Оҕо аймах сайыҥҥы сынньалаҥын оҕуруот, сир аһын хомуйуутун кытта дьүөрэлээн, айылҕаны, чугас дьонун кытта бииргэ алтыһан атаарара оҕоҕо элбэҕи биэрэр буоллаҕа.
Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 7-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Аммосова кыра сааһыттан дьиэ кэргэнигэр көмө киһитэ. Кини былырыыҥҥыттан оҕуруот аһын, сибэккини бэйэтэ арассаадалаан, ону дьоҥҥо атыылаан, сайынын оҕуруотун бүөбэйдээн, кэнсиэрбэ оҥорорго көмөлөһөн уонна сир астаан, отон туттаран атыылаан бэйэтигэр дьоҕус дохуот аахсар үгэстэннэ.
Быйыл аҕатын дойдутугар, Курбуһах диэки икки улахан биэдэрэ дьордьума үргээн, атыылаан үөрэҕин тээбиринин ороскуотун бэйэтэ уйунар кыахтанна. Аны кыысчаан уулаах отон ситэрин олус кэтэһэр, былырыын эмиэ отон туттаран үөрэх тээбириннэрин бэйэтэ ылынан турар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Сайаана бииргэ төрөөбүт түөрт кыыстан иккис оҕо буолар.
Мария Аргунова