Сырдык сыдьаай өспөт кыыма

Эдьиийбит Татьяна Егоровна Дуткина – Олесова быйыл үбүлүөйдээх 75 сааһа. Баара буоллар, син биир тиҥинэччи үлэлии сылдьыа эбитэ буолуо дии саныыбыт. Кини РФ үтүөлээх учуутала, Үлэ Албан аатын үһүс истиэпэннээх орденын кавалера, Д.И. Васильев – Очинскай бириэмийэтин лауреата, 1995-1996 үөрэх сылларыгар Уус Алдан улууһун бастыҥ завуһа, Саха-Азия оҕолоро аан дойдутааҕы фонда стипендиата. Бу үрдүк аат, наҕараадалар, ситиһиилэр эдьиийбит Таня кылгас эрээри, олус чаҕылхай олоҕун бэлиэлэрэ, билиниилэрэ буолан үйэлэргэ суруллан, хараллан хааллахтара…

Таня биһиги ыалга, Мария Васильевна уонна Егор Петрович Олесовтарга (Субуруускайдарга)  1949 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Алтыа буолан, ийэлээх аҕабыт иһирэх тапталларыгар улааппыппыт. Кини эһэбит Сэргэй Баһылайын (ийэбит аҕатын) батан сырдык хааннаах, чачархай баттахтаах, намчы көрүҥнээх кыыс этэ, оҕо эрдэҕиттэн сүрэх ыарыһах буолан иинэҕэс, хатыҥыр буолара.

Алтыс кылааска диэри Лөгөйгө үөрэммитэ, онтон аҕабыт үлэтинэн Найахыга көһөммүт, Таня орто оскуоланы Найахыга ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ханнык да предмет буоллун билиитэ-көрүүтэ үрдүгүнэн, кинигэни таптаан ааҕарынан, ол аахпытын оҕолорго бэрт интэриэһинэйдик кэпсииринэн биир кылаастаахтарын тута кэрэхсэппит, оскуола ис олоҕор көхтөөхтүк кыттыбытынан баран, сотору лидер буолбутун бииргэ үөрэммит оҕолоро олус истиҥник ахталлар. Кини үөрэнээччи эрэ толлон киирбэт учууталыскайыгар киирэн кылааһын иннигэр барыны бары быһаарсар, наадалааҕы туруорсар аптарытыаттаах эбит.

Ол саҕаттан кинитэ суох биир да мунньах, субуотунньук, кэнсиэр буолбата, үҥкүүһүт, ырыаһыт бэрдэ, өссө эбиитин иистэнньэҥ эбит. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэр сылларыгар Саратов куораттан икки эдэр учууталлар кэлэн, биирдэстэрэ математикаҕа, иккиһэ нуучча тылыгар үлэлээн ааспыттар. Кинилэр Таняны оҕолортон ордук чорбото тутан бу предметтэргэ эбии эрчийэллэрин туһунан эдьиийбит дьүөгэтэ Мария Ильинична Андросова кэпсээбитэ. Бу учууталлар бэйэлэрэ оҕо курдук эдэр көрүҥнээх да буоллаллар, Таняттан талааннаах киһи, учуутал тахсарын биллэхтэрэ диэн кини сыаналыыр.

Ити сылларга Найахы оскуолатыгар история, музыка учууталынан, итиэннэ кинилэргэ кылаас салайааччытынан  үлэлии сылдьыбыт Василий Степанович Парников – билигин бары билэр, ытыктыыр киһибит, үөрэҕирии туйгуна, култуура үтүөлээх үлэһитэ, учууталлар Учууталлара, Таня ураты куоластааҕын билэн, дьарыктаан киниэхэ хору таһаартарара, репетиция кэмигэр өссө дирижердатан да ылар эбит. Айылҕаттан бэриллибит сопрано куолаһын сайыннара консерваторияҕа киирэн үөрэниэхтээҕин туһунан этэ сылдьыбыттаах. Эдьиийбит имигэс үҥкүүһүтүн бэлиэтии көрөн куораттан кэлэн үлэлээбит хореграф Александра Николаевна Мохотчунова мэлдьи хайгыыра, кэнсиэрдэргэ инники күөҥҥэ үҥкүүлэтэрэ. Кубинскай үҥкүүнү олус кэрэтик толоро сылдьара саһарбыт хаартыскаҕа баара, оҕо сылдьан ону көрөн олус ымсыырарбын өйдүүбүн.

 Ол эрээри үҥкүү-ырыа эйгэтигэр барбакка, эдьиийбит Таня оскуоланы бүтэрээт, омос иһиттэххэ, кыыс киһиэхэ соччо сөбө суох үөрэҕи талбыта. Кини Ташкент куоракка баар улахан университекка механико-математическай факультекка туттарсан үөрэнэ киирбитэ. Ол аата кини инники олоҕун наукаҕа аныан баҕарбыт дии саныыбын. Бу  идэни таларыгар математика учуутала, кылаастарын салайааччыта Автоном Георгиевич Саввин улахан оруоллаах буолуохтаах. “Ахсаан араас уустук задачаларын суоттаары, эппиэтин хайаан да таһаараары, кылааһын оҕолорун кытта түмсэн киэһээ хойукка диэри олорооччулар”, – диэн ийэбит кэпсиирэ.

Сахатын сириттэн кый ыраах, ип-итии, куйаас айылҕалаах сиргэ тиийэн, төһө да үөрэниэн баҕарбытын иһин, доруобуйата кыайбакка төннөн кэлбитэ. Улахан эдьиийбит Аня кэргэнинээн Фред Михайловичтыын хоту Аллайыахаҕа олороллоро, онно тиийэн Ойоотуҥ оскуолатыгар үлэлээбитэ, кэлин Чокурдаахха эмиэ учууталлаабыта. Бу соҕурууттан төннөн кэлэригэр Таня кэрэни кэрэхсиир, бэлиэтии көрөр майгытынан –  ол дойдуга үүнэр дьиҥнээх хлопок сибэккитин кэһии аҕалбыта дьоммут дьиэтигэр өр кэмҥэ хомуот үрдүгэр иһиккэ анньыллан турбута.

Хоту дойдуга олоро тиийбитэ биһиги эдьиийбитигэр дьылҕатын суола этэ, манна кини дьүкээгир хоһуун киһитиниин Семен Иванович Дуткинныын ыал буолбуттара. Сотору дойдутугар, Уус Алдаҥҥа көһөн кэлбиттэрэ, тапталлаах математикатын аны бэйэтэ оскуола оҕолоругар тиэрдэр сыалтан үрдүк үөрэххэ СГУ-га киирбитэ. Устудьуоннуу да сырыттар, түөрт оҕону утуу-субуу төрөтөн, ардыгар академическай уоппуска ылан, үөрэҕин 1978 сыллаахха бүтэрэн үлэһит буолбута. Университекка үөрэнэр кэмнэригэр эдьиийбит Татьяна биир чаҕылхай устудьуон, билиигэ-көрүүгэ сүрдээх күүстээх тардыһыылаах буоларын, кинини үөрэхтэригэр, олохторугар холобур оҥостоллорун бииргэ үөрэммиттэрэ өрүү сэһэргииллэр.

Эдьиийбит Татьяна ийэ буолан, ону тэҥинэн үөрэхтэнэн үлэһит буоларыгар тапталлаах төрөппүттэрбит, ийэлээх аҕабыт күүс-уох, көмө-тирэх, үтүө өйөбүл буолбуттара саарбаҕа суох. Инньэ гынан сиэннэр төрдүөн эһээ, эбээ мындыр оскуолатын ымпыктарын-чымпыктарын иҥэриммиттэрэ, эрбэйбит-сэрбэйбит оҕо саастара биһиги харахпыт далыгар ааспыта. Билигин бэйэлэрэ ийэ-аҕа, эһэ-эбэ дьон. Хас биирдиилэрэ олохторун суолун дьоммутуттан, ийэлэриттэн ылыммыт үтүө өйдөбүллэригэр тирэҕирэн бэйэлэрэ симээн-киэргэтэн кэллилэр. Сүрэхтэрин сылааһыгар суулаабыт махтал тылларын үтүөтүк саныыр чугас дьонноругар мэлдьи аныылларын үөрэ истэбит, билэбит.

Эдьиийбит өрүү саҥаттан-саҥаны билэ сатыыр, киэҥ-дириҥ билиилээх этэ. Үлэтинэн араас таһымнаах семинардарга кытта, ардыгар бэйэтин уопутун үллэстэ  кэлэрин-барарын, мэлдьи туһааннаах кинигэ, сурунаал суруттаран ааҕарын-ырытарын, онтон билбитин-көрбүтүн, сэргээбитин-иҥэриммитин бэйэтинэн аһарынан, ылынан үлэтигэр таһаарыылаахтык туттарын элбэхтик ахталлар коллегалара, үөрэтэн таһаарбыт үөрэнээччилэрэ. Кини өрүү ылсыбыт дьыалатыгар, туруоруммут сыалыгар тиийэргэ кимтэн баҕарар биир хардыы инники буолааччы. Ити хаачыстыбата аҕабытыттан Дьөгүөр Бөтүрүөбүстэн бэриллибитэ чахчы эбит диэн билигин сыаналыыбыт, элбэх кинигэҕэ суруллубут ахтыылартан ааҕан.

Эдьиийбит наһаа уйан дууһалаах киһи этэ, ол иһин тугу барытын, чугас да, билэр-билбэт да дьонун кыһалҕатын бэйэтин чараас сүрэҕинэн аһарынара, тута көмөлөһөргө турунара. Кыратын, хачаайытын да иһин иһигэр буораахтаах диэбиккэ дылы, кини ис-иһиттэн олус эрчимнээх, өрүү тугунан эрэ дьарыктана, тугу эрэ быһаарса сүүрэ-көтө сылдьар буолара.

Татьяна үөрэммит, үлэлиир оскуолата сайдыылаах олох хардыытыгар тэҥҥэ хаамсан, саҥа сүүрээннэри киллэрэн иһэригэр элбэх сыратын биэрбитэ. Хас биирдии төрөппүтү кытта сөптөөх тылы булан кэпсэтэрэ, оҕо иитиитигэр сүбэлиирэ, үлэлэһэрэ. Биир идэлээхтэрин хара маҥнайгыттан элбэххэ угуйбута, эдэрдэргэ наставник буолбута, элбэх сыл устата учууталлар методическай холбоһуктарын оскуолатыгар эрэ буолбакка, улууска кытары сэргэхтик салайбыта. Кини дьиҥнээх педагог быһыытынан үөрэнээччилэрин, оҕолор бөлөхтөрүн кыайа тутан салайара. Кинилэри математика уруогар эрэ буолбакка, атын предметтэргэ эмиэ ситиһиилээх буолалларыгар, дириҥник билиини ылыналларыгар, эт-хаан да өттүнэн чэгиэн буолалларыгар, үлэҕэ сыһыаҥҥа эмиэ тэҥинэн сайдыылаах буолалларыгар олук уурбута.

Хара бастаан дойдутугар үлэлии кэлиэҕиттэн, Татьянаны нэһилиэгин олоҕо-дьаһаҕа, инники сайдыыта – барыта долгутара, буоларын курдук кини онно саамай актыыбынай кыттааччы, тэрийээччи этэ. Ол курдук, 1979-80 сыллартан улахан дьону кытта аны зонанан (түөлбэлэринэн) үлэ-хамнас, араас күрэх саҕаламмыта, олохтоохторго улахан сэргэхсийии хамсааһына тахсыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ бу хамсааһын ханан даҕаны күүскэ сөргүтүллүбүтэ олус кэрэхсэбиллээх. Зонанан күрэх биир көрүҥэ кулуупка кэнсиэр көрдөрүүтэ этэ. Дьэ, манна эдэриттэн кырдьаҕаһыгар, оҕотугар тиийэ ыаллар бары кытталлара. Араас көрдөөх да, сатирическай да сценкалары туруоруу, үҥкүү, ырыа-тойук үөрэтиитэ, хор таһаарыыта, көстүүм тиктиитэ, бэлэмнэнии түбүгэ хас ыал аайы буолара. Эдьиийбит инники күөҥҥэ, ийэбит кытары саха таҥаһа тиктэн хорга кыттан, “Сарсыарда саһарҕа сандаара дьэргэйдэ” диэн норуот ырыатын толорбуттарын кэпсээбитэ. Ол ырыа тылларын ийэм толору билэрэ уонна үөрэппитэ ээ, миэхэ. Зонабыт биир убаастанар киһитэ Анна Петровна Заболоцкая кырдьыбат кэрэ куолаһа кулууп иһин толорбута, киниэхэ хайдахтаах күндү буолуой, сыанаҕа тахсан ыллыыр ырыатын көрөөччүлэргэ бэлэхтээбитэ, эдэр сааһын санатан.

Эдьиийбит Татьяна учуутал түбүктээх үлэтин таһынан нэһилиэккэ үлэлиир дьахтар кэмитиэтин салайааччытынан талыллан уһун сылларга санаатын ууран туран үлэлээбитэ, үгүс араас элбэх тэрээһиннэри, дьаарбаҥкалары тэрийэллэрэ, кыһалҕалаах ыалларга көмө-тирэх буолаллара. Кини куруук тиэтэйэ сылдьар, кэлбит-барбыт, туттан-хаптан барытын кэмигэр бүтэрбит-оҥорбут буолан иһэрэ. Ис-иһиттэн кыһаллан туран араас саҥаны-сонуну буолар тэрээһиннэргэ киллэрбитэ эрэ баар буолара.

Биир кэмҥэ Кэптэнигэ олорон саллар саастарын тухары үлэлээн кэлбит ытыктанар бэтэрээн дьону үбүлүөйдээх күннэринэн эҕэрдэлээн, били телевидение диктора Валентина Леонтьева ыытар “От всей души” биэриитигэр олоҕуран, бэртээхэй көрсүһүүлэри тэрийбитэ. Чахчы ис дууһаттан этиллэр долгутуулаах, харах уулаах үтүөкэн киэһэлэр –  үйэтин тухары акушерканан үлэлээн, элбэх оҕо күн сиригэр кэлэригэр көмө-тирэх буолбут Елена Николаевна Антипина, “Бочуот знага” уордьаннаах туруу үлэһит Анисия Марковна Желобцова, о.д.а. тустарынан. Бу чиэстиир геройдарын олорон кэлбит олохторун көрбүт эрэ дьон бары сөҕө-махтайа, бу баардыы көрөн-истэн, итэҕэйэн ылыммыттара, уһун кэмҥэ өйгө-санааҕа хаалбыта.

Итини таһынан олохтоохтор нэһилиэк, оройуон сэбиэттэрин депутатын быһыытынан итэҕэйэн биэрбит накаастарын туруорсан үрдүкү салалтаҕа тылын-өһүн тириэрдэн үгүстүк сүүрэрэ, мунньахтарга уоттаах-күөстээх тыл этэн сөптөөх быһаарыныы ылылларын ситиһэрэ. Оскуолатыгар, нэһилиэгэр элбэх саҥаны киллэрбитэ, үтүөнү оҥорбута, оройуон, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ахсаан учууталлара киниэхэ кэлэн үөрэнэр, уопут атастаһар буолбуттара.

 

Ити үлэлээбит үлэтэ барыта сыаналанан, 1986 сыллаахха Татьяна Егоровнаҕа Үлэ Албан аата орден үһүс истиэпэнин кавалера буолар чиэс тиксибитэ. Бу орден туттарыллар үөрүүлээх тэрээһинигэр биһиги аймахтартан сылдьыбыт, үөрүүлээх түгэни илэ көрбүт балтыбыт Варя кэргэнинээн Михаиллыын буолар эбиттэр. Балтым кэпсиир:

“Улуу Өктөөп бырааһынньыгын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эдьиийбит Таняны райкомнар Бороҕоҥҥо киирэригэр ыҥырбыттара. Киэһээ оройуоннааҕы культура дьиэтэ лыык курдук киһинэн туолбут этэ, олорор миэстэ тиийбэккэ саала түгэҕэр турааччылар да бааллара. Сотору соҕус өрөгөйдөөх куолас биһиги эдьиийбит аатын ааттаата. Онно дьон быыһынан сыанаҕа хааман тахсан истэҕинэ, кыра, хатыҥыр эдьиийбинэн сүрдээҕин киэн тутта көрө хаалбытым. Наҕараадалаан баран президиумҥа олордубуттара. Үөрүүлээх да, долгутуулаах да күн этэ.”

Хомолтото диэн аҕабыт бу дьоллоох түгэҥҥэ аҕыйах кэминэн тиийбэтэҕэ…

Дойдубут бу үрдүк сыанабыла эдьиийбит олоҕор өссө киэҥ хардыылары оҥороругар, өссө саҥа үрдэллэри дабайарыгар ыҥырар курдуга. Үлэтэ өссө кыаҕыран, кэҥээн испитэ. Олоххо көрсүбүт араас кыһалҕаларын, чугас дьонун сүтэрии хомолтотун, кутурҕанын үлэнэн эрэ уоскутунарын, аһарынарын дьүөгэтигэр Людмила Лукиничнаҕа эрэ этиммит этэ. Айылҕаттан, удьуоруттан бэриллибит дьоҕурунан салгыы өссө кимиилээхтик үлэлээбитэ.

Ыал олоҕун чиҥэтэр, ийэ оруолун дьиэ кэргэҥҥэ үрдэтэр сыалтан Кэптэнигэ кэлэн олохсуйан олорор кийииттэргэ анаан “Талыы талба кийииттэр, сайаҕас саҥастар” диэн бэрт интэриэһинэй күрэх тэриллэн ыытыллыбытын туһунан “Сахаада” хаһыат 1994 сыл тохсунньутааҕы нүөмэригэр тахсыбыт ыстатыйаны булан аахтым. Манна орденнаах математика учуутала Дуткина Татьяна Егоровна ис-иһиттэн иэйиилээхтик, киһиэхэ эрэ тиийимтиэ курдук истиҥник саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, көрөөччү эрэ барыта иһийэн истэн олоруох курдук диэн суруллубут. Бу эмиэ биһиги эдьиийбит бэйэтэ суруйбут, айбыт биир үтүө тэрээһинэ.

Таня үбүлүөйүн туһунан. Билигин математика куурсугар биир нэдиэлэ, манна оскуолаҕа онтон-мантан элбэх учууталлар кэлэн, кини оҕолору хайдах үөрэтэрин көрдүлэр. Кэлбит учууталлар интэринээккэ олордулар. Оҕолор барытын үчүгэйдик эппиэттээн үөрэн, астынан бардылар. Кинигэтэ бэчээттэнэн кэллэ, Таняҕа биэрдилэр. Таня олох үөрүү бөҕө, кэлбит дьон биирдии бэйэлэрэ махтал сурук, грамота уонна бадаарак бөҕө биэрдилэр. Школа эмиэ бадаарак биэрдэ. Быйыл олох үлэтин иннигэр тура сылдьан, дэлби ыарыйда. Олох эмтэммэт.

Бу ийэбит Мария Васильевна 1994 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр мин Аллараа Халымаҕа олордохпуна, халыҥ килиэккэ уопсай тэтэрээттэн быһа тардан ылбыт илииһигэр суруйбут суругуттан. Ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар үөрүүтүн, ону тэҥэ кини туһугар санаарҕабылын үллэстибит суруга. Бу кэмнэргэ ийэбит 76 сааһыгар сылдьар. Кини улахан үөрэҕэ суох да буоллар, тэйиччи олорор оҕолоругар адаархай буочарынан хайдах-туох олороллорун, биһиги хайдах сылдьарбытын сураһан суруйааччы. Хайаан да сыыһабын көннөрөн ааҕаар диэбит буолара.

Ити ийэм суруйбут ахсаан учууталларыгар аналлаах куурустарын түмүгэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуолаларга туттуллар методичка буолан тахсыбыта – “Грани творчества Т.Е. Дуткиной” диэн ааттаах. Бу чараас эрээри дириҥ суолталаах кинигэтин эдьиийим биһиэхэ бэлэхтээбитэ. “Тапталлаах балтым Мария, кырачаан быраатым Егорка, бу кинигэни эдьиийгитин саныы, ахта сылдьаргытыгар анаан ыытабын. Ыраах да олордоргут, өрүү эдьиийгит таптыырын өйдөөҥ! Үгүс үтүөнү баҕарабын эдьиийгит Татьяна, 25/03-94 с., Кэптэни” диэн бэйэтин илиитинэн суруйбут.

Ити кэмтэн ыла, быйыл отут сыл ааспыт. Оччолорго эдьиийбит Татьяна 45 эрэ саастаах, оскуолаҕа учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ 25 сылыгар барбыт. Төрөөбүт-үөскээбит  дойдутугар Кэптэнигэ, Лөгөй орто оскуолатыгар учууталынан тигинэччи үлэлээн-хамсаан сылдьар саамай таһаарыылаах сыллара. Олоҕун орто омурҕана билигин да ыраах курдук.

Сотору кини аата оройуон Бочуотун кинигэтигэр суруллубута, улууска бастакынан методист, онтон новатор учуутал ааттаммыта, улуус үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ “Сыл бастыҥ учуутала” буолан үөрбүтэ-көппүтэ, киниэхэ учууталга бэриллэр саамай үрдүкү категория анаммыта, онтон 1996 сыллаахха Россия үтүөлээх учуутала диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Итиэннэ республикабытыгар аан бастакынан аһыллыбыт уолаттар үөрэнэр Мүрүтээҕи Уолан гимназияны арыйарга, атахха туруорарга дьоһуннаах кылаатын киллэрсибитэ, директоры научнай-иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үс сыл олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. “Татьяна Егоровна бу сылларга оҥорбут биир сүдү өҥөтө гимназияҕа талааннаах учууталлары мунньан, кинилэри оҕолору сайыннарар идеянан умсугутан, биир сыалга түмэн уһун үйэлээх, киэҥ кэскиллээх үөрэх кыһатын айан-таҥан таһаарбыта буолар” диэн Республикатааҕы лицей-интернат директора Иван Иванович Шамаев ахтан ааспыта. Кэлин бу лицей-интернакка үлэлии куоракка киирбитэ.

Бу лицей эдьиийбит бүтэһик үлэлээбит миэстэтэ, манна кылгастык да үлэлээн аастар ахсаан учууталын идэтин дэгиттэр баһылаабыт баай уоппутуттан дэлэйдик үллэстэн, бэйэтин суолун-ииһин хаалларан барбыта. Бииргэ үлэлээбит дьоно күн бүгүнүгэр диэри Татьяна Егоровна туһунан  үтүө өйдөбүлү илдьэ сылдьалларыттан үөрэбит, махтанабыт!

Татьяна Егоровна кэриэһигэр сылын аайы кини төрөөбүт күнүгэр, үлэлээбит Лөгөйүн оскуолатыгар 4-8 кылаастарга үөрэнэр оҕолорго анаан ахсаан олимпиада, күөн-күрэс бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар. Улуустан, кэлин өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугуттан даҕаны бу күрэххэ кыттан бэйэни тургутан көрүөххэ сөп.

Махталбыт мааныта Татьяна Егоровна Дуткина – Олесова киэҥ-халыҥ аймахтарын аатыттан бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытар Лөгөйбүт оскуолатын итиэннэ РЛИ администрацияларыгар!

Улахан балта Зоя Тумусова:

Эдьиийбит оҕолорун хас биирдиилэрин айар дьоҕурдарын уһугуннаран, өрүү биһирээн, олоххо бэйэлэрин суолларын сүтэрбэт, атахтарыгар бигэтик турар гына иитэлээбитэ. Арай биирдэ эрэ эппитэ: “Бэйэм оҕолорбор ситэ болҕомтобун, ийэ истиҥ иэйиитин толору биэрбэтэхпин быһыылаах. Наар туора дьон оҕотун кытта бэрэлэһэммин”. Ити үгүс учууталлар олохторугар көрсөр быһыылара-майгылара буолуо. Ол эрэн эдьиийбит оҕолоро бары тарбахтарын талааннарын, булугас, айымньылаах өйдөрүн табатык салайан, билигин кинилэр бары айар толкуйдаах дьон,  олох саҥа сүүрээннэригэр сөп түбэсиһэн сылдьаллар, олороллор.

Кини бу орто дойдуга төрөөн ийэ буолан, оҕолорун барыларын улаатыннаран, сиэннэрин сороҕун көрөн, эбээ диэн минньигэс тылы астына истэр дьолу сүрэҕэр иҥэринэн барбыта уонна кинилэргэ барыларыгар аанньал буолан өрүү харыстыы сылдьар.

Улахан кыыһа Сахаяна Иннокентьева, уруһуйдьут, иистэнньэҥ:

Учуутал оҕото буолар дьол, ол быыһыгар эппиэтинэс. Ийэбит олох кырабытыттан биһиэхэ элбэҕи биэрдэҕэ, олох оскуолатын күндү киһибитигэр барбыппыт. Билигин ийэ, эбээ буоламмын тугу сатыырым, оҥорбутум, ситиспитим барыта оҕо эрдэхпиттэн ситимнэнэн кэллэҕэ. Күндү дьоммут наһаа элбэҕи бэрсибиттэрин оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсээн оҥостон сэһэргиибин, хос сиэннэрбэр да тириэрдэр былааннаахпын. Сатабылтан таһынан атын дьоҥҥо истиҥ сыһыаны, баарынан ылыныыны, сонуну сэҥээриини, ааспыты күндүтүк тутууну бэйэҕит холобургутунан ууммуккут. Эһиэхэҕэ бүөбэйдэммиппит биһиги дьолбут!!!

Орто кыыһа Татьяна Ксенофонтова, ийэтин утумнааччы математик:

Үтүө киһи элбэх үтүөнү аҕалбыта сураҕа суох сүппэт. Ийэбитин биһиги өрүү өйдүү-саныы сылдьарбыт, кини туһунан саҥардан суруйарбыт, сылын аайы ийэбит аатынан Лөгөй орто оскуолатыгар ыытыллар оҕолорго олимпиадаҕа кыттыһарбыт, өйүүрбүт – биһиэхэ истиҥ өйдөбүл. Санаабыт бөҕөргүүр, төрөөбүт-үөскээбит дойдубутугар ахтылҕаммытын таһаарар кэммит, үөрэммит оскуолабыт сүрэхпитигэр, санаабытыгар өйөбүлү, эрэли үөскэтэр. Ийэбэр үөрэммит оҕолор, аймахтарбыт, ийэм коллегалара, алтыһан ааспыт дьоно Татьяна Егоровна туһунан истиҥ өйдөбүллэрин кинигэлэргэ, ыстатыйаларга суруйбуттарын ылан хаттаан ааҕан, куруук ийэбин араас өттүттэн саҥалыы арыйар курдукпун.

Ийэм элбэх дьоҥҥо көмөлөһөрүн, учуутал быһыытынан оҕону эрэ кытта буолбакка, төрөппүттэри кытта биир тэҥҥэ үлэлэһэрин, сынньалаҥ диэни билбэккэ, сайыннары  үөрэппит оҕолорун бүөбэйдэһэрин санаан кэлэн эмиэ сөҕө-махтайа ааҕабын. Киэн туттабын, уҕараабат күүһүн сөҕөбүн…

Кыра кыыһа Цивилма Дуткина, поэт:

Ийэм миэхэ математикам учуутала, кылааһым салайааччыта, саамай чугас дьүөгэм этэ, тугу сатыырым, билэрим-көрөрүм барыта киниттэн төрүөттээх, ону барытын күндү бэлэх курдук оҕолорбор тириэрдэ сатыыбын. Олоҕум туох баар эйгэтигэр билиҥҥэ диэри  кини сабыдыалын көрөбүн. Уолаттарбар геометрия сокуоннарын быһаара туран, бэйэбэр кинини көрөбүн. Кыыһым гитараҕа оонньоон намыын ыллыыр куолаһыгар ийэм куолаһын истэбин.

Күтүөтэ Вячеслав Местников, «Нордстрим» ХЭТ генеральнай директора (олунньу, 2024 с.):

“Уолан” гимназияҕа үөрэнэ киирбиппэр, Татьяна Егоровна биһиги көрүүбүтүгэр улахан баҕайы, борубулуоха курдук кытаанах майгылаах, бараммат энергиялаах этэ. Кини гимназияҕа баран иһэрин кэнниттэн көрөн билэрбит, толлон тохтуу түһэрбит, бара түстүн диэн, онтон дьэ ырааппытын кэннэ биирдэ барарбыт. Билигин санаатахха, кып-кыракый хатыҥыр дьахтар энергетиката уулуссанан хааман да истэҕинэ сүрдээх буолан толлобут, маныыбыт буоллаҕа дии. Биир киһи иһигэр сүүс киһи күүһүн хатаабыт курдук. Бэйэм да соһуйабын билигин, хаһан эрэ олус толлор, ытыктыыр учууталым күтүөтэ буолан кини үс сиэннэрин аҕалара буолбуппуттан.

Варвара, Михаил Борисовтар (10.02.2024 с.):

Биирдэ эдьиийим Таняттан сурук туппутум, ол иһигэр хаартыскалаах этэ. Италияҕа дьүөгэтинээн күүлэйдии бара сылдьан соҕотоҕун түспүт этэ. Кэннигэр маннык диэн суруктааҕа “Эдьиийгитин умнубакка көрө сылдьаргытыгар” диэн. Хайдах эрэ ытырыктата санаабытым, ити тыллартан. Эдьиийим Татьяна оҕолорбутугар, сиэннэргэ барыларыгар көмө буолара, сайынын лааҕыр курдук тэрийэн элбэххэ үөрэттэҕэ. Ол билиилэрэ билигин барыларыгар ыал буолалларыгар, олоххо бэйэлэрин булуналларыгар улахан көмө буолбут буолуохтаах. Эдьиийбит аттыбытыгар суоҕун да иһин, сүбэлэрэ-амалара, үөрэтиитэ-такайыыта өрүү кинини санатар.

Александр Константинович Чиряев, СГУ-ну биир кэмҥэ үөрэнэн бүтэрбиттэрэ, СӨ үтүөлээх учуутала,  СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, методист учуутал, Дьокуускай к.:

Мин элбэх сири-дойдуну, элбэх оскуолаларга сылдьан үтүмэн элбэх учууталлары кытта билистим, ол эрээри Татьяна Егоровна курдук учууталы көрсүбүтүм ахсааннаах. Кини үлэтин төрүтэ элбэх педагогика классикатын билии буоларын, ону ылыммытыттан этэ. ДЬИҤНЭЭХ УЧУУТАЛ диэн Татьяна Егоровна Дуткина. Учууталлар ортолоругар кини – чаҕылхай сулус. Билигин даҕаны.

 Марианна НиколаевнаДьячковская, СӨ методист учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,  Учууталлар учууталлара,   Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:

Мин Татьяна Егоровна ханнык баҕар эйгэҕэ киэн көрүүлээҕин, билиилээҕин, сатаабата суоҕун бэлиэтии көрбүтүм. Билигин санаатахпына, ол билиилэрин, сатабылларын уруоктарыгар туттан, оҕону сөхтөрөр ураты аптаах киһи курдук көстөрө быһыылаах. Ол миигин умсугутара. Тыл эйгэтигэр ис-иһиттэн сыстаҕас буолан быһыылаах, уруоктарын саҕалыырыгар улуу нуучча уонна саха суруйааччыларын айымньыларыттан быһа тардыылар, өс хоһооннор, уруок тиэмэтигэр киирии тыллара барыта оҕо болҕомтотун тардар күүстээх буолаллара. Ону таһынан оҕо аймахха соһуччу бэлэх буолара.

Сиэн балта СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Попова Марианна Фред,  Кэптэни, Уус-Алдан:

Эдьиийдээтэр эдьиийим РФ үтүөлээх учуутала, Үлэ Албан аата орден үһүс  степенин  кавалера, дьон-сэргэ убаастабылын, билиниитин  ылыан ылбыт Татьяна Егоровна Дуткина учуутал буолбут идэбэр улахан көмөтүн өрүү өйдүүбүн.

Үчүгэй Учуутал элбэх, ол гынан таҥараттан айыллан кэлбит Учуутал диэн олох сэдэх буолар. Мин эдьиийим таҥараттан ананан кэлбит учуутал буолар! Ураты буочардаах, сонун билиилээх көрүүлээх, биир сиргэ турбат олус күүстээх санаалаах, ис култууралаах, эргиччи талааннаах. Кини математик эрэ буолбакка бэртээхэй литератор, биолог, хоровик, үҥкүүһүт, психолог, үрдүк сололоох салайааччы да буолуон сөп этэ. Ити дьиҥнээх Учуутал эрэ киһиэхэ итинник талаан, хаачыстыба баар.

Татьяна Егоровна балыстарын уонна оҕолорун ахтыыларын түмэн суруйдум балта Мария ОЛЕСОВА, үлэ бэтэрээнэ, «Багет» мастерской дириэктэрэ, Дьокуускай к., олунньу 12 күнэ, 2024 с.

(Эдьиийим Зоя Тумусова «Олох – таҥара бэлэҕэ» кинигэтин туһанным)