этэ. Онон Александр Николаевич бүгүҥҥү да түгэхтээх этиитэ туоларыгар эрэли күүһүрдэр.

ЭПИЛОГ

2023 сыл. Дьокуускай. “Триумф” спорт баараҕай комплексын иннигэр сааһырбыт эрээри сэргэх сэбэрэтэ кэхтибитэ биллибэт, түргэн-түргэнник кэбигирэтэн саҥарар сахаҕа улахан уҥуохтаах киһи хоппо курдук кэтит сабарай ытыһынан хараҕын күн уотуттан хаххалыы тутан спорт уораҕайын одуулуу турар.

Максим Николаевич: Күннэр-дьыллар илим хотоҕоһун курдук субуллан ааһаллара түргэн даҕаны эбит. Николай Николаевич Тарскай саха киһитэ түһээн да көрбөтөх көҥүл тустуутун көҕүлээн салайар  бастыкы сылларыгар кэнэҕэһин Саха сиригэр спорт маннык уораҕайдара баар буолуохтара, аны уон биэс-уон алта сылынан  Саха сирин спортсменнара аан дойду таһымыгар ааттара ааттаныа, олимпиада чыпчаалыгар ыттыахтара диирин остуоруйа-олоҥхо курдук истэрбит. Билигин аны тыа улуустарыгар кытта спорт уораҕайдара тутуллан эрэллэр. Николай Николаевич төрөөбүт улууһугар тыа сиригэр ханыыта суох сүүрэр дорожкалаах, спорт араас көрүҥнэригэр тус-туспа саалалардаах спорт дьоһуннаах уораҕайа баар буолла. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору оҥоһуулаах стадиону тутан  Саха сирин норуоттарын 8-с спартакиадаларын үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар. Өссө өр сыллар кэннилэриттэн бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Бу буолар Николай Николаевич ырааҕы, кэскиллээҕи өтө көрбүт сырдык ырата олоххо киириитэ.

Билигин мин эргитэ санаан көрдөхпүнэ, саха тустуута олимпийскай чыпчаалга тахсыытыгар төрдүн уурууттан үрдүк өрөгөйүгэр тиийэ солоҕунан да сууйуллубат үтүөлээх-өҥөлөөх үс сүдүлэри улууларынан билинэбин. Саха тустуута сүһүөҕэр туруутугар умнуллубат үтүөлээх тренербит Арташест Карапетян өссө биэс уонус сылларга: “Николай Тарскай эһиэхэ, сахаларга көҥүл тустууну бэлэхтээтэ. Ону сотору кэминэн, саха тустууктара аан дойбу аренатыгар таҕыстахтарына өйдүөххүт,”- диэбитин курдук, Улуу Тарскай, көҥүл тустуу сахалыы туспа суоллаах-иистээх оскуолатын төрүттээн олимпиада сулустарын иитэн таһаарбыт Улуу Коркин уонна биэс уонус сылларга саха дьоно көҥүл тустуу, самбо туһунан туох да өйдөбүллэрэ суох эрдэҕинэ, сахаттан аан бастаан Россия, Союз таһымнарыгар саханы ааттатан соһуппут, Саха сиригэр кэлин норуот киэн туттар көҥүл тустуу сулустарын бастакы   тренэрдэрэ,  Саха АССР көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга 17 төгүллээх чемпиона, саха бухатыыра Улуу Румянцев.

Ким билэр, доҕоттоор, Николай Николаевич  көҥүл тустууну ойуччу тутан сайыннарарга дьулуспатаҕа, онно ыччат киэҥ араҥатын көҕүлээбэтэҕэ  буоллар, баҕар, ити улуулар диир дьонум Ленинградка үрдүк үөрэҕи бүтэрбит герценецтэр курдук анаммыт оройуоннарынан тарҕаһан, көҥүл тустууга ыччаты уһуйуунан үлүһүйбэккэ, учууталлаан олохторун моҥуохтара эбитэ буолуо ээ. Холобура, мин бастакы тренерим Дмитрий Петровичка Тарскай сыал-сорук туруорбатаҕа буоллар институкка үөрэнэригэр буоксаны сөбүлээн дьарыктаммыт киһи Чурапчы сэлиэнньэтигэр Одьулуунтан күн ахсын уруок кэнниттэн сатыы сылдьан көҥүл тустуу секциятын тэрийэн үлэлэтиэ биллибэт. Мин да , булчут уол Коркин тэрийбит секциятыгар ыҥыран дьарыктаабатаҕа буоллар, хантан тустуук буолуом этэй?

Ол эрээри, Дьылҕа Хаан ыйааҕа атын, Одун Хаан оҥоһуута ураты! Биһиги сахалар албан ааппыт аан бастаан көҥүл тустуу нөҥүө аан дойдуга тиийэ атыыр оҕус буолан айаатыырыгар аарыктаах аартыгы арыйар аналлаах  Тарскай курдук уол оҕо сорсуннааҕа төрөөн-төлөһүйэн,  саханы саргылыыр  талааннаах  тэрийэээччи, спорт уһулуччулаах салайааччытын  быһыытынан аата-суола, үтүөтэ-өҥөтө умнуллубат, өрүү  инники күөҥҥэ тутуллар солоҕунан да сууйуллубат үрдүк аналлаах.

Үйэлэртэн үйэлэр тиллиһэн ааһыахтара, саха тустуутун, саханы аатырдар саҥаттан-саҥа көлүөнэ солбуһан ааһыаҕа. Ол гына баран, саха тустуутун үс корифейдарын ааттара умнуллуо суоҕа, өссө ордук чаҕылыйа сырдыы сылдьыахтара!

Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ–Дүөндүн