Окоемовка сыаҕар күҥҥэ 900 киилэҕэ тиийэ үүт астанар

Сарсыарда 9 чаас иннинэ Окоемовка бөһүөлэгэр бөтүөн соһор дьону элбэхтик көрөҕүн. Ити кэмҥэ арыы сыаҕа үлэтин саҕалыыр. Төһө да эргэ сыах буоллар, сыл аайы бөһүөлэк дьонун хамнастыыр. Быйыл сыаҕы үһүс сылын туруу үлэһит – Чурапчы сириттэн кийиит кыыс Аграфена Аммосова үлэлэтэр.

Киниэхэ уоппускаҕа сылдьар Светлана уонна Гаврил Гороховтар көмөлөһөллөр. Билигин Г.Н. Бурнашев уонна Нь.А. Местникова чааһынай тэрилтэрин истэринэн 16 ыал күҥҥэ 900 киилэҕэ тиийэ үүтү туттарар. Арыы сыаҕын үлэһиттэрэ сүөгэйи мунньан нэдиэлэҕэ иккитэ арыылыыллар. Олохтоохтортон саамай элбэх үүтү Мария Ушницкая туттарар эбит.

Уус Күөлүгэр саҥа үлэлээн испит арыы сыаҕын үлэһитэ тохтоон, бу бөһүөлэк олохтоохторо үүттэрин 15 км-даах Окоемовкаҕа таһаллара сыл аайы хатылана турар. Дьиҥинэн, олохтоох салалта саас эрдэ практикаҕа кэлэр студеннары эҥин кытта дуогабардаһыан сөбө буолуо эрээри ол кыаллыбат, тыа хаһаайыстыбатын салаатын идэлэригэр оҕо бөҕө үөрэнэр эбээт. Специалистары көрсөөрү дьаһалтаҕа анаан-минээн бара сырыттым даҕаны, биир да үлэһити миэстэтигэр таба туппатым.

Окоемовкалар быйыл даҕаны үүтү балай да туттарар былааннаахтар. Санаалара күүстээх, эрэллэрэ улахан – эһиил арыы сыаҕар анаан саҥа дьиэни туруорсаллар. Дойдум үлэһит дьоно самаан сайыҥҥа үрүҥ илгэни дэлэтэргэ үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрөргө астык.

Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.