Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатын алын сүһүөҕүн бары тутуспутунан ситиһиилээхтик бүтэрэн, оччолорго саҥардыы тутуллубут улахан оскуолабытыгар төрдүс кылаастан үөрэнэ киирбиппит. Манна үөрэтэр предметтэрбит да элбэх, үөрэтэр учууталларбыт да элбэхтэр.
Саха тылыгар Вера Ивановна Васильева уонна Мария Ивановна Петухова, математикаҕа Иван Семенович Васильев, нуучча тылыгар уонна литературатыгар Клара Николаевна Андросова уонна Александра Захаровна Андросова, английскай тылыгар Клара Тимофеевна Жукова уонна Антонина Петровна Готовцева, историяҕа Евдокия Максимовна Иванова, ардыгар Елена Иннокентьевна Алексеева солбуйара, географияҕа Розалия Алексеевна Жиркова, физкультураҕа Владимир Пантелеймонович Слепцов, ботаникаҕа Анна Алексеевна Алексеева, зоологияҕа Светлана Дмитриевна Солдатова, уруһуй уруогун бэрт кэрэ сэбэрэлээх Антонина Сергеевна Шестакова, ырыаҕа «Кэнчээри» оҕо ансаамбылын салайааччыта Василий Степанович Парников, үлэ уруогун уонна домоводствоны Владимир Иннокентьевич Колесов дьүөрэлээн интэриэһинэйдик ыытара. Биһигини, кыргыттары, астыырга үөрэппитэ. Бисквитнэй тиэстэттэн төгүрүк бэчиэнньэлэри астыырга үөрэппитин ылынаммын, дьиэбэр оннук бэчиэнньэлэри астаабыппын быраатым олус минньигэстик сиэбитэ.
Учууталларбыт биһигини үөрэтэн баран өссө куруһуоктарга дьарыктыыллара. Оҕолор «Кэнчээри» ансаамбылга олус ылларан сөбүлээн дьарыктаналлара. Ансаамбыл салайааччыта Василий Степанович Парников оҕолору дьарыктаан элбэх үрдүк ситиһиилэммиттэрэ, Москваҕа телевидениеҕа «Веселые нотки» биэриигэ кыттыбыттара. «Артек» лааҕырынан сынньаммыттара, элбэх куораттарынан кэнсиэргэ кыттыбыттара. Ансаамбылга ырыаҕа эрэ буолбакка, үҥкүүнэн эмиэ дьарыктаналлара (сал. Елена Прокопьева). Биһиги кылааспытыттан «Кэнчээригэ» Дуня Орлова, Саргы Горохова, Оля Ермолаева, Лиза Самсонова, Миша Местников, уо.д.а. оҕолорбут сөбүлээн дьарыктаммыттара.
Оттон куукула театрын Ксения Яковлевна Сыроватская салайбыта. Ксения Яковлевна тарбахтаргынан куукуланы хайдах хамсатары үөрэтэрэ. Олус сөбүлээн биһиги нуучча остуоруйаларыттан куукулаларынан сценкалары көрдөрөн кыра кылаастары үөрдэр этибит.
Английскай куруһуогун тапталлаах учууталбыт Антонина Петровна Готовцева үөрэтэрэ. Английскайдыы Ш. Пьеро «Кыһыл Бэргэһэчээнин» кыра кылаастарга көрдөрдөрбүппүт. Мин Кыһыл Бэргэһэчээн оруолун толорбутум. Онуоха ийэм астаабыт минньигэс бэрэскилэрин илпитим. Кыра корзинкаҕа ол бэрэскилэрбин итиилии суулаан сыанаҕа Кыһыл Бэргэһэчээн буолан киирбитим. Оруоллары барытын Антонина Петровна биһиги кылаас оҕолорунан толотторбута. Итиэннэ нуучча тылын уонна литературатын учуутала Клара Николаевна Андросова К.И. Чуковскай остуоруйатынан «Муха Цокотуханы» толорторбута. Барытын биһиги кылаастан толорбуттара оруоллары Сергей Бурнашев, Михаил Местников, Дуня Орлова, Оля Ермолаева, Надя Васильева, Лена Руфова буоламмыт, олус сөбүлүүр этибит куруһуоктарбытын, хаһан буоларын күүтэрбит. «Муха Цокотухаҕа» Мишабыт Паук оруолун, Сергейбит куттаҕаһа суох, эр санаалаах бырдаҕы, атын оруолларга Оля Ермолаева, Дуня Орлова олус кэрэхсэбиллээхтик оонньообуттара.
Учууталларбыт биһигини итинник утумнаахтык үөрэтиилэрэ биһиэхэ үөрэнээччилэргэ үрдүк холобурунан буолара. Оскуолабыт директора Ким Петрович Андросов барыбытын, оччотооҕу ирдэбилинэн сарсыарда 8 ч. 30 м. оскуолаҕа тиийдэрбит эрэ бары кылаастары коридорга түмэн «линейкалыыра», кылааһынан СССР Гимнин үөрэтэрбит булгуччулаах этэ. Ол курдук физкультура учууталлара Владимир Пантелеймонович Слепцов сүүрүүнү, баскетболу, Иван Михайлович Жирков хайыһары, волейболу олус умсугутуулаахтык дьарыктаабыттара. Спорт чахчы доруобуйаны чэбдигирдэрин, толлубат кытаанах санаалаах, үрдүк ситиһиилэргэ дабайан дохсуннук хардыылыыры иҥэрбиттэрэ. Биһиги кылаастан оскуолаҕа ыытыллар бары күрэхтэһиилэргэ өрүүтүн миэстэһэлэрбит. Кылааһынньыктарбыт хайыһарга А. Бурцев, И. Васильев, М. Местников, В. Стрекаловскай, С. Сивцев, Л. Мырсанова, З. Москвитина, Е. Орлова, Л. Стрекаловская оскуолаҕа ыытыллыбыт спортивнай ГТО нуорматын ситиһиилээхтик толорон 1-гы юношескай разряды, сорохторбут 2-с разряды ылары ситиспиппит. Физкультураҕа хайыһарынан Аччыгый алааска, Тоһоҕо күөлүн эргиччи хайыһардаталлара.
Оскуолабытыгар уолаттары тустуу мындырдарыгар Серафим Михайлович Татаринов бэрт элбэх уол оҕону дьарыктаабыта. Ол курдук Михаил Аммосов, Александр Бурцев, Михаил Сивцев, Василий Стрекаловскай, о.д.а. тустууга бэрт дьаныһан үөрэммиттэрэ. Саахыматы, дуобаты учуутал Иван Семенович Васильев тэҥҥэ дьүөрэлээн дьарыктыыра. Кылааспытыттан олус сөбүлээн дуобатынан, саахыматынан Иннокентий Кузьмин, Василий Мырсанов үлүһүйбүттэрэ.
Оскуолабытыгар фельдшеринэн Антонина Иннокентьевна Попова олус кыһамньылаахтык үлэлиирэ. Кини кылаастарынан оҕо аатын, араспаанньатын, кылааһын толору ыйан эмтэнэр витаминнарын, таблеткаларын туспа остуолга уурбут буолара. Кылааспытыгар үксүгэр бары общественнай эбээһинэстээх этибит. Кылааспыт санитарнай сектора Света Готовцева мэлдьитин барыбытыгар ханнык оҕоҕо витамин, йод таблеткаларын тиийэн ыларбытын өйдөтөн этэрэ. Ону фельшер хоһугар уһун переменаҕа тиийэр ылан эмтэнэрбит.
Кылааспытыгар биирдиилээн предметтэргэ олус ситиһиилээхтик үөрэнэр оҕолор бааллара. Холобур, Иннокентий Кузьмин математиканы түргэнник, табатык да суоттуура! Киниэхэ ол иһин учуутал икки варианы биэрэн суоттатара. Ону эмиэ Кеша олус түргэнник суоттаан кылаастан көҥүллэтэн тахсан барара. Биһиги кини суоттаабытын син ыйыталаһан, ону сурунан Кекабытын тумус туттарбыт. Алгебраҕа ардыгар Светлана Елисеевна Максимова үөрэтэрэ. Кини нуучча буолан баран сахалыы өйдүүрэ. Үөрэнээччигэ тиийимтиэ гына өйдөөн суоттуурга үөрэтэрэ.
Учууталбыт Клара Николаевна Андросова нуучча тылыгар хоһоону киһи истэн биһириир гына ааҕарга, аахпыты кэпсээһиҥҥэ Рита Бурнашеваны, Света Готовцеваны, Сергей Бурнашевы мэлдьитин хайгыыра. Оттон ийэ тылбыт сүмэтин барыбытыгар иҥэрэр Татьяна Ильинична Алексееваны умнубаппын. Кини үлэлэппит «Хагдарыйбат лабаалар» эдэр кэрэспэдьиэн куруһуогар умсугуйан үөрэммитим. «Бэлэм буол», оччотооҕу «Ленинскэй тэрийээччигэ» суруйан ыытан бэчээттэтэрбит. Үксэ, оскуолабыт олоҕуттан уонна сочинениеларбын, кыракый кэпсээннэрбин ыытарым. «Бэлэм буол» хаһыат редактора Н.И. Протопопова «Эдэр корреспондент куруутун сырдат оскуолаҥ, кылааһын олоҕуттан!» диэн бэчээттэммит эҕэрдэ открыткатын ыыппытын тутаммын олус үөрбүтүм. Татьяна Ильинична үөрэтэр куруһуогар элбэх оҕо буоламмыт үөрэммиппит.
Кылааспыт салайааччыта Евдокия Максимовна Иванова бэрт намыын саҥалааҕа, историяны олус умсугутуулаахтык ыытара. Евдокия Максимовна кылааспытыгар бары дьарыктаах буоларбытын ирдиирэ, күһүн аайы араас куруһуоктартан сөбүлүүр куруһуокпутугар суруттаран дьарыктанарбытыгар сүбэлиирэ. Географиябытын Розалия Алексеевна Жиркова бэрт чуумпутук аан дойду климатын, океаннарын, муораларын олус интэриэһинэйдик кэпсиирэ уонна ирдэбиллээх, чиҥ билиини иҥэрэрэ. Ботаниканы, химияны Анна Алексеевна Готовцева үөрэппитэ. Оччолорго кини университеты бүтэрэн кэлэн саҥардыы үлэлээн эрэрэ. Кини уруогар лабораторнай үлэлэри олус интэриэһинэйдик ыытара. Дьиэбиттэн собо илдьибиппин өйдүүбүн. Балык ис органнарын ырыппыппыт. Онтон химияҕа формулалары, Д.И. Менделеев таблицатын нойосуус үөрэппиппит. Олус кэрэхсэбиллээх уруоктарын иһин махтана саныыбын. Зоологияны Светлана Дмитриевна Солдатова итэҕэтиилээхтик кэпсиирэ. Биһиги зоологияҕа оччолорго харахтаан да көрбөтөх уу харамайдарын, кыыллар туһунан наукаҕа туох өйдөбүл иҥмитин, кинилэр сайдыыларын туһунан бэрт кэрэхсэбиллээх кэпсээнин истэммит уруок бүтэрин билбэккэ хааларбыт.
Уруһуй уруогун олус күүтэрбит. Саргы Гороховаҕа фломастердаах буолааччы. Ардыгар сонуммутугар биири эмит уларсар этибит да, Антонина Сергеевна өҥнөөх харандааһынан уруһуйдуурбутун ирдиирэ. Кини натюрморт уруһуйдуурга үөрэппитэ. Бэйэтэ кэрэ сэбэрэлээх учуутал этэ. Айылҕаны уруһуйдуурга өҥнөрү барытын туһанан уруһуйдуурга үөрэтэрэ. Занда Москвитинабыт, Лена Руфовабыт уонна уолаттарбыт чаҕылхайдык уруһуйдууллара. Миигин «өҥнөрү табан кырааскалыыгын» диэн хайгыыра.
Оттон үөрэхпит бүттэр эрэ эбии үөрэхтээһин группата үлэлиирэ. Ону «продленка» диэн ааттыырбыт. Ону салайар Ольга Иннокентьевна Синицына, нуучча гынан баран сахалыы саҥарар этэ. Өссө уустаан-ураннаан чопчу сахалыы саҥаран күллэртиирэ. Бэрт көрсүө элэккэй майгылааҕа. Бу манна дьиэҕэ бэриллибит сорудахтарбытын олус чэпчэкитик барытын толорорбут. Математикабытын хайдах эрэ холкутук суоттуурбут, атын предметтэрбитин эмиэ судургу баҕайытык түргэнник элээрдэн толорор этибит. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк Ольга Иннокентьевна этэрин истэрбит. Маныаха, оскуолабытыгар бэрт минньигэс амтаннаах астаах остолобуойбут күн аайы үлэлиирэ үөрэнээччилэргэ да, учууталларга улахан туһалааҕа. Оскуолабытыгар, аны санаатахха, учууталларбыт уопуттаах салайааччылаах, үрдүк маастарыстыбалаах, үөрэнээччигэ чиҥ билиини иҥэрэр күүстээх коллектив эбит.
Элбэх сыл ааста… Билигин бары ыал ийэлэрэ – аҕалара, эбэлэрэ-эһэлэрэ буолан олорон, ол минньигэс оҕо сааспыт мэник-тэник, ардыгар күлүүлээх, мүччүргэннээх өттүлэрин ахтыһан ылабыт, аҕыйах кэмҥэ оскуола үөрэнээчитэ буолан ыларбытыттан үөрэбит.
Оймоон ааспыт оҕо сааспыт нарын ыллыга – бииргэ үөрэммит оҕолорбут мэлдьитин үлэ инники күөнүгэр буолалларынан олус киэн туттабын. Бииргэ үөрэммит оҕолорбутуттан РФ «Шахтерская слава» II уонна III знагын кавалера, СӨ бочуоттаах землеустроителэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ С.С. Бурнашев, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, РФ стоматологиятын туйгуна М.И. Местников, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна М.Р. Шепелева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна М.В. Бурнашева, өр сыллаах үлэлэрин иһин РФ Үрдүкү суутун уонна СӨ Судебнай департаменын махтал суруктарынан Л.А. Мырсанова, СӨ култууратын туйгуна Е.Д. Орлова, ЯПАП МУП А.Г. Шелковников, “Якутскэнерго” Бороҕоннооҕу РЭС В.В. Мырсанов өр сылларга бэриниилээхтик суоппарынан үлэлии сылдьаллар. РФ бочуоттаах донора С.Н. Сивцев, СӨ Ил Түмэн бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммит Е.А. Аржакова, “Уус Алдан улууһугар үөрэх сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлээх М.Т. Попова, Мүрү 2№-дээх орто оскуолатыгар директоры АХЧ солбуйааччынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар А.Н. Бурцев биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобурунан буолаллар.
Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатын 1982 сыллаахха 8 «б» кылааһын бүтэрбит үөрэнээчиллэрэ убаастабыллаах учууталбытын, эйэҕэс сыһыаннаах кылааспыт салайааччытын Евдокия Максимовна Иванованы 85 сааһын туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Алгыс тылынан арчыланан чэгиэн доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарабыт!
Лена Стрекаловская. Дьокуускай