Суугунай Чараана суруйааччылар сойуустарыгар ылылынна

Уус алданнар айар иэйии абылаҥар куустарбыт дьонунан өрүү да тутахсыйбатахпыт. Бу күннэргэ икки биир дойдулаахпыт Светлана Бурцева уонна Василий Пестряков Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ буолбуттарын туоһулуур докумуоннарын туттулар. 

Светлана Михайловнаҕа Саха сирин суруйааччыта буолбут дастабырыанньата Чараҥ орто оскуолатыгар ыытыллыбыт «Мигалкин ааҕыылара» кэмпириэнсийэ кэмигэр туттарылынна. Ону Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Доллонов анаан кэлэн туттарда. Онуоха Светлана Михайловна үөрүүтүн маннык тиэртэ: «Миэхэ төрөөбүт дойдубар, үөрэммит, үлэлээбит оскуолабар, бар дьонум ортотугар туттарыллыбыта ордук суолталаах, үөрүүлээх».

Светлана Бурцева идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала. Ол эрээри билигин социальнай эйгэ үлэһитин уонна уопсастыбаннай хамсааһыны көҕүлээччи быһыытынан ордук биллэр. Кини төрөөбүт төрүт тылбыт, сахабыт тыла чөл буоларын туһугар туруулаһааччы буолар. Ол курдук төрөөбүт тылы, үгэһи тарҕатыыга үлэлэһэр «Кэскил түһэ» улуустааҕы түмсүүнү салайар.

Кини чахчы төрөөбүт улууһун туһугар бэриниилээх киһи. Айар үлэтинэн уонча кинигэни таһааттарда. Ону барытын улуустааҕы «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээксийэтигэр оҥотторон бэчээттэттэ. Өссө таһааттарыам этэ диэн сакаас биэрэ олорор.

Литэрэтиирэҕэ хоһоон да, кэпсээн да хонуутугар тэҥинэн сылдьар. Хоһоонноро ураты иэйиилээхтэрин народнай суруйааччы Наталья Михалева – Сайа сэргээбит сурахтааҕа. Ити сэҥээрии сыанабылга тэҥнээх.

Айар иэйии абылаҥар куустарбыт Светлана Бурцева – Суугунай Чараана тапталлаах Нэлээнин хатыҥнаах чараҥын суугунун хомоҕой хоһоонноругар түһэрэн сиккиэрин иһитиннэрэн эрдэҕэ.

Афанасий Сектяев