Санаа ситимэ: Парижка ыытылла турар Олимпийскай оонньуулары кэтээн көрөҕүн дуо?

Франция киин куоратыгар Парижка от ыйын 26 – атырдьах ыйын 11 күннэригэр XXXIII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар ыытылла тураллар. Бу оонньуулары урукку курдук Россия федеральнай ханаалларыгар көрдөрбөттөр. Ону ааһан Россия хамаандата кыттыбат. Баара-суоҕа 15 спортсмен нейтральнай статустаах күөн көрсөр. Онон күрэхтэһиилэри норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт сайтыгар регис­трацияны аас­тахха көрүөххэ сөп. Олимпийскай оонньууларга Саха сирин 5 спортсмена атын дойдулар ааттарыттан кытталлар. Ол да буоллар, саха ыччата Олимпийскай үрдэлгэ тахсыбытынан киэн туттабыт.

Василий Стрекаловскай, Россия спордун үтүөлээх маастара, 2017 с. Турцияҕа Самсун куоракка ыытыллыбыт XXIII Сурдлимпийскай оонньуулар чемпиона, “Хотугу сулус” уордьан кавалера:

– Олимпийскай оонньуулары ха­йаа­н да кэтээн көрөбүн. Оонньуулар үөрүүлээх арыллыылара спортка олох сөбө суох. Франция курдук улахан историялаах дойдуттан улахан, кыраһыабай бырааһынньыгы кэтэспитим. Саха сириттэн сылдьар спортсменнар ситиһиилэрэ билигин барыта бэйэлэриттэн эрэ тутулуктаах. Олимпидаҕа туох барыта буолуон сөп. Олимпиадаҕа барыта быһаарыллар: ким хайдах уту­йан турбутуттан, сөптөөхтүк аһаабытыттан саҕалаан хайдах разминкаланан киирбитэ, уйулҕатын, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн бэлэмэ улахан оруоллаах. Ону тэҥэ күрэхтэһии эйгэтиттэн, күүрээниттэн, о.д.а. барытыттан тутулуктаах. Бу – спортсменнарга саамай улахан күрэхтэһии, онон күүстээхтэн күүстээхтэр киирсэллэр уонна саҥа ааттар тахсаллар.

Василий Сивцев, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

– Францияҕа буола турар Олимпийскай оонньууларга саха тустууктара кытталларыттан олус үөрэбин, киэн туттабын. Кинилэр спортивнай карьераларын билэбин. Аан дойду бастыҥ тустууктарын кытта биир көбүөргэ күөн көрсөллөрүттэн астынабын. Уолаттарбыт хайдах киирсэллэрин атырдьах ыйын 8 күнүттэн СМИ араас көрүҥнэринэн кэтээн көрүөм. Онтон атын спорт көрүҥнэрин көрбөппүн.

Галина Иванова, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

– Олимпиада сонуннарын сэмээр кэтээн көрөбүн, кэтэһэбин. Саха сириттэн барбыт уолаттар, төһө да атын дойду аатыттан кытталларын иһин, саха дьоно сити­һии­ни баҕараллара, кинилэр тустарыгар ыалдьаллара биллэр. Олимпиадаҕа кыттыы диэн үйэҕэ биирдэ буолар историчес­кай түгэн буоллаҕа. Оттон Айаал Лазарев үһүстээн кыттара ураты түгэн.

Михаил Слепцов, Уус Алданнааҕы оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ:

– Олимпиада диэн спортсмен карьератын үрдүкү чыпчаала диэххэ сөп. Манна хас эмит сылы быһа дьаныһан, туруулаһан, аан дойду араас түһүлгэлэрин ааһан, Олимпиадаҕа кыттар үрдүк чиэһи ылаллар. Манна Сахабыт сириттэн көҥүл тустууга 57 кг Владимир Егоров, 125 кг 2016 с. Рио-­де-Жанейроҕа, 2020 с. Токиоҕа ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Айаал Лазарев, 65 кг диэри ыйааһыҥҥа Амматтан төрүттээх Георгий Окороков, Орто Халыматтан төрүттээх, Мындаабатааҕы спортивнай оскуола выпускнига Виктор Рассадин, чэпчэки атлетикаҕа Сардаана Трофимова кытталларынан киэн туттабыт. Ааттаах-суол­лаах спортсменнарбыт күөн көрсөр күннэрин күүтэбит, дойдуларыттан кыайыыга-хотууга кынаттыахпыт.

Ольга Шепелева