Танда агрооскуолатыгар бэртээхэй лааҕыр үлэтин түмүктээтэ

Сааскы ыйдартан саҕалаан бүөбэйдэспит оҕуруоппут аһа ситэн-силигилээн, үүнүүнү хомуйар кэммит чугаһаатар чугаһаан иһэр.

Михаил Готовцев аатынан агро хайысхалаах Танда орто оскуолатыгар сайын устата «Кэскил» оҕо үлэ сынньалаҥ лааҕыра үгэс курдук ситиһиилээхтик үлэлээтэ. Икки сезон аайы отуттуу оҕо сырытта.

Лааҕырга иитээччинэн үлэлээбит Мария Готовцева сиһилии бу курдук кэпсиир:

– Икки сезон олох биллибэккэ аастылар. Күммүт сарсыарда эти-хааны чэбдигирдэр эрчиллииттэн саҕаланар. Оҕолорбутугар анаан күн аайы саҥаттан-саҥа, сонун тэрээһиннэри ыыттыбыт: «В гостях у А.С. Пушкина», «Помним и скорбим», «Итальянский ресторан», кинотеатр «Танда», маастар кылаастар «Эпоксидная смола», «Флоризм и ошибана» уо.д.а., араас бэсиэдэлэр, психологическай трениннэр, сибиэһэй салгыҥҥа көрдөөх оонньуулар буоллулар. Нэһилиэкпит талба талааннаах, интэриэһинэй дьарыктаах, дьоҕурдаах дьоно, выпускниктарбыт кэлэн оҕолору кытта көрсөн, кэпсэтэн бардылар.

Битэмииннээх оҕуруот астарын: хортуоппуй, оҕурсу, моркуоп, сүбүөкүлэ, помидор, кабачок, биэрэс, хаппыыста, луук, дьэдьэн, подсолнух, онтон да атын сибэкки арааһын олордубуппут. Сайын устата онно оҕолорбут уу куттулар, сыыс от ыраастаатылар.

Оҕолорбут сайыҥҥы сылаас кэмнэрин бэһиэлэйдик, олус туһалаахтык атаардылар. Оҕуруот үүннэриитин Светлана Васильева салайан үлэлэттэ. Оҕуруоппут аһын номнуо нэһилиэнньэҕэ атыылаан эрэбит. Үүнүү этэҥҥэ курду, күһүн элбэх үүнүүнү ылыахпыт диэн эрэнэбит.

Мария Аргунова

Читайте дальше