Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара бары саха таҥаһын кэтэн кэллилэр. Бүгүҥҥү күн «Лингва» мэтэдьиичэскэй холбоһук тэрийиитинэн, учуутал Марья Пухова салалтатынан былаан быһыытынан өрө көтөҕүллэн ыытыллар.
Сарсыарда оскуола учууталлара Мария Аммосова салайыытынан Ким Дьячковскай–Анаарар хоһоонун доргуччу аахпыттарын оскуола араадьыйатынан биэриини үөрэ, долгуйа иһиттибит. Хоһоону учууталлар Евдокия Васильева, Саргылаана Федорова, Константин Петров, Марианна Никифорова, Александр Дьяконов, Олимпий Алексеев, оскуола дириэктэрэ Петр Баханов аахтылар.
Оскуола бибилэтиэкэтэ (Люция Бурцева, Диана Гаврильева) С.А. Новгородовка аналлаах киэҥ хабааннаах быыстапканы туруордулар. Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы музей үлэһиттэрэ кылаастарга музейнай уруоктары ыыттылар.
Оскуола үөрэнээччилэрэ А.А. Иванов–Күндэ «Төрөөбүт тыл» хоһоонун күргүөмүнэн аахтылар. Ити курдук төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн оскуола кэлэктиибэ тэрээһиннээхтик бэлиэтээтэ.
Елена СЫРОВАТСКАЯ, уопсас. кэрэсп.