Санаа ситимэ: оҕолор, сайыҥҥы сынньалаҥҥытын ханна атаараҕыт?

Самаан сайыммыт номнуо тиийэн кэллэ, биир үөрэх дьыла этэҥҥэ түмүктэннэ. Оҕолор са­йыҥҥы сынньалаҥнара буолан ким лааҕырга, ким дэриэбинэҕэ эбэтигэр, эһэтигэр сынньаныа, астына-дуоһуйа оонньоон, сөтүөлээн, сир астаан, саҥа доҕоттордонон аны күһүн саҥа үөрэх дьылыгар күүс-уох ылынан кэлиэхтэрэ. Ол туһунан “Өркөн” эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэрин санааларын билиһиннэрэбит.

Аня Попова, Бэйдиҥэ орто ос­куо­латын 7-с кылаа­һын үөрэнээччитэ:

– Бэйдиҥэҕэ «Дьоҕур» лааҕырга сыл аайы сөбүлээн сылдьабын. Быйыл эмиэ аһылыннаҕына тии­йиэм. Ыал улахан оҕото, соҕотох кыыс буолан, ийэбэр көмөлөһөбүн, бырааппын көрсөбүн, дьиэ­ҕэ-уокка, оҕуруокка көмөлөһөбүн.

Сандаара Матвеева, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 8-с кылаа­һын үөрэнээччитэ:

– Мин уруһуйдуурбун олус сөбү­лүүбүн. Бороҕоннооҕу музыкальнай оскуолаҕа уруһуй кылааһыгар дьарыктанабын. Быйыл кыһын уруһуйга республикатааҕы күрэскэ бастаабытым, онно ХИФУ иһинэн архитектура уонна дизайн лааҕырыгар путевка биэрбиттэрэ, онно бараары сылдьабын.

Артур Местников, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 7-с кылаа­һын үөрэнээччитэ:

– Сыл аайы Курбуһахха эһэбитигэр сиэннэрэ бары мустабыт. Онно оттоһобут, эһэбитигэр көмөлөһөбүт, сөтүөлүүбүт, оонньуубут. Итиэннэ эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн «Ералашка» ­лааҕырга иккис сы­­­лын сылдьабын. Бу лааҕырга иккис сылдьыым буолан, доҕотторбун кытта көрсөрбүн олус кэтэһэбин.

Спартак Попов, Бэйдиҥэ орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Мин быйыл Бэйдиҥэ орто оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрдим. Тустуунан дьарыкта­на­бын. Тренерим Семен Семенович Сивцев. Сайыҥҥы сынньалаҥмар Мын­даабаҕа тустуу лааҕырыгар барыахтаахпын. Лааҕырга саҥа до­ҕоттордонуом, араас тэрээһиннэргэ кыттыам диэн эрэллээхпин.

Аделина Афанасьева, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 3-с кылаа­һын үөрэнээччитэ:

– Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр эбэбэр баран сынньаныам. Атыр­дьах ыйыгар Горнайга дьоммун кытта сир астыы барсыам. Уонна биир баҕа санаам диэн табылыннаҕына, Владивосток куораты баран көрүөхпүн баҕарабын.

Коля Оллонов, Мүрү ­1№-дээх оскуолатын 8-с кылааһын үөрэ­нээччитэ, «Өркөн» пресс-киин эдэр кэрэс­пэ­дьиэнэ:

– Мин быйыл сайын «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн » Анимация» куруһуогар сылдьыахтаахпын, эһэм Н.Н. Оллонов ытык суолунан, кини Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар охтубут буо­йуттарга анаан туппут памятник­тарын салгыы үөрэтэр, видеоҕа устан үйэтитэр былааннаахпын. Уонна Уһун Күөлгэ мас тардыһыы лааҕырыгар барыахпын баҕарабын.