Оскуолабыт оҕолоро норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар

Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын “Лира” МХ (сал. Марианна Никифорова) иккис сылын Кыргызстан республикатын Бишкек куоратын А.П.Чехов аатын сүгэр оскуолатын кытта шефтэһэр. Бу доҕордоһуу уонна бииргэ үлэлээһин көрүҥүн  Зинаида Черкашина саҕалаабыта.

Кини өссө СГУ-га бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Лариса Чоноева кыргыз уолга кэргэн тахсан, бу оскуолаҕа директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан хаһыс да сылын үлэлиир. Сайын дойдутугар Саха сиригэр кэлэ сылдьан, дьүөгэлэрин көрсөн барар, куруук бииргэ үлэлииргэ ыҥырар. Ол иһин былырыын бастакы билсиһии оскуолабытыгар сылын аайы ыытыллар “Розовый пегас” (Зинаида Черкашина бырайыага) литературнай күрэстэн саҕаламмыта. Манна Бишкек оскуолата 20-чэ оҕону кытыннарбыта.

Оттон быйыл олунньу 12-16 күннэригэр “Грани науки” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. Учредителлэринэн “Арассыыйатааҕы эйэ фондата” общественнай хамсааһын, “Русское достояние” РФ уона Кыргызстан Посольствота  буоллулар.

Сэттис сылын ыытыллар күрэскэ Кыргызстан оскуолаларыттан эрэ буолбакка, Башкортостан, Бурятия уонна Саха сириттэн биһиги оскуолабыт кытынна. Бу Лариса Чоноева бырайыага буоларынан, биһиги оскуолабытын кыттарга ыҥырбыта.

Күрэс 5 күнү быһа барда, 11 сиэксийэ үлэлээтэ. Оҕолор үлэлэрин сыаналыыр экспердэргэ Кыргызстан үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан араас доктордар, учуонайдар, оскуолалар  салайааччылара, төрөппүт кэмитиэттэрэ киирбиттэр. Үрдүк таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ барыта 144 оҕо кытынна.

Биһиги оскуолабытыттан “Гуманитарнай наукалар” сиэксийэҕэ  Настя Ларионова 1-кы  степеннээх дипломант (сал. М.А. Аммосова, Н.И. Лазарева), Анжелика Иванова 3-с степеннээх дипломант (сал. М.И. Пухова, Г.Е. Мигалкина), Дайаана Румянцева 1-кы степеннээх дипломант (сал. У.Н. Румянцева), “Естественнай научнай хайысха” сиэксийэҕэ Настя Власьева 1-кы степеннэх дипломант (сал. У.Н. Румянцева, З.П. Черкашина), Дарина  Заболоцкая 3 степеннээх дипломант (сал. Е.Г. Шахурдина) аатын сүктүлэр.

Маннык үрдүк таһымнаах күрэскэ кытыннарбыт куратор Зинаида Петровнаҕа махталбытын биллэрэн, инникитин да бииргэ үлэлииргэ баҕалаахпытын эттибит.

Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.