Сааскы күммүт чаҕылыйа тыган, дьахтар аймах оҕуруот үлэтин саҕалаабыта быданнаата. Түннүк аайы арассаадалар бытыгырастылар, ватсап статуһугар кэчигирэстилэр. Арыт ыһыллыбыт сиэмэ барыта тахсан, мантан төһөтүн олордобут диэн оҕуруокка саҥа сыстааччылар мунаахсыйар буолуохтаахтар.
Уопуттаах оҕуруоччут хаһаайкалар төһөлүү ук оҕурсуну, биэриэһи, помидору, дьэдьэни уо.д.а. олордоллорун туоһулаһыахха, ханнык сибэккилэри сөбүлээн олордоллорун токкоолоһуохха.
Лена МОСКВИТИНА,
Мүрү нэһилиэгэ:
– Оҕуруот аһын сөбүлээн олордобун. Ол курдук рассадаҕа биэрэс, помидор, сүбүөкүлэ, баклажан, дьэдьэн уонна оҕурсу сиэмэтин олоттум. Моркуобу тута буорга ыһыам. Сайыҥҥы сибэккилэртэн, ампельнай петуния проф.суортарын, бальзамин, колеус, астра, цинния, подсолнух, кохия, рудбекия, гипсофила, гайлардия олоппутум уонна дьиэтээҕи сибэккилэри сиэмэнэн олордорбун сөбүлүүбүн. Теплицам наһаа улахана суох (3×4), онно оҕурсу уонна биэрэс үүннэрэбин, элбээбитэ 10-нуу устуука. Быйыл атын ньыманан олордуохтаахпын, эко-материалтан тигиллибит 15 л контейнердарга 10 оҕурсуну, 10 помидору уонна биэрэһи. Уонча баклажан кирээдэҕэ олордуом. Быйыл сибэкким элбэх диэххэ сөп. Соторутааҕыта уктан быһан улаатыннарбыт петунияларбын атыылаабытым, саас бүтүүтэ эмиэ атыыга таһаарыам. Уонна катарантус (проф.) олордуохтаахпын. Ити дьиэтээҕи сибэккини рассадалааммын атыылыам.
Мария ЖИРКОВА,
Мүрү нэһилиэгэ:
– Помидор икки арааһын, оҕурсуу билиҥҥитэ биир көрүҥүн – «апрельскайы», баклажаны ыстым. Сибэккилэртэн эустома, флокс, петуния олоттум. Оҕурсуну 10-тан тахса угу, помидору 20-30, баклажаны 10-ча угу олордооччубун. Оттон сибэккини 30-чаны олордорум буолуо.
Надежда Бурнашева,
Кэптэни бөһүөлэгэ:
– Былырыын күһүн элбэх сыллаах сибэккини, талахтары атыылаһан, сакаастаан олордубутум. Онтукам тахсарын күүтэбин. Быйыл луковицалаах сибэккилэри уонна саженцылары сакаастаатым. Сибэккилэри, биэрэһи, помидору, дьэдьэни рассадалаатым. Сайын теплицаҕа 20-тэн тахса минньигэс биэрэһи, 15 оҕурсуну, 10-тан тахса помидору олордобун. Аһаҕас сиргэ 10-тан тахса кабачогу, помидору, оҕурсуну, арбуһу, дыняны, гороҕу, сүбүөкүлэни, моркуобу, 100-тэн тахса хаппыыстаны олордобун. Быйыл тыкваны саҥа олордон боруобалыам. Маны таһынан дьэдьэни, клубниканы, аһыы биэрэһи, батун луугу, салааты, укуруобу олордобун. Барыта 43 араас сибэккини олордоору рассадалаатым.
Маргарита НЕУСТРОЕВА,
Тулуна бөһүөлэгэ:
– Элбэх сыллаах сибэккилэри: вегетативнай петунияны, лобелияны, герань, глоксиния, катарантус, абитулон, колеус, эустома хастыы да араастарын олоттум. Минньигэс, аһыы биэрэһи, помидордары, арбуһу, дыняны, тыкваны саҥа олоттум. Арааһыттан 30-туу угу олордобун. Сибэккилэрим 20-тэн тахса араас буолла.
Мария Аргунова