Самаан сайыммыт кэрэ кэмин – бэс ыйын тилийэ ыһыахтаан атаардыбыт, айыылартан күүс-уох ыллыбыт. Аны бастыҥаны, этэрбэһи эһиилгээҥҥэ диэри ууран, ходуһаҕа киирии буолан эрэр. Итэҕэли наһаа уһугуннаран дуу, дьон тиэхиньикэ кыаҕар эрэнэн дуу, “абааһы мунньаҕын” хайаан да аһаран баран киирэр үгэс олохсуйда. Бука, ону умуннарар табыллыбата буолуо.
Билигин олох атын кэм кэллэ, урукку сопхуос саҕанааҕы курдук дэлэй сүөһү суох, ахсаана сыллата аччаан иһэр. Күн бүгүн улуус үрдүнэн 13 293 ынах сүөһүлээхпит. Мантан ыанар ынаҕа – 5530 төбө. Оттон сылгы ахсаана 12 503, мантан биэтэ – 8807 төбө. Сыыппараны тэҥнээн көрүөҕүҥ. Ааспыт үйэ 70-с сылларыттан сопхуостар тэриллэннэр сүөһү ахсаана лаппа элбээбитэ. Ол курдук “Дүпсүн” сопхуос 1979 сыллаахха ынах сүөһүтүн ахсаана – 7025 төбө эбит, итинтэн ыанар ынаҕа – 2707. Бу кэмҥэ оройуоҥҥа 4 сопхуос баара. Балары барыларын холбоотоххо, оройуон үрдүнэн ортотунан 30-ча тыһ. сүөһү иитиллибит эбит. Ол быһыытынан от эмиэ балачча оттонноҕо. Онон оччотооҕу уонна билиҥҥи кэми тэҥниир хайдах да табыллыбат.
Быйыл улуус үрдүнэн оттооһун былаана 30 000 тн тиэрдиллибит. Былырыын 33 478 тн этэ. Ити үлүгэрдээх улахан былааны толорорго былырыын өҥ сайын буолан абыраабыта. Дьиҥэр, ааҕан-суоттаан көрүүнэн 30 000 тн от ынаҕы, сылгыны сыл таһаарарга сөп буолар. Холобур, билигин 3381,7 тн кур от баар диэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлиистэрэ иһитиннэрэллэр.
Сылыктааччылар, күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа да этэллэринэн, кураан дьыллар саҕаланан эрэллэр. Ол быйыл сайыҥҥыттан биллиэх курдук буолла. Нэһилиэктэртэн ыйыталаһан көрдөххө, үрдүк кырдал сирдэр курааннаатылар дииллэр. Сорох сиринэн аһыҥа да биллибит. Сайыммыт бастакы аҥаара наһаа тыаллаах, түүнэ тымныы буолан, от үүнүүтүгэр лаппа оҕуста. Ардах улаханнык түспэтэ, үксүгэр аһыҥа утаҕын эрэ ханнарда. Онон от үүнүүтэ нэһилиэктэринэн араас дэһэллэр. Былырыын күһүн ардахтаах буолан, үрэхтэр толору уулаах тоҥмуттара. Онон үрэх сирдэр ууга сыталлар дииллэр. Алаастар даҕаны күрүөлээх, аһыҥата эмтэммит өттө үүнүүтэ үчүгэй эбит, быһата хаһаайын хайдаҕыттан тутулуктаммыт.
Нэһилиэктэргэ тиэрдиллибит былаан
- Баатаҕай нэһилиэгэ – 1570 тн
- Байаҕантай нэһилиэгэ – 1950 тн
- Бороҕон нэһилиэгэ – 2100 тн
- Бэрт Ууһун нэһилиэгэ – 1900 тн
- Бээрийэ нэһилиэгэ – 580 тн
- Дүпсүн нэһилиэгэ – 2550 тн
- Курбуһах нэһилиэгэ – 2140 тн
- Лөгөй нэһилиэгэ – 2260 тн
- Мүрү нэһилиэгэ – 548 тн
- Найахы нэһилиэгэ – 2380 тн
- Өлтөх нэһилиэгэ – 1830 тн
- Өнөр нэһилиэгэ – 1290 тн
- Өспөх нэһилиэгэ – 550 тн
- I Өспөх нэһилиэгэ – 920 тн
- Суотту нэһилиэгэ – 3002 тн
- II Байаҕантай нэһилиэгэ – 820 тн
- II Лөгөй нэһилиэгэ – 1100 тн
- Түүлээх нэһилиэгэ – 450 тн
- Хоро нэһилиэгэ – 850 тн
- Чэриктэй нэһилиэгэ – 480 тн
- I Хоро нэһилиэгэ – 730 тн
Этэн аһарбытым курдук, оттооһун былаана 30 000 тн тиэрдилиннэ. Былырыыҥҥытааҕар лаппа аҕыйах курдук эрээри, барыллааһын быһыытынан, улуус үрдүнэн былаан 89,29% туолуо диэн сабаҕалыыллар. Ол аата 26 787,5 тн от оттонуо дииллэр. Ити саха сиэринэн тарда соҕус этии дии саныыбын. Оттооһун хаамыыта балаһыанньа хайдах буоларын бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ.
Нэһилиэктэр отчуттара сирдэрин-уоттарын үүнүүтүн көрөн, ааҕынан бараннар, Бэрт Ууһун, Бээрийэ, Найахы уонна Өнөр нэһилиэктэрэ тиэрдиллибит былааны толоробут диэн иһитиннэрбиттэр. Ол аата от үүнүүтэ үчүгэй буоллаҕа. Бээрийэ нэһилиэгэ оттуур былаанын толорботоҕо диэнэ суоҕа буолуо. Үчүгэй, быйаҥнаах сирдээх-уоттаах. Урукку кураан дьылларга үгүс нэһилиэккэ сир бэрсэн абырыыра. Саамай уустук балаһыанньалаах – Түүлээх нэһилиэгэ. Оттуур былаана 450 тн даҕаны, ону 68% толорор кыахтаахтар эбит. Манна үс сыллааҕыта улахан баһаар буолбута, онно улахан иэннээх ходуһа умайбыта. Онон кэккэ сылларга ыаллара бээрийэлэр от бэрсэн абырыыллар. Оттон Сыырдаахха былырыын күһүн уу балачча мунньуллубута уонна истэр тухары быйылгы ардахтар эмиэ хаптылар. Онон от үүнүүтэ үчүгэй буолуо. Сайын эрдэ “Мэкэри” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын Олег Черкашины кытары кэпсэтэ сылдьыбыппар: «От баар буолуоҕа», – диэбитэ. Онно кини маннык төрүөттэри эппитэ: ”Күһүн үрэхтэр толору ууламмыттара, оннук тоҥмуттара. Онон сир сииги балачча иҥэринэн сытар. Аны киэһэ сиик наһаа түһэр уонна сарсыардааҥҥа диэри турар”. Тыа сирин үлэһит дьоно мэлдьи айылҕалыын алтыһар буоланнар, дьыл хаамыытын кэтии сылдьар үгэстээхтэр.
Уопсайынан, оттооһун балаһыанньата олус уустуга суох эбит. Тоҕус нэһилиэк оттуур былааннарын 90-тан тахса бырыһыан толорорго соруктаналлар. Ол аата 100% да толоруохтарын сөп эбит диэн санаа үөскүүр.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттуур былаан эмиэ аччаабыт. Былырыын 459,3 тыһ. тн. буоллаҕына, быйыл 435,3 тыһ. тн. оттуур сорук турар. Барыллааһын быһыытынан, былаан 91 бырыһыаныгар тиийэр сорук турар диэбиттэр. Мантан да көстөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүөһү ахсаана аччыы турар эбит.
Улууспутугар сүөһү дороххой аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ куһаҕана суох көрдөрүү баар буолуо диэн эрэнэбин. Этэргэ дылы, кур окко да эрэниэххэ сөп. Билигин дьон үксэ тиэхиньикэнэн оттуур буолла. Отторун рулоннаан иһэллэр. Ити туоннатын таһаарарга эмиэ улахан сыыстарыыта суох буолар. Биир рулон ыйааһына 300-400 кг тэҥнэһэр. Оттон рулоннуур агрегат дэлэйэ илигинэ от тоннатын таһаарыыга сыыстарыы да баар быһыылааҕа. Ол курдук илиинэн кэбиһиллибит оту быһаччы 2 тн ылаллара. Оттон хара сиргэ “Беларус” тыраахтар хайдах да 2 тн оту кыайбат. Нэһилиэктэрдээҕи тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ барытын харах холуйуутунан эбэтэр сурах хоту суруйан кэлбиттэрэ мэлдьэх буолбатах. Биирдэ улуус баһылыга таһымнаах мунньахха оннук түгэн буолан турар. Күһүн кыстыкка киирии саҕана оту ааҕыныыга 1 тыһ. тн кур от баар диэн иһитиннэрбиттэрэ. Онтон саас тиийэн от тиийбэт куттала үөскээбитигэр, били кур от бүппүт аатырбыта. Ол иһин итинник сыыһа ааҕыылар тахсымыахтарын наада.
Билигин сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһин диэн суоҕун кэриэтэ. Улуус үрдүнэн 500 тн сиилэс угуллар, онон бүтэр. Бу манна тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар тоҕо эрэ ылсыбаттар. Аҕыйах сыллааҕыта “Лена” ТХПК үлэлэһэр курдуга. Быйыл “Мүрү-АГРО” тэрилтэ комбикорм собуотун үлэҕэ киллэрдэҕинэ сүөһү эбии аһылыгынан хааччыллыы тупсуо этэ. Сүөһү үүтэ – тылыгар буоларын умнумуоҕуҥ.
Быйыл оттооһуҥҥа тоҕо эрэ наһаа наҕылыйыы таҕыста. Нэһилиэктэринэн оттооһун хаамыыта ситэ түмүллэ илик. Былырыын от ыйын 10 күнүнээҕи туругунан ходуһаҕа 359 тиэхиньикэ, 250 звено киирбиттэр. Звенолары араардахха: 129 механизированнай, 118 механизированнай аҥаардаах, 1 көлө-илии, 2 илии звенолара. Онно 587 отчут үлэлээбит. Ити күн улуус үрдүнэн 415 тн от кэбиһиллибит. Оттон быйыл 3 ТХПК, 2 ХЭТ, 9 кэпэрэтиип, 161 бааһынай хаһаайыстыбата күөх быйаҥы сомсуохтара. Биирдиилээн эрдэлээбит отчуттар отторун күрүөтүн сабан эрдэхтэрэ эбэтэр хотоннорун таһынааҕы кыбыыга тастахтара.
Кэлэр нэдиэлэттэн оттооһун тэтимин ылыаҕа, ходуһа-ходуһа аайы отуу уотун буруота унаарыаҕа, тиэхиньикэ тыаһа тирилиэҕэ, дьон саҥата хойдуоҕа. От ыйа ходуһа ыйа буоллаҕа.
Афанасий Копырин