Тыа хаһаайыстыбатын биир сүрүн, тутаах салаата үүнээйи­нэн дьарыктаныы буолар. Эбэтэр биһиги улууспутугар бурдук уонна оҕуруот аһын үүннэрии­тэ диэххэ сөп. Оттон тыа сирин уйгутун дэлэтээччилэр дьыл кэмин батыһа сылдьан үлэлэрэ, түбүктэрэ кэлэн иһэр. Билигин бу сааскы кэмҥэ сири кытта үлэ­лэһээччилэр ыһыы үлэтигэр бэлэмнэниилэрин үгэнэ. Оҕуруотчуттар үнүгэстэрин олордуутун кэмэ, бурдук үүннэрээччилэр аҕыйах хонугунан бастакы туораахтары өҥ буорга түһэриэхтэрэ. Онон быйыл ыһыыга бэлэмнэнии хайдах баран эрэрин туһунан улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскайы кытары кэпсэттим:

– Прокопий Алексеевич, сири кытта үлэлэһээччи­лэр сааскы түбүктээх күннэрэ үүннүлэр, бэлэмнэнии хайдах баран эрэрий?

– Бурдук үүннэриитигэр да­ҕаны, оҕуруот аһын олордууга да­ҕаны бу үлэҕэ сыстаҕас, мындырдарын билэр дьон кэлэллэр. Ол иһин биир да күнү халтайга ыыппакка ыһыыга бэлэмнэниилэрин кэр­диистээн ыытан иһэллэр. Бэлэмнээх эрэ буоллаххына, үрдүк үүнүүнү ситиһэҕин. Уус Алдан бур­дугу үүннэрээччилэрэ, оҕуруотчуттара өрөспүүбүлүкэҕэ инники кэккэҕэ сылдьаллара кинилэр сыралаһан үлэлииллэрин көстүүтэ.

Быйылгы сылга улуус үрдүнэн уопсайа 3 042,9 гектарга ыһыы былааннанар. Ол курдук 1 225 гааҕа туораахтаах култуура ыһыллыаҕа. Мантан 281 гааҕа сэлиэһинэй, 945 гааҕа эбиэс ыһыллара былааннанар. Улууспутугар үс хаһаайыстыба бурдук ыһыытынан дьарыктанар. Олортон “Биэттэ-АГРО” ХЭТ 573 гааҕа ыһыы үлэтин ыытыаҕа. Бу иһиттэн 143 гааҕа сэлиэһинэйи, 430 гааҕа эбиэһи. Дмитрий Илларионов бааһынай хаһаайыстыбата 448 гаа ыһыылаах. Бу иһиттэн 138 гааҕа сэлиэһинэйи, 310 гааҕа эбиэһи. Оттон “Саһылыкаан” ТХПК 205 гааҕа эбиэһи ыһар былааннаах.

Илларионовтар ыһыы сиэмэтин ыраастыыллар

– Ыһыы сиэмэтинэн хаачыллыы хайдаҕый, төһө сөп ­буоларый?

– Ыһыы сиэмэтинэн толору хааччыллан олоробут. Ол аата 232 тн. сиэмэ быйылгы ыһыыбытыгар сөп буолар. Бүгүҥҥү туругунан, ааспыт сыллааҕы хомууртан бы­йылгы ыһыыга анаан 233 тн. ыһыы сиэмэтэ ыраастанан бэлэмнэннэ. Ону таһынан 62 тн. элита кылаас­таах “Туймаада”, “Приленская 19” суорт сэлиэһинэй, “Покровскай”, “Виленская” суорт эбиэс сиэмэлэрэ ыраастанан, Чурапчы улууһун икки хаһаа­йыстыбатыгар атыыланна.

Биһиги улууспут бурдугу үүннэрээччилэрэ өрөспүүбүлүкэбит учуонайдара айан таһаарбыт суор­тарын 100% ыла олоробут Ол курдук “Биэттэ АГРО” ХЭТ уонна Дмит­рий Илларионов хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэҕэ анал сиэмэ хаһаа­йыстыбалара буолаллар. “Россельхозцентр” исписэлиистэрэ анаа­лыстаан быһаарбыттарын түмүгэр сиэмэ тахсыыта 95-100% тэҥнэс­тэ. Онон ыһыы сиэмэтин туруга лаппа үчүгэй. Оттон “Саһылы­каан” ТХПК фураж, атыннык эттэххэ сыл­гы аһылыгар анаан эбиэс үүннэриитинэн дьарыктанар. Быйыл онно анаан “ЯкутАгроТрейт” ХЭТ кытта дуогабардаһан 30 тн. эбиэс сиэмэтин аҕалтарда. Ону таһынан “Биэттэ АГРО” ХЭТ 9 тн. элита кылаас­таах эбиэс сиэмэтин атыыласта.

– Бааһынаҕа сииги тутуу биир ньымата хаары типтэрии, атыннык эттэххэ, чи­ҥэтии буолар. Кэнники сылларга ити күүскэ туттуллар буолан эрэр. Быйыл үлэ хайдах барда?

– Кырдьык, хаар типтэриитэ бурдук үүнүүтүгэр улахан туһалаах. Ити уруккуттан туһаныллан кэлбит ньыманы умнарбыт табыллыбат. Быйыл олунньуттан хаар типтэрии­тэ саҕаламмыта. Уопсайа 1024 гаа бааһынаҕа хаар типтэриллэн балачча мунньулунна. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа быйыл кураан са­йын буолуо диир. Онон ити мунньуллубут хаарбыт онно туһалыа диэн эрэнэбит.

– Билигин органическай уоҕур­дууттан тэйэ быһыытыйыы баран эрэр, минеральнай уоҕурдууга ордук болҕомто ууруллар. Быйыл хааччыллыы хайдаҕый?

– Быйыл “Сахаагрос” диэн тэрилтэни кытары уопсайа 142 тн. минеральнай уоҕурдууну ыларга дуогабардастыбыт. Ол курдук 101 тн. диаммофоска, 20 тн. азофоска, 21 тн. карбамид кэлэн, 122 тн. уоҕур­дуу хаһаайыстыбаларга тиэрдилиннэ. Аны тимир суолунан Бэстээххэ 20 тн. аэрофоска кэлэрин кэтэһэбит. Онон туораахтаах култуура ыһыытыгар ыһыы сиэмэтэ, уоҕурдуу, тиэхиньикэ уматыга барыта миэстэтигэр кэлэн турар. Дмитрий Илларионов бааһыналара тэйиччи буоланнар, саас эрдэ суол баар эрдэҕинэ ыһыы сиэмэтин уонна уоҕурдуутун барытын баа­һыналарыгар таспыта.

– Сүөһү аһылыгар диэн эбиэһи таһынан араас култуура ыһыллар. Быйыл туох ыһыллыаҕай?

– Сүөһү аһылыгар диэн бы­йылгы ыһыыбыт иэнэ 1400 гаа. Ол курдук 444,8 гаа элбэх сыллаах от ааспыт сыллааҕы ыһыыбыт баар. Ону быйыл хомуйуохпут. Быйыл 3140 гааҕа элбэх сыллаах оту ыһыах­пыт. Итини тэҥэ, биир сыллаах от 645 гааҕа ыһыллыа. Бу ыһыыбыт иһигэр 22 гааҕа судан отун, 20 гааҕа подсолнух ыһыыта киириэҕэ. Манна биири этэр тоҕоостоох. Ол курдук сүөһү аһылыгар анаан үүннэриллэр эбиэс 95% бэйэбит хаһаайыстыбаларбытыттан хааччынныбыт.

– Быйылгы ыһыыга төһө ки­һи үлэлиэҕэй, тиэхиньи­кэлэр туруктара хайдаҕый?

– Быйылгы ыһыы үлэтигэр уопсайа 117 киһи үлэлиэҕэ. Онтон тиэхиньикэни ылан көрдөххө, 42 тыраахтар, 26 булуук, 20 сеялка, 23 культиватор бааһынаҕа киириэхтэрэ. Билиҥҥи туругунан, тиэхиньикэлэр 70% өрөмүөнү бардылар. Онон бу күннэргэ өрөмүөн үлэтэ күүскэ бара турар.

– Онтон хортуоппуй, оҕу­руот аһын олордуу балаһыанньата хайдаҕый, төһө иэҥ­ҥэ ыһыллыаҕай?

– Хортуоппуй уопсайа 207 гааҕа ыһыллыаҕа. Мантан 91,1 гаатын тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар ылаллар. Бу иэҥҥэ ыһарга 273 тн. сиэмэ хортуоппуй наада. Бэйэбитигэр 171 тн. уурунуулаах­пыт. Тиийбэт 63 тн. хортуоппуйу СӨ сири оҥорууга сулууспатын нөҥүө 20 тн. “Якутянка” элита кылаастаах суорду, Нам улууһуттан А. Жирков хаһаайыстыбатыттан 11 тн., М. Сивцев хаһаайыстыбатыттан 20 тн уонна улуус иһиттэн 12 тн. хортуоппуйу атыылаһан миэстэтигэр аҕаллыбыт.

Оҕуруот аһын 42 гааҕа олордору былаанныыбыт. Бу иһиттэн 25 гааҕа хаппыыстаны, 5,8 гааҕа моркуобу, 4,7 гааҕа сүбүөкүлэни, 6,5 гааҕа араас култуураны олордуохпут. Бу күннэргэ хаһаайыстыбалар хаппыыста үнүгэһин олордууга күүскэ үлэлэһэ сылдьаллар.

– Прокопий Алексеевич, си­һилии кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Дьэ, ити курдук сиртэн быйаҥы сомсооччулар ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии быһаарыылаах күннэригэр сылдьаллар. Норуок­ка сайыҥҥы биир күн – дьылы аһатар диэччилэр. Ити эрээри, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо салааларыттан көрөн хас биирдии күннэрэ дьылы аһатар. Холобур, сир уустарыгар билигин оннук күннэр кэллилэр. Ол курдук бурдук үүннэрээччи бааһынатыгар хаар типтэриитин саҕалыаҕыттан, маҥхааһайыгар ыһыы сиэмэтин ыраастыаҕыттан күһүн үүнүүтүн хомуйан бүтэриэр диэри хас биирдии күнүн аахпытынан барар. Оҕуруотчутуҥ биир оннук. Онтон тутулуктаах буоллаҕа, биһиги кыһыны быһа оҕуруот аһын быспакка сиирбит, хаһаанарбыт. Сүөһүлэрбит кыстыгы холкутук, тоттук туорууллара.

Афанасий Сектяев