Нолуок төлөбүрүгэр “Аһаҕас аан” күнэ тэрилиннэ

Алтынньы 19 күнүгэр Саха сирин нолуокка иниспиэксийэтэ баай-дуол нолуоктарын төлөбүрүгэр олохтоох нэһилиэнньэҕэ анаан “Аһаҕас аан күнүн” тэрийэн ыытта.

Биһиги улууспутугар бу күҥҥэ уопсайа 52 нолуок төлөөччү кыттыыны ылла. Кэлбит олохтоохтор төлүүр уведомлениеларын бэчээттэтэн таһааран онлайн төлөбүр оҥорорго үөрэннилэр итиэннэ интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар, нолуок сулууспатын интэринэт сервистэрин хайдах туһанарга көмө, сүбэ-ама ыллылар. “Тус бэйэ кабинета” (“Личный кабинет налогоплательщика”) диэн наадалаах сервиһы төлөпүөннэригэр туруортардылар.

Нолуок сулууспата кэлэр “Аһаҕас аан күнүн” бу дьыл сэтинньи 16 күнүгэр тэрийиэҕэ. Итиэннэ баай-дуол нолуога бу дьыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлөнөрүн туһунан иһитиннэрэр.

Светлана Сивцева