Сыырдаах уустара сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору тимиринэн уһанарга уһуйаллар

Сыырдаах уустара быйыл сайын бэйэлэрин кыахтарынан үгүс оҕону быһаҕы оҥоруу ымпыгар-чымпыгар, кистэлэҥэр үөрэттилэр.

Оҕолор тирииттэн оҥоһуллубут кыыны тигииттэн саҕалаан, сорохтор аҕаларын кытта, соҕотоҕун да кэлэн тутан-хабан, көрөн үөрэнэллэр. Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Дьокуускай куораттан оҕолор, ону тэҥэ улахан да дьон эмиэ араас улуустартан кэлэн босхо үөрэннилэр. Уустар түбүктээх үлэлэрэ сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар мунньуммут баай уопуттарын үллэстэллэр, сүбэ-ама, күүс-көмө буолаллар.

Урбаанньыт Илларион Попов кэпсиир:

“Бииргэ үлэлиир дьонум туох кыалларынан билиилэрин-көрүүлэрин үллэһиннилэр, үөрэттилэр. Ону тэҥинэн СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар эмиэ дойдуларын быһаҕын оҥорон ыыттыбыт. Дьон сакааһынан эмиэ күннэтэ түбүгүрэбит”.

Бу курдук Сыырдаах бөһүөлэгин тимир уустара сылы эргиччи үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Ольга Шепелева