Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олохторугар ыарахан түгэҥҥэ түбэспит дьиэ кэргэттэри өйүүр тэрээһин чэрчитинэн Уус Алданнааҕы социальнай, реабилитациялыыр киин көҕүлээһининэн улуус тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кыттыылаах “Дьиэ-кэргэн туһугар” диэн социальнай десаны Найахы нэһилиэгэр тахсан ыыттылар. Программаҕа дьиэ кэргэн эйгэтэ туруктаах буолуутугар сырдатар-иһитиннэрэр үлэлэр бардылар.
Реабилитациялыыр киин иитээччитэ Н.Г. Портнягина 5-6 кылаас үөрэнээччилэригэр уонна “Чэчир” оҕо саадын иитиллээччилэригэр “Кутталлаах гаджеттар” диэн дьарыгы ыытта. Социальнай педагог В.П. Кондратьева оҕолорго үбү-харчыны сөпкө туттарга үөрэхтээһини оҥордо, киин дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу М.Д. Готовцева 7-8 кылаастарга саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын туһунан сырдатта, психолог А.И. Петрова 10-11 кылаастарга профориентационнай үлэнэн, экспресс-диагностиканы ыытта. ИДьО отделын ПДН инспектора Л.И. Березкина саастарын ситэ илик оҕолорго буруйу оҥорууну сэрэтиигэ лекцияны аахта. Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социальнай, психологическай көмөнү оҥорор киин психолога Т.С. Базарова 9 кылаас үөрэнээччилэригэр атын дьону сөпкө истэр, өйдүүр буоларга дьарыгы ыытта. Улуустааҕы баһаарынай чаас инструктора С.В. Атласова баһаартан сэрэхтээх буоларга үөрэттэ.
Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ Н.В. Гоголева 9 кылаас үөрэнээччилэрин кытары кинигэни ааҕыы – олоххо ситиһиилээх буоларга сирдиирин туһунан санаа атастастылар. Маны сэргэ төрөппүттэргэ социальнай контрактар, төрөппүттэр оҕолорун профориентацияларыгар көмөлөрүн тустарынан сырдаттылар, оҕону иитиигэ психологическай сүбэлэри биэрдилэр, саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтиигэ уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга иһитиннэриилэри оҥордулар. Бу күн ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга аһынан-үөлүнэн көмө оҥоһулунна, психологическай, социальнай, правовой, педагогическай, бытовой өҥөнөн барыта 127 киһи хабылынна.
Тэрээһин түмүгэр Найахы нэһилиэгин дьаһалтата улуустааҕы социальнай, реабилитациялыыр киини кытары бииргэ үлэлииргэ дуогабар түһэристилэр.
Александра Петрова.