Саха сирин спортсменнара Владимир Путины «Азия оҕолоро» оонньууга ыҥырдылар

Өрөспүүбүлүкэ биир саамай суолталаах тэрээһинигэр ыҥырыыны Владимир Путин общественнай приемнайыгар Саха сирин спортсменнарын сойууһун аатыттан салайааччы Петр Черкашин тиксэрдэ. Кини этэринэн, ыҥырыы «Азия оҕолоро» киэҥ хабааннаах спортивнай оонньуу таһымын, эдэр атлеттары, хамаандалар кыахтарын сыаналыырга эрэ буолбакка, регион туристическай уонна Дьокуускай куораты көрөргө, Россия судаарыстыбатын үгүс доҕордуу делегацияларын кытта көрсөргө кыах биэрэр.

VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуу бу дьыл бэс ыйын 25-тэн от ыйын 7 күнүгэр диэри Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Маныаха оонньууга бэлэмнэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ спортивнай инфраструктураны саҥардыыга улахан күүс уурулунна. Оонньууларга араас дойдулартан 35 хамаанданы, барыта 2800 спортсмены күүтэбит, мантан 1600 оҕо кыттыаҕа.

Бу курдук, бүтүн Саха сирэ киэҥ ыҥырыылаах континентальнай масштабтаах тэрээһини ыытыыга, спортивнай уонна туристическай инфраструктураны саҥардан көхтөөхтүк бэлэмнэнэр. Билиҥҥитэ кыттааччылар уонна ыалдьыттар олоруохтаах өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэх кыһаларын олорор уопсай дьиэлэрэ, «Бэс чагда» санаторий куорпуһугар өрөмүөннэр ыытыллаллар. «Триумф» спортивнай киин, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһа, «Чолбон» бассейн, «Туймаада» стадион – уопсайа 14 эбийиэккэ саҥардан оҥоруу ыытыллар. Маны тэҥэ, оонньуулар саҕаланыыларыгар сабыылаах каток уонна элбэх функциялаах спортивнай саала тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.