Оскуолаҕа саҥа дуоһунас – иитиигэ дириэктэр сүбэһиттэрэ

Ааспыт үөрэх сылыгар дириэктэри иитии уонна оҕо хамсааһыннарын кытта хардарыта бииргэ үлэлээһин сүбэһитэ диэн дуоһунас оскуолаларга саҥа киирэн, үгүстэр бу дуоһунаһы өйдөөбөттөр.

Билигин үөрэхтээһин эйгэтигэр иитии үлэтэ маҥнайгы күөҥҥэ турда. Үөрэҕирии национальнай бырайыак чэрчитинэн «Российскай Федерация гражданнарын Патриотическай иитии» бырайыагын иһинэн «Оҕо аймах Навигатора» бырайыак Саха сиригэр киирэн, биһиги улууска 34 иитии үлэтигэр дириэктэрдэр сүбэһиттэрэ, республикаҕа 717 саҥа штаттар көрүллэннэр, үлэлээн-хамсаан, сылларын түмүктээн эрэллэр, билигин сайыҥҥы лааҕырдарга бырайыак ыытылла тураллар. Бу федеральнай дуоһунас, манна федеральнай хааһынаттан үп көрүллэр.

Иитии үлэтигэр дириэктэр сүбэһиттэрин соруктара:

  • оҕону кытта быһаччы алтыһыы. Кинилэр кылаас салайааччытын уонна биридимиэти биэрэр учуутал икки ардыларынан, оҕону кытта алтыһааччылар буолаллар. Сороҕор оҕо учууталтан кыбыстан кыһалҕатын эппэт эбэтэр уйулҕа үлэһитигэр барыан баҕарбат. Онон дириэктэр сүбэһитэ чопчу оҕону кытта үлэлиир киһи;
  • Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын сайдыытыгар сүрүн күүс буолуу;
  • аныгы көлүөнэ үүнэр ыччаты иитиигэ судаарыстыбаннай бэлиитикэни миэстэҕэ тиэрдээччи, хамсатааччы, олоххо киллэрээччи буолар, иитии үлэтигэр быһаарыылаах оруолу ылыы;
  • дьоруойдар ааттарын сүгэр оскуолалар ассоциацияларын, байыаннай-патриотическай кулууптар нөҥүө оҕону кыра сааһыттан Аҕа дойдуга бэриниилээх буолууга иитии үлэлэрин күүһүрдүү;
  • оҕо барыта дьарыктаах буолуутун ситиһии. Ол курдук, хас биирдии оскуолаҕа түмэллэр, тыйаатырдар, киинэни таптааччылар, байыаннай патриотическай, «Юнармия», спортивнай, туристар, волонтердар, суол, полиция эдэр инспиэктэрдэрин, баһаатайдар кулууптарын, медиакииннэри уо.д.а. тэрийии;
  • оскуолаҕа хайаан да «Оҕо көҕүлээһинин киинэ»(«Центр детских инициатив») хосторо, мисэтэлэрэ баар буолуутугар үлэлэһии;
  • оҕону кэллэктиип тыыныгар иитии. Кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэр оҕолору иитэн таһаарарбытын билиниэх тустаахпыт;
  • оскуолаҕа иитии үлэтин ыстаабын үлэтигэр биир сүрүн күүс буолуу;
  • иитии үлэтигэр төрөппүттэри, нэһилиэккэ баар тэрилтэлэрин, уопсастыба киэҥ араҥатын араас таһымынан тардыы буолар.

Ити курдук, дириэктэрдэр сүбэһиттэрин соруктара олус элбэх, киэҥ хайысхалаах.

Бу үөрэх дьылыгар саҥа киирии – хас бэнидиэнньик аайы судаарыстыбаннай гимнэри толоруу, Арассыыйа былааҕын киллэрии, «Дьоһуннаах кэпсэтии» кылаас чаастара ыытыы, бэлиэ күннэри бэлиэтээһин («Дни единых действий») дойдубут бары оскуолаларыгар ыытыллар, быйыл уопсайа 45 тэрээһин ыытылынна. Алын сүһүөх кылаастар “Орлята России” хамсааһыҥҥа киирэн, туспа атрибутикалаахтар, гимнээхтэр, бырайыак быһыытынан нэдиэлэ аайы дьарык ыытыллар буолла.

Быйыл республикаҕа бастакытын кылааһынан «Орлята России» күрэскэ Лөгөй орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ улууска кыайаннар, республикаҕа 5-с миэстэ буолары ситистилэр (учуутал Елена Карманова). Сайын Чурапчыга XXI педагогическай ярмарка чэрчитинэн ыытыллыбыт «Иитии үлэтин ыстаабын» күрэҕэр дириэктэр сүбэһитэ Татьяна Петухова көҕүлээһининэн Лөгөй орто оскуолатын хамаандата ситиһиилээхтик кытынна, дириэктэр Михаил Пухов, иитии үлэтигэр директоры солбуйааччы Марианна Хабарова.

Ол курдук, түһүмэхтэринэн көрүү куонкурустарыгар дириэктэр сүбэһитэ Татьяна Петухова маастар кылаас ыытыыга 1-кы миэстэ, «Веревочнай курска» хамаанданан 1-кы миэстэ, «Дьыалабыай оонньууга» 11-с кылаас салайааччыта Елена Старкова 3-с миэстэ, педагогтар, психологтар икки ардыларыгар ыытыллыбыт түһүмэххэ 8 кылаас салайааччыта Майя Дьяконова 3-с миэстэлэри  ылан, түмүккэ 11 хамаандаттан 4-с миэстэни ылары ситистилэр.

Лөгөй орто оскуолата бары ыытыллар тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик кыттар, ол курдук, быйыл илин эҥээрдэргэ «Саха КВН» икки күннээх оскуолатын үрдүк таһымҥа ыытан, администрация, коллектив, оҕолор биир санаанан түмсүүлээхтик үлэлии олороллорун бигэргэппитэ. Татьяна Петухова салайар «Доҕоттор» команда улуустааҕы КВН фестивалыгар 3-с миэстэ буоллулар. Оҕону патриотическай иитиигэ сүрүн болҕомтону ууран үлэлииллэр. Ол туоһутунан, былырыын, республикаҕа биир соҕотох квота көрүллүбүтүгэр, бастыҥ активистка, патриотическай конкурстарга үгүс ситиһиилээх Уйгулаана Дегтярева, 10-с кылаас үөрэнээччитэ, барар чиэскэ тиксэн, «Поезд памяти» бырайыагынан, Арассыыйа, Белоруссия 12 дьоруой куораттарынан сылдьан, элбэҕи билэн-көрөн, историяҕа билиитин хаҥатан, эйгэтин кэҥэтэн, саҥа доҕоттордонон кэлбитэ.

Лөгөйдөр араас акцияларга киэҥ далааһыннаахтык кытталлар. Ол курдук «Саллаакка сурук» Москуоба куорат «Бессмертный полк» ыыппыт акцияҕа кыттаннар, махтал суругунан наҕараадаламмыттара, анал байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарыгар сылаас таҥаһы хомуйууга үгүс ахсааннаах таҥаһы хомуйан ыыппыттара, сайын «Доҕорбор кинигэ» диэн Бүтүн Арасыыйатааҕы акцияҕа кыттан, Донецкай, Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон, Запорожье уобаластарын оҕолоругар анаан бу оскуола оҕолоро саамай элбэх кинигэни хомуйан уонна сайыҥҥы лааҕыр оҕолоро буолан, анал штабка улууспут 200-тэн тахса кинигэни туттардыбыт.

Улууспут салалтата, үөрэх управлениета өйөөннөр, быйыл «Өркөн» оҕо киинигэр ыытыллыбыт республикатааҕы «Саха КВН» оонньуутугар Орто Эбэ сүрүн оскуолатын хамаандата 1-кы миэстэни, сайын Чурапчыга ыытыллыбыт оҕолор уонна ыччаттар кыттыылаах күрэххэ улуус сборнай хамаандата 3-с миэстэни ылары ситистэ, салайааччы дириэктэри иитии үлэтигэр солбуйааччы Мичил Дегтярев.

Быйыл олунньуга Москуба аннынааҕы Сенеж оҕо киинигэр, Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Диана Борисова, (дириэктэр сүбэһиттэрэ Екатерина Неустроева, Марианна Колодезникова) өрөспүүбүлүкэттэн үс оҕолоох дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн, Оҕо уонна ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһынынын сүлүөтүгэр сылдьан, элбэх саҥаны билэн кэлэн, улууспутугар оҕо уонна ыччат хамсааһына сайдарыгар үлэни ыытар.

Кулун тутар 24-25 күннэригэр Дьокуускайга «MuusuSTAR» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн Оҕо уонна ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһынын өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы сүлүөтүгэр Сыырдаах, Бэйдиҥэ оҕолор түмсүүлэрэ сылдьан, олус үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ  кыттыыны ыланнар, олохторугар биир умнуллубат түгэни өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриммиттэрэ (дириэктэр сүбэһиттэрэ Наталья Алексеева, Оксана Федорова).

«Оҕо аймах Навигатора» бырайыак кадрдары үөрэтиигэ, эйгэтин кэҥэтиигэ улахан болҕомтотун уурар, ол курдук, муус устар ыйга  өрөспүүбүлүкэттэн аҕыс киһилээх дэлэгээссийэ талыллан, «Иитии үлэтин саҥа философията» диэн РФ Үөрэҕин миниистэрэ Сергей Кравцов кыттыылаах Сочи куоракка Бүтүн Арассыыйскай форумҥа кыттар чиэскэ тиксэн кэлбитим. Биһиги киэн туттар, холобур оҥостор биир дойдулаахпыт, республикаҕа оҕо хамсааһынын биир бастыҥ салайааччыта Геннадий Охлопков көҕулээһининэн, илин эҥээр улуустар оҕо иитиитигэр үлэлиир 32 педагог кыттыылаах, улахан дэлэгээссийэ Казань, Йошкар-Ола куораттарынан сылдьан, Арассыыйаҕа оҕо уонна ыччат хамсааһыныгар биир бастыҥ исписсиэлис, педагогика билимин дуоктара Владимир Дергунов сэминээригэр үөрэнэн, Казань куорат ыччаттарын кииннэригэр экскурсияҕа сылдьан, биир идэлээхтэрин үлэлэрин билсиһэн, олус дириҥ ис хоһоонноох бырайыакка кыттан, биир идэлээхтэри кытта билсэн-көрсөн, оҕо иитиитигэр элбэх билиини-көрүүнү ылан кэллибит.

Ыам ыйыгар өрөспүүбүлүкэ 39 муниципальнай куратордара Тюмень куоракка Сибиир, Дальнай Восток, Урал, уопсайа 14 регионтан 400 муниципальнай куратордар семинардарыгар кыттыыны ылбыппыт.

Ыам ыйын 20-26 күннэригэр «Океан» оҕо киинигэр Дальнай  Восток регионнарын сүлүөтэ, «Оҕо аймах Навигаторын» федеральнай бырайыак салайааччыта Александр Кудряшов,  РФ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ департаменын дириэктэрэ Наталия Наумова уо.д.а. үрдүк таһымнаах дьон кыттыылаах, оҕо общественнай түмсүүтүн сүбэһиттэригэр анаан ыытыллыбыта. Уус Алдан улууһуттан барыта 22 сүбэһит сырытта. Площадкалар сонун форманан ыытылланнар, киһи үөрэнэр интэриэһин тардан, элбэх сонун ньымаларга, технологияларга үөрэттэ.

Бу дьыл муус устар 18 күнүттэн атырдьах ыйын 7 күнүгэр дылы ыытыллыбыт «Экосистема» Бүтүн Арасыыйатааҕы бырайыакка кыттан, Саха сириттэн соҕотох Иван Васильев, Бээрийэ орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, 3 турдаах күрэҕи этэҥҥэ ааһан, Камчаткаҕа 1 экологтар сүлүөттэригэр кыттан, улахан чиэскэ тиксэн кэллэ.

Быйыл Оҕо уонна ыччат хамсааһынын сайдыытыгар анаммыт Ил Дархан Гранын улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Уус Алдан кэскилэ» оҕо түмсүүтэ ылары ситистэ.

Өрөспүүбүлүкэ 727 дириэктэри иитэр уонна оҕо хамсааһыннарын кытта хардарыта бииргэ үлэлээһин сүбэһиттэрин сыл түмүгүнэн 20 бастыҥнарга Түүлээх орто оскуолатын сүбэһитэ Ольга Константинова, 48 муниципальнай куратордартан 10 бастыҥнарга биһиги улууспут ааттаммыта, оскуолаларбыт администрациялара, үөрэхпит, улууспут салалтата саҥаны сөптөөхтүк өйдөөн, дьаһанан олорорбутун көрдөрөр. Саҥа саҕаланаары турар үөрэх дьыла элбэх сонун бырайыактары, тэрээһиннэри ыытыа, интириэстэринэн араас дьарыктары тэрийэн, оҕолорбут киһи-майгы, өй-санаа өттүнэн сиэрдээх, дойдуларыгар бэриниилээх буола иитэргэ тирэх буолуохтара.

Мария Винокурова, улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин сүбэһиттэрин куратора