Иккис бөлөххө (кыра нэһилиэктэргэ) бэстибээли маҥнайгынан Чэриктэй нэһилиэгэ саҕалаата. Фестивальнай концерт ирдэбилигэр олоҕуран, бэйэлэрин кыахтарынан дьүһүйүү туруордулар.
Манна барыта 85 киһи кыттыыны ылла. Өспөх нэһилиэгин театрализованнай кэнсиэригэр олох араас түгэннэриттэн быһа тардыылары көрдөрдүлэр, кэнсиэр спорт саалатыгар да буоллар уоту-күөһү, сыана киэргэтиитин кыайа-хото туттубуттар.
Салгыы I Хоро нэһилиэгэр уус-уран айар эйгэ кыттыылаахтарын кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ааста. Ураты көрүүлээх, ис хоһоонноох, бииртэн биир туспа суоллаах нүөмэрдэри, ырыаны-тойугу, үҥкүүлэри көрдөрдүлэр. II Лөгөй нэһилиэгэр нүөмэрдэр көстүүмнэригэр улахан болҕомтону уурбуттарын хайгыы көрдүбүт. Салгыы Өнөр нэһилиэгин талааннаах дьоно кэнсиэри кыайа-хото тутан туруорбуттарын көрөн сүрдээҕин астынныбыт. Бээрийэ нэһилиэгэр «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаҕа олоҕуран театрализованнай кэнсиэри көрдөрдүлэр. Сүрүн оруоллары көрөөччүгэ тиийимтиэ гына арыйан, уоту, сцена киэргэтиитин, толорооччу артыыстар көстүүмнэрин, тылларын-өстөрүн, хас биирдии хамсаныыларын чочуйан, биир бастыҥ кэнсиэри көрдөрдүлэр. Манна 85 киһи кытынна. Салгыы II Байаҕантай нэһилиэгин «Аҕам алааһа» фестивальнай кэнсиэрдэрин көрдүбүт. Уларыйа турар сцена киэргэтиитэ кэнсиэр ис хоһоонун арыйарга көмөлөстө, ырыаны, тойугу кэнсиэр тиэмэтигэр олоҕуран сүрдээх үчүгэйдик толордулар. «Дьол тааһа» театрализованнай кэнсиэри I Өспөх нэһилиэгэ көрдөрдө. Аныгы технологиялары туттан, бэрт итэҕэтиилээхтик, ылыммыт тиэмэлэрин дириҥник чочуйан үлэлээбиттэрэ сцена арыллаатын кытта билиннэ. Хоро нэһилиэгэр кэнсиэри бэриллибит тиэмэлэргэ олоҕуран, 3 түһүмэххэ арааран көрдөрдүлэр. Нэһилиэнньэ фестиваль тула түмсүбүтэ көстөр. Кыттааччы да элбэх, барыта 102 киһи кытынна.
Ыалдьытымсах дьонноох Түүлээх нэһилиэгэ дьүүллүүр сүбэни ырыаларынан, саҥа талааннарынан сүрдээҕин үөртүлэр, кэнсиэр нүөмэрдэрин толоруу хаачыстыбата үрдүгүн, аныгы кэмҥэ сэдэхтик көстөр илиинэн сцена киэргэтиитин уруһуйдааннар сөхтөрдүлэр.
Эльза Киренская, “Тойон Мүрү” КД режиссера