Элэһин диэн кыра учаастакка олорор түөрт оҕолоох Варвара, Руслан Поповтар бу бөһүөлэк олоҕун хамсатан, дьонун-сэргэтин түмэн, кииннээн олорор эдэр ыал буолаллар диэн эттэххэ сыыспатым буолуо. Маны тэҥэ өссө биир ураты үтүө быһыылара Поповтар киһи киэн тутта кэпсиир ыала буолалларын толору арыйан көрдөрөр. Ол курдук, Элэһиҥҥэ үлэлии кэлэн баран олохсуйбут, инбэлиит, соҕотох аҕа Иван Артамоновка Поповтар күүс-көмө буолан, оттук маһын, мууһун бэлэмнэһэн, көрөн, чугас дьоно буолбуттара. Дьиэтэ умайбыт уустук кэмигэр улаханнык өйөөн, саҥа дьиэни тутуһан биэрбиттэрэ. Хомойуох иһин, Иван Артамонов былырыын күһүн ыарахан ыарыыттан, эмискэ олохтон туораабыта. Поповтар кини тулаайах хаалбыт уолчаанын бэйэлэригэр иитэ ылбыттара.
Варвара өссө Лөгөй орто оскуолатыгар 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, 1999 сыллаахха улууска аан бастаан ыытыллыбыт “Мисс Уус Алдан” күрэх кыайыылааҕа, “Мисс Якутия” куонкурус “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал аат хаһаайката буолбута. Оскуола эрдэхтэн актыбыыс, үөрэх бастыҥа Варвара СГУ культурология салаатыгар үөрэммитэ. Кини холоонноох доҕоро, олоҕун аргыһа Руслан Чурапчыттан төрүттээх, кэрэ кыыска ханыылаһан эмиэ барыга бары дэгиттэр дьоҕурдаах. Оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар буолан, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар, саха төрүт көрүҥнэригэр Чурапчы, Уус Алдан улууһун, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера, волейболга “Сахава” кубогын чөмпүйүөнэ. Быйыл Майаҕа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Байанай күрэҕэр” уолунаан Ильялыын үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, улуус дьонун үөртүлэр. Руслан бэйэтэ Хомустаах сүрүн оскуолатын дириэктэринэн үлэлиир-хамсыыр.
Поповтар дьоннорун хаһаайыстыбаларын салҕаан, билигин барыта 30 сүөһүнү кыстатан олороллор. Сылгыны эмиэ көрөллөр, ону таһынан кууруссаны, куһу, хааһы инкубаторга таһааран анаан иитэллэр. Быйыл биир улахан кыһалҕалара – оттуур ходуһа сиригэр аҕыйах гааны ылан, бэйэлэрэ сирдэннилэр. Өссө биир быйылгы былааннара, саҥа хотону туттан киирии буолар. Ийэ киһи Варвара билигин Элэһиҥҥэ оскуолаҕа повардыыр уонна “Мичилий” диэн араас саастаах дьахтар түмсүүтүн салайан үлэлэтэр.
Маннык олорон турбат, быыс булбат үлэлээх дьиэ кэргэн хайдах барытын дьүөрэлииллэрин туһунан ийэлэрэ Варвара бэйэтин санаатын үллэһиннэ: “Сахалыы куттаах, эр киһини өрө тутар, биир интэриэстээх дьиэ кэргэн буолабыт. Оҕолорбутун эмиэ кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ, спортка сыһыаран, өрүү бэйэбитин кытары илдьэ сылдьан иитэргэ дьулуһабыт. Улахан уолбут Спартак Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникум машинист-крановщик идэтин туйгуннук бүтэрээт, армияҕа сулууспалаан кэллэ, аҕатын батыһан мас тардыһыытынан, многоборьенан утумнаахтык дьарыктанар. Горнайга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар многоборье мас тардыһыытын көрүҥүн чөмпүйүөнэ, улуус, республика күрэхтэһиилэрин чөмпүйүөнэ, призера. Кыыспыт Лариса полиция колледжын Дьокуускайдааҕы салаатын быйыл бүтэриэхтээх эмиэ спортсменка, актыбыыска. Иккис уол Олимпий Хомустаах сүрүн оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, волейболунан, тутум эргииринэн дьарыктанар. Кырабыт – иитэр уолбут Илья 8-с кылаас үөрэнээччитэ, мас тардыһыытынан, волейболунан дьарыктанар.
Сүөһүнү көрөргө төрөппүттэрбит үөрэппиттэрэ. Биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар чэпчэки буолбатах, биир да сынньалаҥа суох, хара үлэ. Ол гынан баран, бэйэ бородууксуйатынан, сибиэһэй аһынан аһыыр олус үчүгэй, доруобуйаҥ да тупсар. Саамай сүрүнэ оҕолорбутун үлэҕэ үөрэтэбит итиэннэ таба дьаһаннаххына, дьиэ кэргэҥҥэр эбии дохуот киллэринэҕин. Хотон көрүүтүгэр бииргэ төрөөбүт убайым Михаил күүс-көмө буолар. Улахан, элбэх үлэҕэ бары саба түһэн үлэлиибит. От-мас, муус ылыытыгар бары тэҥҥэ сылдьабыт. Оччоҕо кыайыылаах, түргэн да буолар уонна биир өттүнэн кыыс, уол үлэтэ диэн араарбакка барытын сатыырга үөрэнэллэр.
Саха ыала буоларбыт быһыытынан, аймахха, дьиэ кэргэҥҥэ эр киһини өрө тутабыт. Аҕабыт былаанын, баҕатын хаһан да быһа түспэккэ, күрэхтэһэ, бултуу барарын олох бопсубаппын. Күрэхтэһиилэргэ, ону тэҥэ үлэтинэн айанныыра үгүс. Онно хайаан даҕаны алаадьылаан, өйүөлээн ыытабын. Оччоҕуна эр киһи суола аһыллар, сыалын-соругун ситиһэригэр санаата күүһүрэр дии саныыбын”.
Маннык олох үөһүгэр буолан, барыны бары кыайа тутар дьонтон киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Сир-сир аайы үүннүүр-тэһиинниир эдэр дьиэ кэргэттэр, бастыҥ ыаллар бааллара үтүө холобуру эрэ үксэтэр.
Екатерина Захарова