Сэтинньи 23 күнүгэр И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар үгэс буолан сыллата ыытыллар “Эдэр чинчийээччилэр” научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрэ, быйылгы үөрэх дьылыгар кыттааччы оҕо ахсаана элбэҕэ да суох буоллар, олус сэргэхтик буолан ааста.
Үөрэнээччилэр долгуйан туран, ордук бу кэлиҥҥи күннэргэ бэйэлэрэ чинчийэр бырайыактарыгар күүскэ үлэлэһэн, ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Оҕолор барыта 4 хайысханан кыттыыны ыллылар. Сорох оҕолор аан бастаан кыттыбыттарын көрөн долгуйа үөрдүбүт.
Үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччы Спиридонова Айталина Петровна тэрээһин туһунан маннык иһитиннэрдэ:
«Оскуола иһинэн ыытыллар «Эдэр чинчийээччилэр» научнай-практическай кэмпириэнсийэ түмүктэннэ. Биирдиилээн үөрэнээччилэргэ дакылааттарын көмүскүүргэ кыах бэрилиннэ. Барыта 22 дакылаатынан кытыннылар. Кырачааннар толлубакка бэйэлэрин санааларын ирэ-хоро кэпсээтилэр. Орто бөлөх оҕолорун иһиттибит, бу сүһүөх үөрэнээччилэрэ араас интэриэһинэй темаларга чинчийэр үлэлэрин көмүскээтилэр. 8-11 кылаастарга араас хайысхаларынан үлэ көрүлүннэ.
Түмүккэ:✅1 секцияҕа: «Филология, русская и якутская филология, иностранные языки, культура и искусство, мода и дизайн». 2 бөлөххө (5-7 кыл): Петрова Анжела — 1 миэстэ, 5 кыл (Салайааччы Неустроева Д.И.); Заболоцкая Лилиана — 2 миэстэ, 5 кыл (сал. Федорова О.Д.); Петрова Анжела — 3 миэстэ, 5 кыл (сал Бурцева Г.В.). 3 бөлөххө (8-11 кыл): Явловская Вика — 1 миэстэ, 9 кыл (сал Явловская Р.Р.) ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
✅2 секцияҕа: «Математические науки, физика и астрономия, экономические науки, цифровые технологии». 1 бөлөххө (1-4 кыл): Явловский Талбан — 1 миэстэ, 4 кыл (сал Явловская Р.Р.), Данилова Милана — 2 миэстэ, 4 кыл (сал Петрова М.М), Местников Ньургун — 3 миэстэ, 2 кыл (сал Местникова О.С.) 2 бөлөххө (5-7 кыл): Заболоцкая Лилиана — 1 миэстэ, 5 кыл (сал Федорова О.Д), Неустроева Ирияна — 2 миэстэ, 5 кыл (сал Данилова Д.В.), Охлопков Арылхан — 3 миэстэ, 7 кыл (сал Явловская Р.Р.) ылан үөрдүлэр-көттүлэр.
✅3 секцияҕа: «Исторические науки, культура предков, музееведение, общественные науки, цифровые технологии». 1 бөлөххө (5-7 кыл): Антонова Амина, Охлопкова Сайнаара -1 миэстэ, 4 кыл (сал Васильева М.Н), Антонова Василина — 3 миэстэ, 2 кыл (сал Антонова Н.Е.). Ноговицына Даша — 2 миэстэ, 6 кыл (сал Осипова Л.С.), Бурцев Герман — 3 миэстэ, 7 кыл (сал Бурцева Г.В.) 3 бөлөххө (8-11 кыл): Боярова Динара — 2 миэстэ, 9 кыл (сал Местникова О.С.) ылан өрөгөйдөрө үрдээтэ.
✅4 секцияҕа: «Биология и медицина, химические науки, науки о земле и окружающей среде, экология, спортивная наука и ЗОЖ, сельскохозяйственные науки, педагогические и психологические науки». 1 бөлөххө (1-4 кыл): Платонова Вилена — 1 миэстэ, 4 кыл (сал Черкашина Л.А.), 2 группа5а (5-7 кыл) Портнягина София — 2 миэстэ, 7 кыл (сал Черкашина Л.А.), 3 группа5а (8-11 кыл) Ширяева Кристина-1 миэстэ, 11 кыл (сал Черкашина Л.А.), Аммосова Айгыына-2 миэстэ, 10 кыл (сал Черкашина Л.А.), Копырина Тускулаана-3 миэстэ, 9 кыл (сал Черкашина Л.А), Иванова Оля-поощрение, 9 кыл (сал Неустроева В.В.) ылан кыайыыны ылары ситистилэр.
Сылын аайы ыытыллар «Эдэр чинчийээччилэр» оскуола иһинээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ оҕолор санааларын ууран туран кыттан, чинчийэр үлэнэн дьарыктанан, баай ис хоһоонноох дакылааттары көмүскээн, салгыы үүнүөхтэрэ-сайдыахтара диэн бигэ эрэллээхпитин иһитиннэрэбит.
Ньургуйаана Хорунова, Сыырдаах орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы.