Саха сирин бастакы балерината, Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжыгар үҥкүү салаатын тэрийбит, 1966 сылтан 20 сыл устатын тухары устудьуоннары үҥкүү кэрэ искусствотыгар уһуйан хореограф идэлээх үгүс ыччаты үөрэтэн таһаарбыт Аксения Посельская төрөөбүтэ 100 сылынан кини аатынан биирдиилээн уонна аҕыйах буолан толорооччуларга үҥкүү күрэһэ сэтинньи 23 күнүгэр буолан ааста.
Манна Сахабыт сирин араас муннуктарыттан айымньы студияларыттан, үҥкүү бөлөхтөрүттэн, искусство оскуолаларыттан уонна үөрэх кыһаларыттан барыта 72 кыттааччы үс бөлөҕүнэн кытынна. Биһиги улууспутуттан Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 3 «а», Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолатын үҥкуу хайысхатын 2-с ФГТ кылааһын үөрэнээччитэ, «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбылын кыра бөлөҕүн иитиллээччитэ Сайынаара Куо Аммосова «Тугутчаан» үҥкүүнү толорон II степеннээх лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ.
Бу күрэскэ Гран-при аатын «Мелодия Топшуура» үҥкүүнү толорон «Arctic Art» эдэр балетмейстердар лабораторияларын чилиэнэ, Арктикатааҕы култуура уонна искусство государственнай институтун устудьуона Монголияттан сылдьар Нямжав Оргилбаяр ылла (салайааччыта Роза Христофоровна Бурцева).
Үөрэнээччибэр Сайынаара Куоҕа өссө үрдүк ситиһиилэри, сайда-үүнэ тур диэн баҕа санаабын этэбин.
Ульяна Ноговицына, салайааччыта