Сэтинньи 24 күнүгэр Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай кииҥҥэ (дир.Иннокентий Сергеев) «Олоҥхо дойдута» тэрээһин буолан ааста. Бу тэрилтэҕэ кэнники сылларга Олоҥхо күнүн көрсө «Олоҥхо биһигэ — Уус Алдан» диэн нэдиэлэ ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда.
Быйыл бу нэдиэлэни түмүктүүр тэрээһин уратытынан улууска биллэр олоҥхоһут Афанасий Бурцев-Бөскөй Бөҕө ыалдьыттааһына буолла. Кинини Олоҥхо дьиэтин специалиһа Александра Местникова арыаллаан кэлэн кыттыыны ылла.
Тэрээһини иитээччинэн үлэлии сылдьар Анна Федорова кыайа-хото тутан уратытык ыытта. Тэрилтэ оҕону иитиигэ хаһыс да сылын олоҥхо педагогикатын киллэрэн үлэлиир. Саҕаланыытыгар «Айыы санаанан» бырайыак иһинэн тэриллибит сахалыы тыыннаах Айыы хоһугар арчылааһын сиэрэ-туома ыытылынна. Манна сыт таһааран буруолатан ыалдьыттары арыылаах алаадьынан айах туттулар, кыынньар кымыһынан күндүлээтилэр. Салгыы саалаҕа «Арчылаана» фольклорнай бөлөх (сал.Елена Охлопкова) төрүт дорҕоон тойугунан айхаллыы көрүстэ.
Бөлөххө иитиллээччилэр кыттыспыттара олус кэрэхсэбиллээх. Дьэ, онтон күндү ыалдьыт олоҥхоһут Бөскөй Бөҕө талах олоппоско оллоонноон олорон С.Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотунан дьикти эйгэҕэ сиэтэн киллэриитэ саҕаланар. Бу тэрилтэ дьиэтин иһигэр олоҥхону олоҥхоһут илэ кэлэн толоруута аан бастаан иһилиннэ. Эчи, эгэлгэлээх этэр тыла-өһө хомоҕойун, кутуллар тойуга доллоһутан чуолкайын эриэхсит! Иһийэн истэ олорооччулар иччилээх ийэ тылбыт баай дэгэтинэн эмискэ туола түспүт эйгэ салгынын өрүһүспүттүү ыймахтаатыбыт, минньитэн үөрэ иһиттибит, «Ноо» диэн сэҥээрбиппитин биллэрдибит.
Оҕолор барахсаттар чоҕулуйбут харахтарын араарбакка олоҥхоһут хас хамсаныытын ааҕа манаатылар, сөҕө көрдүлэр. Олоҥхо олуга түмүктэниитигэр ытыс тыаһа хабылла түстэ, өргө диэри уҕараабата.
Салгыы 10 үлэһит бары талах олоппоско оннуларын булан олорон төрөөбүтэ 175 сыла туолбут биир дойдулаахпыт Дмитрий Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй «Эрбэхтэй Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан аахпыттара сүрдээх сонуннук иһилиннэ. Манна эр дьон, эбэлэр, эдэр ийэлэр бааллар.
Түмүккэ «Олоҥхо дойдута» сахалыы ойуулугу оҕолор сонурҕаан көрдүлэр-иһиттилэр. Нэдиэлэ устата олоҥхоҕо сыһыаннаах бэсиэдэлэр, уруһуй күрэҕэ, кинигэ быыстапката, оонньуулар, олоҥхону ааҕыы, истии тэрилиннилэр. Бу күн ол барыта түмүллэн тэриллибит тэрээһинтэн кыттааччылар бары даҕаны астыннылар, күндү ыалдьыттарга махтал истиҥин анаатылар, өссө даҕаны ыалдьыттыы кэлэллэригэр ыҥырдылар.
Светлана Бурцева, уопс.кэрэсп.