Ойор-тэбэр оҕо саас туһунан хоһооннору сэргээ

«Уһуктуу» литэрэтиирэ түмсүүтүн (сал. Галина Аммосова) чилиэннэрэ, айар куттаах ийэлэр, эбэлэр ойор-тэбэр оҕо сааҺы туойбут хоһоонноругар үөрүү-көтүү аргыстаах дьоллоох оҕо сааһы, олоххо дириҥ тапталы хоһуйаллар.

Галина Иванова- Айтыына

Эбэбин кытары

Иллээхпин,

Эбэбин куруутун

Кууһабын.

Эбэбин кытта

Дьоллоохпун,

Эбэбин куруутун

Истэбин.

Эбэбин күннэтэ

Сыллыыбын,

Эбэбин үөрдэрбин

Таптыыбын.

***

Үс көлүөнэ дьонобут

Эһэм, аҕам уонна мин –

Үс көлүөнэ буолабыт,

Эһэм – аҕам аҕата,

Аҕам – эһэм оҕото.

Эһэм, аҕам уонна мин –

Үс көлүөнэ дьонобут,

Эһэм сиэнэ буолабын,

Аҕам уола буолабын.

Эһэм, аҕам уонна мин –

Үс көлүөнэ дьонобут,

Үһүөн бары эр дьоммут,

Үһүөн бары дьоллоохпут.

***

Сиэнэ кыыс

Эбэбэр, эһэбэр

Сиэнэ кыыс

Буолабын.

Эбэбэр, эһэбэр

Көмө киһи

Дэтэбин.

Эбэбэр, эһэбэр

Мурун бүөтэ

Буолабын.

Эбэбэр, эһэбэр

Сыллатан

Үөрдэбин.

***

Мария Кудрина

Ойор-тэбэр

Оҕо саас,

Олоп-чолоп

Омун саас,

Мэлээр-элээр

Мэник саас,

Эрбэй-сэрбэй

Эриэккэс саас!

Тэйэр-тэбэр

Тэбэнэт саас,

Айдаан-куйдаан

Айаар саас,

Чуубу-чаабы

Чуораан саас,

Чэбдик ыраас

Чээкэ саас!

Бэллэй-боллой

Бэтиэхэ саас,

Сэлтэй-бэлтэй

Сэргэх саас,

Көҥүл күөрэй

Көрдөөх саас,

Күлэр-үөрэр

Күлүм саас!

****

Күндү күлүү

Светлана Бурцева-Суугунай Чараана

Оҕо күлэ турбута —

Күн күлүмүн анныгар,

Олорор дьиэтин аттыгар,

Оонньуур сирин таһыгар,

Таптыыр дьонун ыксатыгар.

Оҕо күлэ турара —

Күлэрэ сирэйэ бүтүннүү сырдаан,

Күлэрэ хараҕа сырдык уоттанан,

Күлэрэ ис-иһиттэн мичээрэн,

Күлэрэ кута-сүрэ дьоллонон.

Оҕо күлэ туруоҕа —

Күлүөҕэ үрүҥ күннүүн тэҥҥэ,

Күлүөҕэ оҕо саастыын бииргэ,

Күлүөҕэ күндү дьонун кытта,

Күлүөҕэ доҕотторун кытары.

Оҕо күлэ турдун —

Күллүн күөх сирэм үрдүгэр,

Күллүн күндүл халлаан анныгар,

Күллүн оҕолору кытары,

Күллүн күннүүн тэҥҥэ.

Хоһооннору хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтэ Елена Сыроватская.