Талааннаах уһуйааччы үлэтэ биһирэнэр

Атын сиртэн кэлбит кийииттэр, күтүөттэр саҥа сиргэ сонун сүүрээни киллэрэллэр, аймаҕы кэҥэтэллэр. Уус Алдан улууhугар сытар аҕыйах ах­сааннаах, суола-ииhэ мөлтөх Бээрийэ нэhилиэгэр Сахабыт сирин араас муннугуттан кэлэн олохсуйбут, бары уурбут-туппут курдук ­бииртэн-биир кэрэ дьүhүннээх, майгыларынан сирдэрбэтэх, эҥинэ бэйэлээх ки­йииттэр кэлэн олохсу­йан иhэллэриттэн уонна нэhилиэк олоҕуттан туора турбаттарыттан, Бээрийэни иккис төрөөбүт дойдуларын курдук саныылларыттан киhи астынар.
Кинилэртэн «Үрүччэ» уhуйаан иитээччитин, нэhилиэк, улуус уопсастыбанньыгын, 2007 с. Бээрийэ нэhилиэгин олохтоох сэбиэтин дьокутаатын, нэhи­лиэк дьахталларын волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнин, «Арчы» туосчуттар түмсүүлэрин иистэнньэҥин, биир кыыс, икки уол ийэтин, биир уол эбэтин, СӨ уус-­уран оҥоhуктарын маастарын Екатерина Васильеваны билиhиннэ­риэхпин баҕарабын.

Екатерина Николаевна Эдьигээн оро­йуонун Баахынайыгар 1976 с. төрөөбүтэ. 1996 с. Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрээт, маннааҕы уhуйааҥҥа иитээччинэн ананан кэлбитэ. Онтон ыла, кини илиитинэн сүүhүнэн оҕо иитиллэн-уһуйуллан ааспыта. Үлэҕэ эппиэтинэhэ билигин да сыппыы илик, хата ордук үрдээн иhэр курдук, ыытар уруогун былаанын суруна олороругар: «Аата, 20-чэ сыл үлэлээн баран, өйгүттэн да кэпсиэҥ эбит…», – диэтэххэ: «Бэлэмнэммэккэ тиийдэхпинэ тугум эрэ тиийбэт, син биир саҥаны, сонуну сурунабын», – диир.
Ханнык да түгэҥҥэ оҕолорго ыытар дьарыктарыгар быhаҕастык сыhыаннаспат, оҥотторуохтааҕын толорон баран тэйэр. Бэйэтэ уруhуйдуур, ыллыыр, успуорт өттүгэр, иистэнэр дьоҕурдаах буолан үлэтигэр, оҕолору дьарыктыырыгар ону толору туhанар. Оҕону олоҥхону толорорго, ыллыырга, үҥкүүлүүргэ, гимнастиканан дьарыктанарга, мультик оҥорорго, чинчийэргэ, уруhуйдуурга, о.д.а. бэйэтин санаатын ууран туран үөрэтэр. Маны таhынан, уhуйаан ис өттүн киэргэтии, нагляднайдары оҥоруу, утренниктарга фотозонаны толкуйдааhын үксүгэр кини салайыытынан, кыттыытынан буолар.
Иитиллээччилэрэ Арассыыйа, өрөс­пүү­бүлүкэ, улуус таhымнаах күрэхтэригэр, ырыаҕа, араас ааҕыыларга, олоҥхону толорууга, фольклорга, үҥкүүгэ, мультфильм оҥоруутугар, олимпиадаларга ситиhии­лээхтик кытталлар. Бээрийэ оҕотун олоҕо «Үрүччэ» уhуйааныттан кынаттанар диэтэхпинэ сыыстарбаппын. Кини үлэтэ, ситиhиилэрэ ситэри сыаналаныахтара диэн эрэнэбит.
Үлэтин таhынан, туостан дьаныардаахтык иистэнэр, кылынан өрөр, Арас­сыыйатаа­ҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуус­тааҕы быыстапкаларга тикпит, оҥорбут үлэлэринэн кыттар. Олоҕун аргыhын, «Кэскил» устуудьуйа музыкальнай сала­йааччыта, СӨ култууратын туйгуна Михаил Васильевтыын аал уоту оттунан, бур-бур буруо та­hааран ыал буолбуттара, бөhүөлэк көстүүтүн тупсарар толору хааччыллыылаах улахан дьиэ туттубуттара.
Дэгиттэр талааннаах уһуйааччы үлэтэ-хамнаһа өссө да ыыра кэҥии, сайда, тупса турарыгар баҕарабыт.

Туяра ВАСИЛЬЕВА, Бээрийэ