От ыйын 1-гы күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай бэчээт күнэ. 1907 сыллаахха бу күн сахалыы типография шрибэ оҥоһуллан Василий Никифоров – Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн «Саха дойдута» диэн сахалыы хаһыат күн сирин көрбүтэ.
Варвара ОКОЕМОВА, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ:
– «Хаһыат – история кэрэһитэ» диэн чаҕылхай этии. Өр сыл бибилэтиэкэҕэ үлэлээн кэлбит киһи быһыытынан да ону бигэргэтэбин. Туох баар кинигэ суруллуута, араас ыстатыйаны, научнай үлэни суруйарга уо.д.а. дьон урут бастаан хаһыат саһарбыт страницаларын арыйар, көрдүүр түбүккэ түһэр. Биир бэйэм урут Мүрү нэһилиэгин депутатыгар быыбарга кандидатынан туруора сылдьыбыттарын олох кэлин хаһыакка көрөн соһуйбутум, киһи умнан кэбиһэр эбит. Хаһыат үлэһиттэрэ наһаа эппиэтинэстээх үлэлээххит. Хаһыатчыт сыыһа, алҕас суруйда да – бүтүн история токуруйар. Уустук үлэҕитигэр ситиһиини, үгүс ааҕааччыны баҕарабын. Куруук кырдьыгы хайдах баарынан суруйа туруҥ. Кумааҕы хаһыат хайа да кэмҥэ баар этэ, баар да буолуоҕа. Тоҕо диэтэргин, хаһыат суолтата үрдүк. Билигин аныгы үйэ ирдэбилинэн телеграм, сайт баара эмиэ олус үчүгэй, сонуҥҥутун куруук ааҕабын, астынабын. Уһун ыстатыйалар кюар код ньыматынан толору киирэр буолбуттарын биһириибин.
Елизавета АРЖАКОВА, Татариновтар педагогическай династияларын чилиэнэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, «БАРҔАРЫЫ» фонда Бочуоттаах бэлиэтин хаһаайката, физика учуутала, үлэ ветерана:
– Сэбиэскэй кэм оҕото буоларым быһыытынан, дойдубар Өлтөх нэһилиэгин Бэйдиҥэтигэр 5-9 кылааһы бүтэриэхпэр диэри сайын аайы окко үлэлиирим. Почта сырыыта үчүгэй буолан, хаһыат кэлэ турара, сонун ааҕан сэргэхсийэрбит, билиибитин хаҥатарбыт. Оттон Кэптэнигэ мин уонна Василий Максимов саамай элбэх хаһыакка, сурунаалга суруйтарар этибит. Мин учуутал буоларым быһыытынан уруогум бүтүүтэ оҕолорго хаһыат, сурунаал сонуннарыттан иһитиннэрэрим. «Аргументы и факты», «Наука и жизнь», «Техника молодежи» уонна республикабыт, улууспут хаһыаттарыгар элбэх сонун, социалистическай күрэхтэһиигэ кимнээх кыайан иһэллэрэ, сопхуос сонуннара, сайдыылара тахсан иһэллэрэ ааҕарга интэриэһинэй буолааччы. Холобур, бу Кэптэнитээҕи модельнай библиотекаҕа кэлэммин илиибэр 135 нүөмэрдээх 1997 с. «Мүрү саһарҕатын» тутан олоробун. Манна 80 саастаах кырдьаҕас учуутал Николай Данилович Бурцев төрөөбүт тыл ис айылҕатын кэспэттэригэр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар сүбэлээн кэс тылын эппитин булан ааҕыаххытын сөп. Бу история кэрэһитэ буолан хаһыакка тиһиллэн сыттаҕа. Саха тылын кыһалҕата 27 сыл анараа да өттүгэр сытыытык турар этэ. Кэлэр кэмҥэ хаһыат өссө суолталаныаҕа дии саныыбын. Электроннай ньыманан тахсыбыт матырыйааллар суох буолан хаалыахтарын сөп. Онон хаһыат суолтатын дьон бириэмэтигэр өйдүөҕэ дии саныыбын.
Анна ИЛЬИНА, иитээччи:
– Хаһыат – история кэрэһитэ. Сыллар-хонуктар төһө да ааспыттарын иһин, хаһыат саһарбыт балаһалара, оччотооҕу кэм олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин, үлэтин-хамнаһын туһунан үйэлэргэ сэһэргии тураллар. Ханнык баҕарар омук бэйэтин тылынан тахсар хаһыаттаах, сурунааллаах буоллаҕына, кэскиллээх ыччаты иитэн таһаарар дии саныыбын. Онон хаһыат инникилээх, саҥа кэми кытта саҥардыллан, кэрэ кэпсээннээх, сойбот сонуннаах кэлэ туруоҕа. Хаһыат үлэһиттэригэр айар үлэҕит аартыга арылла турдун диэн баҕа санаабын этэбин.
Павел Пермяков – Тэлэкэ, Уус Алданнааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ:
– Туох да омуна суох, чахчыта да хаһыат – история кэрэһитэ. Суруналыыстар биһиги күннээҕи олохпутун хайдах баарынан сурукка-бичиккэ тиһэн, сүгэнэн да сатаан суоруллубат гына дьиҥ олох чахчыларын хаһыат нөҥүө үйэтитэбит. Суругунан суруллубут суоруллубат, суолтата хаһан да сүппэт. Тыһыынчанан сылларга суорба тааска, окко-маска, иһиккэ-хомуоска, туойга, тириигэ уонна папируска, кэлин кумааҕыга төрүт өбүгэ бичийбит бичигэ таайылла илик таайбараҥ, киһи-аймах туохха да тэҥнэммэт барҕа баайа. Күннэр-дьыллар аастахтарын аайы хаһыат суолтата өссө үрдээн иһиэҕэ!
Мария Аргунова