Суоттуга таҥара дьиэтэ аһыллыан иннинэ нэһилиэк олохтоохторун церковнай дьыалатын-куолутун Бороҕоннооҕу Вознесенскай, ону тэҥэ чугастааҕы таҥара дьиэлэрин аҕабыттара ыыталлара. Ол эрээри Бороҕоннооҕу таҥара дьиэтэ, түөрт бөлөх (притч) үлэһиттэрдээх да буоллар, сыһыарыллыбыт сирэ-уота олус улахан, киэҥ буолан, суол-иис да быстар мөлтөҕүнэн, дьон кыһалҕатын ситэ быһаарар кыаҕа суоҕа. Онон приход дьонун ахсаанын көҕүрэтэн, туспа үлэһиттэри анаан, Суотту нэһилиэгэр чочуобуна тутар бэрт тоҕоостоох этэ. Епархия дьаһалтата 1870-с сыллардаахтан оннук баҕалааҕа биллэр.
I, II Суотту уонна Сабарай нэһилиэктэрин аҕа баһылыктарын Дьокуускайдааҕы епархия епискобыгар Дионисийга суруктарыттан:
«Исполняя волю Епархиального начальства о постройке часовни и дом для церковнослужителей было уже давно наше всеобщее желание построить таковыя, но по неурожаю в прошлые годы и от того расстройства нашего быта не заставляло выполнить наше желание.
Ныне положительно вознамерились исполнить на деле и поставить часовню на урочище Тяхтир, как и ранее было нами сказано. Поэтому осмеливаемся просить разрешения архипастырского благословения на предложенную нами постройку с тем, чтобы нашего прихода священники выехали к нам где будет ставиться часовня под наблюдением и присмотром которая скорее может окончится постройка желанной нами часовни в лето сего года и неблагоугодно ли будет Вашему Преосвященству соединить к нам для помощи к построению часовни, проживающих на восточной стороне реки Лены Намского улуса двух Одейских наслегов и Мурчикинский род которые ранее находились в приход Борогонского улуса священника.
На что имеем счастие ожидать Архипастырского Вашего Преосвященства разрешения. В чем и подписуемся» [2].
Маныаха епископ Дионисий 1871 сыл муус устар 14 күнүгэр, кырдьык да, Сабарай нэһилиэгэр аҕабыттаах уонна көмөлөһөөччүлээх (причетник) чочуобуна тутуллара наада, онон тутууну көҥүллүүбүн уонна алҕыыбын, ол туһунан аҕабыт Аполлинарий Ивановка биллэриҥ, оттон көрдөһүүлээх дьон чочуобуна былаанын оҥорон көрдөрдүннэр диэн быһаарыыта кэлбитэ.
Маҥнай утаа чочуобуна кээмэйэ түөрт саһаан үрдүктээх, үс аҥаар саһаан уһуннаах, үс саһаан кэтиттээх диэн торумнаммыта. Бороҕоннооҕу таҥара дьиэтин священнига Аполлинарий Иванов 1872 сыл олунньу 20 күнүгэр чочуобуна былаанын оҥорон рапордаабыта. Архипастырь онно хоруйугар чочуобунаны Боҕоруодьусса бокуруобун аатыгар святитель чудотворец Иннокентий чиэһигэр тутарга алҕаабыта. Чочуобуна акылаатын түһэрии храмы сибэтии гынар бэрээдэгинэн барар, арай бүтэһигэр 2-с мэлииппэ ааҕыллар, 1-кы ааҕыллыбат. Ол эрээри чочуобуна олус кыра, кыайан таҥара дьиэтэ буолар кыаҕа суох. Онон кээмэйин арыый улаатыннаран, уһуна, алтаары аахпатахха, 5 саһааннаах, кэтитэ 3 аҥаар саһааннаах, алтаар үс да үс саһааннаах буолара ордук диэн суруйар. Таҥара дьиэтин фасада бэриллибит былааҥҥа төһө кыалларынан сөп түбэһэр гына тутуллуохтаах.
Дьэ, ити курдук, Суотту нэһилиэгэр I Тэхтир диэн сиргэ чочуобуна тутуута саҕаламмыта. Билигин бу Уус Алдан улууһун Хоноҕор сэлиэнньэтэ, Кыһыл Кырдал диэн ааттанар Хоноҕордооҕу орто оскуола турар сирэ.
Ол эрээри, билигин да буоларын курдук, бу быһаарыыны бары биир киһи курдук сөбүлэһэн ылымматахтара. Тутуллар сирин утаран, атын сиргэ туттарар туһунан этии киирбитэ. Ол курдук II Суотту нэһилиэгин олохтооҕо Гаврил Барашков 1872 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи суругуттан:
«Собственно по мысли моей, объявленной Вашему Преосвященству и в следствии того по ходатайству общественников Сабарайского, 1-го и 2-го Соттутского наслегов Ваше Преосвященство в прошлом 1871 году изволили благословить постройку часовни в 1-м Соттутском наслеге. Но по соображению моему местность эта совершенно не удобна для постройки часовни. Вблизи этого места совершенно нет ни леса, ни проносной воды, кроме маленького протухлого озера. Грунт этого места мягкий дерна назимистое. С давних времен и поныне существует падеж конного и рогатого скота, что известно и священнику Аполинарию Иванову. Кроме того, место это как известно мне и прочим якутам по преданиям назад тому около 60 лет при выборе местности было обраковано бывшим тогда Архимандритом, которым напротив того одобрено место состоящее во 2-м Соттутском наслеге под названием Тяхтир. Это место действительно по всей справедливости есть самое удобное под постройку часовни потому, что оно лежит на самом берегу реки Лены и представляет собой возвышенное место, грунт земли твердый глинистый, дерно обрастает душистой травой под названием Богородской. Лесу около этого места не только топливою но и самого лучшего строевого совершенно изобильно.
Ниже этого места есть еще другое такое же удобное над рекою Леной под названием Элэсин-Аартыга, и здесь находится около двухсот памятников, устроенных над мертвыми телами. Оба эти места отстоят от 1-го Соттутского наслега на расстоянии от 3-х до 5-ти верст, а от наслега Намского улуса присоединенного 1-му и 2-му Соттутского наслегов до 35-ти верст, а от 2-го Соттутского наслега до 40 верст.
Имея в виду описанные весьма удобные для постройки часовни места, я и общественники 2-го Соттутского наслега не из каких либо корыстных и других видов, но соревнуя удобными и прочному устройству Богослужебного храма приемлю смелость все вышеизложенное повергнуть Архипастырскому Вашего Преосвященства благоусмотрению и покорнейше просить неблаго угодно ли будет удостоить осмотреть все вышепоименованные места, если не самим лично, то по крайней мере через особого доверенного с Вашей стороны благонадежного духовного лица и за тем удостоить нас благословением часовни на одобренном вами или доверенным от Вас лицом месте. При чем осмеливаюсь доложить Вашему Преосвященству, что на постройку просимой нами часовни предложено собрать с якутов трех наслегов, т.е. Сабарайского, 1-го, 2-го Соттутских и частию Намского до двух тысяч рублей серебром вместе с пожертвованными мною и сыном моим двумястами рублями.
Преосвященнейшийвладыко, повергая себя Архипастырскому Вашему благословению имею счастие ожидать благосклонного на все вышеизложенное внимание Вашего Преосвященства». Гаврила Барашков [3].
Бусуруктан,чочуобунатутуутатохтотуллан, турар сирин талар туһунан уһун быһаарсыы саҕаламмыта.
Гаврила Барашков суругар хоруй быһыытынан I, II Суотту, Сабарай нэһилиэктэрин общественниктара Бороҕоннооҕу Вознесенскай таҥара дьиэтигэр сурук суруйбуттара, улуус кулубата Иван Говоров уонна быыбарынай Иван Барашков ол суругу ааҕан баран бу курдук туоһу буолбуттара:
«1872 г. апреля 30 дня Якутский округ Борогонского улуса, мы представляя Общественников 1-го – 2-го Соттутских и Сабарайского наслегов, быв на общей мирской сходке и выслушав объявленное нам причтой Борогонской Вознесенской церкви предписание благочинного Протоирея Петра Попова от 6 апреля № 86 по резолюции Его Преосвященства по докладной записке родовича 2-го Соттутского наслега Гаврилы Барашкова, об отмене приговора составленного в 1871 г., по постройке нового Дома Божия на месте 1-го Тяхтира 1-го Соттутского наслега, в присутствии святого нашего Священника Аполинария Иванова в том, что просьбу родовича Гаврилы Барашкова мы нисколько не соответствует правильною и уважительною. Потому, что в минувшем 1871 г. при первом нашем совещании найдено было в средоточии трех наслегов 1-й Тяхтир 1-го Соттутского наслега, но по одному лишь не хотению сына его Барашкова, старосты Никиты Барашкова, на оном месте решились на жереб и избрать длясиидва Тяхтиря 1-го и 2-го Соттутских наслегов. Жереб пал тогда на Первый Тяхтир 1-го Соттутского наслега, и составленной на общей сходке всеми прихожанами о сем приговор был утвержден Его Преосвященством, сооруженная же по сии Церковь состоит на восточной стороне реки Лены на расстоянии от оной в 2-х верстах, а от протоки ½ верст, и вблизи оной имеется озеро омывающеес яречною водою.
По распоряжению господина Вешишера уже отведены покосы для церкви, установлен дом для помещения Священника. С того дня для постройки Церкви на 1-м Тяхтиревывезено прихожанами 1-го Соттутского 180 бревен, Сабарайского 21 и 2 Соттутского 30. Всего 231 бревно, (кроме Гаврилы Барашкова), наняты рабочие и уставщик, при заключении с ними подписанного Контракта выданы деньги, работа должна была начаться с наступающего Первого Мая. А потому причту Борогонской Вознесенской Церкви наипочтеннейше просим сей наш приговор представить куда следует со своим ходатайством на утверждение, согласно составленного нами в 1871 году приговора, каковое отменить не можем (о чем пишет Барашков). Неизменным считаем доложить то, что Барашков при каждом совещании говорит по невежеству своему и просит об отмене 1-го и 2-го Приговоров утвержденный Его Преосвященством. Посему покорнейшие просим прекратить через кого следует упорство Барашкова и дать нам случай на постройку Дома Божия на утвержденном месте 1-го Тяхтира. В чем и подписуемся» [4].
1872 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай епискоба Дионисий консистория нөҥүө былаҕачыанай протоиерей Петр Попову чочуобуна тутуллуон сөптөөх сирин-уотун дьону-сэргэни, бырааба чилиэнин, олохтоох сэтээтэли кытта кэрийэн көрөрүгэр соруйбута.
Петр Попов сорудаҕы толорон, консисторияҕа бу курдук рапорт түһэрбитэ:
«Во исполнение указов Якутской Духовной Консистории от 4 апреля и 22 мая сего года за № 414 и 607-ми, помилован рапорт Борогонского причта от 20 мая за № 21, с приговором прихожан-родовичей Сабарайского, 1-го Соттинского, и частью 2 Соттинского наслегов одобряющих для построения церкви местность под названием 1-й Тяхтир в 1-м Соттинском наслеге Борогонского улуса, а потом сего 14 июня в присутствии улусного головы Говорова, кандидата по выборным Местникова, родоначальников и родовичей поименованных наслегов, а ровно и самого Гаврилы Барашкова я осматривал все местности и нашел: первый Тяхтир расположенный около горы возвышенность на сажени, в длину 290 сажень, и в ширину 190 сажень, на оной грунт земли глинистый, смешанный с песком крепкий 2-й ст. дернистый, где выстроен дом для Священника и находится жителей 8 юрт с дворовыми заведениями, возле его превосходные летние выпуски и сенокосные места (для видимости прилагаю чертеж составленный кандидатом по выборным Местниковым); на горе много памятников и в изобилии всякого леса; местность нигде не обсыпается, озерная вода около него вкусная как и Ленская (озеро песчаное, глубины до 4-х сажень и почти каждогодно обмывается речною водою). По уверению местных жителей на этой местности скотского падежаникогда не бывало и вода никогда не топить. А посему большая половинародовичей 1-го Соттинского наслега зимой и летом живут здесь.
Второй Тяхтир от 1-го по прямому направлению не больше верст и местность подобно 1-му же Тяхтирю около горы, но ниже оногопотому, что большая вода бывает в окружности, а то сего вероятно летом на нем и ни одного жителя. Околоего много воды, кочек и грязи, так что вблизи летом удобного и скотского выпуска нет.
Местность же Елесин Артыга от 1-го Тяхтира напрямик верст до 8-ми, горная бечьмалейшей поляны, настолько с множеством памятников. Самый же подъем на гору сажень до 25-ти, а местность над уровнем Ленской воды наверное 12 сажень.
Таким образом, осмотрев все местности, прописанные Гаврилом Барашковым я нашел совершенно во всем удобным для построения церкви местность только 1-й Тяхтирв 1-м Соттинском наслеге, с чем согласился и сам проситель Гаврила Барашков с родовичами, а посему подписался под общим приговором.
А посему кончив сие сдаю и имею честь благопочтеннейше представить оная в Якутскую Духовную Консисторию на благоусмотрение и для испрошения Архипастырского благословения и распоряжения на постройку церкви Борогонского улуса в 1-м Соттинском наслеге на урочище Первый Тяхтир.1872 г. Июня 14 дня» [5].
1872 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр консистория Петр Попов суругун архипастырга сөбүлэҥ биэрэригэр ыыппыта.
Суоттутааҕы Бокуруоп таҥаратын дьиэтэ туруохтаах сирин туһунан мөккүөр ити курдук түмүктэммитэ. 1878 сыл ортото Суоттутааҕы таҥара дьиэтэ дьэ тутуллан бүтэн, иконостас туруоруллубута, куолакаллар ыйаммыттара, үрдүгэр кириэстэрэ анньыллыбыттара. От ыйын 18 күнүгэр Дьокуускай уонна Бүлүү епискоба Дионисий кэлэн сибэтии гыммыта.
Саҥа аһыллыбыт таҥара дьиэтигэр Бороҕон улууһун түөрт нэһилиэгэ, Нам улууһун үс нэһилиэгэ сыһыарыллыбыттара: Бороҕон улууһун I Суотту нэһилиэгин 974 киһитэ, II Суотту 545, Сабарай нэһилиэгин 135, Сыҥаах нэһилиэгин 528, Нам улууһун Мурчуку нэһилиэгин 205, I уонна II Үөдэй нэһилиэктэрин171 олохтооҕо, барыта 2558 киһи. Дьэ ити курдук, Суоттутааҕы таҥара дьиэтэ икки улуус дьонун холбоон үлэлээн барбыта, чугастааҕы Бороҕон таҥаратын дьиэтэ 70 биэрэстэлээх, Нам таҥаратын дьиэтэ 40 биэрэстэлээх сиргэ бааллара.
1893 сыллаахха приход дьонун ахсаана 2363 буолбута, ол эбэтэр приход төрүттэммитэ сүүрбэ сылын устата (1872-1892) дьон ахсаана биллэ аҕыйаабыта. 1874, 1875, 1888 уонна 1889 сылларга оспа ыарыыта өрө туран, киһи ахсаана 670 тиийэ түһэ сылдьыбыта. 1880 сыл ахсынньы 25 күнүгэр храм үлэтигэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр туһуттан церковнай-приходской попечительство тэриллибитэ. 1892 сыллаахха таҥара дьиэтин иһинэн церковнай-приходской оскуола аһыллыбыта. Оскуола дьиэтэ Дьокуускайдааҕы епархия училищетын сэбиэтин үбүнэн тутуллубута, ону тэҥэ олохтоох киһи ампаарын бэлэхтээн, ол маһа туһаныллыбыта. Оскуола үлэтин епархия сэбиэтэ үбүлүүрэ, олохтоох дьон көмөтө диэн үөрэнэр оҕолор астарын-таҥастарын хааччыйаллара. Оскуолаҕа алта саха оҕото үөрэнэрэ.
Суоттутааҕы таҥара дьиэтин клировай биэдэмэһигэр 1909 сыллаахха маннык дааннайдар суруллубуттар: таҥара дьиэтин тутуу 1872 сыллаахха Бороҕон улууһун I, II Суотту уонна Сабарай нэһилиэктэрин олохтоохторун күүһүнэн саҕаламмыт уонна 1878 сыллаахха түмүктэммит. 1878 сыллаахха от ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай епискоба Дионисий сибэтии гыммыт. Таҥара дьиэтэ маһынан тутуллубут, мас холокуонньалаах, Боҕоруодьусса бокуруобун аатыгар Иркутскай епискобын святитель чудотворец Иннокентий чиэһигэр биир престоллаах. Мала-сала, баайа суох эрээри толору. 1885 сыл кулун тутар 15 күнүгэр бигэргэммит штатынан таҥара дьиэтэ икки үлэһиттээх:1909 сыл тохсунньу 1 күнүгэр аҕабыт (священник) хааһынаттан хамнаһа сылга 600 солкуобай, псаломщик 200 солкуобай, приход дьонуттан священникка 160 солкуобай, псаломщикка 80 солкуобай киирэр. 1871 сыллааха таҥара дьиэтин үлэһиттэригэр анаан 32 дэһээтинэ оттуур сир өлүүлэнэн быһыллыбыта: 15 дэһээтинэ сэппэрээктээх ходуһа, 17 дэһээтинэ ыраас хонуу ходуһа.
Аҕабыкка приход дьоно дьиэтин-уотун тутан биэрбиттэрэ, псаломщикка эмиэ кыра дьиэ туппуттара 1909 сыллаахха ситэ тутуллан бүтэ илик эбит. Таҥара дьиэтин библиотеката олус аҕыйах кинигэлээх, ону хаҥатарга үп-ас тиийбэт. 1892 сыллаахха таҥара дьиэтин иһинэн церковнай-приходской оскуола аһыллан, 1909 сылга диэри уон түөрт уол уонна биир кыыс үөрэнэн бүтэрдилэр, 1909 сыллаахха үс уол уонна биир кыыс үөрэнэ сылдьаллар. Эмиэ бу биэдэмэскэ Суоттутааҕы таҥара дьиэтин приходун дьонун ахсаана бэриллибит. Бороҕон улууһун I Суотту (937 киһи), II Суотту (477), Сабарай (120), Сыҥаах (426) нэһилиэктэрин, Нам улууһун I, II Үөдэй нэһилиэктэрин (123), Мэҥэ улууһун Мөҥүрүөн нэһилиэгин (240) дьоно, барыта 385 ыал, 2323 киһи, киирбит.
1919 сыллаахха Дьокуускайдааҕы духовнай консистория сабыллыбыта. Үлэлээбит кэмин устата (1870-1919) Саха сиригэр таҥара дьиэтин ахсаана 134-кэ тиийэ элбээбит.
Сэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан, гражданскай сэрии саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр православнай таҥара дьиэлэрэ көтүрүллүбүттэрэ эбэтэр дьиэлэрэ-уоттара атын тэрилтэлэргэ бэриллибиттэрэ. Таҥара дьиэлэрин үлэһиттэрэ бастакынан репрессияҕа түбэспиттэрэ.
1924 сыл олунньу 24 күнүгэр Бороҕон улууһун исполкома хамыыһыйа тэрийбитэ: Н.Н. Окоемова бэрэссэдээтэл, Як.И. Барашкова уонна Д.В. Пермякова чилиэннэр буолбуттара. Бу хамыыһыйа аҕабыт Георгий Винокуровы кытта Суоттутааҕы Бокуруоп таҥаратын дьиэтин малын-салын описьтаабыттара. Бастакы нүөмэрдээх описька суруллубутунан, таҥара дьиэтэ тиит маһынан тутуллубут, үс куполлаах, үрдүгэр көмүс дуйдаах ылтаһын кириэстэрдээх. Киирэр сирин (паперть) үрдүнэн мас холокуонньалаах. Ис өттө түөрт чаастан турар: алтаар, ортоку чааһа, трапеза, аан айаҕар харабыл хоһо уонна мал-сал уурар тымныы хос. Таҥара дьиэтин уһуна 10 саһаан 1 арсыын 15 бөссүөк (22,5 миэтэрэ), кэтитэ 4 саһаан (8,5 миэтэрэ). Иккис нүөмэрдээх описька куолакаллар ойууламмыттар. Түөрт алтан куолакал баар эбит. Ыйааһыннара: 28 буут 1 муунта (460 киилэ);10 буут 12 муунта (170 киилэ); 5 буут 20 муунта (90 киилэ); 2 буут 20 муунта (42 киилэ).
Опись түмүгүнэн инвентаризация ыытыллыбыт, барыта 130 мал (ол иһигэр 43 икона) ааҕыллыбыт.
1924 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Бороҕон улууһун исполкома мунньахтаан баран, Суоттутааҕы таҥара дьиэтин малын-салын улуустааҕы хардары көмө комитетыгар (Улусный комитет взаимопомощи) биэрэр туһунан дьаһайбыта. Дьиэни-уоту, куолакаллары Суоттутааҕы 1-кы сүһүөх сэбиэскэй оскуола пансионугар биэрэргэ уураахтаабыта[8].
Ити курдук, Суоттутааҕы Бокуруоп таҥаратын дьиэтэ сабыллан, кырдьаҕастар ахталларынан, маҥхааһай буолан турбут, онтон 1932 сыллаахха умайбыт.
Ыстатыйабар Суоттутааҕы таҥара дьиэтин историятын сорох өттүн сырдаттыбыт. Чинчийэр-үөрэтэр үлэбит өссө да элбэх. Кырдьаҕастар ахтыыларын туһаныахпытын наада. Хомойуох иһин, таҥара дьиэтин биир да хаартыскатын булбатыбыт. Саха Республикатын Национальнай архыыбыгар баар Суотту таҥаратын дьиэтин туһунан матырыйаал үксэ клировай записьтар. Ону өссө да хасыһар, барытын ааҕар, көрөр соруктаахпыт.
Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэбит ситиһиитэ диэн таҥара дьиэтэ турбут сирин чопчу быһаардыбыт. Бу иннинэ ким даҕаны манан этэ диэн чуолкай ыйбыта суох. Ону таһынан таҥара дьиэтин чертежтарын, былаанын булан уонна 1924 сыллааҕы описьтары үөрэтэн, Суоттутааҕы таҥара дьиэтин кээмэйин биллибит.
Үлэбит түмүктэрин бэчээккэ таһааран, оскуола оҕолоругар, техникум студеннарыгар кэпсээн, дойдубут историятын билиһиннэрэбит: Суоттутааҕы таҥара дьиэтин туһунан билэр киһи улууска да, нэһилиэккэ да, ордук ыччат ортотугар бэрт аҕыйах. Онон төрөөбүт дойдубут уруккутун сырдатан, ыччаты патриотическай иитиигэ бэйэбит кылааппытын киллэрэбит дии саныыбыт.
Петр Пермяков.
Нууччалыыттан тылбаастаата Сахаяна Васильева.