Бээрийэ нэһилиэгэр оҕо саадыгар саҥа дьиэни туттара сатаабыттара 20-чэ сыл буолла. Билигин хаһыс дьиэҕэ көһөн олороллорун да аахтахха ырааттаҕа буолуо. Улуус баһылыгын быйылгы отчуотугар бу боппуруос эмиэ турда. Дьиэ тутуллар миэстэтэ баарын быһыытынан бырайыак оҥоһулларыгар улуус салалтата үлэлэһэргэ бэлэмин эттэ.
Маныаха билигин сүрүннээн оскуола-саад диэҥҥэ болҕомто баран эрэринэн, итини эмиэ үөрэтэн көрөргө этии киирдэ. Олохтоохтор билиҥҥи оскуола сэнэх туруктааҕынан, өрөмүөн бардаҕына тура түһүөн сөптөөҕүнэн туспа оҕо саада баар буолара ордук диэтилэр. Улуус салатата бу боппуруоһу түргэнник быһааралларыгар сорудахтаата.
Суол кыһалҕата манна эмиэ турда. Түүлээхтэри кытары биир кыһалҕалаах буоланнар, эмиэ вездеход тиэхиньикэни туруорсаллар. Бу бөһүөлэк толору киинтэн ититиигэ олорор. Аҕыйах хонуктааҕыта ититэр ситимҥэ сахал тахса сылдьыбыта. Онон сибээстээн итинник түгэннэргэ сөптөөх матырыйал миэстэтигэр баар буоларын ситиһэргэ эттилэр. Улуус кииниттэн ыраах олороллорунан бытарҕан тымныыга ыксаллаах түгэҥҥэ хас мүнүүтэ барыта күндүтүн санаттылар.
Ханна да буоларын курдук, эдэр исписэлиистэр тохтооботторо ахтылынна. Манна болҕомто ууруллара наадатын тоһоҕолоон эттилэр.
Афанасий Сектяев