Саха сирин физкультурнай хамсааһынын төрүттээччи, биллиилээх общественнай-политическай деятель Николай Тарскай кэриэһигэр көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин өрөспүүбүлүкэтээҕи 52-с чемпионатыгар 21 хамаандаттан уопсайа 186 бөҕөс кыттыыны ыла сылдьар.
Элбэх тустуук 57, 61 кг ыйааһыҥҥа күөн көрсөр. Оттон саамай элбэх 34 спортсменнаах хамаанданан Чурапчы улууһа буолар. Иккис 25 бөҕөстөөх Сунтаар улууһун хамаандата. Үһүс – 20 тустууктаах Уус Алдан улууһа.
Күрэхтэһии түмүгүнэн, Уус Алдан улууһун дьаһалтата биирдиилээн бастыыр иһин киирсиилэргэ I миэстэҕэ – 50 тыһ. солк, II миэстэҕэ – 30 тыһ. солк., III миэстэҕэ – 20 тыһ. солк. туттарыаҕа.
Хамаанданан бастаабыт 300 000, иккис – 200000, үһүс – 100000 солкуобайынан наҕараадаланыаҕа.
Ольга Шепелева