“Снежный барс” байыаннай-спортивнай күрэхтэһии улуустааҕы этаба Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар ыытылынна

Күрэхтэһиигэ улуус оскуолаларыттан 7 хамаанда кэлэн күөн көрүстэ: «Мүрү» ВПК (Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата, сал. А. А. Николаев), «Уолан» ВПК (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара, сал. И.В. Жирков), «Тускул» ВПК (Мүрү 2 №-дээх орто оскуолата, сал. С.В. Прибылых), «Беркут» ВПК (Дүпсүн орто оскуолата, сал. А.Н. Осипов), «Беркут» ВПК (Майаҕас орто оскуолата, сал. А.Н. Васильев), «Орлан» ВПК (Танда орто оскуолата, сал. Р.А. Федосеев), «Карбышевцы» ВПК (Тумул орто оскуолата, сал. И.Д. Габышев).

Күрэхтэһии арыллыытыгар Өнөр орто оскуолатын учуутала, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Юрий Протопопов, тэрийэн ыытааччы оскуола дириэктэрэ Петр Баханов, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан начаалынньыгы солбуйааччы Иван Никонов, оскуола музейын үлэһитэ Елена Сыроватская тыл этэн кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр. Алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ оскуола киэн туттар выпускнигын, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, “Эр санаа” уордьан кавалерын, хорсуннук сэриилэһэ сылдьан олохтон туораабыт Василий Данилов туһунан литературнай монтаһы аахтылар.

Күрэхтэһии сэттэ көрүҥүнэн ыытылынна: «Ратные страницы истории Отечества»; «Статен в строю, силен в бою»; «Разборка и сборка AK-74»; «Снаряжение магазина патронами»; «Пулевая стрельба»; «Общефизическая
подготовка»; «Военизированная эстафета». Хас биирдии көрүҥҥэ бастыҥнар ааттанан истилэр.

Тыҥааһыннаах киирсии уопсай түмүгүнэн бастакы бөлөххө «Мүрү» ВПК хамаандата I миэстэҕэ таҕыста. Кинилэртэн бэрт кыранан хаалан «Тускул» ВПК хамаандата II миэстэни ылла. III миэстэҕэ «Уолан» ВПК хамаандата таҕыста.

Иккис бөлөххө I м. – «Орлан» ВПК, II м. – «Карбышевцы» ВПК, III м. – «Беркут» ВПК.

Кыттыыны ылбыт хамаандалар байыаннай дьыалаҕа үчүгэй түмүгү ситиһэргэ дьулуурдарын көрдөрдүлэр. Билии-көрүү, эт-хаан өттүнэн сайдыыга маннык күрэхтэһиилэр элбэҕи биэрэллэр.

Оттон кыайыылаах хамаанда улуус чиэһин көмүскүү өрөспүүбүлүкэтээҕи этапка кыттыаҕа