Олунньу 17 күнүгэр Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Сэбиэскэй кэмҥэ бары оскуолаларга оҕолору биир сыалга түмэр, иитэр пионерскай этэрээттэртэн турар пионерскай дружиналар көхтөөхтүк үлэлээбиттэрин ааспыт кэм историята кэрэһэлиир. Үйэлээх үбүлүөйү көрсө олунньу 8 күнүгэр билигин Дьокуускайга олорор, оройуон оскуолаларыгар 1960-с сыллар бүтүүлэригэр уонна 1970-80-с сылларга старшай пионербаһаатайынан үлэлээбит төлөннөөх сүрэхтээх баһаатайдары көрсөн үлэлээбит сылларын туһунан сэһэргээбиттэрин мантан антах кылгатан биэрэбин.
Зинаида Дмитриевна Винокурова, оройуоннааҕы пионерскай тэрилтэ Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, райкомол сэкирэтээрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
– Түүлээх, Майаҕас, Курбуһах оскуолаларыгар үлэлиир сылларбар өрүү оҕолору кытта сылдьарбын ордорорум. Пионерскай үлэ оскуолатын Курбуһах интэринээт оскуолатыгар үлэлиир сылларбар барбытым. Екатерина Ивановна Местникова курдук чаҕылхай баһаатайтан үлэни тутан хаалбытым. Пионердары, учууталлары кытта көмөлөөн, оскуолаҕа Ленинскэй уонна Доҕордоһуу саалаларын оҥорбуппут. Пионерскай үлэбит оройуоҥҥа биһирэбили ылан оннооҕор киинэҕэ уһуллубуппут. Оройуоҥҥа ЫБСЛКС райкомугар үлэҕэ киирэн аны оройуоҥҥа пионерскай үлэни сүрүннээччи, тэрийээччи буолбутум. 1972 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ 50 сылын үөрэххэ, үлэҕэ өрө көтөҕүллэн бэлиэтээбиппит. Старшай пионербаһаатайдар Анна (Ушницкая) Бурнашева Зоя Желобцова, Светлана Солдатова, Анна Готовцева, Зоя Егорова, пионердар Дьиэлэрин дириэктэрэ Лидия Васильева, о.д.а. үлэбэр өрүү төһүү күүс буолаллара. Бу сылларга оройуоннааҕы пионерскай тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтинэн бастыҥнар кэккэлэригэр, пионердары кытта үлэ үгүс көрүҥэр холобурга сылдьыбыта. Үлэбит бэлиэтэнэн, оччолорго дэбигис көстүбэт “ГАЗ”-ик массыынаны ылбыппыт. Кэлин биир кэмҥэ үлэлээбит баһаатайдар түмсэммит, В.И. Ленин тэрийэн таһаартарбыт “Искра” хаһыатын аатынан “Искра” пионербаһаатайдар этэрээттэрин тэриммиппит. Девизпитинэн “Не тлеть, а гореть, ребячьи сердца зажигать!” диэн этиини ылыммыппыт. 2022 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн пионер, хомсомуол үлэһиттэрин ахтыыларын түмэн “Я теперь вспоминаю как песню…” кинигэни бэлэмнээн таһаартарбытым. Пионерскай кутаа уоттан саҕыллыбыт факел суоһа олохпут тухары сүрэхпитигэр илгийэр.
Сталина Гуружаповна Данилова, Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатын старшай пионербаһаатайа:
– Уус Маайа оройуонугар Петропавловскай орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан пионерскай үлэҕэ ис сүрэхпиттэн ылсан үлэлиирим. Субуотунньуктарга, кырдьаҕас дьоҥҥо тимуровскай көмөҕө, макулатура хомуйуутугар уо.д.а. үлэлэргэ пионердар көхтөөхтүк кыттарбыт. Дьокуускайдааҕы пед.училищены бүтэрбитим кэннэ Уус Алдан оройуонугар Дүпсүн орто оскуолатыгар ст. пионербаһаатайынан анаабыттара. Бороҕоҥҥо үөрэх салаатыгар тиийбиппэр РОНО сэбиэдиссэйэ И.Н. Данилов нуучча тыллаах кылаастардаах Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар анаабыта. Оччолорго дириэктэринэн И.И. Колодезников үлэлиирэ. Оскуола Олег Кошевой аатынан пионерскай дружината 16 пионерскай этэрээттээх, 14 октябренок группалаах этэ. Пионерскай хоспут оройуоҥҥа бастыҥ ааты ылбыта. Пионерскай хоһу оҥоруубар Василий Бурнашев, Константин Данилов көмөлөспүттэрин умнубаппын. Дружина сборун үрдүк таһымнаахтык, оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар киирэр гына ыытарга кыһалларым. Дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алеша Иванов, пионердар Таня Максимова, Ньургустаана Петрова, Миша Жирков, Маша Крылова, Сережа Максимов, үөрэнээччилэр комсомольскай тэрилтэтиттэн пионерскай үлэҕэ сыһыарыылаах Лена Павлова, оскуола комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ, английскай тыл учуутала Ирина Гололобова, о.д.а. элбэх пионер оҕолор, эдэр учууталлар пионерскай үлэни көҕүлээччинэн буолаллара. Үлэбэр төһүү күүһүнэн кылаастар салайааччылара этилэр. Дария Голиковаҕа, Ксения Сыроватскаяҕа, Роза Мигалкинаҕа, Галина Портнягинаҕа, Татьяна Алексееваҕа, Клара Троеваҕа, о.д.а. махталлааахпын. Үөрэх сылын үгэс быһыытынан алааска баран пионерскай кутаа уоту оттон, айылҕаҕа оонньоон-көрүлээн оҕолуун, учууталлыын көхтөөхтүк түмсэн атаарарбыт. Оскуола эрдэхтэн пионерскай үлэҕэ актыыбынайдык кыттыбытым кэлин үлэбэр туһалаабыта чуолкай. 1986-1989 сс. баһаатайдаабыт кэмим инники үлэбэр, олохпор суолдьут сулус буолбута. Билигин да пионерскай эрчиммин ыһыктыбакка дьону кытта тэҥҥэ үлэлии сылдьарбынан дьоллоохпун.
Елизавета Ильинична Ильина, Өспөх оскуолатын старшай пионербаһаатайа:
– Өспөххө оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр дружинабыт Павлик Морозов аатын сүгэрэ. Биһиги “Ленин, Сталин дьыалата тыыннаах!”– диир этибит. Пионер чиэһинэй буолуохтаах диэн иитиллибиппит. “Дети герои” кинигэ ыал аайы баара. Ол кинигэҕэ киирбит пионердар курдук буоларга кыһалларбыт. Пионер үөрэҕэр үчүгэй буолуохтаах диэн элбэҕи билэр сыалтан кинигэни үлүһүйэн ааҕарым. Найахыга үөрэнэ сылдьан Максим Горькай 32 томун хасыһан туран ааҕан бүтэрбитим, остуорас оҕонньор “Бу кыыс иирэр буолла” диэҕэр дылы. Пионер буолуу биһиги оҕо сааспытыгар олус эппиэтинэстээҕэ. 1962 с. Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн баран, Өспөххө нуучча тылын учууталынан уонна старшай пионербаһаатайынан педагогическай үлэбин саҕалаабытым, икки үөрэх сылыгар үлэлээбитим. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн 1969 сылга оройуоммар ананан кэлбиппэр РОНО сэбиэдиссэйэ С.С. Готовцев дойдубар Өспөххө нуучча тылын учууталынан анаабыта. Ону сэргэ эбии ноҕорууска быһыытынан старшай пионербаһаатайдаан ылбытым. Дружина пионердара В.И. Ленин соратниктарын, ленинецтэри кытта суруйсууну олохтообуттара. Вдадимир Ильич бииргэ төрөөбүт быраатын Дмитрий Ильич Ульянов кыыһын Ольга Дмитриевналыын суруйсар этибит. Ону тэҥэ интернациональнай доҕордоһуу кулуубун нөҥүө Союзнай өрөспүүбүлүкэлэр оҕолорун кытта биирдиилээн оҕолор суруйсаллара. Бу үлэ оҕолор нууччалыы грамотнайдык суруйалларыгар көмөлөөҕө, ол иһин күүскэ тэрийэргэ кыһалларым, Пионерскай үлэ оскуолаҕа күргүөмнээхик ыытыллара. Билигин саҥа үйэ оҕолоро ааспыты үөрэтиэхтээхтэр, билиэхтээхтэр диэн бигэ санаалаахпын. Бүгүҥҥүлээх киһи кэскиллээх. Учуутал киһи кырдьыбат айылҕалаах буолар эбит. Төһө да саастан, син биир оҕолуу дууһаҥ кырдьыыны билиммэт. Чэгиэн эрэ сылдьыаххын наада.
Зоя Михайловна Егорова, Тиит Арыы, Бэйдиҥэ оскуолаларын старшай пионербаһаатайа.
1969 с. Танда орто оскуолатын бүтэрэн, Тиит Арыы детсадыгар иитээччинэн үлэлии барбытым. Икки сыл сүрүн үлэм таһынан оскуолаҕа старшай пионербаһаатайдаабытым. “Зарница” пионерскай байыаннай-спортивнай хайысхалаах оонньуу бүтүн оскуоланы, учууталлары, бэл төрөппүттэри хабан ыытыллара. Ол тэрээһинэ, көхтөөх оонньуу өйбөр хатанан хаалбыт. Салгыы Бэйдиҥэҕэ 1972-1974 сс. старшай пионербаһаатайдаабытым. Оскуолаҕа пионерскай горн, барабаан да суоҕа. Ону куоракка киирэн атыылаһан таһаараммын оҕолору дьарыктаабыппыт. Пионерскай мустуубут горн, барабаан тыаһынан ыытыллар буолбута. Толя Жирков бастыҥ горниһым, оттон Вася Жирков бастыҥ барабанщигым этилэр. Пионердар Лариса Сивцева, Света Андреева, Шура Винокурова, о.д.а. пионерскай этэрээттэргэ баһаатайдаабыттара, миэхэ көмө дьонум буолбуттара. Оттон билигин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков бастыҥ производственнай баһаатай этэ. Үлэлиир сылларбар “Орленок” агитбиригээдэни тэрийиибит оҕолору өссө түмпүтэ. Сайынын пионерскай лааҕырдар тэриллэллэрэ. Оҕолор үлэнэн иитиллиилэригэр сүрүн болҕомто ууруллара. Сүөһү аһылыгын бэлэмигэр пионердар былаан ылынан үлэлииллэрэ. Пионерскай үлэ маршруттарынан тохтоло суох ыытыллара. Оройуоннааҕы пионердар Дьиэлэрэ (Лидия Васильева, Гавриил Мигалкин) үлэбитигэр өрүү көмө, өйөбүл буолаллара. Ол кэмнэргэ көлүөнэ сибээһэ күүстээҕэ. Октябренок, пионер, хомсомуол, партия биир өйүнэн-санаанан салайтаран үлэлииллэрэ. Музейдар нөҥүө оҕону патриотическай өттүнэн иитиигэ болҕомто ууруллара. Холобур, Тандаҕа музейнай үлэ оскуоланы кытта биир ситимнээх ыытыллыыта дьоруой буолбут дьоммут холобурдарыгар көрөбүт.
Зоя Константиновна Желобцова, Лөгөй орто оскуолатын старшай пионербаһаатайа:
– Дьокуускайдааҕы пед.училищены бүтэрэн бараммын Лөгөй орто оскуолатыгар старшай пионербаһаатайдаабытым. Пионердары иитиигэ үс Зоялар ааппыт иһиллэрэ. Пионерскай дружинабыт Зоя Космодемьянская аатын сүгэрэ, старшай баһаатай Зоя Желобцова, дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Зоя Бурнашева. Пионерскай хоспутугар пионерскай олох күөстүү оргуйара диэтэххэ омун буолбатах. Харчы хомуйан куоракка киирэн пионерскай форма атыылаһан тахсыбыппыт. Дружина 9 этэрээтэ бары флажоктаах, горннаах, барабааннаах буоларын ситиспиппит. Оччолорго зонанан үлэ саҕаламмыта, олорор сирдэринэн араас саастаах оҕолор этэрээттэрин тэрийбиппит. Онон оскуолаҕа эрэ буолбакка, оскуола тас өттүгэр кытта оҕону иитии үлэтигэр хонтуруол күүһүрбүтэ. “Биир киһи барыбыт, бары – биир киһи туһугар” диэн күүстээх этиинэн салайтаран үлэлиирбит. Кэлин Лөгөй орто оскуолатыгар Марианна Стрекаловская старшай пионербаһаатайынан айымньылаахтык үлэлээбитин умнубаппыт. Оскуолаттан үүнэн тахсыбыт Татьяна (Аржакова) Петухова, Геннадий Охлопков ааттара билигин киэҥник иһиллэр. Кинилэр билиҥҥи көлүөнэ ыччаты иитиигэ, биир сыалга түмүүгэ ситимнээх үлэни тэрийэ сылдьаллар, утум салҕанар.
Мария Николаевна Ноговицына, Майаҕас, Өспөх аҕыс кылаастаах оскуолаларын старшай пионербаһаатайа:
– Куоракка старшай пионербаһаатайдары бэлэмниир анал педагогическай кылааһы бүтэрэн баран, Майаҕас аҕыс кылаастаах оскуолатыгар старшай пионербаһаатайынан үлэбин саҕалаабытым. 1969-1971 сылларга үлэлиир кэммэр пионердары патриотическай иитиигэ болҕомтобун уурбутум. Герой куораттары, Герой оҕолору үөрэтэрбит. Пионерскай актив түмсүүтэ күүһүрбүтэ. Кыһыл дааталарга сөп түбэһиннэрэн, пионерскай сбордары ыытарбыт. Ол түмүгэр пионердар дойду историятын кытта билсэллэрэ, билиилэрэ хаҥыыра. Салгыы 1971-1974 сс. Өспөх оскуолатыгар интэринээт иитээччитинэн уонна старшай пионербаһаатайынан үлэлээбитим. Ити сылларга зонанан үлэ күүскэ ыытыллара. Бырааһынньыктар, араас күрэхтэһиилэр зонанан бараллара. Сүрүн үлэм таһынан политүөрэххэ информаторынан ананан нэһилиэнньэни кытта үлэлиир эбээһинэс сүктэриллибитэ. Бу үлэм пионердары кытта үлэбэр көмөлөөх буолбута. Оччотооҕу пионердар үөрэххэ, улахан дьоҥҥо сыһыаннара ураты этэ. Оҕолор пионер эбээһинэстэрин тутуһаллара. Үөрэххэ хойутааһын тахсыбата. Пионерскай актив уҥа илиим буолара. Ленин үлэлэрин кыһаллан үөрэтэрбит. Пионердар өрүү инники уонна эппиэтинэстээх буоларга дьулуһаллара.
Надежда Николаевна Белолюбская, Найахы орто оскуолатын старшай пионербаһаатайа, СӨ үтүөлээх учуутала.
– 1976 сыллаахха Уус Алдаҥҥа учууталынан ананан кэлбитим. Пионердар Дьиэлэрин дириэктэрэ Лидия Васильева миигин Найахы орто оскуолатыгар баһаатайынан анаттарбыта. Оскуола дириэктэрэ С.С. Готовцев, учууталлар М.П. Винокурова, А.Н. Колодезникова, М.Е. Соловьева үлэбэр өрүү сүбэлииллэрэ. Хомсомуол райкома 1978 с. Благовещенскай куоракка АЗКШ-ҕа үөрэттэрэ ыыппыта. Онно баран элбэххэ үөрэммитим. Кэлэн баран пионерскай символларга болҕомтобун уурбутум. Өрүү пионердары кытта сылдьа сатыырым. Пионерскай маршруттарынан үлэҕэ бары этэрээттэр кытталлара. Кылаас салайааччылара күүс-көмө буолбуттарын умнубаппын. 1982 с. Бүтүн Арассыыйатааҕы “Орленок” пионерскай лааҕырга үөрэххэ ыыппыттара. Лааҕыртан элбэх саҥа идеялардаах төннөн кэлбитим. Оскуола дириэктэрин өйөбүлүнэн 10 пионерскай барабааны ылбыппыт, оҕолорго анал таҥас тиктэрбиппит. Оройуоҥҥа ыытыллар мунньахтарга, конференцияларга пионерскай эҕэрдэни биһиэхэ сүктэрэр буолбуттара. Пионерскай актив оскуолата үлэлээбитэ. Пионерскай ритуаллары көрүү, баһаатайга анааһын, пионерскай этэрээти кытта быраһаайдаһыы, о.д.а. үлэ саҥа формалара киирбиттэрэ. Дружинабыт Павлик Морозов аатын сүгэрэ. Кини бииргэ төрөөбүт быраатын Алексей Морозовы кытта сибээстэһэрбит, үлэбитин кэпсиирбит. Бастыҥ пионердарга Павлик Морозов мөссүөннээх значогу туттарар этибит. Пионердар Дьиэлэрин үлэһиттэрэ Рея Охлопкова, Надежда Новгородова, Татьяна Петрова элбэххэ уһуйбуттара. Бүтүн Союзтааҕы куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттан “Артек”, “Орленок”, “Океан” пионерскай лааҕырдарга 10 путевканы ылбыппыт. Оҕолорбут лааҕыртан араас мэтээллээх кэлэн үөрдэллэрэ. Пионердары кытта үлэлээбит сылларбын күндүтүк саныыбын.
Людмила Викторовна Оконешникова, пионерскай үлэни көҕүлээччи, сырдатааччы баһаатай.
– Мин идэбинэн нуучча тылын учууталабын уонна иккис идэбинэн бибилэтиэкэрбин. Дүпсүн орто оскуолатыгар старшай пионербаһаатай Анна Прокопьевна Бурнашева миигин уһуйбутун умнубаппын, дириҥ махталлаахпын. Пионерскай кэм миэхэ сырдык, ыраас эрэ өйдөбүлү хаалларбыта. Ол сиэринэн билигин куорат уонна улуустар оскуолаларынан сылдьан пионерскай тэрилтэ туһунан кэпсиибин, сбордары ыытабыт. Сүүрбэччэ сыл пионерия туһунан кинигэлэри мустум, ол үлэбэр туһалаах. Оскуолаларга тиийдэхпинэ бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Аныгы оҕолор чаҕылхайдар, ону таба туһаныахха наада. Оттон баһаатай оҕолору биир сомоҕо үлэҕэ туһаайар, сирдиир эрчимнээх киһи буолуохтаах. Мин пионерскай атрибуттары бэйэбин кытта өрүү илдьэ сылдьан оҕолорго көрдөрөбүн, кэпсиибин, оҕолор ааспыт кэм историятын билиэх уонна убаастыах тустаахтар диэн бигэ санаалаахпын.
Көрсүһүүгэ пионерскай үлэни салайсыбыт баһаатайдар пионердары кытта үлэни балайда киэҥник сырдаттылар, пионерскай дружиналар, этэрээттэр оҕону бары өттүнэн иитиигэ улахан оруоллаахтарын бэлиэтээтилэр. Маннык биир сомоҕо оҕо пионерскай тэрилтэтэ бэйэтин историятыгар кэмэ суох үчүгэй страницалары суруйан хаалларбытын баһаатайдар ахтыылара бигэргэттэ.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.