Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иванов: Сүрүн болҕомтобутун Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһиҥҥэ уурабыт

Суотту нэһилиэгэ үс бөһүөлэктээх: Оҕуруоттаах (нэһилиэк киинэ), Хоноҕор, Саһылыкаан. Улуус биир улахан нэһилиэгэ буолар. Аны Өлүөнэ өрүс хочотугар, Дьокуускайтан чугас олорор буолан араас хайысха тэҥҥэ сайдар. Бүгүн нэһилиэк баһылыга Василий ИВАНОВ билигин туох үлэ-хамнас бара турарын туһунан кэпсээтэ:

– Туох-баар ыытыллар үлэ, биллэн турар, үптэн-харчыттан тутулуктаах. Биһиги нэһилиэк­пит быйылгы сыллааҕы бүддьүөтэ 65 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу иһиттэххэ, элбэх курдук эрээри, тыыраары гыннахха араас салаа­нан кыра-кыра тиксэр.

Саамай сүрүн сорукпут Улуу Кыайыы 80 сылын чиэстээхтик бэлиэтээһин буолар. Онно бэлэмнэммиппит ыраатта, үс бөһүөлэкпитигэр барытыгар үлэ барыаҕа. Саамай элбэх суумалаах үлэ киин бөһүөлэккэ Кыайыы болуоссатын тупсарыыга барыаҕа. Ол курдук олохтоох көҕүлээһин бырагырааматыгар кыттаммыт 2 мөл. солк. ыллыбыт, бүддьүөттэн 1 мөл. солк. уктубут. Ону тэҥэ спонсордар 300 тыһ. солк. көмөлөстүлэр, нэһилиэнньэ 60 тыһ. солк. биэрдэ. Итинник Кыайыы үбүлүөйүн аайы үп көрөн ситэрэн иһэбит.

Онтон Хоноҕор Кыһыл Кырдалын билбэт киһи диэн суоҕа буолуо. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр биһиги оройуоммутуттан фроҥҥа барааччылар бары кэ­риэ­тэ манна, оскуолаҕа тохтооннор байыаннай үөрэҕи барбыттара. Онон бу ытык сиргэ монумент оҥоһуутугар анаан 600 тыһ. солк. уктубут. Саһылыкааҥҥа эмиэ Кыайыы болуоссатын тупсарыыга үлэ барыаҕа.

Оҕуруоттаах бөһүөлэгэ олус киэҥ сиринэн тайаан олорор буолан, киинтэн ититиини киллэрии балачча ыарахаттар­даах. Онон газгольдер диэн автономнай газтааһын ньыматын киллэриигэ үлэлэһэ сылдьабыт. Манна улуус салалтата улаханнык кө­мөлөһөн, үөһээ тыа быыһыгар олорор 20 ыал пилотнай быра­йыак үлэлээн эрэр. Ол быһыытынан онно үс өрүттээх кыттыгас үлэ барыаҕа, бырамыысыланнас министиэристибэтэ 4 мөл. солк., улуус 3 мөл. солк., нэһилиэк 1 мөл. солк. уктубут. Оттон киллэртэрэр киһи 200 тыһ. солк. уйунар. Биир дьиэҕэ киллэрии ороскуота 600 тыһ. солк. Онон сотору бэдэрээччит кэлэн үлэлээбитинэн барыаҕа.

Биһиги 2005 сыллаахха тимир турбаларынан сайыҥҥы уу ситимин киллэрбиппит. Олору пластмасс турбаларга уларыттыбыт. Быйыл бүтэһик кыбаарталы кө­һөрөн, ол үлэни түмүктүөхпүт.

Аны бөһүөлэк иһинээҕи суол­лары оҥорууга үп көрдөһө сылдьабыт. Ону булларбыт 1,5 км суолу оҥоруо этибит.
Киин бөһүөлэкпит кулууба олус эргэрдэ. Саҥаны тутууга уоча­рап­пыт ыраах. Ол иһин Хоноҕорго “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинин киһи астына сылдьар гына ба­лач­ча тупсардыбыт. Быйыл өссө 1 мөл. солк. көрөммүт, ол үлэни түмүктүөхпүт.

“Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бы­рагыраамаҕа эһиилгиттэн киирэбит. Билиҥҥитэ 65 кыбартыыраны былааннаан олоробут. Онтон төһөтө киирэрэ биллибэт.

Ханна да буоларын курдук каа­дырынан хааччыллыы уус­тук. Билиҥҥитэ бырааһа суох олоробут. Учууталлар эмиэ тиийбэттэр. Кэлэр курдуктар эрээри, олорор усулуобуйаларын ыарыр­ҕатаннар бара тураллар.

Тыа хаһаайыстыбатыгар “Туйма” кэпэрэтиип аһы-үөлү оҥорон таһаарыыга күүскэ үлэ­лэһэр. Бородууксуйата нэһи­лиэнньэҕэ хамаҕатык барар. Үүт харчытыгар иэһэ суох. Онон сүөһү, сылгы ахсаана улаханнык аччаабат диэххэ сөп. Биһиги кураан дьылга өрүс арыытыгар оттуубут. Былырыын өҥ дьыл буолан онно киирбэтэхпит. Онон лаҥханан бүрүллэн турдаҕа, аны өрүс сааскы уута тугу аҕалан “бырахпыта” биллибэт. Урут арыыны өртүүр этибит. Билигин олус бопсор буоланнар, тыа хаһаа­йыстыбатынан дьарыктаныыга улахан харгыһы оҥордулар.

Афанасий СЕКТЯЕВ