Оонньууру мунньар оҕолор быыстапкалара кэрэхсэннэ

Бүгүн улуустааҕы «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрэ (сал. Станислав Луковцев) төрүттэммитэ 30 үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн уонна Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылыгар анаан оҕолор ортолоругар улуустааҕы «Мин дьиэ кэргэним оонньуурдара» диэн быыстапка – күрэс буолла. Манна барыта 21 оҕо кытынна. Эдэр коллекционердар 70-80 сыллартан саҕалаан төрөппүттэрэ уонна билиҥҥи бэйэлэрэ оонньуур оонньуурдарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүлэр.

Холобур, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 4-с «в» кылааһын үөрэнээччитэ Петр Бурнашев төрөппүттэрэ кичэллээхтик харайбыт 127 биридимиэттэн турар сэбиэскэй кэм оонньуурдарын муспутуттан сороҕун аҕалбыт. Олортон саамай сыаналыыра – Оҕо музыкальнай арфата эбит. Бу 1970 сыллаахха оҥоһуллубут арфа кэмпилиэгэр нуоталара кытта баар, билигин да үлэлиир туруктаах. Ону таһынан, ити сылга оҥоһуллубут сымнаҕас оонньуурдар, «автокран» массыына, 1980 сыллаахха оҥоһуллубут куукула иһиттэрэ, саллааттар, кубиктар бааллар.

Оттон учуутал идэлээх Мария Атласова сиэннэрин кэллиэксийэ умсулҕаныгар сыһыараары эргэ оонньуурдарын булан-талан быыстапкаҕа кытыннылар. Холобур, 1970 сыллар саҕаланыылара оҥоһуллубут этирик (таҥас сууйар дуоска), өтүүк Мария Дмитриевна бэйэтэ оонньообут оонньуурдарыттан саҕалаан бааллар. Итиэннэ былыргы дьоҕус оҕо кинигэлэрэ болҕомтону тартылар. «Оҕо үөрүүтэ» диэн кэллиэксийэлээх Бэйдиҥэ орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Спартак Попов киндер оонньуурдарын муспут. Кини кэллиэксийэтигэр анаан-минээн эһэтэ Иннокетий Говоров пуолкалаах мас чымадаан оҥорон биэрбитин киэн тутта кэпсээтэ.

Бу курдук сэбиэскэй кэм саҕаттан оонньоон кэлбит оонньуурдарын көрөн-истэн кэлбит дьон уйадыйа үөрдүлэр. Оттон оҕолор салгыы мунньарга умсугуйуулара уһуктан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

 

Мария АРГУНОВА