Мүрү нэһилиэгэ инникитин үүнэ-сайда, чэчирии туруоҕа

Кыстыкка киирии кэмигэр хайа да ­нэһилиэккэ үлэ-хамнас сааһыланар, тымныы кыһыҥҥа бэлэм күүһүрэр. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын э.т. Прокопий Румянцев улуус киинэ кыстыгы көрсө туох үлэ-хамнас ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ:

– Нэһилиэкпит олохтоохторунбиир тыын боппуруос­тарынан чаа­һынай дьиэлэри киинтэн ититии ситимигэр холбооһун буолар. Бу хайысханан нэһилиэк дьаһалтата сылын аайы былааннаах үлэни ыытар. Быйыл уопсайа 117 чаа­һынай дьиэни ититии ситимигэр холбуур сыалтан 6 км тахса усталаах теп­лотрасса, «Радиотумул» хочуолуна­йыгар эбии икки 800 кВт кыамта­лаах хо­чуоллар кэлэн туруох­таахтар.

Бороҕоҥҥо «Радио­тумул» түөлбэҕэ 57 ыал, «Эрчим» түөлбэҕэ 13 ыал уонна Мындааба бөһүөлэгэр 47 ыал ититии ситимигэр холбонон, Мын­дааба бөһүөлэгэ 100%, нэһи­лиэк үрдүнэн 71% ититии ситимигэр холбонуу көрдөрүүтүгэр тахсыахтаах­пыт.

Киинтэн ититии үлэтин Радио­тумулга улуус уопуттаах сыбаар­сыктара Михаил Окоемов, Николай Атласов, Александр Алексеев, Мындаабаҕа Захар Гоголев биригээдэлэрэ толороллор.

Эһиил Радиотумулу уонна Бороҕон илин өттүгэр олорор ыалларбытын 100% ититии ситимигэр холбуур сыал-сорук турар. Маны ситиһэргэ нэһилиэк уонна улуус дьаһалтата «Армон» уонна «ТМС+» чаа­һынай тэрилтэлэри кытта үлэни ыыта сылдьар.

Эбии икки хочуолунай тутуллан уопсайа 263 чааһынай дьиэҕэ ититии ситимэ киириэҕэ.

Ону тэҥэ СӨ ДьУоКХ ГУТ ылыммыт инвестпрограмматынан «Фонд содействия реформированию ЖКХ» үбүлээһининэн «Дьол» хочуолунай оннугар 2,4 МВт кыамталаах «Запад-1» хочуолунай тутуута саҕаланан, Бороҕон сэ­лиэнньэтин арҕаа өттүгэр 170 чаа­һынай дьиэни ититиинэн хаач­чыйыахтаах.

Бу түгэҥҥэ Мүрү нэһилиэгэ 100% ититии ситимигэр холбонуу көрдөрүүтүгэр тахсыахтаах.

Суол-иис чааһыгар киир­дэххэ, быйыл уопсайа 7,540 км уста­лаах 19 уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ ­ыытылынна. Тоҥоруу түһүөн иннинэ нэһилиэк иһинээҕи суол­лары көннөрөргө грейдер тахсыаҕа, уулусса сырдатар лаампаларын уларытыыга үлэ бара турар, уопсайа 76 лаампа уларыйыахтаах.

Суол эһиилги өрөмүөнүгэр, уулусса сырдатыытыгар, дьон хаамар тротуарын оҥоруутугар былааммытын оҥостуох­пут.

Биир сүрүн сыалбытынан Ле­нин уулус­сатын толору асфаллааһын буолар. «ХОТ» ПФ быра­йыактыыр фирманы кытта быйыл сөбүлэҥ түһэрсэн ахсынньыга диэри быра­йыак түмүктэнэн, судаарыстыбаннай экспертизаны ааһара былааннанар. Билиҥҥи туругунан, инженернэй изыскание үлэтэ түмүктэнэн, быра­йыактааһыҥҥа киирдилэр.

Бу быра­йыагынан Сахабыт сирин транспорга, суол хаһаайыстыбатыгар уонна тыа ха­һаайыстыбатын министиэ­ристибэлэрэ ыытар ­куонкурустарыгар сайаапкалыыр сыал-сорук турар.

Бороҕон уонна Мындааба иһигэр урукку сылларга элбэх тохтобул­лаах автобус сырыыта тэриллибитин олохтоохтор биһирииллэрэ.

Быйыл саҥа автобус кэлиэҕэ.

Дьону хаарбах дьиэттэн кө­һө­рүүгэ үлэ эмиэ тэтимнээхтик ыытыл­ла турар. Быйыл ахсынньыга илин Пушкина 7 аадырыска икки 30 квартиралаах уонна Лонгинова 29/1 аадырыска 48 квартиралаах түөртүү этээстээх таас дьиэлэргэ саҥа ха­һаайыннар кии­риэхтэрэ.

2025 сылга диэри эбии өссө 4 саҥа таас дьиэ тутуллара былааннанар.

Ону тэҥэ «Эдэр исписэлиистэри дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааматыгар киирсэр сыалтан, Бороҕоҥҥо Лонгинов уулуссатын 48 аадырыһыгар 4 квартиралаах дьиэ бырайыага бигэргэннэ.

Оттон нэһилиэкпит кэрэ көс­түүтэ «Мүрү кытыла» бырайыагы­нан быйыл 50 мөлүйүөн федеральнай грант кыа­йаммыт, үбэ-х­арчыта хамсаан аукцион биллэриэхпит. Мүрүбүт кытыла өссө тупсан, аныгылыы көстүүлэнэн, кыра саас­таах оҕолорбутуттан саҕалаан аҕа саас­таах ытык дьоммутугар тиийэ биир саамай сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолуо диэн эрэллээхпин.

Бу бырайыак эһиил үлэҕэ кии­рэрэ былааннанар.

2024 сылга «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырагыраамаҕа Бороҕонноо­ҕу сынньалаҥ уонна култуура пааркатын быра­йыагынан кыттан 100 мөлү­йүөн федеральнай граны ылар сыал-сорук турар.

Бырайыакка сцена, трибуна, Таптал искибиэрэ уонна үҥкүүлүүр былаһаакка уларыйан, аныгылыы көстүүлээх буо­лаллар. Эбии Олоҥхо искибиэрэ, сылы эргиччи үлэ­лиир оҕо оонньуур, дьон-сэргэ сылдьар сылаас павильона, спортивнай зона уонна футкорд баар буолара былаан­нанар. Сүүрэр, хаамар, скандинавскайдыыр дьоммутугар асфалламмыт дорожка, уот остуол­балара уонна аныгылыы дизайнаах ыскамыайкалар ту­руохтара, урукку аарка рес­таврацияланан туруоҕа.

Бу быра­йыагы өрөспүүбүлүкэбитигэр биир бастыҥ «База-14» диэн тэрилтэни кытта сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлэһэ сылдьабыт.

Светлана Сивцева

Читайте дальше