Прокопий Румянцев Мүрү нэһилиэгин баһылыгынан талыллан, ахсынньы 19 күнүгэр дуоһунаһыгар киирбитэ. Ол кэмтэн 4 ый кэриҥэ эрэ ааста эрээри, кинини кытта нэһилиэк тыын кыһалҕалара хайдах салаллан иһэрин туһунан кэпсэтиибэр ыҥырабын.
Нэһилиэнньэ хас бырыһыана ититии ситимигэр холбонон олороруй? Төһө ыал (уулусса) хаалла?
— Билиҥҥи туругунан, нэһилиэк 71%-на, ол эбэтэр 1042 дьиэ ититии ситимигэр холбонон олорор. Нэһилиэкпитигэр 100% ититии ситимигэр холбууру сүрүн сыал оҥостон үлэлиибит. Ону ситиһэргэ Мындааба бөһүөлэгэр, Бороҕон «Радиотумул» түөлбэтин аҥарын, арҕаа уонна илин түөлбэлэргэ хаалбыт 453 дьиэни ититии ситимигэр холбуурга СӨ ДьУоКХ министерствотын, улуус дьаһалтатын, улуустааҕы ДьуоКХ, чааһынай тэрилэтэлэри уонна олохтоохторбутун кытта ситимнээх үлэни ыытыахпыт.
Билигин ДьУоКХ тэрилтэтин кытта Мындааба бөһүөлэгэр Олимпийскай-Дачнай уулуссаларга хаалбыт дьиэлэри ититии ситимигэр холбоон бөһүөлэк ититиинэн хааччыллыытын 100% көрдөрүүгэ таһаарыахтаахпыт. Ону таһынан Бороҕон арҕаа түөлбэтигэр «Дьол» хочуолунай оннугар «Запад-1» хочуолунай тутуллан, хаалбыт 170 дьиэни ититии ситимигэр холбуур соруктаахпыт. Быйыл 201 мөлүйүөн үп көрүллэн хочуолунай тутуута саҕаланыахтаах. Онуоха дьаһалта ДьУоКХ-ны кытта үлэлэһэн чааһынай дьиэлэргэ тардыллар ититии ситимин схематын оҥотторон, сметатын аахтаран, киин теплотрасса матырыйаалын ыларбытыгар олохтоохторбут кыттыһар үптэрин аҕыйатар сыалтан нэһилиэк бүддьүөтүттэн уонна улуус дьаһалтатыттан үп көрүллэрин туруорсуу үлэтин ыытыахпыт.
Бороҕон «Радиотумул» түөлбэтигэр «Армон» ХЭТ, илин «ТМС+» ХЭТ чааһынай тэрилтэлэри кытта икки саҥа хочуолунай тутуутугар үлэлэһэн, уопсайа 261 дьиэни ититии ситимигэр холбуур сыал турар. Билигин сүрүннээн хочуолунай тутуллар сирин докумуоннатыы үлэтэ бара турар. Илин түөлбэҕэ киин теплотрасса матырыйаалын таһа сылдьабыт. Билиҥҥи туругунан, 80 туонна тимир турбаны таһыыга түөрт сырыы оҥоһулунна. Ол иһигэр ититиигэ холбонуохтаах ыаллар дьиэлэригэр диэри тардынар 10 туонна турбаларын удамыр сыанаҕа Дьокуускай куораттан босхо аҕалан биэрдибит. «Радиотумул» түөлбэҕэ эмиэ маннык ньыманан үлэни ыытыахпыт.
Нэһилиэк иһигэр дьону таһар саҥа автобус хаһан сүүрүөҕэй?
— Дьону таһар 21 миэстэлээх «Газель NEXT» автобус кэлэн турар. Билиҥҥи туругунан улуус дьаһалтатын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн автобус сүүрдэр боломуочуйаны ыллыбыт, дуогабардар барыта баттанан тураллар. «Ростехнадзортан» дьону таһар өҥөнү оҥорорго лицензия ыларбыт элбэх бириэмэни ылар эбит. Лицензия ыллыбыт даҕаны автобус сырыытын саҕалыаҕа. Эһиил улахан автобуһу ылан бөһүөлэк иһигэр сүүрдэр, «Газелы» Дьокуускай – Бороҕон икки ардыгар удамыр сыанаҕа олохтоохтору таһарын курдук былаанныыбыт. Ону таһынан, быйыл эбии дизайн-кодка эппиэттиир автобус 5-6 тохтобулун оҥоруохпут.
«Мүрү кытыл» сынньанар сирбитигэр өссө салгыы туох оҥоһулларый?
— «Мүрү кытыл» олоххо киирэригэр былырыын Магадан куоракка «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Формирование комфортной городской среды» федеральнай куонкуруска кыайан 50 мөлүйүөннээх грант ылбыппыт. Билигин үлэтэ саҕаланна, бырайыак быһыытынан оҥоһуллубут бэлиэҕэ диэри хаһыллан, бэлэмнэнэн, кытылы бөҕөргөтөр габион тутуллар. Оттон былаһааккабыт салгыытын тутарга сирин буорунан, кумаҕы кутан дьиппинитэн үрдэтэн иһиэхпит. Кытылбытыгар уопсайа алта зона эбиллиэҕэ: трибуна, пирс, оҕо оонньуур былаһаакката, скейтплощадка, воркаут уонна хачыаллардаах, скамейкалардаах, кытыл кытыытыгар хаххаланар уоттаах-күөстээх чарапчылар (навес) баар буолуохтара. Ону таһынан көҕөрдүү үлэтэ, тротуар ууруута, парковай светильниктар, скамейкалар, урналар туруохтара. Бырайыагы оҥорбут тэрилтэни кытта авторскай кэтээн көрүү өҥөтүн оҥороругар сөбүлэҥ түһэрсэн, үлэ хаамыытыгар үчүгэй хонтуруол олохтонно. Балаҕан ыйыгар «Мүрү кытылын» олоххо киллэриэхтээхпит.
Сынньанар, ыһыахтыыр паркабытын аныгылыы тупсарар олус үчүгэй бырайыак оҥоһуллубут этэ дии?
— Дириҥ историялаах култуура уонна сынньалаҥ пааркатын сөргүтэр, ураты аныгылыы көстүүлээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгастаах буоларыгар былааннаах үлэ ыытылла сылдьар. Билиҥҥи туругунан «База14» ХЭТ АБ диэн тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн пааркабыт бырайыагын оҥотторо сылдьабыт. «Формирование комфортной городской среды» федеральнай куонкуруска бу бырайыагынан кыттан, куонкуруһу ааһар түгэммитигэр 100 мөлүйүөн федеральнай грант ылыахпыт. Маны ситиһэргэ киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыаҕа. Бырайыак чэрчитинэн пааркабытыгар киирэр аарка, трибуна, сцена, оҕо оонньуур уонна үҥкүү былаһааккалара, таптал скверэ уларыйыахтаахтар. Эбии фуд-корт, иһигэр оҕо оонньуур былаһааккалаах төгүрүк сыл үлэлиир сылаас павильон, олоҥхо сквера, спортивнай былаһаакка оҥоһуллуоҕа уонна дьон төгүрүччү хаамар, сүүрэр ыллыгын асфаллаан, уот остуолбаларын туруоран биэриэхтээхпит. Нэһилиэкпитигэр маннык аныгылыы, кыра оҕоттон саҕалаан аҕам саастаах дьоммут сылдьар, миэстэлэрин элбэтэргэ болҕомто ууруллуоҕа. Күн бүгүн «Ньургуһун» оҕо саада турбут миэстэтигэр элбэх хайысхалаах былаһаакка бырайыага саҕаланна, бу бүттэҕинэ «Формирование комфортной городской среды» бырайыак республикатааҕы таһымыгар кыттан 30 мөлүйүөн грант ылар иһин үлэ ыытабыт, ону таһынан быйыл арҕаа Крылов аатынан уулуссаҕа турар былаһааккаҕа сөргүтүү үлэтин ыытары былаанныыбыт.
Кытаанах бөҕү тоҕор ууруналарбыт бөҕүн куораттан кэлэн таһар, массыына алдьаннаҕына ууруналарбыт таһынан баран ылар түгэннэрэ тахсаллар, инникитин маннык кыһалҕалары туоратар туох суол баарый?
— Бөх боппуруоһа нэһилиэкпитигэр сытыытык турар. Быһааран этэр буоллахпына, нэһилиэк дьаһалтатыгар бөх тоҕор ууруналары оҥоруу, харайыы-истии буолар. Оттон бөх таһыытынан «Экологические системы Якутии» ХЭТ диэн региональнай оператор ылсан үлэлии сылдьар. Сүрүннээн бөх элбиирэ нэһилиэкпитигэр бөх хомуйар биир эрэ массыына баарыттан тахсар. Ону таһынан, ардах түһэр, хаар ууллар кэмигэр сыбаалкабыт суола алдьанан тиэхиньикэ сатаан тиийбэт буолар. Ол кэмҥэ бөхпүт эмиэ мунньуллан киирэн барар. Маныаха улууспут дьаһалтата быйыл куонкуруска (ППМИ) сыбаалка суолун оҥоруу бырайыагынан кыттан кыайбыта, онон бу суол быйыл оҥоһуллуохтаах. Онтон «Экологические системы Якутии» ХЭТ кытта үлэлэһэммит нэһилиэкпитигэр бэс ыйын диэки эбии, билигин баар бөҕү таһар массыынабытыттан икки бүк элбэх бөҕү тиэйэр массыына кэлэрин күүтэбит. Ону таһынан быйыл нэһилиэкпит иһигэр, биэс сиргэ улахан бөҕү мунньар уонна саҥалыы бырайыактаах ТКО туочукаларын туруоруохпут.
Нэһилиэк иһигэр уулуссалары, переулоктары, тротуардары оҥоруу быйыл былааҥҥа баар дуо?
— Уулуссаны оҥоруу боппуруоһугар сүрүн сыалбытынан Бороҕоҥҥо Ленин аатынан уулуссаны асфаллааһын буолар. Билиҥҥи туругунан бырайыактыыр-суоттуур докумуона бүтэн, государственнай экспертизаҕа киирэн сытар. Улахан үбүлээһиннээх үлэ барыахтаах, билиҥҥи туругунан 125 мөлүйүөҥҥэ тахсан турар. Бу боппуруоска улуус дьаһалтатын уонна туһааннаах министерстволары кытта үлэ ыытабыт. Ону таһынан, быйыл уопсайа 13 уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ барыаҕа. Итиэннэ 488 миэтэрэ тротуары оҥорон, уулуссаны сырдатар 126 тимир остуолбатын туруоран суол инфраструктуратыгар киэҥ үлэни ыытыахтаахпыт. Суолбут инфраструктурата сайдарыгар улууспут баһылыгар Василий Аммосовка махтанабыт. Улууспут киинэ сайдарыгар туһааннаах быһаарыныы ылынан суолбут өрөмүөнүгэр биэс мөлүйүөн, суолга сыһыаннаах спецтехника ыларбытыгар өссө биэс мөлүйүөн улуус бүддьүөтүттэн көрөн, бу нэдиэлэҕэ сөбүлэҥнэри баттаһыахтаахпыт. Ону таһынан, нэһилиэк үбүттэн өссө биир спецтехника ылыахпыт. Бу спецтехникалары былырыын нэһилиэк дьаһалтатын иһинэн «Агентство по развитию территории СП «Мюрюнский наслег» МАУ диэн саҥа арыйан үлэлэтэн эрэр тэрилтэбитигэр сыһыаран үлэлэтиэхпит. Бу тэрилтэ нэһилиэк хаһаайыстыбыннай боппуруостарыгар ылсан үлэлиир сыаллаах-соруктаах буолар.
Хаарбах дьиэ боппуруоһа нэһилиэккэ хайдаҕый?
— «Дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай программа нэһилиэкпитигэр күүскэ үлэлиир. Билиҥҥи туругунан биэс дьиэ тэҥинэн тутулла турар, быйыл үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар, эбии икки дьиэ тутуута саҕаланан эһиил киириэхтээхтэр. Бу бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр уопсайа 55 хаарбаҕынан биллэриллибит уопсай дьиэттэн 1017 олохтоох дьоммутун саҥа таас дьиэҕэ көһөрүөхпүт. Ону таһынан, бу бырагыраама салгыы үлэлиирин дойдубут салайааччыта Владимир Путин соруктаабыт этиилэригэр этэн турар. Ол аата бу программа 2026-2030 сылларга үлэлиир, манна нэһилиэк дьаһалтата 2021 сылтан бэлэмнэнии үлэтин ыытан, эбии 30 уопсай дьиэни хаарбаҕынан биллэрэн олорор. Бу үлэ бардаҕына 2030 сылга нэһилиэкпитигэр биир даҕаны мас, хаарбах туруктаах дьиэ хаалыа суохтаах. Эбии 6-7 таас уопсай дьиэ тутуллуоҕа. Манна хайаатар даҕаны биир уопсай дьиэни Мындааба бөһүөлэгэр тутуохпутун наада. Бу программа үлэтин хаамыытыгар улуус салалтатын кытта ситимнээхтик үлэ барар, онон уопсай үлэбит түмүгэ таһаарыылаах буолуо диэн эрэнэбин.
Нэһилиэк сайдыытыгар өссө атын туох былаан, санаа баарый?
— Нэһилиэк инники сайдыытыгар былааммыт наһаа киэҥ. Ону кыайарбытыгар күүстээх хамаанда үлэтэ ирдэнэр. «Кадры решают все» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол иһин билигин сүрүн тирэҕи исписэлиистэрбэр уурабын. Эбии үөрэттэрэн, форумнарга, семинардарга ыытан, сайдыылаах нэһилиэктэри кытта билсиһэн, үчүгэйин, наадалааҕын сүһэн ылан дойдуларын туһугар туруулаһан туран үлэлиир дьон буолуохтарын баҕарабын. Оччоҕо дьэ, кырдьык киэҥ хабааннаах, таһаарыылаах үлэ ыытыллыаҕа. Билигин дьаһалта бүгүҥҥү күҥҥэ турар кыһалҕаны быһаарарын таһынан, 10 сыл инники сайдыытын көрөн үлэни ыытыахтаах. Манна сүрүн улахан суолталаах докумуонунан «Мастер-план стратегического развития Мюрюнского наслега» буолуоҕа. Бу докумуон оҥоһулларыгар федеральнай таһымҥа үлэни ыыта сылдьар «Градо» диэн тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн, үлэни кулун тутар ыйтан саҕалаатыбыт. Бу докумуон оҥоруутугар улахан үлэ ыытыллыахтаах. Докумуоҥҥа республикабыт, улууспут инники сайдыыларыгар ылыммыт былааннарын кытта ситимнээн, нэһилиэк билиҥҥи туругун, иһинээҕи кыһалҕаларын үөрэтэн, 10 сыл иһигэр нэһилиэкпит сайдыытыгар туох үлэни ыытарбытын, хантан үбүлэниэн сөбүн үөрэтэн, тутуллар объектарбыт ис-тас көстүүлэрэ, дьон сылдьар-сынньанар миэстэлэрэ, суолбут-ииспит, инфраструктурабыт хайысхаларынан хайдах буоларыгар тиийэ барыта киирэр. Онон мастер-план оҥоһулларыгар олохтоох дьоммутун, бизнес хайысхатын уонна тэрилтэлэри кытта элбэх көрсүһүүлэр, санаа атастаһыылара буолуохтара. Республика, улуус салалтатын кытта ситимнээх үлэ ыытыллыаҕа. Сүрүн сыалбыт – кэлэр көлүөнэҕэ үчүгэй сайдыылаах нэһилиэги туттарыахтаахпыт.
Прокопий Федотович, эппиэтиҥ иһин махтанабын, үлэ суола арыллан үтүө, кэскиллээх түмүктэр тахсан истиннэр.
Мария Аргунова