Сергей Нафанаилов: Быйылгыттан фонда үлэтин сөргүтэргэ үлэлэһиэм

«Онуоха «Олоҥхо» дьиэтигэр уонна култуура салалтатыгар икки исписэлиис үлэлиэҕэ. Култуура эйгэтигэр туох баар тэрээһиннэрбит видеоҕа уһуллан, суруллан кичэллээхтик хараллалларын ситиһиэх­тээхпит. Улуус хаһыатын кытта ситимнээхтик үлэлээн, онно тахсыбыт матырыйаалларбытын тиһэн, сыл түмүгүн көрдөрөр кыра кинигэ таһаарыахпыт», – диэн Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Сергей Нафанаилов эттэ. Кини салгыы: 

– Култуурунай тэрээһиннэрбит, кэн­сиэрдэрбит өссө аныгылыы режиссерскай көрүүлээх ыытыллалларын ситиһэргэ үлэлэһиэх­пит. Оннук сыаллаах илин эҥээр улуустарыттан саҕалаан элбэхтик айан­наан, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын көрүөхпүт-истиэхпит.

Култуура дьиэлэригэр дьон-сэр­гэ сылдьыытын, ордук оҕолор сылдьа үөрэнэллэрин ситиһэр – биир сүрүн сыалбыт. Ол туһуттан «Пушкинскай карта» улууспут иһигэр үлэлиирин, дьон-сэргэ бу каарта туһатын билэригэр сырдатыы, тарҕатыы үлэтин ыытыахпыт. Онно анаан декада тэрийиэхпит.

Үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэрбит, күрэстэрбит салҕаныахтара. Ону таһынан быйыл үбүлүөйдээх тэрээһин олус элбэх. Ол курдук түмсүүлэрбит «Бэрт уустара» (Сыыр­даах), «Айар иис» (Мүрү), «Удьуор утум» (Өлтөх), «Оһуор ойуу» (Өлтөх) маастардар, «Күндүүнэ» түмсүүлэрин 10, «Дуолан» эр дьон вокальнай ансаамбыл 15, «Уһуктуу» литературнай түмсүү 25, Бээрийэтээҕи «Арчы» туосчуттар, «Умсулҕан» коллекционердар 30, Баатаҕайдааҕы «Кылыһах» оҕо образцовай фольклорнай кэллэктии­бэ төрүттэммитэ 35, Дүпсүн, Өнөр култуура дьиэлэрин 50, улууспутугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100, биллиилээх тойуксут Н.Т. Алексеев 100, фольклорист, учуонай, эпосовед И.В. Пухов 120 сыллара бэлиэ­тэниэхтэрэ. Историк, кыраайы, мусуойу үөрэтээччи И.Д. Новгородов 125 сылынан нэһилиэктэринэн краеведческай экспедицияны, НПК-лары тэрийиэхпит. Баатаҕайга Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи үбүлүөйдээх ыһыах, Үлэ Геройа Д.Г. Бурцев 125 сылыгар аналлаах улууспут ыһыаҕа I Хоро нэһилиэгэр ыытыллыахтара. Үгэс буолбут «Үҥкүүлүүр Мүрү», «Дьээбэрэҥ-2024», «Мүрү» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах аһаҕас күөн күрэстэр, аҕалар улуустааҕы күрэстэрэ, нэһилиэктэринэн улуус бэстибээлэ ыытыллыахтара.

Сонун тэрээһининэн илин эҥээр улуустарын дьахталларын вокальнай ансаамбылларын «Сомоҕолоһуу» кэнсиэрин кулун тутарга ыытыыны былаанныыбыт. Оттон сүрүн сорукпутунан Уус Күөлүгэр, Тандаҕа кулууп саҥа дьиэлэрэ тутуллуулара буолар.

Мария Аргунова