Оҕо саадтарын улахан саастаах оҕолорун ортолоругар ох саанан ытыыга улууска бастакы күрэхтэһии «Мүрүчээнэ» оҕо тэрилтэтигэр буолан ааста. Бу “Байанай бэлэҕэ” диэн ааттаммыт аһаҕас турнирга барыта 10 хамаанда кытынна. Бэйэлэрин детсадтарын көмүскүү сүүмэрдэнэн кэлбит кыра спортсменнар кыргыттар, уолаттар диэн арахсан «куһу», «куобаҕы», «тииҥи» ытыыга күрэхтэстилэр. Онуоха түмүк маннык буолла:
— кыргыттарга «куһу» ытыыга: 1-кы м. –Нелли Федорова («Мичил», Мүрү), 2-с м. – Сайнаара Копырина («Чуораанчык», Майаҕас), 3-с м. – Карина Черноградская – («Мүрүчээнэ», 2-с №-дээх хамаанда); «куобахха»: 1-кы м. – Карина Черноградская, 2-с м. – Айынаара Дьячковская («Мичил», Мүрү), 3-с м. – Ангелина Заболоцкая («Чуораанчык», Майаҕас); «тииҥҥэ»: 1-кы м. –Милена Михайлова («Мүрүчээнэ», 2-с №-дээх хамаанда), 2-с м. – Мичийэ Иванова (“Күнчээнэ”, Мындааба), 3-с м. – Ангелина Заболоцкая («Чуораанчык», Майаҕас).
— уолаттарга «куска»: 1-кы м. – Чаҕыл Копырин («Сардаана», Мүрү), 2-с м. – Арылхан Васильев («Сардаана», Мүрү), 3-с м. –Давид Оконешников («Мүрүчээнэ», 1-кы №-дээх хамаанда); «куобахха»: 1-кы м. – Петя Тарскай («Кэскил», Мүрү), 2-с м. – Давид Бурнашев («Мичил», Мүрү), 3-с м. – Арылхан Васильев; «тииҥҥэ»: 1-кы м. – Ньургун Гуляев («Кэскил», Мүрү), 2-с м. –Станислав Аммосов («Мүрүчээнэ», 2-с №-дээх хамаанда), 3-с м. – Вася Гуляев («Чуораанчык», Уһун Күөл).
Үс көрүҥ түмүгүнэн кыргыттарга Карина Черноградская,уолаттарга Петя Тарскай бастаатылар. Оттон хамаандаларга «Кэскил» – 1-кы,»Мүрүчээнэ» 2-с №-дээх хамаандата – 2-с, «Чуораанчык» (Уһун Күөл) 3-с миэстэ буолары ситистилэр.
Бу сонун күрэхтэһиини «Мүрүчээнэ» оҕо тэрилтэтин физкультураҕа инструктора Светлана Аммосова былырыын бэйэбит тэрилтэбит иһигэр ыыппыта. Оттон быйыл ох саанан ытыы улуустааҕы федерацията (сал. Ольга Попова) көҕүлээн, мэтээллэринэн, дипломунан хааччыйан күүс-көмө буолан улуус таһымыгар таһааран ыыттыбыт. Саха Республикатын ох саанан ытыыга спорт маастара Надежда Прокопьева судьуйалаан күрэхтэһии суолтатын үрдэттэ. Оттон улуус оскуола иннинээҕи тэрилтэлэрэ оҕолорун анал ох саанан хааччыйан, эрчийэн кытыннарбыттарыгар махталбыт улахан. Инникитин да кыраҕы харахтаах охчуттар үүнэн тахсалларыгар эрэл үөскээтэ.
Анна Алексеева, бас иитээччи