Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо ППМИ бырайыактарыгар кыттыахтара

Кэлэр нэдиэлэҕэ оптуорунньукка, алтынньы 24 күнүгэр күнүс 15 чаастан В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан ”Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар олохтоох нэһилиэнньэни кытта кѳрсүһүү тэриллиэҕэ. Бу туһунан Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Вероника Сивцева иһитиннэрдэ:

– Бу нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түмсэр күнүгэр Мүрү нэһилиэгин  дьаһалтатын баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Прокопий Румянцев Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата ыытар үлэтин билиһиннэриэҕэ уонна олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр программаҕа (ППМИ) кэлэр 2024 сылга кыттыы туһунан иһитиннэриини оҥоруоҕа, бырайыак талыллыыта ыытыллыаҕа.

Бу күн ыҥырыылаах ыалдьыттарынан «Градо» бырайыактыыр бюро исписэлиистэрэ Мүрү нэһилиэгэ кэлэр сылларга араас хайысханан бары сайдыытыгар туһуланар «маастар-былаан» оҥоһуллуутун туһунан сырдатыахтара.

​Мүрү нэһилиэгэ 2024 сылга «Формирование комфортной городской среды» федеральнай программаҕа кыттара былааннанарынан, бары сѳбүлээн сынньанар Мүрү пааркатын бырайыагын анал концепциятын нэһилиэнньэҕэ билиһиннэриини «База14» архитектурнай бюро исписэлиистэрэ оҥоруохтара. Олохтоохтор барыллаан оҥоһуллубут бырайыакка бэйэҕит санааҕытын, этиигитин киллэриэххитин сѳп.

Күндү нэһилиэк олохтоохторо, кэлэр 2024 сылга Мүрү нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай программаларга кыттан, нэһилиэк сайдыытыгар туһалаах бырайыактары олоххо киллэрэрэ хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын ѳйдѳѳҥҥүт, бу ыытыллар кѳрсүһүүгэ кѳхтѳѳх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Светлана Сивцева

Читайте дальше