Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн туһунан

Семен Литвинцев, 4-с «в» кылаас үөрэнээччитэ:

Муус устар 27 күнэ – Саха АССР төрүттэммит күнэ буоларын билэбин. Саха автономиятын Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов туруорсубуттара. Дьадаҥылар суох буолбуттара, бары үөрэнэр кыахтаммыттара. Бу күн – Саха сирин бырааһынньыга.

Маша Осипова, 11-с «б» кылаас үөрэнээччитэ:

– Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бүгүн бэлиэтээтибит. Онно анаан бүгүн сахалыы таҥнан үөрэнэ кэллибит. Саха таҥаһын кэттэхпинэ саха буоларбынан, Сахам сиринэн киэн туттуум улаатар. Бу күнү дьиэ кэргэммитигэр өрүү бэлиэтиибит, араас аһы астаан бырааһынньыктааҕы остуол тардабыт. Оскуоланы бүтэрээри сылдьабын, филолог буолар баҕалаахпын.

Сайаана Дьячковская, 6-с «б» кылаас үөрэнээччитэ:

– Сарсын – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ. 1922 сыллаахха Максим Аммосов, Платон Ойуунускай күүскэ туруорсан Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буолбутун билэбин. Бүгүн бары сахабыт таҥаһын кэтэн кэллибит. Эбиэттэн киэһэ болуоссакка тахсан бырааһынньыкка кыттабыт. Сарсын эбэм алаадьы астыахтаах.

Эрсан Готовцев, 9 «б» кылаас үөрэнээччитэ:

– 102 сыл анараа өттүгэр М. Аммосов, Б. Ойуунускай, И. Барахов, С. Аржаков Саха АССР тэриллиитин туһунан уурааҕы таһаартарбыттара. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаан линейкалар, анал уруоктар ыытылыннылар, суруналыыстыка куруһуогун оҕолоро олохтоох араадьыйанан биэриини бэлэмнээн таһаардылар. Сорох кылаастар улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр, улуус музейыгар сырыттылар, араас тэрээһиннэргэ кытыннылар. Бу күнүнэн бастатан туран Өрөспүүбүлүкэбитин салайар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевы эҕэрдэлиибин, үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше