Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай кииҥҥэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө «Ийэ тыл – өбүгэ бэлэҕэ» декада тэриллибитэ. Оҕолор 10 күн устата араас күрэхтэргэ кытыннылар, хоһоон үөрэттилэр, саха тылын туһунан бэсиэдэҕэ, викторинаҕа кытыннылар, төрөөбүт тылгытын билиҥ-үөрэтиҥ диэн туһалаах үөрэтиилэри аастылар. Декада тэрээһиннэрин киин эдэр кэрэспэдьиэннэрин «Илдьит» поһугар дьарыктанар оҕолор санааларын үллэһиннилэр:
Алексанна Петрова, 5-с кылаас үөрэнээччитэ:
– Интерактивнай дуосканы туһанан тыл оонньуута буолбутун олус сэргээбиппит. Олунньу 9 күнүгэр оҕолорго анаан «Сахам тыла барахсан» диэн наһаа үчүгэй дьоро күн буолбута. Тэрээһиҥҥэ ыалдьыт бөҕөтө кэлбитэ. Биһиги, оҕолор, хоһоон күрэҕэр кытынныбыт, мин 2-с үрдэл буолбутум. Бэйэ оҥоһугар 3-с миэстэни ылбытым. Өссө үлэһиттэр биһиэхэ «Былыр уонна быйыл» диэн дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Мин бэйэм эмиэ дьүһүйүүгэ чабырҕахтаан кыттыбыппыттан олус астынным. Онтон олунньу 13 күнүгэр дьүһүйүүнү дыбарыаска улахан сыанаҕа көрдөрбүппүт, улахан сыанаҕа кыттан олох атын эмоциялары ылан кэлбитим. Биһиги өссө сахалыы дьыктаан суруйбуппут, мин «Ыраастык суруйуу» анал аакка тиксэммин олус үөрбүтүм. Маннык тэрээһиннэргэ кыттыбыппыттан наһаа астынным.
Айгылаана Андросова, 4-с кылаас үөрэнээччитэ:
– Олунньу 14 күнүгэр биһиги Олоҥхо дьиэтигэр Ийэ тыл күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ баран көхтөөх кыттыыны ылан кэллибит. Наһаа үчүгэй саха балаҕаннаах хоско бары оҕолор киирэн ыытааччылары болҕойон иниттибит. Ол курдук балаҕан иһигэр баар туттар тэрил, иһит-хомуос туохха туттулларын туһунан биллибит. Маны таһынан сахалыы сиэр-туом туһунан иһиттибит, таабырын таайан бириискэ тигистибит. Ол кэннэ улахан саалаҕа атах оонньууларыгар, сахалыы оонньууларга күрэхтэһэн олус диэн астынныбыт, дуоһуйдубут. Түмүккэ «Тымныы оҕуһа» диэн сахалыы ойуулук көрөн астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт. Тэрийээччилэргэ – Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэригэр истиҥник махтанабыт.