“Мүрүчээнэҕэ” Иитээччи күнүн бэлиэтээтилэр

Бэлиэ күммүтүгэр үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Попова кыттыыны ылла. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Педагог-настаабынньык» күрэх улуустааҕы түһүмэҕэр кыттыбыт Мария Гоголеваҕа – III, Любомира Дегтяреваҕа – I степеннээх дипломнары туттартаата. Кыайыылаах иитээччи салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттар чиэһи ылла.

Сэбиэдиссэй Светлана Рожина уһуйааммыт наставниктарыгар Анна Петровнаҕа, Любомира Ивановнаҕа, Мария Ильиничнаҕа «Педагог уонна настаабынньык  сыла – 2023” бэлиэни түөстэригэр кэтэттэ. Сэбиэдиссэйи иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Анастасия Васильева оҕо саадыгар ыытыллыбыт «Дьаарбаҥка» түмүгүн иһитиннэрдэ.

Любомира Ивановна салайааччылаах «Сайдыс» методическай холбоһук чилиэннэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн, уһуйааммытыгар тыл сайдыытыгар туттуллар улахан сюжетнай хартыыналары бэлэхтээтилэр уонна атын холбоһуктар бачыымы өйүүллэригэр баҕардылар.

Кэлэктииппитигэр саҥа үлэлии кэлбит иитээччини Татьяна Егорованы кытта билистибит, «Мүрүчээнэ» значокпутун туттардыбыт. Иитээччи, профком бэрэссэдээтэлэ Ольга Татаринова – Чуораайытта «Уһуйаан угуттуур уйата» хоһоонун улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро ааҕан, видеомонтаж нөҥүө үлэһиттэри эҕэрдэлээтилэр. Ольга Татаринова хоһоонугар, Иннокентий Сивцев матыыбыгар «Оҕо сааспыт ыллыга» ырыаны 2023 сыл выпускниктара ыллаабыттарын аан маҥнай иһиттибит, сэргээтибит. Төрөппүттэр хаһыат оҥорон эҕэрдэлээбиттэрин көрдүбүт, махтанныбыт. Этээстэринэн арахсан көмүс күһүн өҥнөрүнэн таҥнан-симэнэн, дефиле көрдөрөн күрэхтэспиппит бырааһынньыгы тупсарда, туспа тыыннаата.

Маргарита Копырина, Луиза Бурнашева, Мария Гоголева, Александра Максимова, Дария Алексеева сэргэх, сонун оонньууларынан киэһээбитин киэргэттилэр, көрү-нары таттылар.

Тэрийсибит, сүүрбүт-көппүт кыргыттарбар, повардарбытыгар, оонньуу ыыппыт, быраһынньыкпытын салайсыбыт Саина Алексееваҕа, көхтөөх коллективпар тус бэйэм ааппыттан барҕа махталбын тиэрдэбин. Инникитин да өрүү маннык көхтөөх буолуохха, тутуспутунан сайдыы диэки бииргэ хардыылаан иһиэххэ

Ольга Татаринова, иитээччи, профком бэрэссэдээтэлэ