Самаан сайыммыт биир үтүөтэ иҥэмтиэ­лээх сир аһа буоллаҕа. Сирбит-дойдубут буорун, уутун иҥэринэн үүммүт минньигэс, битэмииннээх отоннорбутун хомуйуу да туспа абылаҥ­наах буолар эбээт. Ол эрээри сирбит аһа күн-дьыл туругуттан тутулук­таах буолан сорох дьыл мэлитэр, сорох дьыл күндүлүүр. Уйгу­лаах-быйаҥнаах улууспут алаастарыгар быйыл сир аһа төһө үүммүтүн туоһулаһыахха.

Мичико САБАРАЙ, Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Саас чучунаахтан саҕалаан сыл аайы сир астыыбын. Быйыл дьэдьэн суоҕун кэриэтэ. Кыра баар да буол­лаҕына, дэлби курааннаабыт, хап­пыт. Түүнүн тымныыта да таайбыта буолуо. Хаптаҕас эмиэ иинэҕэс эбит. Өтөх сиргэ үүммүт. Кини күнү сөбүлүүр. Онон күн үчүгэйдик көрөр, аһаҕас сиргэ үүммүт. Халлааммыт дьэ сылыйда. Ол сир аһыгар туһалыа эбитэ дуу?

Саргылана БУРЦЕВА, Бэрт Ууһун нэһилиэгин олохтооҕо:

– Быйыл чучунаах өлгөмнүк үүннэ. Сүүрбэччэ кырыыҥканы тууһаатыбыт, оҕолорбут үргээн атыылаа­тылар. Кураан буолан дьэдьэн улаханнык үүммэтэх. Хаптаҕаһы минньийдэҕинэ күһүн үргээччибин. Сотору сугуҥҥа тахсыахпыт. Онтон күһүн – моонньоҕоҥҥо. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын, сир астыырбытын олус сөбүлүүбүт.

Анна Петухова, Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо:

– Сир аһа син үүннэ. Дьэдьэн былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ ордук үүм­мүт. Үлэлии сылдьар буолан, дьэдьэҥҥэ өрөбүллэрбэр тахса сырыттым. Хаптаҕастыы иликпин. Хаптаҕас да син үүммүт дэһэллэр. Хаһан да чучунаахтаабаппын, өрүскэ лууктуубут. Сыл аайы луук­таан, аймахтарбар бэрсэбин.

Альбина СИВЦЕВА, Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо:

– Быйыл хаптаҕас мөлтөх, мин дьиэм таһыттан сиирбин булунаач­чыбын. Дьэдьэҥҥэ бэҕэһээ тахса сырыттым. Син буһа сатаабыт да, арыый эрдэ курдук. Ардах кэннэ ситэрэ буолуо дии саныыбын.

Марина ЯКОВЛЕВА, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо:

– Сир аһа былырыыҥҥытааҕар мөлтөһүөр. Бэс ыйыгар олох ардаабата, ол иһин дьэдьэн олус эрдэ хаппыт, кэлиҥҥи ардахтар син кэнчээрилэтэн, дьон кыралаан дьэдьэннээтэ быһыылаах. Уонна быйыл ыт тиҥилэҕэ (киис тиҥилэҕэ) өлгөмнүк үүммүт курдук.

Мария АРГУНОВА, Афанасий СЕКТЯЕВ, Вадим-Эрнест СИВЦЕВ